«Олоҥхо дойдутугар айан»
план-конспект занятия (средняя группа) на тему
конспект открытого занятия в средней группе
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
olongho_doydutugar_ayan_otkrytoe_zanyatie.doc | 65.5 КБ |
Предварительный просмотр:
«Олоҥхо дойдутугар айан»
Аhаҕас дьайымал кэнспиэгэ
Сыала:
- оҕо билэр-көрөр баҕатын, өйүгэр оҥорор дьайыыларын,айар дьоҕурун,тылын-өһүн сайыннарыы
- олоҥхо тылын-өһүн туттан,дьоруойдары ойуулуурга үөрэтии, оҕо булугас, мындыр өйүн сайыннарыы. Олоҥхо дьоруойдарын уобарастаан көрөн, үтүө-мөкү өрүттэрин арааран, билэ-көрө үөрэнэригэр уһуйуу. Оҕо уус-уран тылын байытыы.
- ого айар дьоҕурун, тылын-өһүн,тарбахтарын былчыҥнарын сайыннарыы.
- бэйэтин омугар, төрөөбүт дойдутугар тапталы иитии
Иитээччи : Оҕолоор,бугун биьиги олонхо алыптаах дойдутугар айанныахпыт. өйдуөххэйин эрэ, олонхоҕо хас дойду баарый?
Оҕолор:Ус.Уэьээ дойду, орто дойду, аллараа дойду.
Иитээччи :Уэьээ дойдуга кимнээх олороллоруй?
Оҕолор:Уэьээ дойду- халлаан тоҕус хартыгастарыттан турар. Бу Уруҥ Айыы тойон уонна айыылар дойдулара.
Иитээччи : Маладьыастар.Онтон орто дойдуга кимнээх олороллоруй?
Оҕолор:Орто дойду-ичигэс айылҕалаах, киирбэт куннээх, баай оттоох-мастаах, кэтэр кынаттаах,кыыллардаах, эйэҕэс дьоннордоох.
Иитээччи :Маладьыастар.Аллараа дойдуга кимнээх олороллоруй?
Оҕолор:Аллараа дойду -сииктээх,тымныы салгыннаах,туманнаах,харана дойду, туох да ууммэт,муус тыыннаах кулук дойду.
Иитээччи :Маладьыастар. Бу ус дойду бэйэ бэйэлэрин кытта сибээстээхтэр,хардарыта кэлии-барыы баар, кэлэр-барар сирдэрэ аартык дэнэр.
Иитээччи :Оҕолоор,уэьээ дойдуну биьиги ханнык дьуьунунэн ойуулуубутуй?
Оҕолор:Манан ,халлаан куэх.
Иитээччи :Орто дойдуну...?
Оҕолор:От куэҕунэн.
Иитээччи :Аллараа дойдуну...?
Оҕолор: Хара.
Иитээччи : Маладьыастар, чэйиҥ эрэ оҕолоор, билигин биhиги «Эриэн Тигээйи Бухатыыр уонна Чуораанчык Куо» олоҥхо – остуоруйа көрүөхпүт.
(Оҕолор остуоруйаларын видеоҕа көрдөрүү)
Иитээччи : Хата оҕолорбутун кытта оонньуоххайын эрэ.
Оонньуу: «Олонхо дойдуларын кытта билсиьии».
Сыала:Оҕо олонхо ус дойдутун истэн аатын толору этэрин ситиьии,болҕомтотун сайыннарыы, олонхоҕо туттуллар тыллары билэрин чинэтии,норуот тылынан айымньытыгар умсугутуу.
Туттуллар матырыйаала:Манан,от куэьэ, хара дьуhуннэринэн уруhуйдаммыт панно,кыра оьо тутарыгар сөп гына предметнэй уруьуйдар(хартыыналар).
Иитээччи: Дьэ эрэ тукаларыам уэьээ дойдуга кимнээх олороллор диэтибит ,биир биир ылан ууруоххайын манан дьуьуннээххэ. Инник курдук орто дойдуга ууруоххайын уонна бутэьигэр аллараа дойдуга кимнээх баалларын уурталаан. Маладьыастар.
Соьуччу тугэн: Кыыс киирэр, сахалыы таҥастаах, киэргэллээх посылка аҕалар.
Кыыс: Оҕолоор, мин эhиэхэ мал кэhии аҕаллым.
Иитээччи: Оҕолоор, көрүҥүтүүй биьиэхэ ыалдьыт кыыс кэллэ дии уонна кэhии аҕалбыт.
Иитээччи: Ким ыыттаҕай?Чэ бары мустаммыт көруөххэйин эрэ,тугу ыыппыттар эбитий.
Иитээччи: Хайаа олонхо дойдутун дьоно биhиэхэ оонньуу ыыппыттар дии .
Оонньуу: «Олоҥхо дойдутун хомуй».
Сыала:Хартыынаны хомуйуу оьо эйугэр онорор дьайыыларын, ол эбэтэр сурунун булар,тэнниир,араарар уэруйэхтэрин сайыннарарга көмө буолуо. Ону тэнэ оьо өйгө тутар дьоьурун, тылын уонна илиитин былчыннара сайдарын, билиитин-кэруутун кэнэтэрин хааччыйыы.
Туттуллар матырыйаалар: Аналлаах хопполорго А-4 формат хартыыналар уонна тиийбэт чаастара (геометрическай быhыыларынан быhыллыбыттар).
иитээччи: Дьэ эрэ ким таьаарда ? Бухатыырбыт аата Ким этэй? (Оьолор эппиэттэрэ).
Иитээччи: Маладьыастар, барытын өйдөөбуккут.
Иитээччи: Олорон хаалаары гынныбыт ,хата туран эттэ-сииннэ хамсата туьуэххэйин эрэ.
Физминутка «Орто дойду айыллыыта»
(Сиргэ олоробут).
Иннэ-кэннэ биллибэт
Киэн куйаар ортотугар
Биир кыракый таас оьото
Тэкунуйэ бэкунуйэ
Сылдьыбыта уьу.
(Сиьи кэнэтук туттан олоруу,тэбэну эргитии).
Ол таас
Урдук айыылар ыйаахтарынан
Сараадыйа уллэн
Билинни киэбигэр диэри
Улаатан сир шара буолбут.
(Сиьи кэнэтук туттуу,тобуктаан олоруу,икки илиинэн кыра,онтон улахан тэкунугу оноруу).
Ол сирин ойоьолоон тахсар
Уоттаах кун сылыппыт.
(Тобукка олоруу,икки илиини эрэ уунан уна,ханас диэкки иннэри туьуу).
Курулуу-харылыы суурдэр
Кэнус урэхтэр устубуттар.
(Тобукка туруу,сис кэнэ,тарбахтары холбоон долгуну оноруу).
Улускэннээх сууруктээх
Утуэ эрустэр устубуттар.
(Тобукка олоруу,илиини быластаан долгуну оноруу).
Имигэс иирэ талахтар тулалаабыттар
Хамныы-имнии турар
Хатын мастар симээбиттэр.
(Имиллэннээн,тарбахтары сахсыйан туруу,илиини эрэ уунуу,уна,ханас хачайданыы
Хонуутугар хороьор муостааьы мунньубуттар
Сыьыытыгар сыспай сиэллээьи дэлэппиттэр
(Туэрт атах буолан туруу,уна ханас илиини уочаратынан эрэ кэтэьуу, онтон атахтары эрэ кэтэьуу).
Халлааныгар кэтэр кынаттааьы ыыппыттар.
(Тобугу уэьээ тардан,илиини имигэстик сапсынан хаамыы).
Ойууругар кыыл арааьын олохтообуттар.
(Ойуоккалааьын,сууруу).
Ити курдук сиэдэрэй айыльа анаан онорон сири дойдуну,кэхсуттэн тэьииннээх кун улууьун дьонун олохсуппуттара эбитэ уьу.
(Салгыны муннунан эьирийии,айаьынан таьаарыы).
Иитээччи:Олорон эрэн хата хомус тыаhын истиэххэ.
Оонньуур улахан бөлөх иитиллээччитэ Сабина
(хомуска сахалыы матыыптар).
Кыыс: Тураммыт хамсаныылаах оонньууну оонньуоххайын эрэ .(Оҕолор кыыhы кытта туран оонньууллар)
Хамсаныылаах оонньуу: «Аллараа дойду олохтооҕо уонна айыы оҕолоро»
(Олоҥхо абааһыта уонна орто дойду оҕолоро)
«Аллараа дойдуааттааҕа,
Түгэх дойду түөкүнэ,
Топпотоҕум тоҕус хонно.
Аһаабатаҕым аҕыс хонно.
Сиэбэтэҕим сэттэ хонно.
Сиэхпин,аһыахпын баҕардым.
Барыйары барыаҕым
Түбэспити тутуоҕум»,-
Иитээччи: араас быhыылаах, кэрэ көстүүлээх оhуорунан сахалар таҥастарын, иhиттэрин киэргэтэллэр эбит. Онтон бүгүн биhиэхэ улахан бөлөх оҕолоро ыалдьыттыы кэллилэр, кинилэр бүгүн эhэиэхэ «Сахалыы оhуор» үҥкүүтүн үҥкүүлээн көрдөрүөхтэрэ.
«Якутские узоры» подготовительная группа
Кыыс: оhуор үҥкүүтүн көрөн сахалыы оhуор уруhуйдуохпун баҕардым дии. Оҕолоор, мин уруhуйдуурбун наhаа сөбүлүүбүн онтон эhиги мин курдук уруhуйдуургутун сөбүлүүгүт? Чэ оччоҕуна бу миэхэ илиистэр, кырааскалар бааллар ,олонхобут ус дойдутуттан биирин уруьуйдуоьун эрэ.
(Оьолор уруьуйдууллар.Тумугэр төрөппүттэригэр тугу уруьуйдаабыттарын көрдөрөллөр,кэпсииллэр).
Барыгытын оhуохайга ыҥырабыт (Оhуохай тылын этэр Айнеста Павлова)
Аллараа дойду олохтооҕо уонна айыы оҕолоро
(Олоҥхо абааһыта уонна орто дойду оҕолоро)
Оонньуу сайыннарар кыаҕа. Оонньуу быраабылатын тутуһан, оҕо сатаан былаанныыр, хонтуруолланар, бэйэтин салайынар сатабылларын эрчийэр. Оҕо толкуйун, өйүгэр оҥорор дьайыыларын (сатаан тэҥниир, араарар, сүрүнүн булар)уонна тылын-өһүн таһымын сайыннарарга улахан көмө буолуо. Бөлөҕүнэн үлэ оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта бодоруһар сатабылларын сайыннарыа.
Сыала: Хараҕынан холоон көрөн, толкуйдаан, сөптөөх хаамыылары оҥорорго, таба быһаарыныыны түргэнник буларга үөрэтии. Оҕолору бэйэ-бэйэ көмөлөһөргө, иллээх буоларга иитии.Олоҥхо дьоруойдарын билиһиннэрии.
Туттуллар тэрилэ, оонньуу быраабылата: Хас биирдии оҕо иккилии төгүрүктээх.Оҕо биир төгүрүгү сиргэ уурар, ол үрдүгэр турар уонна иккиһин илиитигэр тута сылдьар. Төгүрүктэрин сыһыары ууран, онно атыллаан эбэтэр ыстанан сыҕарыйан барар. Тутааччы эмиэ бу курдук сыҕарыйар, айыы оҕолоругар утары хаамыы оҥорор. Оонньуу «Сонор» хаамыытынан ыытыллар.Көннөрү эккирэтиһии быһыытынан эмиэ барыан сөп.
Оонньуу барыыта: Оонньууну абааһы саҕалыыр:
«Аллараа дойдуааттааҕа,
Түгэх дойду түөкүнэ,
Топпотоҕум тоҕус хонно.
Аһаабатаҕым аҕыс хонно.
Сиэбэтэҕим сэттэ хонно.
Сиэхпин,аһыахпын баҕардым.
Барыйары барыаҕым
Түбэспити тутуоҕум»,-
диэн абааһы уола иннин диэки туһаайан төгүрүгүн сыһыары тутан иннин диэки тутан бастакы хардыы оҥорор.
Салгыы айыы оҕолоро оонньуулар маннык тылларынан:
«Тоҕус уон тоҕус
Куотар кубулҕатын,
Аҕыс уон аҕыс
Ааһар албаһын баһылаатахпыт буоллун», - диэт, бары биирдии хардыыны оҥороллор уонна иннилэрин диэки утары баар сурааһыҥҥа тиийэ сатыахтаахтар. Абааһы уола ситэн таарыйдаҕына, оҕо тутуллубутунан ааҕыллар уонна миэстэтигэр туран хаалар.
Өскөтүн оҕо тутулла сыһан куоттаҕына:
«Ситим саҕаттан силбэнним,
Caпсаҕаттан салҕанным»
Эбэтэр
«Тимирэ-тимирэ күөрэйдим,
Быста-быста салҕанным»,-диэн бэргэн тыллары туттуон сөп.
Абааһы уола туппут оҕото миэстэтигэр туран хаалар, салгыы сыҕарыйбат. Атын куотааччы кэлэн кинини таарыйдаҕына, бу оҕо «тиллэр», салгыы оонньуур. Манна өс хоһооннору, бэргэн этиилэри туттар ордук. Холобура: «Атас туһугар, атах тостор», «Ойуурдаах куобах охтубат,дьонноох киһи өлбөт» уо.д.а.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Открытое занятие на тему "Олонхо дойдутугар айан"
Открытое занятие для детей старшей группы....
«Золушканы кытта Мультляндия дойдутугар айан» - дьарык технологическай картата
(Улахан бөлөх оҕолоругар электроннай хартыына көмөтүнэн ситимнээх саҥаны сайыннарыыга эрчийии технологическай картата)...
"Математика дойдутугар айан". Улахан белех оголоругар дьайымал
конспект занятия...
Ахсаан аллыптаах дойдутугар айан
Ахсаан аллыптаах дойдутугар айан(орто белеххе ахсаан дьарыга)Сыала: сыыппаралары, ахсааны, быьыылары, кэриннэри, еннеру, кун тутулун чинэтииСоруктара: ...
Оскуола5а киириэн иннинээ5и о5олорго аналлаах «Оскуола дойдутугар айан»
Сценарий выпускной...
"Билии дойдутугар айан"
Тыл сайдыытын дьарыгар комо материал...
Конспект открытого занятия на тему "Олонхо дойдутугар айан"
Открытое занятие для детей старшей группы....