Сценарий новогоднего праздника "Аптаах тугэн"
материал (младшая группа)

Нестерова Инна Софроновна

Новогодний сценарий для детей 2 младшей группы на якутском языке.

Скачать:


Предварительный просмотр:

Сана дьыллаа5ы аралдьытыы сценарийа

"Хаарчаана" остуоруйа

2 кыра белех

Музыкальнай саала бырааьынньыктыы киэргэтиллибит. Сыана ортотугар мас дьиэ, курдьук хаар тураллар. Сана дьыллаа5ы музыка тыаьыыр. О5олор олоппосторго киирэн олороллор.

Ыытааччы:      Утуе куннээх сана дьылбыт

                       Тулабытын киэргэттэ,

                       Уунэр кэммит - Сана сылбыт

                       Тиийэн кэллэ биьиэхэ!

-Утуе кунунэн кунду ыалдьыттар! Эьигини кэлэн иьэр сана 2020 сылынан э5эрдэлиибит!  Бу сыл а5аллын эьиэхэ угус уерууну-кетууну, урдук ситиьиилэри, элбэх умнуллубат кэрэ кэмнэри диэн тураммыт, ынырабыт кырачаан о5олорбутун. Кинилэр эьиэхэ бэйэлэрин ырыаларын бэлэхтиэхтэрэ!

Ырыа "Зима"

Ыытааччы: Онтон билигин биьиги эьигини алыптаах, дьиктилээх "Хаарчаана" остуоруйа5а ынырабыт! Арай биирдэ олорбуттара эбитэ уьу эмээхсиннээх о5онньор...

Остуоруйа музыката тыаьыыр, о5онньордоох эмээхсин киирэн кэлэллэр. Эмээхсин инники иьэр, о5онньор кини кэнниттэн иьэр.

Эмээхсин: Хайа, о5онньор бааргын дуо?

О5онньор: Баарбын, баарбын! Эмээхсин, бу эн чункуйдун дуо?

Эмээхсин: Хайдах чункуйуом суо5ай, бачча сана дьыл са5ана иккиэбит эрэ ди, сиэннээхпит эбитэ буоллар олус учугэй буолуо этэ.

О5онньор: Кер ол, о5олор таьырдьа хаар киьи бегетун онорбуттар. Биьи эмиэ  хаартан сиэн кыыста онорбоппут дуо?

Эмээхсин: Чэ, оноруох да5аны.

О5онньордоох эмээхсин биир сиргэ хаары чемехтууллэр.

О5онньор: олус да элбэх хаар туспут, кэлэн оонньуо5ун о5олоор!

Оонньуу  "Хаары хомуй"

Оонньуу бириэмэтигэр чемехтеммут хаар кэннигэр хаарчаана киирэн саьар.

Эмээхсин: О5онньор, кэл кер эрэ хаарбыт хамсыыр дии...

Хаар анныттан хаарчаана тахсан кэлэр

Хаарчаана: Дорообо, эьээ! Дорообо, эбээ!

О5онньор: Олус да учугэйкээн кыысчаан.

Эмээхсин: Бу биьиги сиэммит дуо? То5о учугэйэй!

О5онньор: Сиэммитин ким диэн ааттыыбыт?

Эмээхсин: Хаартан чочуллан оноьуллубутун иьин,  Хаарчаана диэн ааттыахха.

Хаарчаана: Сеп, эьиги сиэннит Хаарчаана кыыс буолуом (эьээлээх, эбээтин кууьар, уерэр - кетер).

Эмээхсин : Чэ, Хаарчаана эн о5олору кытта оонньоо. Онтон биьиги сана дьылбытыгар бэлэмнэнэ бардыбыт.

О5онньордоох эмээхсин тахсан бараллар.

Хаарчаана тулатын керунэр, хаар киьилэри керер.

Хаарчаана: Хайа, бу наьаа элбэх хаар киьини о5олор онорбуттар эбит дии.

Ыытааччы: Бу хаар киьилэр олус диэн ункуулууллэрин себулууллэр. Керсун эьиги иннигитигэр ункуу.

"Хаар киьилэр ункуулэрэ"

Хаарчаана: Уой, эьиэхэ то5о ба5ас кэрэтэй, бэьиэлэйэй (уерэр, эргичийэр).  Кэрэчээн да харыйачаан. Ол эрэн то5о  араас уотунан кулумнээбэтий?

Ыытааччы: Хата Хаарчааана, биьиэхэ харыйабытын уматарга кемелеьерун буоллар. Оччо5о харыйабыт уотунан сирдэтэн Тымныы Моруос о5онньорбут тиийэн кэлиэ этэ.

Хаарчаана : Кемелеьен беге буоллага дии.

Оонньуу "Харыйабыт, умай!"

Ыытааччы: Баьыыба, Хаарчаана. Харыйабыт араас уотунан кулумнээтэ, биьиэхэ уерууну бэлэхтээтэ!

Табалар чуорааннарын тыаьа иьиллэр.

Хаарчаана: Истин эрэ, туох эрэ тыаьа иьиллэр.

Ыытааччы: Ээ ити Тымныы Моруос о5онньор табаларын чуораана иьиллэр дии.

"Табалар ункуулэрэ"

Ыытааччы: Чэйин эрэ, о5олоор, Тымныы Моруос о5онньору ынырыа5ын! Дед Мороз! Дед Мороз! Дед Мороз!

Хаачыр-хуучур тыас иьиллэр, сана дьыллаа5ы мухыка тыаьыыр уонна торуоскатынан тонсуйан Моруос о5онньор киирэн кэлэр.

Тымныы о5онньор:  Дорооболорун! Кэлэн иьэр сана дьылынан, сана дьолунан! Хотугу муустаах муора кытылыттан айаннаан айаннаан тиийэн кэллим эьиэхэ бугун!

Ыытааччы: Дорообо! Ыраах айантан сылайбытын буолуо, кырдьа5ас. Манна олорон сынньан, онтон биьиги о5олорбут эьиэхэ бэйэлэрин ырыаларны, хоьооннору бэлэхтиэхтэрэ.

О5олор тахсан хоьоон аа5аллар уонна "Сана дьыл" диэн ырыаны бэлэхтиллэр.

Тымныы о5онньор:  Маладьыастар! Наьаа учугэйдик ыллыыр, хоьоон аа5ар о5олор эбиккит. Аны билигин миигин кытта оонньуо5ун.

Оонньуу "Заморозка"(мууьурдуу). Тымныы о5онньор торуоскатынан о5олор илиилэрин таарыйа сатыыр, о5олор олорон эрэннэр илиилэрин кэннилэригэр кистии охсуохтаахтар.

Хаарчаана: Наьаа учугэй оонньуу!

Ыытааччы: Сиэттиьиэ5ин илииттэн

                        Харыйаны эргийэн,

                        Ырыа тойук дьиэрэтиэх

                        Ункуу битии дьэргэтиэх!

Хоровод "Маленькая елочка"

Тымныы о5онньор: Бары олус талааннаах о5олор эбиккит. Мин эьигини сылы быьа кере сылдьыбытым, ситиьиилэргититтэн уербутум. Маладьыастар! Сана 2020сыл учугэйи, кэрэни эрэ агаллын диэн тураммын, кэьиибин тунэтиэхпин ба5арабаын!

Тымныы о5онньор кэьиитин тунэтэр.

Хаарчаана: Кэлэн иьэр сана дьыл агаллын угус утумэни, уерууну - кетууну, урдук ситиьиилэри. Дьоллоох буолун!

Тымныы о5онньор:  Сана дьылынан, сана дьолунан!

Хаартыска5а туьуу, тар5аьыы!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

сценарий новогоднего праздника "Новогодняя сказка"

сценарий использовался в 2011году, для постановки и проведения новогоднего утренника в старшей логопедической и средней группах....

Сценарий новогоднего утренника для детей младшего и среднего возраста "Лесная полянка", сценарий новогоднего утренника для детей старшего дошкольного возраста "Приключения у Новогодней ёлки"

Дети со Снегурочкой отправляются в лес искать Деда Мороза. В лесу на полянке они встречают гнома. он их провожает на полянку к Дедушке Морозу. сценарий для саршего возраста, Баба Яга заколдовывает Дед...

Сценарий Новогоднего праздника «Новогодние чудеса» Сценарий для детей младшей группы (3-4 года).

Цель: Воспитывать уважение к взрослым людям - маме, бабушке, уважение друг к другу. Побуждать детей к совместной деятельности с мамой, к взаимодействию друг с другом....

Сценарий Новогоднего праздника «Новогодние чудеса» Сценарий для детей младшей группы (3-4 года).

Цель: Создать радостное, праздничное настроение у малышей. Задачи: развивать эмоциональную отзывчивость детей, побуждать к активному участию в празднике....

Сценарий Новогоднего утренника для средней группы детского сада Сценарий праздника «Чудеса у Новогодней елки»

Сценарий Новогоднего утренника для средней группы детского сада Сценарий праздника «Чудеса у Новогодней елки»...

Сценарий новогоднего праздника «НОВОГОДНИЕ ПРИКЛЮЧЕНИЯ У НОВОГОДНЕЙ ЁЛКИ или Т У М Б А – Ю М Б А Н О В Ы Й Г О Д »

Сценарий новогоднего праздника «НОВОГОДНИЕ ПРИКЛЮЧЕНИЯ У НОВОГОДНЕЙ ЁЛКИ или  Т У М Б А – Ю М Б А  Н О В Ы Й  Г О Д» будет интересен тем, кто любит неординарное провед...