Байанай бырааhынньыгын сценарийа
методическая разработка (старшая группа) на тему

Семенова Айталина Васильевна

Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин . Саха киьитин торут       дьарыга булт  туьунан о5олор билиилэрин  чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы бииьиннэрии. Айыл5а5а тапталы, харыстабыллаах сыьыаны иитии. О5о айар дьо5уру сайыннарыы (ункуугэ,уус-уран тылга,ырыа5а).

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл bayanay_byraaynnygyn_stsenariya.docx24.17 КБ

Предварительный просмотр:

Байанай бырааьынньыгын сценарийа

Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин . Саха киьитин торут       дьарыга булт  туьунан о5олор билиилэрин  чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы бииьиннэрии. Айыл5а5а тапталы, харыстабыллаах сыьыаны иитии. О5о айар дьо5уру сайыннарыы (ункуугэ,уус-уран тылга,ырыа5а).

1 чааьа «Кыьын»

Ыытааччы: Алтынньы, Сэтинньи ыйдар ыйдар- Байанай ыйдара  диэн ааттаналлар. Бу ыйга  булчуттар ыраах  бултуу-алтыы баралар. Кунду туулээ5и эккирэтэллэр, эьэкээннэригэр уомэлэр, айах туталлар. Отуу-маьы алдьатыам суо5а, наадыйарбы эрэ ылыам диэн анда5ар этэллэр. Саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр-аьатар, таныннарар.

Бугун биьиэхэ уоруулээх кун Баай  Барыылаах Байанайбыт кунэ. Утуокэн угэстээх, Сээркээн сэьэннээх, оттук харалаах Баай  Байанай бырааьынньыгынан э5эрдэлиибит.

О5олор хоьоон аа5ан иьитиннэриэхтэрэ, ырыа ыллыахтара.

 Хоьоон «Кыьын»  Х. Алексан. А. Вова.С. Эдик

   1 о5о: Кэнчээрилээх алаастарбыт       2 о5о: Тонуу хаарга уйуктаах

              Кэнкир хара тыаларбыт                           Туут анал хайыьардаах

              Кылбан куобах сонунан                           Таайым  Дьогуор сис тыа5а

              Кылбаарыччы таныннылар                     Тииннии, бултуу  сырытта5а

              Кыраьалаах сарсыарда                             Аатырар чулуу сонордьут

              Сонор бэрдэ арыллан                                Байанайдаах удьуор булчут

              Тииннэр, киистэр суоллара                      Кини короот билэр ыраа5ы

               Ыйа, кэпсии сыталлар.                              Булка- алка сур кыра5ы.

3 о5о:   Тыа5а эдэркээн сааьыт

                Тахсан дьаарбайа сырыт                          Эн сонургуу одуулуо5ун

                 Улуу тай5а кэпсиэ5э

                 Уьун номо5у эйиэхэ

                 Котор- суурэр суолун

                 Кыраьа быыччык ойуутун

                 Кыра5ыттан сонордуо5ун

 Ырыа «Маннайгы хаар» Бары ыллыылар

Билигин биьиги , тыа5а бултуон иннинэ ойуур оло5ун тоьо билэргитин билиэхпит.

Таабырыннар.

  1. Ууга олохтоох,от аьылыктаах кыыл баар уьу (Андаатар)
  2. От-мас аьылыктаах ойуоккалаан о5онньор баар уьу (Куобах)
  3. Тор-тор торулуур маьы тонсуйар баар уьу (Тонсо5ой)
  4. Ууга киирдэ5инэ балык, кытыыга та5ыста5ына кыыл баар уьу (Урун эьэ)
  5. Отонноо5ор оччугуй,о5устаа5ар куустээх баар уьу (Бууддьа)
  6. БаЬаам элбэх аанынан ким да тахсыбат уьу (Илим)
  7. Бииргэ миинниллэр икки ат баар уьу (Хайыьар)

Тыый, таабырыннарбыт  таайыылара  бэйэлэринэн  тиийэн  кэлбиттэр  дии.

О5олор толорууларыгар хоьооннор.

  1. «Тиин» хоьоону аа5ар.
  2. «Эьэ»
  3. «Боро»
  4. «Кырынаас»
  5. «Саьыл»
  6. «Таба»

«Хаар» Ырыа

 Булчут киирэр. Утуо кунунэн о5олор! Мин эьиэхэ ыалдьыттыы кэллим , булчуттарбын бултуу илдьэ бараары. Ол барыахпыт иннигэр булчуттарга оонньуу оонньотон короору гынабын.

Булчут: Булчут кыра5ы харахтаах , эрчимнээх илиилээх буолар онон  Ким саамай сытыы харахтаа5ын, сымса илиилээьин билиэхпит.

 «Ким куоба5ы, тиини табар» (Сыал быра5ыы мээчигинэн) 2о5о тахсар.

«Куьу состоруу» Ким тургэнник куьу ууттан таьаарар.(2 о5о куоталаьар)

Ханнык ба5арар булчут  бэйэлэрэ миннэр кололоох  уонна кыьынны тонуу  хаарга  атахтарыгар кэтиллэр  хайыьардаах буолаллар. Ол хайыьардарынан тургэнник суурэр, сырылыыр буолуохттаахтар. Онон билигин  ким  сымса, тургэн атахтаа5ын билиэхпит.

«Хайыьарынан хаамтарыы» (2 о5о тахсар хайыьардаах)

Аны о5олор, билигин булчут  туттар тэрилин тоьо билэргитин коруохпут.

Бу мин рюкзээкпэр  араас  булчуттар, балыксыттар туттар тэриллэрэ бааллар ону аттыы-ааттыы булчут рюкзээгэр уган иьиэхтээххит. Ким сопко ааттаан,  булан укпут киьи ол кыайар.

Оонньуулар:        

«Соптоох  тэрили  бул» 2 о5о оонньуур.

«Кыылы кутуругунан  эбэтэр  суолунан бул» (Ойууннан эбэтэр                                                проектарынан кордоруу).

Оонньуу  «Куобахтар  уонна  боро»

 2 чааьа «Булчуттар»

  1. Булчут кутаата
  2. Булчуттар бултуу бараллара
  3. Иистэнньэннэр танас тигэллэр
  4. Мода кордоруутэ
  5. Булт аьын амсайыы

Ыытааччы:  Комус кыымын ыьыахтаан

                       Кутаа уота умайда

                       Сырдаан, костон кэллилэр

                       Харыйалар, бэс мастар,

                       Муьуннулар кордоох дьоннор сааьыттар.

                       Кору-нары тэнитэн

                      Сэьэн –номох  эргитэн

                       Булчут дьонум айдаарар.

Булчут  уолаттар  оллооннорун тула олороллор, сэьэргэьэллэр.

Кырдьа5ас булчут:  Куоспут буста, аьыаххайын.

Бастаан аал уоппутун аьатыаххайын.

Бары тобуктаан тураллар.

Булчут ас кээьэр.   Алгыс тыла-оьо.

                               Аал уотум иччитэ,

                               Алтан сэбэрэй эьэм.

                               Баай хара тыам иччитэ

                              Баай Байанай!

                              Алтан чуораан айаххар

                              Ал5аан аьатабын

                              Аьаа-сиэ, кулум гын,

                              Мичик гын!

Булчуттар аьыылар. Бултуу бараары хомуналлар.

Булчуттар хаьан ба5арар бултуу баралларыгар айанныыр кололоох бараллар.

Хаар, хаар хаачыргыыр

 Халлааным халынна.

Тап-тап табыйан,

Табаккам, айаннаа!

Ункуу  «Табалар» (кыргыттар ункуулууллэр)

Ункуу  «Булчуттар» (Уолаттар ункуулууллэр)

Булчуттар  бултаабыт туулээхтэрин кыргыттарга биэрэллэр.

 Булчуттар бары тахсан бараллар.

Ункуу   «Иис   ункуутэ» (Кыргыттар ункуулэрэ)

Хоьоон  эбэтэр  ырыа.

Ыытааччы:  Уран тарбахтаах иистэнньэннэрбит  уустаан-урааннаан тикпит танастарын корорго ынырабыт.

 Мода кордоруутэ.Туулээ5инэн тигиллибит  танаьы  кэппит  о5олор  киирэлэр.

Ыытааччы:  Байанай  кору-нары  таптыыр. Ол иьин кинини уорэн-котон,  учугэйдик  туттан  корсоллор.  Биьиги эмиэ  уоруо5ун!

Куллэристээн  биэриэ5ин (кулэллэр).

Тумук.   Биьиги аар  тай5абытын, тулалыыр  айыл5абытын мэлдьи харыстыа5ын! Оччо5о эрэ котор-суурэр уксуу туруо, Баай Байанайбыт араас булдунан  кундулуу  туруо!

Баай Байанай кундулээбит  аьыттан амсайыаххайын.

Туттар  тэриллэр

  1. Булчуттар тириилэрэ, танастара.
  2. Иистэнньэн кыргыттар танастара.
  3. Табалар танастара
  4. Туулээх танастар
  5. Оллоон , котелок
  6. Оонньуурдар (куобах, тиин, 2 кус манчуук, 2 мээчик)
  7. Мас хайыьардар ( 2 хайыьар)
  8. Булчут туттар тэриллэрэ ( 2 рюкзак, чумэчи, испиискэ, иьит-хомуос, быьах, саа, хапкаан, туьах, ботуруон,) Илим, куйуур, туу –хартыынаннан кордоруу.
  9. Кыыллар танастара ( Эьэ,  саьыл, таба, тиин, кырынаас, куобах)
  10. Кыыллар суоллара, кыыллар  кутуруктарын ойуута.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Проект «Байанай – дух охоты»

Тип и вид проекта: творческий, групповой, краткосрочный.Участники проекта: воспитатель, дети, родители, пдо по якутскому языку.Возраст детей: 5-6 лет.Продолжительность: ноябрь (1 неделя...

Байанай кунэ

Байанай кунугэр а5алар уолаттарын кытары таайалларыгар аналлаах оонньууОоньууну Антонова Е.Н. онордо...

Сценарий утренника посвященный дню «Байанай» Тема: «Лесное происшествие.

Данный сценарий посвящен к празднованию дня "Байанай".  "Байанай" - (якут. Байанай, Бай Байанай) — дух-хозяин природы, покровитель охотников в...

В гости к Байанаю на якутском языке

Байанайга ыалдьыттыыбыт.Сыал/сорук:Оҕо ойуур, булт туһунан билиитин улахан киһитэ суох бэйэтин баҕатынан дьарыктаныы көмөтүнэн хатылааһын.• Көрдөөн булуу ньыматын, толкуйдуур дьоҕуру, ситимнээхти...

"Встреча с Байанаем"

Цель:   обогащать и расширять знания детей о национальных видах спорта               Республики Саха (Якутия)....

Проект «Байанай – дух охоты»

Тип и вид проекта: творческий, групповой.Участники проекта: воспитатель, дети, родители.Возраст детей: 6-7 лет.Продолжительность: месяц ноябрь.Актуальность: Отношение человека к правилам поведения в п...

Байанай кунэ

Байанай кунугэр аналлаах анал презентация. Улахан уонна бэлэмнэнии белех о5олоругар кэпсэниллэр материал....