Алаас сибэккилэрэ » Ийэ күнүгэр аналлаах орто бөлөх о5олоругар бырааhынньык
методическая разработка (средняя группа)
Сыала: Кыьын бутэн ссакы, дьыл кэмэ кэлбтин, о5олорго тиэрдии, сааскы мацнайгы бырааьынньыгы «Аан дойду кэрэ ацардарын» куннэрин керсуу, о5олору кун кубэй ийэлэрин убаастыыр , тылларын истэр буолалларыгар ыцырыы.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
8_marta.docx | 24.47 КБ |
Предварительный просмотр:
«Алаас сибэккилэрэ »
Ийэ күнүгэр аналлаах орто бөлөх о5олоругар бырааhынньык
Кыттыыны ылаллар:
Икки улахан киьи ыытааччылар, Снежная королева оруола – улахан киьи,
Орто белех о5олоро.
Сыала: Кыьын бутэн ссакы, дьыл кэмэ кэлбтин, о5олорго тиэрдии, сааскы мацнайгы бырааьынньыгы «Аан дойду кэрэ ацардарын» куннэрин керсуу, о5олору кун кубэй ийэлэрин убаастыыр , тылларын истэр буолалларыгар ыцырыы.
Ыалдьыттар киирэн олороллор, музыканан о5олор чэпчэкитик сүүрэн киирэллэр
Ведущий - Күндү ийэлэр, эбээлэр! Бу бүгүңңү үөрүүлээх — сааскы бастакы бырааhынньыгынан, эhиэхэ э5эрдэ буолуохтун! Санаабыккыт салалыннын, үөрүүгүт үксээтин, дьол-соргу тосхойдун, доруобуйа баар буоллун!.. Бэйэлэрин э5эрдэлэрин этэллэр...(о5олор ааттара).
Хоhооннор
Дьулуур Б:
Ийэ диэн кунду тыл,
Ийэ диэн аптаах тыл,
Ийэ салгын куппут,
Ийэ харысхал куппут,
Айсара:
Хас биирдии киьиэхэ Ийэтэ,
Саамай кунду киьитэ,
Сааскы кун сыламныыр сыдьаана,
Кун кубэй ийэтин
Кэриэтэ.
Н.Аина:
Ийэлээхпин уерэбин,
Ийэлээхпин кулэбин,
Ийэлээхпин дьоллоохпун.
К. Валерия:
Ийэбит минньигэс астаах,
Ийэбит эйэ5эс майгылаах,
Ийэбит элбэххэ уерэтэр,
Ийэбит иитэр такайар,
Миша Н:
Ийэбит соро5ор хомойор,
Ийэбит соро5ор сылайар,
Ийэбит тула суурэбит,
Ийэбин уердэ сатыыбын,
Динара:
Хомойор диэни билимэн,
Хоргутар диэни керсумэн,
Хайдах да ыалдьыман,
Хаьан да кырдьыман.
Герман.
Сынньанар кэмигэр,
Сытан ыларыгар,
Тыаьа суох хаамыахпыт,
Чуумпутук оонньуохпут.
Летоя:
Ийэ5э мичээрдиэххэ,
Ырыата ыллыахха,
Эргийэ ункуулуеххэ,
Хоьоонно аа5ыахха.
Бары:
Кун тэн,э кундуну,
Ый тэн,э киьини,
Куруутун харыстыахха,
Мэлдьитин таптыахха.
Ведущий - Күндү ийэлэр, эбээлэр! О5олор бу күнү олус диэн кэтэспиттэрэ уонна эhиэхэ анаан бэйэлэрин илиилэринэн бэлэх оңорбуттара. Бэлэхтэрбитин бу кыраhыабай коробка5а укпуппут, чэйиң эрэ, арыйан көрүө5үң....
коробканы арыйар, «тыал» тыаhа иhиллэр, куолас иhиллэр:
Куолас — «О5олор ийэлэригэр, эбээлэригэр бэлэх оңорбуттар, онтон миигин, Снежнай Королеваны, кыhын ааста диэн эмиэ умнан кэбиспиттэр, ким да миэхэ бэлэх оңорботох! Ол иhин эhиги бэлэхтэргитин мин барытын хаарга кубулуттум! Өскөтүн бу хаардары ууллардаххытына, бэлэхтэргитин төннөрүөм»
Ведущий — О5олор, кырдьык да5аны, бэлэхтэрбит хаарга кубулуйбуттар... (арыйан көрөр) Чэ, санаа5ытын түhэримэң, Снежнай Королева туох диэбитэй?... Бу снежинкалары уулларарга биhиги маамаларбыт көмөлөhүөхтэрэ, ийэлэрбит ба5а санааларын толордохпутуна, ийэ сылаас таптала барытын уулларыа.
(1 снежинканы уол о5о ийэтигэр таhаартаран аахтарар):
«Мин ба5арабын, о5ом саллаат курдук хорсун санаалаах буола улааттын».
Ведущий – Билигин биhиги уолаттарбыт үңкүүлээн көрдөрүөхтэрэ.
үңкүү
Ведущай салгыы снежинкалары ийэлэргэ таhааран аахтарар
2 снежинка: «Миэхэ билигин сибэкки бэлэхтээтэхтэринэ олус үөрүөм этэ»
оонньуу «Сибэкки дьөрбөтө» Оонньууга икки ийэ кыттар ,кинилэргэ кыhыл эбэтэр ара5ас өңнөөх сибэкки биэрэллэр, сибэккилээх о5олор музыканан чэпчэкитик сүүрэллэр. Музыка тыаhаан бүттэ5инэ ара5ас өңнөөх сибэккилээх ийэ тула ара5ас сибэккилээх о5олор туруохтаахтар, кыhыл сибэккилээх ийэ тула кыhыл сибэккилээх о5олор тураллар.
Ведущай салгыы эбээ5э аахтарар:
3 снежинка: «Эйэ5эстэй эбээлэрин о5олор күүскэ таптаатыннар, ытыктаатыннар»
Ырыа эбээ
4 снежинка: «Мин ба5арабын о5ом мин тылбын истэригэр».
Ытыы-ытыы Куобахчаан киирэр
Куобахчаан — Маа-ма, маа-ма, ау! Ханна бааргыный?
Ведущий — Куобахчаан, туох буоллуң, то5о ытаатың?
Куобахчаан — Мин мунан хааллым, маамам ыраах барыма диэбитэ, ону мин кини тылын истибэтэ5им...
Ведущий — Куобахчаан, ийэлэр тылларын о5олор истиэхтээхтэр, эн оонньуурдаргынан оонньоон баран хомуйааччын дуо? Биhиги о5олорбутуттан көрөн үөрэн.
Оонньуу «Оонньуурдары хомуй» (заал икки часка аңаарданар, оонньууга кытталлар 2 о5о ийэлэрин кытта. Ханнык команда түргэнник хомуйар эбит: пирамиданы сааhылаан, конструкторы коробка5а, фантиктары солуурчахха)
Оонньуу «Перенеси мамины покупки» (оонньууга икки команда кыттар, бастакы о5о сүүрэн тиийэн остуолга корзинкаттан биир аhылыгы таhааран уурар,төптөрү сүүэр, корзинкатын салгыы иккис о5о5о биэрэр, иккис о5о корзинаттан эмиэ биир аhылыгы таhаарар…)
Куобахчаан өссө күүскэ ытыыр
Ведущий — Куобахчаан, ытаама, булуохпут эн маама5ын, эн маамаң хайда5ый?
Куобахчаан — Мин ийэм олус кырасыабай, кини үтүө-эйэ5эс майгылаах, минньигэстик астыыр уонна уhун кулгаахтаах.
Ведущий — Биhиэхэ манна элбэх маамалар бааллар, кинилэр быыстарыгар эн маама5ын көрдүөхпүт.
Оонньуу «Ийэ5ин таай» (уолаттар ийэлэрэ сцена5а тахсан олоппосторго олороллор, уол о5о5о хара5ын баайаллар, ийэтин таайыахтаах батта5ыттан, илиититтэн, таңаhыттан. Салгыы кыргыттар ийэлэрин кытта оонньууллар)
Бүтэhик Куобахчаан оонньуур, ол кэмңэ Ийэ-Куобах киирэн
оонньууга кыттыhар. Куобахчаан маматын булан үөрэр
Ийэ-Куобах — Куобахчааммын булан олус үөрдүм!
Ведущий — О5олор бары ийэлэргэ анаан ырыаа ыллыахтара
ырыа «Барыбыт ийэлээхпит»
Ведущий — салгыы снежинкаларбытын уулларыаххайын
коробканы арыйар, тыал тыаhы иhиллэр, куолас саңарар
Куолас – «Ийэ сылаас таптала мин тымныыбын уулларда, миигин бүгүн кыайда. Бэлэхтэргитин төннөрөбүн. О5олоор, ийэлэргитин, эбээлэргитин таптааң, харыстааң»
Ведущий - Күндү ийэлэр, эбээлэр, о5олор эhиэхэ анаан бэйэлэрин илиилэринэн оңорбут оңоhуктарын бэлэхтиэхтэрин ба5араллар.
Ийэ-Куобах — Онтон мин эhиэхэ минньигэс бэлэх бэлэмнээтим, минньигэстик аhааң!
Ведущий — Манан биhиги көрдөөх-нардаах утренникпыт бүтэр.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Кыра баhаарынньыктар» улахан бөлөх о5олоругар баhаартан сэрэхтээх буолууга аналлаах аралдьыты сценаарыйа
laquo;Кыра баhаарынньыктар» улахан бөлөх о5олоругар баhаартан сэрэхтээх буолууга аналлаах аралдьыты сценаарыйа.Сыала: о5олорго «Баьаарынньык» идэтин кытта салгыы билиьиннэри, баьаар...
паспорт к дидактической игре "Алаас" формирование лексико-грамматической речи у старших дошкольников
паспорт к дидактической игре "Алаас" формирование лексико-грамматической речи у старших дошкольников...
«Куьунну мозаика» дьуьуйуу. (Улахан белех о5олоругар аналлаах аралдьыйыы сценарийа)
Цель – закрепить знания детей о сезонных изменениях в природе, о признаках осениЗадачи: -формировать навыки самостоятельного исполнения выученных стихов, песен и танцев;-создавать празднич...
Кыьын туьунан дьайымал ( орто белех о5олоругар аналлаах)
Кыьын ( Орто белех о5олоругар аналлаах дьайымал ).Сыала: О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы – кэцэтии. Кыьыццы дьыл кэмин туьунан хатылааьын, о5о билиитин салгыы чицэтии, ойуур – тыа олохт...
«Аптаах Саңа Дьыл» Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий
laquo;Аптаах Саңа Дьыл»Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий ...
орто бөлөх о5олоругар уруҺуй дьарыгын конспега
Дьарык сыала: Оҕолорго уруһуй ноҥуө өбугэлэрбит олоро сылдьыбыт балаҕаннарын биллиһиннэрии. О5олору өбугэ ситимин кэрэхсиилэрин, сэҥээриллэрин билиһиннэрии. Дарык соруктара: - оҕо...
"Куобахчаан дьиэтэ" орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.
Орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа. «Куобах дьиэтэ»...