Байанай
план-конспект занятия (подготовительная группа)

Максимова Ньургустана Гаврильевна

Байанай

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл bayanay_araldyyyy_podgotovka.docx30.01 КБ

Предварительный просмотр:

«Байанай

Бэлэмнэнии бөлөххө аралдьыйыы сценари

Ыытааччы:

Эһээ:

Сиэн уол:

Мэник Мэнигийээн:

Сыала:

  • Байанай туһунан оҕолор өйдөбүллэрин хаҥатыы;
  • Кыыллар, күндү түүлээх, булчут үлэтин туһунан билиилэрин чиҥэтии;
  • Айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт диэн быһаарыы;
  • Төрөөбүт тыл эгэлгэтин үтүгүннэрэн саҥардан оҕо тылын - өһүн байытыы.

Киин истиэнэ: Байанай ойуута.

Ыытааччы: Үтүө күнүнэн, күндү ыалдьыттар! Бүгүҥҥү биһиги тылбыт-өспүт, сэһэммит-тэппэммит барыта Баай Байанай туһунан буолуоҕа. Оҕолорбутун ытыс тыаһын доҕуһуолунан көрсүөҕүҥ. (Оҕолор миэстэлэригэр киирэн тураллар).

Ыытааччы: Оҕолоор, биһиги баай хара тыабытыгар, аар тайҕаҕа араас ойуур кыыллара олохсуйан олороллор. Кыыллары барытын Баай Байанай, тыа иччитэ харыстыыр, араҥаччылыыр диэн биһиги өбүгэлэрбит итэҕэйэр этилэр. Ол иһин булчуттар киниэхэ махтаналлар, сүгүрүйэллэр эбит. Сэтинньи ый булчуттар булка тэринэр, саамай бултуйар кэмнэрэ буолар.

Саха урааҥхайы

Салыҥнаах ытыстыыр,

Кыһыл саһыл кыалыктаах, хара саарба хаппардаах

Байдам тутуу

Барылы кэскил баай барыылаах

Баай байанай.

Баай Байанай – тыа иччитэ, тыа кыылын-сүөлүн барытын бас билэр, ол иһин наһаа баай. Кини бэрт дьэллэм, үөрүнньэҥ, сайаҕас майгылаах, өлгөм-дэлэй биэриилээх. Баай Байанайга аһары сомсуспат, иҥсэтэ суох булчуту сөбүлүүр. Сиэри-туому тутуһар дьоҥҥо өрүүтүн көмөлөһөр, мүччүргэннээх кэмнэргэ үтүөнү оҥорор. (Бу кэмҥэ эһээ сиэн уолунаан киирэр).

Эһээ: Тоойуом, дэлби сылайдым. Олоро түһэн сынньаныах.

Уол: Сөп, эһээ, олоро түһүөххэ. Чэбдик салгынынан дуоһуйа тыынан абыранным.

  • Ырыа «Ымыылар» кыргыттар

Эһээ: Эргэнэ хара тыам барахсан, нусхайа чуумпуран турара үчүгэйэ сүрдээх. Сотору сир тоҥуо, хаар түһүө, булт-ас дэлэйиэ турдаҕа.

Уол: Хата, эһээ, туохта эмэ кэпсээ. Сүбэҕин-соргугун тиэрт.

  • Эһээ: Байанай булчут киһи бултуур тэрилин оҕо, дьахтар тыытарын, дьахтар үрдүнэн атыллыырын сөбүлээбэт;
  • Оҕо саанан, туһаҕынан оонньоотоҕуна саа тугу да таппат, туһахха кыыл иҥнибэт буолар эбит.
  • Ол иһин булчуттар бултуур тэриллэрин дьиэҕэ киллэрбэттэр, ыраах ампаарга уураллар.
  • Бултуу бараары гыннахтарына, бултуур сиригэр этэҥҥэ тиийдин, өлгөм бултаах кэллин диэн ийэ, эбэтэр эбэ аал уот иччитигэр арыылаах алаадьы биэрэн көрдөһөллөр:

Этэҥҥэ оһол моһуоктаабакка

Бултуур сиргитигэр сырыт диэн

Суол иччитин Дьэһэн Турантайы

Дьоһуннаатаҕым буоллун.

Аартык иччитин Аан Тарбааһыны

Аһаттаҕым буоллун. – диэн.

  • Булчуттар бултуур сирдэригэр тиийдэхтэринэ чуумпутук, сэргэхтик тутта сылдьыахтаахтар. Уонна эмиэ уот оттон уот иччитигэр ас биэрэн көрдөһөллөр:

Баай барыылаах тойон эһэм,

Тайаххыттан таллар,

Тииҥҥиттэн тиксэр,

Куобаххыттан кулу.

Сиргин – уоккун киртитиэм суоҕа,

Бэрсэр баайгын күөмчүлүөм суоҕа.

Амтаннаах аспыттан аһатар буолуом.

Аныгыскы да өттүгэр

Бэрсиһэр буолуохпут. – диэн.

  • Бултуур киһи аһары элбэх кыылы, көтөрү өлөрбөттөр, сөп буоларынан эрэ ылыахтаах.
  • Баай Байанай остуоруйаны олус сөбүлүүр үһү. Ол иһин булчуттар элбэх буоллахтарына остуоруйалаһаллар эбит.

Хата, үөрбүччэ көппүччэ оҕолорбор остуоруйата кэпсиим:

  • Остуоруйа: «Куобах кутуруга суох буолбута»

    Былыыр-былыр куобах сахсайбыт тииҥ курдук уһун кутуруктааҕа үһү. Ол иһин дьон кини кутуругунан саҕа оҥостуохтарын баҕараллар эбит.

Дьон саанан ытан көрөллөр да, куобах кутуругунан сапта охсон, доруобунньукка хотуттарбат.

    Сайын Куобах кутуругунан сабыннаҕына, күүгэс, күлүмэн, бырдах кыайан сиэбэттэр. Куобах кыһын аайы хаар түстэҕинэ үөрэн-көтөн ойуоккалыыр. Биирдэ өйдөөбүтэ – уулаабатаҕа хас да хоммут. Ойбоҥҥо киирэн уулуур. Тохтуу-тохтуу уһуннук иһэр. Онтон арай хамсаары гыммыта – кутуруга мууска хам тоҥон хаалбыт.

    Куобах ыксыыр. Болдьообут курдук, биир эмээхсин уу баһа киирэр. Куобаҕы көрөөт: «Дьон тыаҕа бултууллар, оттон Куобах олох да күөлгэ баар буолар эбит!» - диир да, дьиэтигэр сүүрэр. Уонна үөттүрэҕин тутан кэлэн Куобаҕы охсор. Куобах кирис гынан, кулгааҕын уһугун эрэ табар.

    Куобах, кутталыттан күүскэ мөхсүбүтүгэр кутуруга төрдүнэн быһа барар да, куотан хаалар. Эмээхсин соһуйан олоро түһэр уонна кутуругу көрөн наһаа үөрэр.

  • Хата сып-сылаас саҕаланнаҕым. Арай ити тириитин кытта ылбытым буоллар, саҕынньахтаныа эбиппин! – диэн саҥа аллайар.

Туран Куобах кутуругун санныгар уурунан, уутун баһан дьиэтигэр барар. Онтон ыла Куобах кулгааҕын төбөтө харалаах, кутуруга муҥур буолбута үһү.

Уол: Баай Байанай

Баараҕай эһэм,

Көтөр кынаттааҕа

Көҕүрээн көрбөтүн,

Сүүрэр атахтааҕа

Сүрэ-кута тостубатын диэн

Кэскили кэлтэтэр

Кэхтииттэн көмүскүөҕүҥ.

Оччоҕо

Урукку уйгу үөскүөҕэ,

Уһун туску

Уруйа улаатыаҕа диэн

Өйдөөтүм, эһээ!

Эһээ: Дьэ, бу, киһи тыла (төбөтүн имэрийэр).

Оҕом барахсан улаатан,

Тайҕаҕа тахсан

Сонордьут, булчут бэрдэ

Буолуоҥ буоллаҕа.

  • Ырыа«Эдэр булчут ырыата»уолаттар

Ыытааччы: Булчут киһи суоллаан, сонордоон ханнык кыыл маҥан хаарга үктээн, суолун хаалларан ааспытын эндэппэккэ билэр буоллаҕа.

Чаҕылла-чаҕылла

Чачайбакка кэпсииргэ,

Чуопчаара-чуопчаара

Чуолкайдык этэргэ,

Кыылы-сүөлү

Арааран билэргэ, үөһүн-дьүһүнүн,

Туттуутун-хаптыытын

Хоһуйан этэргэ,

Чаабый-иибий уос номох

Чабырҕах барахсан

Баар буолар эбит, оҕолоор!

  • «Кыыллары хоһуйар чабырҕах» - композиция

Бары: Этэҕэ-тэтэҕэ,

Иэрэҥ-дьиэрэҥ,

Холкуй-илкий,

Кубулуҥ-дьибилиҥ, бадыа-бүдүө

Балаҕан дархан.

1 оҕо : Хара тыаҕа,

Ойуурга

Хаҕыс тыалтан

Хаххаланан,

Сахам сирин

Кылаан түүлээх

Мааны кыыла

Хорҕойор.

2 оҕо :Эһэ туһунан

Мэппэрдээн

Лэппэрдээн

Тыатааҕы,

Ойуурдааҕы,

Эһэкээн кыылбыт

Кыһын буолан

Арҕаҕар киирдэ.

Сыалаах

Ытыһын

Сыттык оҥостон

Утуйардыы

Тэриннэ.

Муннун тыаһа

Муораҕа тиийдэ.

3 оҕо : Саһыл туһунан

Албын саһыл

Ньылбаарыйан,

Кугас кыылбыт

Ньуолбаарыйан,

Уҥа-хаҥас

Сытырҕалаан,

Сыбдыҥнаан

Сылбырҕатын

Сырытта.

Ааспыт суолун,

Хаампыт сирин

Кутуругунан

Сотон ааста.

Хороонун диэки

Сырбас гынна.

4 оҕо : Тайах туһунан

Адаарыҥнаан,

Акыллаҥнаан

Тайах кыылбыт

Лабаа муоһа

Сараадыйан

Бүлтэччи көрдө.

«Бүүс гына тыынна»,

Буурдаата,

Тоҥуу хаары

Бурҕатта,

Аҕыйахта

Атыллаата, тиийиэхтээх сиригэр

Тиийэ оҕуста.

5 оҕо : Куобах туһунан

Ибигирээн,

Илигирээн

Туохтан эрэ

Куттанан,

Соһуйан

Куобах барахсан

Ньохоохтоон тиийэн

Талах быыһыгар

Ньыкыйда,

Кирийдэ,

Сыыйа уоскуйда,

От-мас төрдүгэр

Утуйан хаалла.

6 оҕо : Тииҥ туһунан

Көп түүлээх

Тииҥчээн

Тииттэн тииккэ

Ыстаҥалыыр.

Хара хараҕа

Чоҕулуҥнуур.

Киистэ кулгааҕа

Чөрөҥөлүүр.

Тугу эрэ иһиллээн

Олбу-солбу

Көрбөхтүүр.

Төттөрү-таары

Сүүрбэхтиир.

Хаһаастарын

Бэрийэр,

Бокуойа суох

Түбүгүрэр.

Эһээ: Булчут киһи кытыгырас, сымса, күүстээх-уохтаах, сылайбат сындааһыннаах буолуохтаах.

Уол:  (туран эрэн): Ол иһин илиини-атаҕы эрчийэр, сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулары олус сөбүлүүбүт.

  • Оонньуу: 1. «Суоллары таай» (оҕолор кыыллар хаарга хаалларбыт суолларын көрөн араараллар).
  • Сыалы тап.

Ыытааччы: Булчуттар тыаттан бултаан-алтаан, үөрэн-көтөн киирдилэр. Түннүк уота сандаарда, оһох буруота унаарда.

  • Үҥкүү «Булчуттар үҥкүүлэрэ»

(Тахсалларын кытта тэбис тэҥҥэ Мэнигийээн көтөн түһэр, илиитигэр тутуурдаах).

Мэнигийээн: Хайа, бу мин ханна тиийэн кэллим? Оҕо бөҕө олорор эбит дии. (Дорооболоһор) Бээрэ, эһиги бу туохха муһуннугут? Тоҕо олороҕут?

Ыытааччы: Биһиги Байанай ыйыгар анаан бырааһынньык тэрийэн, булт-ас туһунан кэпсэтэ олоробут. Оттон эн бу хантан кэллиҥ, кимҥиний?

Мэнигийээн:  Мин Мэник-Мэнигийээммин дии, остуоруйаттан кэллим ээ. Билбэтигит дуо? Мин убайдарым эмиэ булчут дьон. Бултаабыт сиэгэннэрин тириитинэн миэхэ ийэм саҥыйах тигэн биэрбитэ (көрдөрөр).

Ыытааччы: Оттон саҥыйаҕын түүтэ суох дии.

Мэнигийээн: Тоҥоллоро буолуо диэн аһынаммын, саҥыйаҕым түүтүн тууран, ыла-ыла окко-маска ыйаабытым ээ. Көрөөрүҥ эрэ, хомус от төбөлөрүн.

Ыытааччы:  От-мас кыһын көмнөҕү, кырыаны бүрүнэн бэйэтэ саҥыйахтаах курдук кыһын тоҥмот ээ. Оттон бу тугу тута сылдьаҕыҥ?

Мэнигийээн: Бу ойуурга маннык бөх бөҕөтүн хаалларбыттар (көрдөрөр). Ону хомуйдум, ойууру ыраастаатым. Эһиги, оҕолор, бөҕү-сыыһы быраҕан ойууру киртитээччигит дуо? («Суох!» Хайгыыр). Үчүгэй оҕолор эбиккит. Ити курдук эһиги тыаҕа күүлэйдии, сынньана, сир астыы таҕыстаххытына, бөҕү-сыыһы мээнэ бырахпат, хомуйа сылдьар буолуҥ. Сөп дуо, оҕолоор? (Сөп!)

Бачча кэлэн баран эһигини кытта хайдах оонньообокко барыахпыный. БилигинБайанай оҕонньор тыатын кыылларын туһунан төһө билэргитин тургутан көрүөм эһиэхэ анаан таабырыннары таайтарыахпын баҕардым, ону таайарга бэлэмҥит дуо?

  1. Уһун түүҥҥэ улуйан

Уубунхамматмуҥнаахпын.

Сылгыныынаҕы тардан

Сыаҕа, хаһаҕа харабын.

Хайа ким билэрий,

Ханныккыылэбиппиний? (Бөрө)

  1. Тииттэнтииккэыстанабын,

Тэллэйхатаран хаһаанабын.

Муох таһан оргулуйабын

Мутук төрдүгэртуттабын.

Хайа ким билэрий,

Ханныккыылэбиппиний?  (Тииҥ)

  1. Хонууга да хоройдорбун,

Сааһыттансаһабын.

Ойуурга да олордорбун,

Саһылтансаллабын.

Хайа ким билэрий,        

Ханныккыылэбиппиний? (Куобах)

  1. Уордаахтыкорулуур,

Чаҕааннаахтыкчаскыйар,

Бадьырыйарбаппаҕай,

Тиҥсирийэнхаамар

Тимируллуҥах –

Онньунанүктэммит

Отонньут оҕонньор.

Кыһынынарҕахха

Кырдьаҕас утуйар.

Хайа ким билэрий,

Ханныккыылэбиппиний? (Эһэ)

  1. Үөмэр – чүөмэр үктэнэн

Үөмэн сылдьар үгэстээх.

Иннин – кэннин кэтэнэр

Эгэй – сэгэй бэйэлээх.

Алып – ньалып салбанан

Куобах, кутуйах аһылыктаах.

Хайа ким билэрий,

Ханнык кыыл эбиппиний? (Саһыл)

Байанай бары түргэнник таайбыккытыттан олус үөрдэ. Детсад диэн сүүрэр-көтөр, оонньуур сир диэбиттэрэ дии. Эһиги өссө билиҥҥэттэн булчут буоларга бэлэмнэнэр үһүгүт дии. Кырдьык дуо? Муҥхалыыр үһүгүт. Сыалы табарга эрчиллэр үһүгүт.

  • Оонньуу: 1. «Муҥха».

Мэнигийээн: Олус үчүгэй кытыгырас, сытыы-хотуу, бэһиэлэй оҕолор эбиккит. Мин эһигиттэн наһаа үөрдүм. Төрөөбүт айылҕаҕытын харыстыыр үтүө дьон буола улаатыҥ. Чэ, мин бардым. Көрсүөххэ диэри! (Тахсар).

Ыытааччы: Дьэ ити, Мэнигийээн эппитин курдук кэрэ айылҕабыт кэхтибэтин, куруук киэркэйэ, киэргэнэ, тупса турдун. Ойуурбут, тыабыт ыраас буоллун, ким да киртиппэтин. Оччоҕо Баай Байанай хаһан да хомойуо суоҕа, үөрүө, баайа-дуола дэлэйиэ.

Хойут улаатан баран бултуур буоллаххытына, айылҕаҕа сылдьыы сиэрин – туомун тутуһан сылдьаарыҥ,  оччоҕо баай тайҕа олох кураанах хаамтарыа суоҕа, куруутун илии тутуурдаах ыытыа. Хайаан да булт дьол сырдыаҕа! Оччоҕо булчут тосхоллоох тайҕа үрдүк дьолунан тыыныа.

Маннык этэн туран бүгүҥҥү киэһээбитин түмүктүүбүт.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Байанай бырааhынньыгын сценарийа

Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин . Саха киьитин торут       дьарыга булт  туьунан о5олор билиилэрин  чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт с...

Проект «Байанай – дух охоты»

Тип и вид проекта: творческий, групповой, краткосрочный.Участники проекта: воспитатель, дети, родители, пдо по якутскому языку.Возраст детей: 5-6 лет.Продолжительность: ноябрь (1 неделя...

Байанай кунэ

Байанай кунугэр а5алар уолаттарын кытары таайалларыгар аналлаах оонньууОоньууну Антонова Е.Н. онордо...

Сценарий утренника посвященный дню «Байанай» Тема: «Лесное происшествие.

Данный сценарий посвящен к празднованию дня "Байанай".  "Байанай" - (якут. Байанай, Бай Байанай) — дух-хозяин природы, покровитель охотников в...

В гости к Байанаю на якутском языке

Байанайга ыалдьыттыыбыт.Сыал/сорук:Оҕо ойуур, булт туһунан билиитин улахан киһитэ суох бэйэтин баҕатынан дьарыктаныы көмөтүнэн хатылааһын.• Көрдөөн булуу ньыматын, толкуйдуур дьоҕуру, ситимнээхти...

"Встреча с Байанаем"

Цель:   обогащать и расширять знания детей о национальных видах спорта               Республики Саха (Якутия)....

Проект «Байанай – дух охоты»

Тип и вид проекта: творческий, групповой.Участники проекта: воспитатель, дети, родители.Возраст детей: 6-7 лет.Продолжительность: месяц ноябрь.Актуальность: Отношение человека к правилам поведения в п...