Якутские народные инструменты
презентация на тему

Кычкина Лена Семеновна

Данный материал используется нами на занятиях с детьми старшего дошкольного возраста

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл yakutskie_instrumenty_2.docx22.12 КБ

Предварительный просмотр:

Автор: Кычкина Лена Семеновна, музыкальный руководитель

МБДОУ ЦРР – Д/с №21 «Кэнчээри», г.Якутск

Дьаҕа.

Тутаах буолар икки төбөлөрүн сулбуччу суоруллар.Онтон уокка ыраахтан сыыйа куурдаллар.Үчүгэйдик хаппытын кэннэ ис өртүн тэҥ уонна саркааҕа суох гына хаһан баран,саба тутан хатыыс куутунан силимнииллэр.Үс сиринэн тылбыынан туттарыллар.Биир сиринэн,ортотунан тыас тахсарын наадатыгар төгүрүк дьөлөҕөс оҥоһуллар.Дьаҕа бэйэтэ үөһээ өртө суптугур,аллараа өртө сыыйа сонуур.Онуоха үс сиринэн үөһээнэн,ортотунан уонна аллараннан үс боробулуоха биһилэҕи кэтэрдиллэр.Дьэ ити үс биһилэхтэрэ биирдиитигэр 10 куруусса сымыытыгар маарынныыр,тэтиҥ туораахтарын сарыы быанан тула ыйаныллар.

   Дьаҕаҕа оонньооһун балаһыанньата:

1.Муостаҕа тирээн туруоран үөһээ төбөтүттэн икки илии ытыһынан тутан туран, музыка ритмигэр сөп түбэһиннэрэн,ытык курдук төттөрү – таары ытыйан оонньонуллар.

2.муостаҕа тирээн баран, иҥнэри тутан туран, аҥар төбөтүттэн ритмҥэ сөп түбэһиннэрэн, өрүтэ тардан, кирдиэхтэтэн оонньонуллар.

3.Муостаҕа тиэрдибэккэ эрэ икки илиинэн, үөһээ төбөтүттэн тутан, сахсыйан оонньонуллар.

Күпсүүр.

Күпсүүрү оҥорорго бэйэтэ охтубут, таһа ханан да хайдыбатах, ортото эмэх буолбут кураанах тиит маһы булан, быһа эрбээн ылан эмэҕин тэбээн кэбиһэҕин.

Тас өртүнэн көөбүлүнэн ыраастанар. Ис өртүгэр,ууска анаан кэлтэгэй саастык оҥорторон баран,150см. уһун маһынан уктатаҕын.

Аны тыас таһаарар синньигэс дьөлөгөс оҥоһуллар.Күпсүүрү икки төбөлөрүн тириинэн бүрүйэллэр.онуоха тыһаҕас тириитин учугэйдик ириэрэн баран,кыһын таһырдьа дэхси сиргэ тоҥоруллар.Куурдаҕына чиркэччи тардан кэбиһэллэр,оччоҕуна тыаһа үчүгэй буолар.Сүгэргэ анаан курдаах буолар.

Оонньоһууна – оонньуур кэмҥэ күпсүүрү аҥар төбөтүттэн хаҥас илиинэн кыбынан туран,уҥа илиинэн үҥкүү ритмигэр сөп түбэһиннэрэн,охсуолаан оонньонуллар,оччоҕо күпсүүр аллараа төбөтө муостаҕа тирэнэр.Куруттан сүгэн туран, уҥа – хаҥас илиилэр тарбахтарынан эбэтэр былаайаҕынан охсуолаан эмиэ оонньонор.

Дүҥүр.

Былыргы сахаларга наар булдунан ииттэн олорор кэмнэригэр ойууну итэҕэйии күүскэ сайда сылдьыбыта биллэр.Ол курдук бултуу тахсыахтарын иннинэ, хайаан да ойууҥҥа эбэтэр удаҕаҥҥа «байанай тартарыыта» диэн ааттаан анаан кыырдараллар эбэтэр көрүү көрдөртөрөллөр.Онуоха ойуун дүҥүргэ охсон кыырдаҕына дүҥүрэ уотунан илгистэр,чупчуруйдаҕына хаан соҕотохто халыс гына түһэр,гипноһунан араас кыыллары хаамтаран киллэрэр,кутурдаҕына куолаһа сайдыылаах буолан улахан уонна иһиттэн имэҥнээхтик иһиллэр.

Баал оҥоһуута- дүҥүр баалын оҥорорго үчүгэй суон тиит төрдүн ылыллар.Түөрт өттүн суорбут кэннэ,тула өртө 24*24см. буолуохтаах,онтон устата 1 метр буолуохтаах.Биир үчүгэй өртүн үөһээ эргитэн баран,сүгэнэн үүт-үкчү ый аҥарыгар маарынныыр формалаах, дүҥүр холлоҕоһун иэҕэргэ анаан дириҥ гына сүгэнэн уонна эрбиинэн оҥоһуллар.

Ытарча оҥоһуута- баал ытарчаларын хардаҕастан тыырталаан 10 устууканы оҥоһуллар.Холлоҕос төбөлөрө хардарсар сирдэригэр 8см. кэтиттээхэтэр.Ытарчалар хас биирдиилэрэ чурумчулаахтар олору инчэҕэй талаҕынан оҥоһуллар.Аны бэттибэтин наадатыгар,ытарчалар истэригэр туттуллар 5*5см. чараас хаптаһыннар оҥоһуллаллар.

Быарык оҥоһуута – былыр тимири таптайан,тардан аҥар өртө кэтит,уһун сыыйыы тимир оҥорон таһаараллар.Ол сыыйыы тимирдэрин,дүҥүр ньэмиэтигэр суоттаан уһуннаах кылгас гына быһан баран,ортолорунан үүттэтэлээн, төрүт хамсаабат гына кириэстии тимиринэн эпсэри тоһоҕолоон,быарык диэни оҥороллор.

Көҥдөй күөгү – биир дүҥүргэ түөрт б3уолалларалтантан кутан эбэтэр тимиртэн тардан оҥороллор.       Бу көҥдөй күөгүлэр боробулуоха атахтарыгар кэтэрдиллэн баран,холлоҕос икки ойоҕосторугар,быарыктан чугас, үөһээ – аллараа өртүлэригэр олордуллаллар,көҥүл сүүрэлиир, тыаһыыр буолуохтаахтар.

Аарык – алтантан кутан эбэтэр тимиртэн тардан оҥороллор.Аарыгы тардарга халыҥ соҕус сымнаҕас алтаны төгүрүччү кырыйан ылаҕын уонна уокка ититэ- ититэ кыра төгүрүк төбөлөөх тимиргэ оргууй аҕай таптайдахха, сымыыт курдук төгүрүк формаланан тахсар.Иһигэр тимир шарик уган баран, эпсэри охсоҕун.

Бүтэй тиэрбэстэр -  алтантан кутан, сороҕун тимиртэн таптайан оҥороллор.Түөртүү тиэрбэһи биирдии улахан тиэрбэскэ кэтэрдэн баран,иһэрдэн кэбиһэллэр.быарык баайыллар чурумчуларын, көҥдөй күөгүлэри, куойа дьөлөҕөстөрүн, дүҥүр куойата оҥоһуллан баран үчүгэйдик куурбутун кэннэ кичэйэн ыраастаан баран,бэркэ сэрэнэн барытын суоттаан оҥоһуллар.

Таҥсыр.

Оҥоһуута: таҥсыр корпуһа хатынтан эбэтэр харыйаттан станогунан хаһан оҥоһуллар.Деката, сирэй өртө мас,дьөлөҕөстөөх.Подставката икки бүүрүгэр тирэнэр,лада суох,ол оннугар кырааскаланан лад оҥоһуллар,эбэтэр тимир кыбытыллар.үс струналаах.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

ПЕРСПЕКТИВНОЕ ПЛАНИРОВАНИЕ ПО ТЕМЕ «ОЗНАКОМЛЕНИЕ ДОШКОЛЬНИКОВ С РУССКИМИ НАРОДНЫМИ ИНСТРУМЕНТАМИ» (с елецкой рояльной гармошкой) ПЕРСПЕКТИВНОЕ ПЛАНИРОВАНИЕ ПО ТЕМЕ «ОЗНАКОМЛЕНИЕ ДОШКОЛЬНИКОВ С РУССКИМИ НАРОДНЫМИ ИНСТРУМЕНТАМИ» (с елецкой рояльной гармо

Тема «Приобщение дошкольников к истокам национальной русской культуре на примере елецкой рояльной гармоники»СЕНТЯБРЬ1.   «Гармошечка-говорушечка». Первое знакомство с елецкой рояльной ...

Конспект открытого занятия «Ознакомление детей старшего дошкольного возраста с устройством трех миров в якутском народном эпосе - олонхо « Нюргун Боотур Стремительный».

Воспитывать у детей чувства любви к Родине; чувства гордости ее традициями и культурой; Прививать детям интерес и уважение к культуре народа саха....

Якутские народные сказки – как средство развития монологической речи у детей старшего дошкольного возраста

Сказка является основным и самым понятным видом литературного произведения в дошкольном возрасте, поэтому велико ее значение в развитии детской фантазии, способности к воображению, в обогащении речи р...

Ознакомление детей 6-7 лет с якутскими народными сказками и устным народным творчеством

В воспитании детей следует опираться на родную культуру, обычаи, традиции народа, обеспечивающие чувство социальной и психологической защищенности в семье, воспитывать детей в духе заботы о младших, в...

Воспитание толерантности у детей старшего дошкольного возраста через знакомство народными инструментами. Презентация лэпбука «Народные инструменты

Воспитание толерантности и чувств патриотизма у старших дошкольников посредством знакомства с народными инструментами, с их выразительными возможностями....

Презентация музыкальных игр для родителей по ознакомлению детей с русскими народными инструментами. Русские народные инструменты.

Пособие для родителей и детей дошкольного возраста по ознакомлению с русскими народными инструментами...