Рабочая программа "Олонхо глазами детей"
календарно-тематическое планирование по рисованию (старшая группа) на тему
"Олонхо глазами детей"- рабочая программа занятий рисования в старшей группе детского сада. на основе усвоения материала национального устного народного творчества- эпоса народа саха.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
olongho_ogo_haragynan_-_kuruhuok.docx | 50.16 КБ |
Предварительный просмотр:
“Олоҥхо оҕо хараҕынан” куруһуок
Өбүгэлэрбит айан хаалларбыт уус- уран айымньыларын чыпчаалын олоҥхону оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго билиьиннэрэн кэпсээһин,үөрэтии олус туһалаах ону таһынан көдьүүстээх буоларын өйдөөн бары сахалыы тыллаах уһуйааннарга иитээччилэр араас хайысханан олоҥхону билиһиннэрэн үлэлэһэллэр.С.В.Ястремскай «Манна,олоҥхоҕо биһиги поэзия алыптаах сырдык дьүһүнүнэн ойууламмыт дойдутугар түһэбит»- диэн этэн турардаах. Төрөөбүт тылын араас эгэлгэ ойуулуур-дьүһүннүүр тылларын кыра сааһыттан истэн саҥара үөрэммит оҕо иннигэһэ суох санаатын сааһылаан этэ үөрэнэригэр олук буолара саарбаҕа суох.Онон оҕону кыра сааһыттан олоҥхо алыптаах тылын иһитиннэрэ үөрэтии олох ирдэбилинэн буолла.
Билиҥҥи сайдыылаах үйэ огото билиигэ- көрүүгэ тардыһыыта олус күүстээх.Оҕо билиэн- көрүөн баҕарар бириэмэтин таба тайанан, 4-5 саастаах оголорго олоҥхону билиьиннэрдэххэ остуоруйаттан итэҕэьэ суох болҕойон,умсугуйан истэллэр эбит.Олоҥхоҕо кэпсэнэр геройдары кытта тэҥҥэ үөрэн-хомойон,кинилэр уобарастарын идеал оҥостон, эр санаалаах,хорсун-хоодуот, тулуурдаах,быьый,күүстээх,өйдөөх буоларга дьулуьаллар.Ону оҕолор күннээҕи оонньууларыгар көрүөххэ сөп.Олоҥхону иһитиннэрии кэнниттэн оҕолор ойуулаан-дьүһүннээн көрүүлэрин ,уус-уран тылларын сайыннарар сыалтан олоҥхону истибит кэрчиктэрин сүрүн көстүүлэрин уруһуйдатыы олус туһалаах.Оҕо олоҥхону хайдах ылыммытын кини уруһуйуттан көрүөххэ сөп.Ханнык баҕарар оҕо сөбүлээн истибитин үөрэ көтө кэпсии-кэпсии уруһуйдуур. Онон, олоҥхону иһитиннэрии, уруһуйдатыы оҕоҕо олоҥхо туһунан сөптөөх билиини биэрэрин таһынан элбэххэ иитэр –үөрэтэр эбит: норуот сиэригэр- туомугар,итэҕэлигэр,төрөөбүт дойдутун туһунан дириҥник билэригэр.Билигин оҕо үксэ тылы булкуйан саҥарарын үгүстүк истэбит.Төрөөбүт тылын умнубут омук,куту-сүрэ кэхтэр,сиэрэ-майгыта уларыйар диэн үгүс уөрэхтээхтэр этэллэр.Оҕолору төрөөбүт тылларынан ыраастык,сааһылаан,ситимнээхтик саҥарда,өйтөн этиттэрэ үөрэтэргэ көмө буоллун диэн мин П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун уһуйаан 6-7 саастаах оҕолоругар куруһуок нөҥүө үөрэтэбин.Улахан саастаах оҕолорго олоҥхону билиһиннэрэн олоҥхо ис хоһоонунан анал темаларга арааран араас ньымалары туһанан уруһуйдатыы ыытыллар.Хас биирдии уруһуйу уруһуйдатыах иннинэ олоҥхоҕо хайдах хоһуйуллубутун ааҕан иһитиннэрэбит ол оҕоҕо ойуулаан-дьүһүннээн көрүүтүн сайыннарарга көмөлөһүө,тарбахтарын былчыҥын сайыннарыа.Бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар олоҥхо ис хоһоонуттан олуктары өйтөн ааҕарга үөрэтии мультипликационнай киинэ оҥорорго анаан уруһуйдатыы ыытыллар.Оҕолору олоҥхо олуктарын өйтөн ааҕарга үөрэтии ыраастык,ситимнээхтик саҥаралларыгар эрчийиэ,олоҥхону биһирии улааталларыгар олук ууруо.
Сыала: олоҥхо нөҥүө оҕолор тылларын,ойуулаан-дьүһүннээн көрүүлэрин сайыннарыы
Соруга:
- оҕолорго билиһиннэрэргэ сөптөөх олоҥхону талыы,анал методикалары туһанан сылыктааһыны ыытыы;
- олоҥхону ааҕан иһитиннэрэргэ сөптөөх хартыыналары булуу-талыы;
- хас биирдии оҕо тылын сайдыытын учуоттаан,сөптөөх ньымалары туһанан олоҥхо олуктарын ааҕарга үөрэтии;
- олоҥхо олуктарын истэн уруһуй араас ньымаларын туһанан уруһуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы;
- оҕолор олоҥхо ис хоһоонунан уруһуйдаан,кырыйан оҥорбут персонажтарынан мультипликационнай киинэни оноруу;
Сабаҕалааһын:
Олоҥхону оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго уруһуйдатан олуктарын ааҕарга үөрэтии түмүгэр манныгы ситиһиэххэ сөп:
- олоҥхо геройдарын,сирин-дойдутун ойуулааһынын истэн уус-уран тыла сайдарын;
- оҕо тулуурдаах хорсун буола улаатарын;
- ойуулаан-дьүһүннээн көрүүлэрэ сайдарын;
- олоҥхо ис хоһоонун араас ньымаларынан уруһуйдаан тарбахтарын былчыҥын сайыннарарын;
«Олоҥхо оҕо хараҕынан» куруһуок былаана икки сылга,улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар ананан оҥоһулунна. Куруһуок нэдиэлэгэ биирдэ 25 мүнүүтэ ыытыллар.
Үлэ этаптара:
- Оҕолорго сөптөөх олоҥхону булуу,оҕолору сылыктааһын,былаан оҥоруу;
- Олоҥхону билиһиннэрии, олоҥхо ис хоһоонунан темаларга арааран уруһуй араас ньымаларын туһанан уруһуйдатыы;
- Олоҥхо олуктарын өйтөн ааҕарга үөрэтии;
- Оҕолор уруһуйдарынан мультфильм оҥорорго холонуу.
5-6 саастаах оҕолор тылларын сылыктааһын
«Большая книга тестов» С.Е.Гаврина,Н.Л.Кутявина,И.Г.Топоркова,С.В.Щербина автордаах кинигэлэринэн ыытыллар.
Тыл сайдыыта
Сорудах- Туох уруһуйдаммытын эт уонна бу маллар туһунан тугу билэргин кэпсээ.(велосипед,сибиитэрэ,күрдьэх,чаанньык)
Үрдүк таһым- Хас биирдии мал ханнык бөлөххө киирсэрин сөпкө этэр,туохтан оҥоһуллубутун,туохха аналлааҕын сөпкө быһааран этэр.
Орто таһым- Мал туһунан сөпкө кэпсиир да ханнык бөлөххө киирсэрин арааран эппэт.
Намыһах- Туох мал буоларын этэр онтон атыны тугу да кыайан кэпсээбэт.
Олоҥхо туһунан билиилэрин сылыктааһын
- Олоҥхо туһунан тугу билэҕиний?
- Олоҥхону ким толороруй?
- Олоҥхо хас дойдулааҕый?
- Олоҥхого орто дойдуга кимнээх олороллоруй?
- Үөһээ дойдуга кимнээх олороллоруй?
- Аллараа дойдуга кимнээх олороллоруй?
Үрдүк таһым- олоҥхо уонна олоҥхоһут туһунан үчүгэйдик быһааран билэр.Олоҥхо үс дойдуларын билэр.Бэйэтин орто дойду олохтооҕунан билинэр,олоҥхо үчүгэй геройугар бэйэтин холуур.
Орто таһым- олоҥхону быһааран билэр,олоҥхону толорооччу олоҥхоһут диэн арааран билбэт.Олоҥхо үс дойдулаагын булкуйар,бэйэтин олоҥхо учугэй геройугар холуур.
Намыһах таһым- олоҥхо уонна олоҥхоһут диэни арааран билбэт,олоҥхо үс дойдулааҕын билбэт,бэйэтин ханнык да дойдуга баарын араарбат.
5-6 саастаах оҕо ойуулаан-дьүһүннээн көрүүтүн сылыктааһын Т.Д.Марцинковскай «Тугу эмит уруһуйдаа»
Оҕоҕо уруһуйдууругар фломастер эбэтэр өҥнөөх харандаас бэриллэр уонна тугу эмит бэйэтэ баҕарарынан уруһуйдууругар этиллэр.Уруһуйдууругар 5 мүнүүтэ бэриллэр.
Оҕолор уруһуйдара маннык критерийдэринэн көрүллэллэр:
5 баал- оҕо бэриллибит бириэмэҕэ уратыны толкуйдуу охсон олус үчүгэйдик ойуулаан-дьүһүннээн хас биирдии уобараһын кичэйэн кырааскалыыр,сатабыллаахтык уруһуйдуур.
4 баал- оҕо саҥаны атыны толкуйдаабакка эрэ уруһуйдаабытын чаҕылхай өҥнөрүнэн куһаҕана суохтук кырааскалыыр.
2 баал- оҕо бэриллибит бириэмэҕэ тугу да толкуйдаабакка мээнэ сурааһыннары араастаан тардан биир өҥүнэн уруһуйдуур.
5 баал- үрдүк
4 баал- орто
2 баал- намыһах
П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар уруһуй темалара
- «Олоҥхо балаҕана»
- «Үөһээ дойду»
- «Орто дойду»
- «Аллараа дойду»
- «Олоҥхо бухатыыра»
- «Бухатыыр ата»
- «Туйаарыма Куо»
- «Абааһы уола Уот Уһутаакы»
- «Абааһы кыыһа Кыыс Кыскыйдаан»
- «Олоҥхо ис хоһоонунан өйтөн уруһуй»
Уруһуйга туттуллар ньымалар:
- тэһитэ анньан уруһуйдааьын;( «тычка»)
- тиис суунар щетканан уруһуйдааһын; («рисование зубной щеткой»)
- инчэҕэй лиискэ уруһуйдааһын; («по мокрому листу»)
- граттаж;
- бырдаҥалатан уруһуйдааһын; («набрызг»)
- сэбирдэхтэри кырааскалаан быһыыларын түһэрии;(«отпечатки листьев»)
- кумаламмыт кумааҕынан уруһуйдааһын;(«оттиск смятой бумагой»)
- баатаны,губканы туһаныы;
- илиис аҥарыгар уруһуйдаан баран бук тутуу(«монотипия»)
- илиискэ кырааскалары таммалатабыт үрдүнэн салапааны уурабыт(рисунки
Ыытыллар улэ былаана
1 сыл
Темата | Сыала | Ньымата | Туттуллар матырыйааллар |
«Олоҥхо балаҕана» | Олоҥхоҕо балаҕа- ны ойуулааһын олугун ааҕан иһи- тиннэрии.Балаҕан быһыытын табан, өҥүн сөптөөхтүк талан,тэһитэ анньан кырааска- ньыманан уруһуй- дуурга үөрэтии. | Кылгас кытаанах кыллаах киистэ- нэн тэьитэ анньыы ньыманы туһаныы. | Альбом лииьэ, акварель кыраас- ка,кылгас кытаа-нах кыллаах киис-тэ,балаҕан уруһу-йун хартыыната. |
«Олоҥхо үөһээ дойдута» | Олоҥхоҕо үс дойду баарын билиһиннэ- рии.Үөһээ дойду туһунан олоҥхо олугун истии,быһаарыы. Үөһээ дойду олоҥхоҕо хайдах өҥнөрүнэн ойуула- нарын сөпкө талан, инчэҕэй лиискэ уру һуйдааһын ньыма- тынан уруһуйда- тыы.Оҕолору ойуу- лаан-дьүһүннээн көрүүлэрин сайын- нарыы. | Инчэҕэй лиискэ уруһуйдааьын ньыматын туттуу | Халыҥ ватман кумааҕы эбэтэр маҥан картон, акварель кыраас- ка,араас размер- даах киистэлэр, олоҥхо үөһээ дойдутун көрдө- рөр хартыыналар. |
«Олоҥхо орто дойдута» | Олоҥхо орто дойдута хайдах ойууламмытын истэн ойуулаан-дьү Һүннээн көрөн уру Һуй араас ньымала рын туһанан уруһуйдуулларыгар үөрэтии. | Хаппыт араас бы- Һыылаах сэбир- дэхтэри кыраас- калаан быһыыларын түһэ рэн ,кумаламмыт кумааҕылары,баата ны туһаныы | Халыҥ альбом лииһэ,гуашь кырааска,араас быһыылаах сэбирдэхтэр,кумаа ҕылар,орто дойду туһунан хартыы- налар. |
«Олоҥхо алла- раа дойдута » | Олоҥхо аллараа дойдутун туһунан олоҥхо олугун ис- тии.Аллараа дойду- ну хараҥа өҥнөрүнэн талан,граттаж ньыманы туһанан кырааскалыырга үөрэтии. | Граттаж ньыма- чүмэчинэн өҥнөөх картону сотоҕун онтон ол үрдүнэн гуашь хара эбэтэр хараҥа өҥүнэн сотоҕун онтон куур бутун кэннэ уһуктаах маһынан тырыта сотон уруһуйданар. | Өҥнөөх картон кумааҕы,чүмэчи, гуашь кырааска, шампунь,уһуктаах мас. |
«Олоҥхо бухатыыра» | Олоҥхо бухатыырын туһу- нан олоҥхо олугун истии, буха- тыыр уобараһын, таҥаһын-сабын сөптөөхтүк биэрэн,восковай өҥнөөх харандаас тары туһанан,тэьитэ ан-ньыы ньыматын туһанан уруһуй- дуургаүөрэтии.Ойуу- лаан-дьүһүннээн көрүүлэрин сайын- нарыы.
| Өҥнөөх восковай харандаастар,баата, тэьитэ анньан кы- рааскалыыр ньыма. | Альбом лииһэ, восковай өҥнөөх харандаастар, баата,кытаанах кыллаах киистэ,уу. |
«Бухатыыр ата» | Бухатыыр атын туһунан олоҥхо олу- гун истии.Бухатыыр атын ойуулаан- дьү- һүннээн көрөн,ат быһыытын трафаре-тынан түһэрэн уруһуй араас ньыма- ларын туһанан уру- һуйдуулларыгар үөрэтии. | Салапааны,губканы туһанан кырааска лааьын,ат трафаретын туһаныы.
| Халыҥ альбом лииһэ,ат трафарета,акварель кырааска,салапаан, губка,киистэ,уу. |
«Туйаарыма Куо» | Туйаарыма Куону олоҥхоҕо хоһуйууну ааҕан иһитиннэрии, олоҥхо кыраһыабай кыыһа уратытын бы- һаарыы,кыыс быһыытын таһаатын восковай харандааьынан уруһуйдааһын,баатаны,губканы туһанан уруһуйу ситэрэн биэрии.
| Восковай өҥнөөх харандаастар, баатаны,губканы туһаныы | Альбом лииьэ, өҥнөөх восковай харандаастар, баата,губка, уу,акварель кырааска,Туйаарыма Куо ойуута. |
«Абааһы уола Уот УьутУһутаакы» | Олоҥхоттон Уот Уһутаакы ту- Һунан олоҥхоттон ааҕан иһитиннэрии.Абааһы бухатыырыгар сөптөөх өҥнөрү талан,быһыытын табан,уруһуй араас ньыматын туһанан уруһуйдуулларыгар үөрэтии. | Кумаламмыт кумааҕы,кытаанах кыллаах киистэ («тычка») | Альбом лииһэ,медовай акварель кырааска,боростуой харандаас,кумаламмыт кумааҕы,кытаанах кыллаах киистэ,олоҥхо иллюстрация- лара. |
«Абааһы кыыһа Кыыс Кыскый- даан» | Абааһы кыыһын туһунан олоҥхоҕо суруйууларын ааҕан иһитиннэрии.Сөптөөх өҥнөрү талан паролону,араас размердаах киистэлэри,кумаламмыт кумааҕылары туьанан абааһы кыыһын быһыытын табан уруһуйдатыы. | Паролон,кумаламмыт кумааҕыларынан кырааскалыыр ньымалар | Халыҥ альбом кумааҕы,паролон,кумалам- мыт кумааҕылар,араас размердаах киистэлэр,уу,медовай кырааска. |
«Олоҥхо ис хоһоону- гар өйтөн уруһуй » | Олоҥхону истибиттэриттэн ордук ханнык түгэни,кими өйдөөн хаалбыттарын,тугу уруһуйдаан көрдөрүөхтэрин баҕаралларын уруһуйдатыы. | Уруһуй араас ньымаларын бэйэлэрэ талаллар | Альбом лииһэ,уруһуй араас ньыматыгар туттуллар матырыйааллар:уу,паролон, баата,кытаанах кыллаах киис тэ,салапаан,араас быһыылаах сэбирдэх о.д.а. |
2 сыл
Мультфильмы олоҥхо ис хоьоонунан оҥоруу олус наһаа судургу буолбатах,оҕолор олоҥхону үчүгэйдик билэр,олуктарын иннигэһэ суох ааҕар буолаллара ирдэниллэр. Ону таһынан олоҥхо дьоруойдара,айылҕа көстүүтүн фонугар размердара сөп түбэһиэн наада ол иһин дьоруойдар быһыыларын трафаретынан быһан бэлэмнээн баран быьыыларынан оҕолорго уруһуйдатан фломастерынан кырааскалатабыт.Фломастер өҥнөрө чаҕылхай буолан ордук барсар.Оҕолор трафаретынан быһыытын түһэрэн фломастерынан кичэйэн кырааскалаан баран кыптыыйынан сэрэнэн быһыытын устун кырыйан ылаллар.Онтон олоҥхо олуктарын чуолкайдык,сороҕор куоластарын уларытан саҥардарга эрчийиллэр ол эрэ кэннэ дьэ мультфильмы устуу үлэтэ барар. Мультфильмы оҥорорго ыытыллар үлэ былаана. | |||
«Мультиплика-тор диэн туох идэлээх киһиний » | Мультипликатор диэн кимин, тугу хайдах оҥорорун,киниэхэ туох наадатын,мультигы хайдах оҥорорун туһунан билиһиннэрии. | Фотоаппарат,фломастер, линейка,боростуой харандаас, | |
П.А.Ойуунус-кай «Дьулуруйар Ньургун Боотур »олоҥхотун ааҕан иһитин- нэрии. | Олоҥхо ис хоһоонунан боп- пуруостарга эппиэттэтэн олоҥхо ис хоһоонун чиҥэтии. Олоҥхонон мультфильм оҥо- рорго былаан оҥоруу,оҕолору оруолларга араарыы. | П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо кинигэтэ, Е.П.Чехордуна хомуйан оҥорбут кинигэтэ «Олоҥхо дойдута» | |
Олоҥхо ис хоһоонунан темаларга араа- рыы. | Олоҥхо ис хоһоонунан тема- ларга арааран оҕолорго олоҥхо олуктарын үөрэтэллэригэр түҥэтии.Хас биирдии олоҥхо геро- йугар сөптөөх трафарет оҥо- рон биэрии. | Олоҥхо дьоруойдарын трафарета,олоҥхо олуктара. | |
«Үөһээ дойду» | Олоҥхо үөһээ дойдутун хайдах өҥнөрүнэн кырааска- лыахха сөбүн оҕону кытта быһаарсыы, уруһуй араас ньымаларын туһананолоҥхо үөһээ дойдутун уруһуйдатыы,олоҥхону пластинкаттан истии. | «Рисунки кулечками»-(сала- пааны кырааскаҕа саба ууран баран куурбутун кэннэ ылаҕын) | Альбом лииһэ,гуашь кырааска,араас киистэлэр, салапаан.(пищевой),олоҥхо пластинката. |
«Үрүҥ Аар Тойон,Адьына Сиэр Хотун» | Үрүҥ Аар Тойон,Адьына Сиэр Хотун туһунан билиилэрин чиҥэтии,кинилэр ханна кимниин олороллорун, тугу гынар аналлаахтарын туһунан сэһэргэһии,хартыыналары көрдөрүү,трафаретынан Үрүҥ Аар Тойону,Адьына Сиэр Хотуну быһыыларын уруһуйдаан баран фломастерынан сөптөөх өҥнөрүнэн кырааскалыырга үөрэтии,уруһуйдарын кыптыыйынан сэрэнэн кырый- тарыы. | Араас өҥнөөх фломастердар | Үрүҥ Аар Тойон,Адьына Сиэр Хотун трафареттара,араас өҥнөөх фломастердар,альбом лииһэ,боростуой харандаас,пластинка, кыптыый. |
| |||
«Орто дойду» | Олоҥхо орто дойдутун олоҥхоттон истии,орто дойду көстүүтүгэр балаҕаны,Аал Луук маһы кичэйэн фломастерынан уруһуйдатыы. | «Рисунок кулечками»ньыманы,кумаламмыт кумааҕыны туьаныы. | Орто дойду уруһуйун хартыыналара,гуашь кырааска,халыҥ альбом лииһэ,араас размердаах киистэлэр. |
«Саха Саарын Тойон,Сабыйа Баай Хотун» | Олоҥхоттон Саха Саарын Тойон,Сабыйа Баай Хотун туһунан истии,бэлэм трафаретынан уруһуйдаан ылан фломастерынан сөптөөх өҥнөрү талан кичэйэн кырааскалатыы. | Альбом лииһэ,өҥнөөх фломастердар,трафареттар, боростуой харандаас,кыптыый,пластин-ка. | |
«Күн Дьирибинэ» | Күн Дьирибинэ бухатыыр кимнээх оҕолоро буоларын быһаарыы,олугун аахтарыы,бэлэм трафаретынан түһэрэн ылан фломастерынан кырааскалатыы. | Альбом лииһэ,трафарет, фломастер,боростуой харан- даас,олоҥхоттон хартыыналар. | |
«Туйаарыма Куо» | Туйаарыма Куо олугун олоҥхоттон аахтаран истии,олоҥхо кыыһа туох атыннааҕын быһаартарыы,бэлэм трафаретынан түһэрэн ылан фломастерынан кичэйэн кырааскалааһын. | Альбом лииһэ,трафарет,фломастердар,боростуой харандаас »ТуйаарымаКуо»ойуута,кыптыый. | |
«Үрүҥ Уолан» | «Үрүҥ Уолан»олугун олоҥхоттон аахтаран истии, быһаарыы,олоҥхо дьоруойун трафаретынан түһэрэн баран фломастерынан араас ньыманы туһанан кырааска- лааһын. | Альбом лииһэ,трафарет,фломастер, олоҥхоттон иллюстрациялар,кыптыый. | |
«Дьулуруйар Ньургун Боотур» | «Дьулуруйар Ньургун Б.»олугун олоҥхоттон аахта- ран иһитиннэрии,бухатыыр аналын туһунан оҕолорго быһаарыы,бэлэм трафаретынан түһэрэн ылан фломастерынан өҥнөрүн сөпкө талан кырааскалатыы. | Альбом лииһэ,трафарет, боростуой харандаас, фломастер,кыптыый,олоҥхо иллюстрациялара. | |
«Абааһы уола Уот Уһутаакы» | Аллараа дойду бухатыыра «УотУһутаакы»туһунан олугу олоҥхоттон аахтаран иьитиннэрии,хайдах кыраасканан кырааскалыахха сөбүн оҕоттон ыйытан быһаартарыы,араас ньыманы туһанан кырааскалатыы. | Тэьитэ анньыы, быһыттаҕас сурааһыннары туһаныы. | Хартыыналар,альбом лииһэ, фломастердар,боростуой харандаас,трафарет,кыптыый, |
«Аллараа дойду» | Аллара дойду туһунан оҕо ааҕыытын истии,быһаарыы, оҕолортон ыйытыы,араас ньыманы туһанан аллараа дойду айылҕатыгар сөп түбэһэр өҥнөрү туһанан кырааскалыылларыгар үөрэтии. | Инчэҕэй лиискэ уруһуйдааһын ньыматын туттуу тиис суунар суок- каны туттуу. | Кытаанах альбом лииһэ, гуашь кырааска,тиис суунар киистэ,араас разм. киистэлэр,хартыына. |
Олоҥхо олуктара | «Дьулуруйар Нь.Б.»олоҥхо олуктарын чуолкайдык,куолаһы араастаан уларытан саҥарарга эрчийии. | ||
Мультфильмы устуу үлэтэ | |||
Үлэ көрүҥнэрэ:
-Музейга сылдьыы;
-Тимофей Стапанов хартыыналарын көрдөрүү;
- Пластинкаттан олоҥхону истии;
- Олоҥхо театрын олоҥхолорун көрүү;
- Экскурция;
- Оҕолор уруһуйдарынан выставка;
- Оҕолор уруһуйдарынан мультфильм;
Туттуллубут литература
- «Саха таҥаһа»С.Р.Иванова
- «Өбүгэ таҥаһа уонна итэҕэл»С.И.Петрова.
- П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур»кинигэтэ
- Е.П.Чехордуна «Олоҥхо дойдута
- Е.П.Чехордуна,Е.П.Иванова «Олоҥхо эйгэтэ»
- Е.П.Чехордуна «Олоҥхо тыла-өһө»
Муниципальное дошкольное образовательное учреждение
Центр развития ребенка «Детский сад № 82 «Мичээр»
Управления образования г. Якутск
Принят: Утверждаю:
Педагогическим советом №_ Заведующая МБДОУ ЦРР
от _________________2016 г. «Детский сад №82 «Мичээр»г.Якутска
__________ Трофимова Ю.И.
« »_______________2016 г.
Рабочая программа кружка
по изобразительной деятельности
«Олонхо глазами детей»
(5-7 лет)
Воспитатель: Жерготова Аида
Иннокентьевна
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Родительское собрание на тему: «ДЕТИ - ГЛАЗАМИ РОДИТЕЛЕЙ, РОДИТЕЛИ - ГЛАЗАМИ ДЕТЕЙ»
— воспитание чувства любви и гордости за свою семью, уваже¬ния к родителям; — формирование положительного отношения к своему дому; — побуждение детей и родителей к творческому самовыраже¬нию, поддер...
Родительское собрание на тему: «ДЕТИ - ГЛАЗАМИ РОДИТЕЛЕЙ, РОДИТЕЛИ - ГЛАЗАМИ ДЕТЕЙ»
— воспитание чувства любви и гордости за свою семью, уваже¬ния к родителям; — формирование положительного отношения к своему дому; — побуждение детей и родителей к творческому самовыраже¬нию, поддер...
"Глаза - окно в мир". Мини проект "Здоровье глазами детей".
Цели и задачи проекта: – распространение здорового образа жизни среди подрастающего поколения, привлечение его внимания к проблеме сохранения здоровья с ранних лет;— формирование мотивации у детей ...
Рабочая программа по Изо "Разноцветный мир глазами детей"
Рабочая программа "Разноцветный мир глазами детей"...
Перспективное планирование к Рабочей программе "Разноцветный мир глазами детей"
Перспективное планирование к Рабочей программе "Разноцветный мир глазами детей"...
Рабочая программа по реализации инновационного проекта «Родная природа глазами детей» по художественному краеведению с детьми групп общеразвивающей направленности от 6 до 7 лет
Рабочая программапо реализации инновационного проекта«Родная природа глазами детей»по художественному краеведениюс детьми групп общеразвивающей направленностиот 6 до 7 лет...
Рабочая образовательная программа дополнительного образования «Мир глазами детей» (художественно-эстетическое развитие)
Программа «Мир глазами детей» создана в соответствии с требованиями Федерального государственного образовательного стандарта дошкольного образования и Федеральной образовательной программы...