«Кутуйах сылын кɵрсγγ» сана дьыллаа5ы сценарий
материал (средняя группа)
Орто бэлэх о5олоругарт сана дьыллаа5ы бырааьынньык сценарийа
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stsenariy.docx | 35.6 КБ |
Предварительный просмотр:
МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ ДОШКОЛЬНОЕ ОБРАЗОВАТЕЛЬНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ «ДЕТСКИЙ САД№4 «СЫРДАХ»
ГОРОДСКОГО ОКРУГА «ГОРОД ЯКУТСК»
«Кутуйах сылын кɵрсγγ»
«Остуоруйа дойдута» Орто бөлөх о5олоругар Саҥа дьыллаа5ы бырааhынньык сценарийа
Иитээччилэр: Дьячковская В.Р
Попова С.И
Якутск 2019г
«Остуоруйа дойду» Орто бөлөх о5олоругар Саҥа дьыллаа5ы бырааhынньык сценарийа.
Сыала: Yѳрүүлээх, о5о кѳтѳ5үүлээх бырааhынньыктаа5ы туругу, саңа сонун, сырдык иэйиини иңэрии, о5о саңатын байытыы.
Соруктара: Остуоруйа персонажтарын кытта до5ордоhон, бииргэ ооньоон, үтүѳ санаа5а, аhыныгас майгыга иитии.
Иитээччилэр: Дьячковская В.Р, Попова С.И.
Буолар сирэ: Театральнай зала
Буолар кэмэ: 25.12.19 10:30
Ыытааччы: Виктория Романовна
Оруоллары толороллор:
Тымныы Моруос –Леонид Леонидович
Хаарчаана – Арчыына Пантелеймоновна
Диснейленд геройдара:
Минни Маус – Надежда Николаевна
Свинка Пеппа – Сахаайа Ильинична
Микки Маустар уонна Минни Маустар– А. Айсен, С.Валерия, С. Ньургустаана, И. Ваня, А. Милана, Р.Власий
Гномиктар – З. Ариан, Д. Артём, Б. Федя, Е. Айаал, С. Айсен, Д. Денис.
Утиные истории – Н. Афоня, Долун, С.Алиана
Русалкалар – Мичийэ, Валерия П, Саяна, А. Амелия
(Фанфар тыаhыыр ыытааччы киирэр)
Ыытааччы:
Күндү төрөппүттэр, ытык – мааны ыалдьыттар күүтүлээх кэрэ күммүтүгэр, кэтэhиилээх кэрэ кэммитигэр о5олорбут ырыаларын – тойуктарын, хоhооннорун эhиэхэ анаан иhитиннэриэхтэрэ.
Ыытааччы: О5олор чуумпурдубут эрэ туох эрэ тыаhыыр
(О5олор чуумпуран истэллэр, кутуйах мөhөөччүгүн кууhан утуйа сытар муннун тыаhа иhиллэр, аттытыгар сурук сытар)
(Свинка Пеппа киирэн кэлэр)
Свинка Пеппа: Оо кутуйахпыт бу утуйа сытар эбит дии, мин кинини көрдөөн да5аны биэрдим. (Суругу булан аа5ар) (Минни Маус Дорообо! Моруос о5онньор суруйабын. Мин Хаарчаанабын кытта эйиэхэ уонна «Остуоруйа Дойду» о5олоругар айаннаан иhэбит, 25 чыыьыла5а тиийиэхпит. Сана Дьыл бырааhынньыгар бэлэмнит дуо?) О5олор, Тымныы Моруос о5онньор кэлэрэ чугаhаабыт, онтон кутуйахпыт бу утуйа сытар, туруон ба5арбат. Быйыл кини сыла кэлэр дии. Мин бараары ыксаатым. О5олор миэхэ баhаалыста көмөлөhүөххүт дуо?
Ыытааччы: Свинка Пеппа5а көмөлөhөбүт дуо о5олоор?
О5олор: аhаа.
Свинка Пеппа: Кэлин миэхэ Микки уонна Минни Маустар көмөлөhүн.Эhиги ыллаан иhитиннэрдэххитинэ Кутуйах туруо5а.
(Микки уонна Минни маустар «Шариктар» ырыаны ылыыллар, Минни Маус уhуктан кэлэр)
1. «Шариктар» Ульяна Бурнашева – Уйана тылл. Надежда Макарова мел.
Минни Маус: (үөрэр, о5олорго таhынар) Наhаа үчүгэй ырыа истэммин уhуктан кэллим дии.
Свинка Пеппа: Ээ, хата уhугуннун дии (таьынар, ыстаналыыр), эйиэхэ сурук кэлбит этэ Моруос о5онньортон уонна Хаарчаанаттан, кэлэн иьэллэр уьу, мин эйиигин сатаан уьугуннарбата5ым, хата бу наhаа талааннаах эйэлээх кыыллар кэлэн эйиигин уhугуннардылар. Бу о5олор манна Сана сылы көрсөөрү бырааhынньыктаары мустубуттар.
Минни Маус: Оо, хойуутаары гыммыппыт дии… Хаhаан кэлэбит диэн суруйбуттарай?
Свинка Пеппа: 25 чыыьыла5а тиийиэхпит диэн суруйбут этилэр.
Минни Маус: Бугун хаhыс чыыhыланый? 25 буолбут дии (соhуйар, ыксыыр)
Свинка Пеппа: Туох эрэ тыаhыыр, истиэххэйин эрэ чуумпуран.
(«Тос-тос» торуоскатын тоҥсуйан Моруос О5онньор Хаарчаанатын кытта киирэн кэлэллэр)
Моруос о5онньор: Дорооболорун о5олор! Барыгытын кэлэн иhэр Саҥа дьылынан э5эрдэлиибин! Кутуйах манна кэлбитэ дуо, Сана дьылбыт бырааhынньыгын бэлэмнээбитэ дуо?
Минни Маус: (О5олортон кɵрдɵhɵр) бэлэмнээбитэ диэн о5олоор.
О5олор: бэлэмнээбитэ
Моруос о5онньор: Хайа онтон бу харйабыт уота то5о тыкпатый, оонньооботуй? Туох буолбутуй? (Кутуйах куттанан саhан хаалар)
(Бары харыйа диэкки көрөллөр)
Кэлин бары сиэттиhэн, харыйа тула хороводтуоххайын, оччо5уна харыйабыт уота тагыа5а.
Хаарчаана: Минни Маус кэлиий, саhыма, эйиигинэ суох харыйабыт тыгыа суо5а дии. (Кутуйа5ы сиэтэллэр)
(Хоровод «Ча5ылый, ча5ылый» ырыанан. Харыйабыт киэргэйдэ)Автор
2. Хоровод «Ча5ылый, ча5ылый»
Ыытааччы: Аата үчүгэйин залбыт киэргэйдэ, күлүмүрдүү түстэ. Моруос о5онньор уhун суолу айаннаан сылайбыккыт болуо, бу олоппоско олорун, сынньанын. Онтон биhиги о5олорбут эhиэхэ ырыаларын, хоhооннорун, үнкүүлэрин бэлэхтиэхтэрэ.
Гномиктар ункуулэрин кɵрдɵрɵллɵр («Бу бааллар фонариктар»)
Хоhоонорун этэллэр (Утиные истории)
Элбэх уоттардаах. Харыйа маhын а5албыт
Бу бааллар фонариктар
Кыhыл комус шариктар
Денис:
Харыйабыт дьиримниир
Дьэ, кэллэ уоруулээх
Бу сана дьылбыт
Милана:
Харыйабыт симэ5э
Элбэ5ин со5обун
Тыа кыыллара барыта
Манна бааллар быhыыта
Валерия:
Дьикти кэрэ кэмпиэттэр,
Минньигэс бэрээнньиктэр
Υγммуттэр харыйа5а
Валерия П:
Эhэлэр, боролор,
Куобахтар, саhыллар
Эйэлээх буолбуттар
Кэккэлэhэ олорбуттар
Сана дьылы таптыыбын,
Сана дьылы куутэбин
Харыйабын киэргэтэн
Сана дьылы корсобун
Харыйабыт киэргэммит
Оонньуурдарын иилиммит
Ырыа-тойук истээри
Ункуубутун короору
Тогуруччу туруохха
Хороводка хаамсыахха
Уорэ-кото ыллыахха
Сана дьылга уоруоххэ.
Маскарадтаах о5олор
Олус олус уорбуттэр
Дед Моруоспут кэлэрин
Олус олус кууппуттэр
Сана дьылы корсуhэ,
Ырыабытын ыллыыбыт
Куох харыйа туруоран
Хороводтаан дайабыт
Тымныы Моруос о5онньор
Элбэх кэhии а5албыт
О5олору уордээри
Кэллэ ыраах дойдуттан
Тымныы Моруос о5онньор
Хаарчааналыын сиэттиhэн
Элбэх кэhии сугуулээх
Кэллэ манна детсадка
Амелия:
Вся украшена она
Снизу до макушки
Дарит чудная звезда
Яркий свет игрушкам
Белый снег пушистый
В воздухе кружится
И на землю тихо
Падает, ложится.
В золотых огнях и бусах
Наша ёлочка стоит,
Дети смотрят и смеются:
«Ярче, ёлочка, гори!»
Как у нашей ёлочки
Зелены иголочки,
Украшения – шарики
Звёздочки, фонарики
(Бары тахсан ыллыыллар)
Моруос О5онньор: Үчүгэй да5аны ырыалары хоhооннору иhиттибит, үнкүүнү көрдүбүт. Сылайбытым ааhан хаалла. Билигин миигин кытта уонна Хаарчааналыын оонньуу оонньуохутун ба5ара5ыт дуо?
О5олор: аhаа!
(О5олору кытта оонньууллар)
Моруос О5онньор: Наhаа маладьыас о5олор эбиккит, мин эhиэхэ бэлэхтэрбин Хаарчаанабынаан түҥэтиэм (Кэhии түҥэтэллэр)
Дьэ үчүгэй да5аны о5олорго ыалдьыттаатым.
Аны атын дойдуларга айанныырым кэллэ,
Эhиги курдук о5олору көрсүө5ум.
Эhиил бачча5а кэлэрбэр
Өссө улаатан көрсөөрүн.
Төрөппүттэргитигр туhалаах дьон буолаарын,
Саҥа дьылынан! Саҥа дьолунан!
Көрсүөххэ диэри, күндү о5олор!
Свинка Пеппа: Моруос О5онньор, мин эhигини кытта барсыам. Көрсүөххэ диэри о5олор!
О5олор: Көрсүөххэ диэри!
Ыытааччы: Манан биhиги Сана Дьыллаа5ы бырааhынньыкпыт түмүктэнэр, барыгытыгар кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар махтанабыт.
Список использованных источников:
- Видео: http://youtu.be/fKWyZyJaPVY Сказка «О глупом мышонке» МБДОУ №98 «Ивушка» г.Симферополь
- «Чэ, ыллыахха, ооньуохха!» Сборник песен Надежда Макарова 5 стр
Сана дьыл
Саргылаах сана дьыл Н.Афоня
Салаллан кэллэ дии,
Киэргэллээх харыйа
Кэhиилээх эбит дии.
Кунду куох харыйа С. Алинана
Кор-оонньуу аргыстаах,
Кунду куох харыйа
Кулумнэс айгырдаах
Тымныы о5онньор Н. Долун
Тырымнас сиэниниин
Сиэттhиэн киирдилэр
Э5эрдэ эттилэр.
Ылын даа, о5олоор,
Ылсыа5ын илииттэн,
Корудьуос ооньуута
Ко5уллэн иhиэ5ин!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сана дьыллаа5ы сценарий «Диснейленд» алыптаах дойтута
Оруолларга:Микки Маус Минни Маус Куhа5ан санаалаах Королоева Хаарчаана Белоснежка Гномиктар Русалкалар Феялар Аладдин Восток красавицалара Принцессалар Пахохонтос Индеецтар Питер Пэн Пираттар...
Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.
Африка декорацията кестер: Обезьяна ыстаналаан оонньуу сырытта5ына холууп кетен кэлэн обезьяна5а сурук туттурар. Холууп санарар – Обезьянка «Жанна» ханна баарый? Обезьянка –Баарбын. Туох баары...
Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)
сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...
Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа
1 кыра белех о5олоругар "Куобах дьиэтэ" остуоруйа5а оло5уран суруллубут сана дьыллаа5ы сценарий...
Сана дьыллаа5ы аралдьытыы сценарийа "12 ый"
Сценарий новогоднего утренника на якутском языке...
Сана дьыллаа5ы утренник
Сценарий...
Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»
Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»...