"Остуоруйа дойдутугар айан"
план-конспект занятия по развитию речи (младшая группа)
Сылы тумуктуур дьарык. О5о билиитин - керуутун, сыл устата тугу билбитин бигэргэтэр дьарык.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
teh.karta_ostuoruya_doydutugar_ayan.docx | 38.22 КБ |
Предварительный просмотр:
3 №-дээх “Ньургуһун” оҕону сайыннарар киин
Тиэмэтэ:
Остуоруйа дойдутугар айан
оҕону кытары улахан киhи дьарыктаныытын технологическай картата
кыра белех.
Петрова Ираида Николаевна
Корнилова Анжелика Николаевна
Тойбохой сэл., Сунтаар улууһа
Тэрилтэ: «Ньургуһун» оҕону сайыннарар киин, Тойбохой сэл.
Иитээччилэр ААА: Петрова Ираида Николаевна, Корнилова Анжелика Николаевна
Бөлөх: Кыра
Буолар кэмэ: 13.05.2021
Темата: Остуоруйа дойдутугар айан.
Сыала: Үөрэх дьылыгар үөрэтиллибити чиҥэтии, билиини уонна сатабылы дьүөрэлээһин.
Соруктара
Үөрэтэр:
- Ыйытыыларга сөптөөх хоруйу биэрии, оҕо толкуйдуур, кэпсиир, ырытар дьоҕурун сайыннарыы. Математика өйдөбүлүн чиҥэтии элбэх-а5ыйах, кыра – улахан, уьун – кылгас диэн ейдебулу, фигуралар, еннер араастарын бигэргэтии.
-Дьыл кэмин, бэлиэтин араарары бигэргэтии.
- Дьиэ, тыа кыылларын араары хатылааьын.
- О5о онорон таьаарарын, сепке туттарын бигэргэтии.
- О5уруот аьын, фруктаны арааралларын чинэтии.
Сайыннарар:
- хас биирдии оҕо билэр-көрөр көҕүн тардыы;
- оҕо көрдүүр, ирдиир, өйдүүр, толкуйдуур, саныыр, айар дьоҕурдарын сайыннарарга условия үөскэтии;
- оҕолор тылларын байытыы, ситимнээх этиини сайыннарыы;
Иитэр:
- оҕо айыл5а5а харыстабаллаах сыьыанын иитии;
- хас биирдии о5о кыайыыга-хотууга кыттыгастаах буоларын иитии.
Туттуллар тэриллэр: Остуоруйа дойдутуттан сурук.Олбох. Ракета, фигуралар араастара. Дьиэ, тыа кыыллара. Ферма, тыа ойуута, хоппо. Фонарик. Остуоруйалар хартыыналара. Дьыл кэмин хартыыналара, карточкалар. Муляж (о5уруот аьа, фрукта). Батман,кун. Эьэ мааската.
Дьүөрэлэһэр үөрэх уобаластара: Билии-көрүү, ахсаан, тылы сайыннарыы, бодоруһуу, кэрэни кэрэхсээһин,тулалыыр эйгэ.
Түһүмэхтэр | Оҕоҕо иҥэриллэр сатабыллар | Тугу гынарый? | Ньымалар | Дозировка | |
Иитээччи | Оҕо | ||||
Саҕаланыыта (оҕолор олбоххо олороллор) | Болҕойор, истэр, толкуйдуур, сэҥээрэр, сэргэҕэлиир, кэрэхсиир. | 1. Иитээччи:- Оҕолоор, биһиэхэ ыалдьыттар кэлбиттэр. Ыалдьыттар кэлэллэрин биһиги наһаа сөбүлүүбүт, кинилэри кытта эйэҕэстик дорооболоһуоххайыҥ. - Үтүө күнүнэн! Иитээччи: - Оҕолоор, мин бүгүн остуоруйа дойдутун олохтоохторуттан сурук туттум. Суруктарын ааҕабыт да? «Дьэ, биһиэхэ улахан алдьархай, иэдээн буолла куһаҕан волшебник остуоруйа дойдутун күнүн уорда. Күнэ суох хабыс-хараҥа, мунчаардыбыт, санаарҕаатыбыт. Куһаҕан волшебник сорудаҕын толордохпутуна эрэ күммүтүн быыһыыбыт». Иитээччи: - Остуоруйа дойдутун олохтоохторо биһигини көмөҕө ыҥыраллар, оҕолоор көмөлөһөбүт да остуоруйа дойдутун олохтоохторугар. Иитээччи: Остуоруйа дойдутугар айаҥҥа турунуохха. Ол дойдуга тугунан айаннаан тиийэбит (оҕолор эппиэттэрэ) Иитээччи: Ракетанан көтүөххэ, остуоруйа дойдута биһигиттэн ыраах сытар. Ракета түргэнник тиэрдиэ. Ракетаҕа киирэн олорорбутугар мин эһиэхэ билиэт түҥэтиэм, эһиги ол билиэтинэн сөптөөх миэстэҕитин булаҕыт. (геометрическай фигуралары сыһыарабыт, өҥнөрүн ыйыталаһабыт) Иитээччи: - бэлэмнэннибит, күүскэ тутустубут 5.4.3.2.1 «Көттүбүүт» (көтөн иһэр ракета музыката тыаһыыр) Оҕолоор, остуоруйа дойдутугар кэллибит, хараҥатыын. ( Түннүктэри хараҥардан кэбиһэр киһи, фонарик наада) (Фонаригы тыктаран 1 сорудахтаах остуоруйаҕа тиийэбит) Эьэ о5олору керсер. - О5олоор миэхэ эьиги кемегут наада, куьа5ан волшебник куммутун уорда. Биьиги кердеьуубутун истэн кемелеье кэлбиккитигэр махтал. Айаммытын са5алыахха. | -дорооболоhоллор; -болҕойон истэллэр; -оҕолор эппиэттэрэ -оҕолор билиэттэрин көрөн ракетаҕа олорсоллор -оҕолор эһэни көрөн үөрэллэр. Көмөлөһөллөр. | Соhуччу түгэн, бэсиэдэ | 5 мүн |
Сүрүн чааһа (Остуорйа дойдутун устун айан) | Толкуйдуур, кэпсиир, хоруйдуур, араарар
Болҕойор, истэр, толкуйдуур, эппиэттиир. | 2. 1 сорудах О5олоор биьиги “Теремок” остуорйага тиийэн кэллибит. Куьа5ан волбешник сорудах хаалларбыт. (Дьааһык иһигэр кыыллар бааллар. Дьиэ кыылын ойуур кыылын араарыҥ диэн сорудахтаах) -Хас биирдии оҕо биирдии кыылы ылабыт уонна быһаарабыт. -Салгыы айанныыбыт. -Ханнык остуоруйаҕа тиийэн кэллибит? -Колобок. -Колобок остуоруйа геройдарыгар куһаҕан волшебник сорудах хаалларбыт. 2 сорудах (Оонньуу: элбэх – биир, улахан – кыра, үрдүк – намыһах).
Иитээччи:Маладьыастар, сөпкө эппиэттээтигит. Салгыы айанныахха. - Ханнык остуоруйаҕа тиийэн кэллибит? - «Үс эһэ» Үс эһэ остуоруйа геройдарыгар куһаҕан волшебник сорудах хаалларбыт, көрүөххэйиҥ. 3 сорудах Дьыл кэмин ааттаталааҥ. - Дьыл ханнык кэмигэр хаар түһэрий, тымныы оҕонньор кэлэрий, …. - Дьыл ханнык кэмигэр сибэккии үүнэрий, сөтүөлүүбүтүй, …. - Дьыл ханнык кэмигэр сэбирдэх саһарар, түһэрий, оҕуруот аһа буһарый,…. - Билигин дьыл ханнык кэмэй? Саас бэлиэлэрин ааттаталаа….. (Сааскы ункуубутун ункуулуубут дуо?) - Салгыы айанныыбыт - Ханнык остуоруйаҕа тиийэн кэллибит? - «Эриэппэ» 4 сорудах Остуоруйа олохтоого о5онньор, бу сырыыга хортуоска олордоору кербутэ, о5уруотун аьа фруктаны кытта буккуллубут. - О5олоор о5онньорго о5уруот аьын уонна фруктаны арааран биэриэххэйин эрээ.
| -(Дьиэ уонна тыа кыылларын араартааһын) - боппуруоска хоруйдууллар; - араарыы -оҕолор боппуруоска эппиэттииллэр -хайҕааһын -оҕолор дьыл кэмнэрин, ааттаталыыллар, бэлиэлэрин араартыыллар. -сааскы вальс (ункуу) | Бэсиэдэ, ыйыттыы, хайҕааһын Көрдөрөр, кэпсиир. | 3мүн 3 мүн 4 мүн 4мүн |
Түмүк | Истэр, сатыыр, толорор. | - Иитээччи: оҕолоор, барыгытын бүтэһик сорудахха ыҥырабын. Остуолга чугаһааҥ эрэ (кыралартан халлаан күөх төгүрүк остуолларын уларсабыт) Батмаҥҥа ортотугар араҕас өҥнөөх төгүрүк уруһуйдаах Иитээччи: - бу туохха майгынныыр төгүрүгүй? (оҕолор күн сардаҥатын уруһуйдууллар) ( Түннүк аһыллар)Кун тыгар тыаьа иьиллэр. Иитээччи: Оҕолоор, остуоруйа дойдутун күнэ бу баар дии, куһаҕан волшебник күнү ыыппыт дии, сорудаҕы барытын сөпкө толорбуппутун иһин Остуоруйа дойдутун олохтоохторо үөрдүлэр (Төттөрү детсадпытыгар айанныыбыт) | Оҕолор соhуйаллар, куттаналлар Оҕолор тугу билбиттэрин-көрбүттэрин, тумуктуур ыйытыыга эппиэттииллэр.. Кэрэни өйдөөн көрөллөр,сэргииллэр | Соhуччу түгэн | 5 мүн. |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Открытое занятие на тему "Олонхо дойдутугар айан"
Открытое занятие для детей старшей группы....
Проект театрализованной деятельности во второй младшей, средней группе «Остуоруйа дойдутугар» - «В мире сказки».
В настоящее время в психолого – педагогической работе остаётся актуальным вопрос о значении восприятия и переживания сказки для психического развития ребенка, становления его как личности...
Проект театрализованной деятельности во второй младшей, средней группе «Остуоруйа дойдутугар» - «В мире сказки».
В настоящее время в психолого – педагогической работе остаётся актуальным вопрос о значении восприятия и переживания сказки для психического разви...
«Олоҥхо дойдутугар айан»
конспект открытого занятия в средней группе...
«Золушканы кытта Мультляндия дойдутугар айан» - дьарык технологическай картата
(Улахан бөлөх оҕолоругар электроннай хартыына көмөтүнэн ситимнээх саҥаны сайыннарыыга эрчийии технологическай картата)...
"Математика дойдутугар айан". Улахан белех оголоругар дьайымал
конспект занятия...
Ахсаан аллыптаах дойдутугар айан
Ахсаан аллыптаах дойдутугар айан(орто белеххе ахсаан дьарыга)Сыала: сыыппаралары, ахсааны, быьыылары, кэриннэри, еннеру, кун тутулун чинэтииСоруктара: ...