Тема самообразования
материал (средняя группа) по теме

Христофорова Екатерина Афанасьевна

Тема самообразования:

"Олонхо уобарастарын - хамсаныылаах оонньуулар ненуе о5ону уерэтии"

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon тема самообразования42.5 КБ

Предварительный просмотр:

         Чинчийээччилэр норуот тылынан уус-уран айымньыта, чуолаан олонхо киьиэхэ эргиччи дьайар, озо айылзаттан бэриллибит ис кыахтарын барытын уьугуннарар, сайыннарар кыахтаазын бэлиэтииллэр.

     Озо ус сааьыгар диэри чугас, тулалыыр дьонун быьыыларын-майгыларын, дьайыыларын утуктэр, онон сайдар. Ол эбэтэр тылын тыллыыта, тыына — онон салаллар, дьайыылара — дьонун утуктээйилээьининэн олозурар.

       Кырачаанна оонньуу сурун дьарык буолар. Озо кун сирин керен, хаамар буолуозуттан элбэхтэ суурэр-кетер, оонньуур. Оонньуур уонна оонньуу кыра саастаах озо ейе-санаата, билиитэ керуутэ, тыла еье, уйулзата-иэйиитэ, этэ сиинэ сайдарыгар, дьону кытта бодоруьа-алтыьа уерэнэригэр быьаарар суолталаах тутаах дьарык буоларын ким барыта билэр.  Ол билиитэ кэлин киниэхэ киэн эйгэзэ тахсарыгар туьалыыр.

    Оонньуу кеметунэн кини  суруйарга, аазарга, уруьуйдуурга уерэнэр. Толкуйдуур,хамсанар дьозура сайдар, билиитин кэнэтэргэ, дьулуурдах буоларга уьуйуллар, талаана, бэйэтин  кытта саастылаахтарга истин сыьыанна уерэнэр.

      Озо ус сааьыттан, уьуйаан кыра белезер киирэр кэмиттэн, оонньуу, ордук оруолларынан оонньуу баьылыыр суолталанар. Бу оонньууларга озо барахсан хайдах эйгэзэ сылдьара, кини уйулзатыгар иэйии ханнык утахтара баьылыыр суолталаахтык олозуран эрэллэрэ чазылхайдык кестер буолар.

         Биллэн турар, норуот тылынан уус-уран айымньытыттан озозо ордук чугаьынан бастакынан остуоруйа суолталанар. Кырачаан ейун-санаатын эйгэтин тускулуурга бу кэмнэ остуоруйалааьын улахан суолталаах. Кырачаан тереебут тылын уус-уран уобарастааьынын кууьугэр киирэр, ол кини салгыы истэр, керер, айар куустэрэ уьукталларыгар тирэх буолар. Онон остуоруйалаьыы,  остуоруйа озо уйулзатын, иэйиитин, сиэрдээх майгыга сыстыытын сайыннарар, кини норуотун сырдык тыынын инэринэригэр суолу арыйар. Остуоруйаттан сиэттэрэн кини олонхону судургутутан сэьэргээьини бэйэлэрин ураты дьозурунан ылынар кыахтанар.

     Озо барахсан олонхонон оруолларынан оонньууга кыттыьан, оонньуунан олох олорууга киирэр. Олонхо оонньууларыгар утуе, сырдык, кэрэ, киьилии майгы уйа туттарыгар тиэрдэр. Оонньуулар кырачаан психическэй дьайымаллара сайдыытыгар эмиэ тирэх буолаллар. Кини болзомтото, толкуйдуур кыаза, ейун ууьа сайдыытыгар, ону таьынан тыла тыллыытыгар быьаччы дьайар.

    Озо уьуйаанна иитиллэр сааьыгар уйулзата, ейе сайдар, кута безергуур, тылын саппааьа тэтимнээхтик эбиллэр, барыны барытын керуен-билиэн, тутан-хабан керен тулалыыр эйгэтин ейдуу сатыыр, этэ-хаана тэтимнээхтик сайдар, куьазаны учугэйи ейдуур кэмэ. Ол кэмнэ озо этин-сиинин, тарбазын, илиитин-атазын имигэс гына эрчийэн, озо ейун-сайдыытын тургэтэтэрин, тылын-еьун сайдарыгар кемелеьен, озо эт-хаан ертунэн сайдарын кытта тэннэ ейе-санаата сайдарын ейдуехтээхпит. Озо теье элбэх хамсаныылаах, сытыы-хотуу, бэйэтин кыанар буолар да, соччонон ейе-санаата, дьозура улаатар.

     Сахалыы оонььуулары оонньооьун болзомтону, ейге тутууну сайыннарар, куустээх, сымса, быьый буоларга уерэтэр. Ону сэргэ араас биридимиэти кытта тарбахтарын-илиилэрин бигээн имэрийэн билсэрэ, оонньуура, тарбахтарын-илиилэрин элбэхтик хамсатара кини кэнэзэски сайдарыгар улахан суолталаах. Эти-хааны эрчийиигэ тыынар уорганы сайыннарар дьарыктары куннэтэ оноруу озо доруобуйатыгар туьалаах.

        Озону норуот култууратын тилиннэриигэ уьуйар улэ айылзаттан хайаан да сибээстээнэр: озо майгыта-сигилитэ чочулларыгар норуот айылзаза сыьыана быьаччы сабыдыаллаах, айылзаттан айар киьи куус-уох, ей-санаа ылар, кини тулалыыр эйгэзэ, аан дойдуну анааран керере дирин силистэнэр, айылза кестуулэрэ айар улэ керунэр, ис хоьоонугар этиллэр.

          Озо кыра эрдэзиттэн айылза уонна киьи быстыспат сибээстэрин туьунан итэзэллээхтик, бигэтик ейдууругэр болзомто уруллуохтаах. Хас биирдии озо ейунэн, иэйиитинэн айылза кестуулэриттэн уерэр, астынар уонна бэйэтэ айылза туьунан сатаан хоьуйа уерэнэрин ситиьэ сатаныллыахтаах. Айылза кестуулэригэр, окко-маска, кыылларга, кетердерге озо бэйэтин олороро уонна уйулзатыгар ыкса сыьыаран быьаарар, кердерер ньымалар туттуллуохтаахтар. Уунээйи, кыра уен-кейуур, кетер, кыыл уонна киьи уопсай биир сокуонунан сайдар тыынар тыыннах буолалларын олозу кытта сибээстээн ейдееьун, харыстааьын баар буолуохтаах.

          Олонхозо боотурдары — хотойго холооьун, кыраьыабай кыыьы — кыталыкка тэннээьин. Киьи айылзаны кытта ситимнээзэ кестер.

Оонньуулар:

  1. Имигэс тарбахчааннар:

1. «Балык» Сыала: озо тарбахтар-илиилэрэ имигэс буоларыгар уерэтии. Ытыстарбытын бэйэ бэйэлэригэр сыьыарабыт уонна араарбакка эрэ хамсатабыт. Балык хайдах устарын кердеребут.

Етезуттэн сир еппетех,

Тэлгэьэтиттэн тэлэьийбэтэх,

Бырыы сымназас сыттыктаах,

Ньамах солко суорзаннаах:-

Алаас куелугэр чабыланан

Анала созус созотох собо,

Олорбут озолонон-чазарданан

Уьаты уойан, туора тотон.                 К. Туйаарыскай

  1. «Ат» Ытыстарбытын бэйэ бэйэлэригэр сыьыарабыт, эрбэхтэрбитин чорботобут ат кулгаахтара).

Аппын наьаа таптыыбын,

Кутуругун, сиэлчээнин

Имэрийэ тарыыбын,

Атастарбар суурдэбин.                А. Барто

  1. «Ыт» Эрбэхпитин чорботобут (ыт кулгааза), ыйар тарбазы токурутабыт, аата суозу уонна ылгын-чыныйаны айах атар курдук аппаннатабыт.

-Ырр — ырр

Туох ырдьыгыныыр?

-Ырр — ырр

Ыт ырдьыгыныыр!                    Б. Тобуруокап.

  1. «Куобах» Ортоку уонна ыйар тарбахтарбытын череччу тутабыт куобахчаан кулгаахтара.

Ойуоккалыы оонньууллар

Орой мэник куобахтар,

Хаары кытта хаардар,

Тыаллаазар тургэттэр.

Орохторун аттыгар манаьаллар булчуту,

Чуор манан куобахтар

Куоталлар булгуччу.                  М. Черепанов

  1. «Хаас» Тонолохпутунан остуолтан тайанабыт, Эрбэхпит тебетун атын тарбахтар тебелерун кытта холбуубут.

Иитиийэх да хаас -

Син биир хаас:

Тумса да болтозор,

Туеьэ да томтозор,

Кыьыллаах атахтаах,

Кырыылаах кынаттаах.               Б. Тобуруокап.

2.  Хамсаныылах оонньуулар:

Кыра саастаах озозо сурун хамсаныылар уонна эти-сиини сайыннарар эрчиллиилэр:

1. Оьуохай хаамыыта — уна, ханас кириэстии хаамыы.

2. Таба хаамыыта — илиини инники кенетук уунан баран тобугу ере кетезен хаамыы.

3. Ат сууруутэ — тобугу хардарыта ере тардан кеннеру сууруу.

4. Кутуйах сууруутэ — атах тебетугэр чэпчэкитик сууруу.

5. Куобах ойуу — икки атахха иннин диэки ыстаныы.

6. Базалыы ыстаныы — тинилэзи холбоон иннин диэки ыстаныы.

7. Барабыай кынаты сапсынар — илиини бокутан баран харыны уеьээ — аллараа хамсатыы.

8. Хомпуруун хотой — илиини кенетук уеьээ таьаарыы, аллараа туьэрии.

9. Тыа тойоно эьэ хаамар — еттук баттанан баран атах тумсун умуруччу уктээн хаамыы.

10. Кыталык хаамыыта — еттук баттанан баран атах тебетугэр кенетук туттан хаамыы.

11. Туруйа хаамыыта — тобугу токутан баран атах тебетугэр хаамыы. уо.д.а.

 

1. «Мунха» Сыала: сымса, имигэс, оонньуу быраабылатын тутуьан сепке ейдееьунэ уерэтии. Оонньуу быраабылата:  Озо ахсаанынан керен обруч тунэтэбит, кинилэр мунха буолаллар, ордубут озолор балыктар. Хамаанда бэриллинэзинэ мунхалар балыктары туталлар. Ким элбэх балыгы туппутун иитээчи аазар.

2. «Кетердер» Сыала: кетердер саналарын араарага уонна утуктэргэ уерэтии. Харах баайылаах бэйэни сатаан салайынар сатабылын сайыннарыы. Оонньуу быраабылата: озолор ханнык кетердеру билэллэринэн бэйэлэригэр талаллар. Кетердер саналарын утуктэллэр уонна тегуруккэ тураллар. Онтон биир озону тегурук иьигэр киллэрэн туруоран баран харазын былаатынан баайабыт. Кетердер-озолор  хоробуоттууллар:

         Турар хайа тулалаах,

         Киэн сыьыы киэргэллээх,

         От урэх оьуордаах,

          Уолан кезурээбэт

          Ыраас сулуудэ уулаах,

          Охтон бараммат мастаах

          Орто аан ийэ дойду

          Олохсуйбута эбитэ уьу. «Кун Эрили»

Ортотугар тураачы илиитин таьынар уонна кетердеру кердуур, эккирэтэр. Озолор кетер санатын утуктэ-утуктэ сырсаллар. Туппут озотун уонна ханнык кетер санатын утуктэрин таайар.

  1. «Бэргэн булчут» Сыала: сымса, болзомтолоох, тургэн буоларга уерэтии. Оонньуу быраабылата: Озолор тегуруккэ тураллар, ортотугар биир озо киирэркини илиитигэр быаза баайыллыбыт кумахтаах меьеечуктээх. Ол меьеечугун сир эргитэр сир урдунэн, ол бириэмэзэ тегуруччу турааччылар ыстаналлар. Иккитэ устэ эргитэн баран тохтоон, хас озо таптарбытын аазаллар.

     4. Ебугэ оонньуулара: Ыстана «куобах», «кылыы», наартанан ыстаныы, мас тардыьыы, сыал быразыы уо.д.а.

 

Тумук:

Озо саха норуотун угэьин, абыычайын, сиэрин-туомун, уус-уран айымньыларын билсэр. Кыыс озо  - кыталык курдук нарын-намчы, сир симэзэ, улааттазына ийэ буолар. Уол озо — хотой, кытаанах санаалаах, куустээх-уохтаах, кыыьы, кыраны-кыамматы, кырдьазаьы, Ийэ дойдуну кемускээччи, кини улааттазына дьиэ кэргэн баьылыга буолар диэн ейдебулу ылар. Оонньуу сылдьан оонньууру алдьатар, быразар куьазанын билэр буолар.

Тыаза -хонууга, тэлгэьэзэ уунэр оту-маьы, сибэккини алдьаппакка сылдьар, сир-дойду кыыьырыа, хомойуо диэн ейдебул бэриллэр. Айылзаза тахсан айдаарбат, ээр-сэмээр сэмэйдик тутта-хапта сылдьарга уерэнэр. Айылза уларыйыытын, кетер-суурэр, кыыл-суел олозун кэтээн керуу озону болзомтолоох, оттомноох онорор.

Олонхо хамсаныыларын кеметунэн озо олонхозо интэриэьэ уескуур, этэ-сиинэ безергуур, быьыыта-таьаата тупсар, олонхо тылын ейдуур, араарар, тылын саппааьа байар.

Туьаныллыбыт литература.

  1. Олонхонон оонньуу дьарыктар, уруоктар. Поликарпова Е.М., Никитина Нь.Г.; Саха Респ. Уерэзириигэ министиэрстибэтэ. - Дьокуускай : Компания «Дани Алмас», 2009. - 80 с.

Ыйдарынан тыырыы.

Ый

Тема

1

Бала5ан ыйа

Имигэс тарбахчааннар: «Балык», «Ат», «Ыт».

2

Алтынньы

Хамсаныылаах оонньуулар: «Оьуохай хаамыыта», «Таба хаамыыта», «Ат сууруутэ»

3

Сэтинньи

Хамсаныылаах оонньуулар: «Мунха», «Булчуттар»

4

Ахсынньы

Хамсаныылаах оонньуулар: «Ба6алыы ыстаныы», «Барабыай кынатын сапсынар», «Хомпоруун хотой», «Тыа тойоно эhэ хаамар», «Кыталык хаамыыта», «Туруйа хаамыыта».

5

Тохсунньу

Хамсаныылаах оонньуулар: «Кетердер»

6

Олунньу

Имигэс тарбахчааннар:«Куобах», «Хаас»

7

Кулун тутар

Хамсаныылаах оонньуулар:«Кутуйах сууруутэ», «Куобах ойуу».

8

Муус устар

Хамсаныылаах оонньуулар:«Тыа тойоно эhэ хаамар», «Кыталык хаамыыта», «Туруйа хаамыыта».

9

Ыам ыйа

Ебугэ оонньуулара: «Ыстана- куобах», «Кылыы», «Наартанан ыстаныы», «Мас тардыhыы».

МБДОУ д/с №41 «Росинка»

Тема самообразования:

Олонхо уобарастарын хамсаныылаах оонньуулар ненуе о5о5о уерэтии

Иитээччи: Христофорова Екатерина Афанасьевна


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Перспективный план по самообразованию на 2015 -2016 г. Тема самообразования Радивиловой Елены Ивановны воспитателя средней группы №10: «Развитие сенсорных способностей дошкольников».

Перспективный план по самообразованию на 2015 -2016 г.Тема самообразования Радивиловой Елены Ивановны  воспитателя средней группы №10: «Развитие сенсорных способностей дошкольников»....

План работы по самообразованию социального педагога Тема самообразования: «Агрессивность у детей дошкольного возраста»

Повышенная агрессивность детей яв­ляется одной из наиболее острых про­блем не только для педагогов и психо­логов, но и для общества в целом. Увеличение числа детей, склонных к агрессивным формам повед...

План работы по самообразованию социального педагога Тема самообразования: «Нравственное и этическое развитие воспитанников детского дома дошкольного возраста»

Цель: способствовать формированию у детей этических и нравственных  норм поведения Задачи:1.      воспитание нравственных чувств, привычек, норм;2....

Анализ работы по самообразованию Тема самообразования: Развитие мелкой моторики рук через нетрадиционную аппликацию.

Необходимым элементом подготовки ребенка  к школе, к письму является тренировка тонко координированных движений руки, зрительно-моторных координаций. В связи с этим ,эта тема , считается актуальн...

План работы По самообразованию На 2015-2016 учебный год Тема самообразования:«Развитие связной речи детей старшего дошкольного возраста»

План работыПо самообразованиюНа 2015-2016 учебный год Тема самообразования:«Развитие связной речи детей старшего дошкольного возраста»...

Отчет по плану самообразования Тема самообразования: «Здоровье сберегающие технологии в работе с детьми»

Отчет по плану самообразования Тема самообразования:   «Здоровье сберегающие технологии в работе с детьми»...

Отчет по плану самообразования Тема самообразования: «Развитие индивидуальных способностей дошкольников-посредством использования метода куклотерапии»

Отчет по плану самообразованияТема самообразования: «Развитие индивидуальных способностей дошкольников-посредством использования метода куклотерапии»...