НОД "Олонхо дойдутугар обугэлэр оонньуулара"
план-конспект занятия (подготовительная группа)

Протодьяконова Тамара Семеновна

Сыала - соруга:

  1. Өбүгэлэрбит оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарар уратыларын туһанан сытыы-сымса, чэгиэн-чэбдик буоларга иитии.
  2. Сыл устата билсибит сахалыы төрүт оонньууларын хатылааһын.

Туттуллар тэрил: Проектор, олоҥхо бухатыырдарынан слайд, сахалыы оонньууларынан слайд, өс хоһооннорунан слайд, оонньууларга атрибут-тар, хас биирдии оҕоҕо мэтээл, фоновай музыка.

Скачать:


Предварительный просмотр:

«Олоҥхо дойдутугар өбүгэлэр оонньуулара»

аралдьыйыы сценарийа.

Сыала - соруга: 

  1. Өбүгэлэрбит оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарар уратыларын туһанан сытыы-сымса, чэгиэн-чэбдик буоларга иитии.
  2. Сыл устата билсибит сахалыы төрүт оонньууларын хатылааһын.

Туттуллар тэрил: Проектор, олоҥхо бухатыырдарынан слайд, сахалыы оонньууларынан слайд, өс хоһооннорунан слайд, оонньууларга атрибут-тар, хас биирдии оҕоҕо мэтээл, фоновай музыка.

Вед: Чэбдик – ыраас доруобуйалаах,

         Бөҕө-таҕа эттээх-сииннээх

         Дьоһун дьоннор буоларга

         Сүүрэри сөбүлүөх,

         Эккириири элбэтиэх,

         Куобахтаан куһуйуох,

         Кылыйан кыыратыах,

         Хапсаҕайга хадьыктаһыах,

         Тустууга тургутуһуох,

         Өйү-санааны сааһылыах!

         Оччоҕо эрэ, оҕолор,

         Уҥуоххут улаатыа,

         Иҥииргит кытаатыа,

         Доруобай, чөл куттаах

         Туһа киһитэ буола улаатыаххыт!

Вед: Үтүө күнүнэн күндү оҕолор, төрөппүттэр, иитээччилэр, убаастабыл-лаах дьүүллүүр сүбэ!

  • Олоҥхо геройдарынан, бухатыырдарынан презентационнай слайд барар.

  Вед: Урукку кэмтэн биһиги төрүттэрбит төрүт-уус оонньуулара, хамса-ныылара баар буолан, оҕолор бэйэлэрэ дьарыктанан, кыыл-көтөр, үлэ-хамнас хамсаныыларын үтүктэн, сүүрэн-көтөн, ууга-хаарга хатарыллан, кыра эрдэхтэн үлэҕэ эриллэн-эрчиллэн эт-хаан өттүнэн бэркэ сайдаллара.

 

Вед: Ону таһынан, уһун кыһыҥҥы киэһэлэргэ, өбүгэлэрбит олоҥхону ор-дук сэргээн истэллэрэ. Эт-хаан сайдыытыгар иитиигэ олоҥхо сүрдээх ула-хан сабыдыаллааҕа, ол курдук бухатыырдар быһыылара – таһаалара, хай-дах эрчиллэллэрэ, күүстэрэ – уохтара хоһуйуллара.

Ол да иһин оҕолор олоҥхо бухатыырдарыгар тэҥнэһэ сатыыллара, бэйэ – бэйэлэрин ардыларыгар күрэхтэһэллэрэ.

 

Вед: Онтон бүгүн биһиги оҕолорбут олоҥхо бухатыырдарын курдук төһө сымса, түргэн, өйдөөх уонна күүстээх эбиттэрин быһаарыахпыт.

Ол курдук өбүгэлэрбит кыстыктан көһөн сайылыкка тахсаллара биир кэрэ бырааһынньык буолара. Атыыр оҕус айаатааһына, оҕолор аймалҕаннара, киһи – сүөһү үөрүүтэ барыта биир тыын буолара.

  • Музыка барар.
  • Оҕолор «Сайылыка тахсыы» үҥкүүнү толороллор. Эрдэ музрук туруорар.

Вед: Сайылыкка атыыр оҕуһу харсыһыннарыы дьикти түгэнинэн буолара. Оҕустар харсыһан бүттэхтэринэ аны оҕолор харсыһа оонньууллара. Чэйиҥ эрэ, уоланнарбыт харсыһыыларын көрүөҕүн.

  • Хас сахалыы оонньуу ахсын көрүҥнэринэн слайд барар, быраа-былатын хатылыыллар, оҕолор бэйэлэрэ кэпсииллэрин сити-һии.
  • Оонньуу барар.

Вед: Итии, куйаас кэмнэргэ ынахтар бырдахтан, күлүмэнтэн мэһэйдэтэн сүгүн ыаппаттар дии. Оччоҕо тэбиэлэммэтин, мөхсүбэтин диэн хайыыллар этэй? (оҕолор эппиэттэрэ, ол кэннэ слайд көстөр). Маладьыастар, кэлин атахтарын быанан кыаһылаан кэбиһэллэр этэ дии уонна ону үтүгүннэрэн «Кыаһаланыы» диэн оонньууну тэрийэллэр эбит.

  • Оонньуу барар.
  • Ойуу тахсар, оҕолор оонньууну таайаллар.

Вед: Былыр өбүгэлэрбит дьадаҥы өттүлэрэ оттуулларыгар үксүн дулҕа-лаах сир тиксэрэ. Ол иһин дулҕалаах сиринэн иҥнибэккэ сылдьар туһугар араастаан туттан оттууллара. Кыһын хараҥа түүҥҥэ, сайын эрэйдэммит күннэрин санаан, ыалдьыт, хоноһо кэллэҕинэ «Дулҕалаах сиринэн» оонньуу тэрийэллэр эбит.

  • Оонньуу барар.
  • Ойуу тахсар, оҕолор оонньууну таайаллар.

Вед: Төрдүс оонньуубут аата «Хороҥ оту үрдүнэн ыстаныы». Атахтарын төбөтүттэн икки илиилэринэн тутан баран, илиилэрин араарбакка, от үрдү-нэн ыстаныы.

  • Оонньуу барар
  • Вед: Бэһис оонньуу «Кириэс тэбии» (кыргыттар). Кириэстии ууруллубут мас үрдүнэн сис туттубут оҕолор атахтарын кириэстии тэбэн, маһы таа-рыйбакка, үҥкүүлээн ааһыахтаахтар. Ону кытта тэҥҥэ ханнык баҕарар ырыаны дорҕоонноохтук ыллыахтаахтар.

  • Оонньуу барар.

Вед: Оҕолор, сылайдыгыт дуо? Сынньанан, тыын ыла таарыйа өбүгэлэр-бит олохторугар – дьаһахтарыгар дьүөрэлээн айан хаалларбыт өс хоһоон-норун таайыаҕын.

  • Проекторынан ойуулар тахсаллар, ол ойууларынан өс хоһоон-норун таайаллар.
  • Түмүккэ саамай элбэх өс хоһоону таайбыт оҕоҕо мэтээл кэтэр-дэллэр.
  • Ойуу тахсар, оҕолор оонньууну таайаллар.

Вед: Алтыс оонньуу «Сыалыһардаһыы» (уолаттар). Икки оҕо атахтаһа ык-са сыталлар. Уҥа илиилэринэн тоҥолохтоһоллор. Хаҥас атахтарын төбө-лөрүн өндөппөккө уҥа атахтарынан хатыйсан баттаһаллар.

  • Оонньуу барар.
  • Ойуу тахсар, оҕолор оонньууну таайаллар.

Вед: Сэттис оонньуу «Күлүүстээһин». Икки сурааһын тардыллар. Ол иһигэр икки оҕо киирэн туран уҥа илиилэрин ортоку тарбахтарынан тардыһаллар. Бу оонньууга тарбахтара күүстээх киһи кыайар эбит.

  • Оонньуу барар.
  • Ойуу тахсар, оҕолор оонньууну таайаллар.

Вед: Тохсус оонньуу «Ойбонтон уулааһын». Күөлгэ ойбон алларан сүөһүнү уулатыы билигин даҕаны баар. Сүөһүлэр моойдорун уһата-уһата, сорохтор илин атахтарынан тобуктаан уулууллар. Ону көрөн өбүгэлэрбит  эмиэ «уулуур» оонньууну айбыттар эбит.

  Оонньуу биир көрүҥэ – атаҕы киэҥник үктэнэн туран, сис тута сылдьан, төҥкөйөн сиртэн тугу эмэ ытыран ылыы.

  Иккис көрүҥэ – уҥа илиинэн хаҥас кулгааҕы тута сылдьан, хаҥас илии-нэн уҥа атах тумсун тутан баран, аҥар атахха туран эрэн иһиттэн уулаан ылыы (эбэтэр мал ытыран ылыы). Иккис көрүҥэ ыарахан, уустук хамса-ныы, онон элбэхтик дьарыктаннахха спортивнай көрүҥнэргэ улахан көмө-нү оҥоруон сөп.

  • Оонньуу барар.
  • Ойуу тахсар, оҕолор оонньууну таайаллар.

Вед: Бу оонньуу олох былыргы, кыргыс үйэтинээҕи оонньуу. Оонньуу аата ким диэн этэй? (оҕолор эппиэттэрэ). Саамай сөп,  «Ыт буутун ох-суһуута». Өбүгэлэрбит өстөөхтөрүн кыайан баран үөрүү бырааһынньыгар оонньууллара дии.

  Икки киһи уҥа илиилэринэн хаҥас кулгаахтарын туталлар, уҥа атахтарын хаңас илиилэригэр кэннинэн туталлар уонна кылыйа сылдьан саннылары-нан анньыһаллар. Илиитин-атаҕын ыһыктыбакка охтубут киһи, тугун да араарбакка, ойон туран салгыы оонньуон сөп.

  • Оонньуу барар.
  • Ойуу тахсар, оҕолор оонньууну таайаллар.

Вед: Уонна саамай бүтэһик ханнык оонньуунуй? «Хардаҕас охторуута», биһиги саамай сөбүлүүр оонньуубут дии. Манна тула сүүрэ сылдьан ат-тыгар баар киһини хардаҕас диэки үтүрүйэн охторо сатыыллар. Харда-ҕаһы охторбут киһи туораан иһэр дии.

  • Оонньуу барар.
  • Музыка тыаһыыр, «Эҕэрдэ үҥкүүтэ» барар.

Вед: Өбүгэлэрбит кыыдааннаах кыһын тымныытыгар, кыараҕас балаҕан-нарыгар хаайтаран да олордоллор өссө остуол араас оонньууларын оон-ньоон уһун киэһэлэрин атаараллара. Аныгыскы аралдьыйыыга остуол оон-ньууларын тула төрөппүттэрбитин кытта күрэстэһиэхпит.

  Манан биһиги аралдьыйыыбыт түмүктэнэр, өбүгэ оонньууларын оон-ньооң, чэгиэн-чэбдик доруобай буолун диэн алҕаан туран минньигэс би-риистэрбитин туттарабыт.

Выполнила воспитатель МБДОУ

«Детский сад «Кэнчээри»                                         Протодьяконова Т.С.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Открытое занятие на тему "Олонхо дойдутугар айан"

Открытое занятие для детей старшей группы....

Проект театрализованной деятельности во второй младшей, средней группе «Остуоруйа дойдутугар» - «В мире сказки».

В настоящее время в психолого – педагогической работе остаётся актуальным вопрос о значении восприятия и  переживания сказки для психического развития ребенка, становления его как личности...

Проект театрализованной деятельности во второй младшей, средней группе «Остуоруйа дойдутугар» - «В мире сказки».

           В настоящее время в психолого – педагогической работе остаётся актуальным вопрос о значении восприятия и  переживания сказки для психического разви...

«Олоҥхо дойдутугар айан»

конспект открытого занятия в средней группе...

«Золушканы кытта Мультляндия дойдутугар айан» - дьарык технологическай картата

(Улахан  бөлөх оҕолоругар  электроннай  хартыына көмөтүнэн  ситимнээх саҥаны сайыннарыыга  эрчийии  технологическай картата)...

Ахсаан аллыптаах дойдутугар айан

Ахсаан аллыптаах дойдутугар айан(орто белеххе ахсаан дьарыга)Сыала: сыыппаралары, ахсааны, быьыылары, кэриннэри, еннеру, кун тутулун чинэтииСоруктара:          ...