Байанай - дух леса
план-конспект занятия (старшая группа)

Слепцова Изабелла Александровна

Байанай - тыа иччитэ

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл bayanay_-_tya_ichchite.docx23.72 КБ

Предварительный просмотр:

.Управление образования городского округа «город Якутск»

Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение

Детский сад общеразвивающего вида с приоритетным осуществлением

деятельности по познавательно-речевому развитию детей № 9 «Якутяночка»

        

677000, г. Якутск, ул. Чернышевского 12/3, 45-03-67, 45-11-99,

e-mail:detsad9@sakha.ru, detsad9@yaguo.ru

Байанай – тыа иччитэ

 «Сулусчаан» улахан оҕо бөлөҕүн иитээччитэ

Слепцова Изабелла Александровна

Дьокуускай 29.11.2018


Байанайга ыалдьыттыыбыт.

Сыал/сорук:

Оҕо ойуур, булт туһунан билиитин улахан киһитэ суох бэйэтин баҕатынан дьарыктаныы көмөтүнэн хатылааһын.

• Көрдөөн булуу ньыматын, толкуйдуур дьоҕуру, ситимнээхтик, толору тылы туттан этиилэри саҥарыыны салгыы сайыннарыы;

• Тулалыыр эйгэни харыстыырг салгыы итии.

Материалы: (туттар тэрил): Байанай эһээ, Хартыынкалар ойуур. Булт тэриллэрэ. Ойуур тыаһа. Оҥоойуктар. Күөл оҥоһуута, балыктар.

Үөрэтии дьарыгын хаамыыта:

Этаптар:

Иитээччи:

Иитиллээччи:

  1. Кирии чааһа

Дорооболоһуу ыалдьыттары кытары.

Бугун биьиги оголор ойуурга күүлэйдии тахсыахпыт.

Тугунан ойуурга барыахха сөбүй?

Сөпкө этэҕэт. Элбэх транспорт баар, ол гынан баран  бүгүн биһиги сибиэһэй салгын сии таарыйа сатыы барыахпыт.

Туохха туһалааҕый сибиэһэй салгын?

Ойуурга барыах иннинэ саныаххайын быраабылалары.

Ханнык быраабылаларын тутуһабыт?

Тоҕо биһиги ойуурга чуумпутук сылдьыахтаахпыт?

Чэ бардыбыт.

Үтүө сарсыарданан!

Биһиги ойуурга автобуһунан, массыынанан, поездынан, сатыы барыахпытын сөп.

Доруобуйаны бөҕүргэтэр.

-мас лабааларын алдьаппаппыт;

-уунээйилэри харыстыыбыт;

-чуумпутук сылдьабыт.

Ойуур харамайдара тыаһы себүлээбэттэр.

  1. Сүрүн чааһа

Байанайы көрсүү

Тыас тыыьыыр (музыка оцуур тыаөа)

Ханна кэллибит биһиги?

Ой, туох эрэ тыыһыыр дии.

Истин эрэ, чууппуран!

Байанай керсер харыйа кэнниттэн тахсан кэлэр.

Б: Мин киммин билэҕит дуо оҕолор? Байанай эһээбин, булт иччитэбин. Нөрүөн-нөргүй, үтүө күнүнэн!

Б: Эһиги бултааһын туһунан билэгит дуо?

Биһиги кэллибит ойуурга

Суох.

Үтүө күнүнэн!

Билэбит

  1. Хатылааһын.

Б: Дьэ билигин мин бэрэбиэркэлиэм, төһө бултааһын туһунан билбиккитин. Сорудахтары бэлэмнээтим.

  1. Алгыс этии

Ким булт тэриллэринэн туттарый? Ким бултууруй?

Бибиһиги билигин булчут буолуохпут.

Оҕолоор, тоҕо биһиги ойуурга киирээт сиэр-туом, алгыс этэбитий?

Чэ эрэ оҕолоор, алгыс этиэҕин.

Аһаа, аһаа Байанай

Кыылла, көтөрдө, балыкта бэлэхтээ. 2-3 төгүл

  1. Булт тэрилин кэпсээһин. 

Ханнык булт тэриллэрин туттабыт?

Туохтан оҥоһуллубутуй бу тэрил? (Хас биирдии булт тэрилин туһунан тууһаайан ыйытыы)

Бу булт тэриллэринэн  тугу бултуубут? Ханнык кыыллары? Кинилэр дьиэ кыыллара ду тыа кыыллара ду?

Тоҕо бултуубут?

Б: Маладьыастар! Ойуур харамайдарын, булт туһунан билэр эбиккит.

Оҕолор билигин биһиги бардыбыт салгыы.

Ханна кэллибит?

Манна ханнык  уу кыылын бултуубут?

 Билигин оҕолоор биһиги “Балыксыт уоона балыктар” диэн оонньууну оонньуохпут.

(Балыктар быалаах буолаллар. Хас биирдии оҕо балык быатын кэннигэр тутар уонна куотар. Балыксыт балыктары кэннилэриттэн былдьыахтаах. Балыгын былдьаппыт оҕо туоруур) Маладьыастар.

Чуумпурдубут.

Ханнык бул тэрилин туттабыт балыктыырга?

Сайынны кэмҥэ туттабыт биһиги...

Б: Маладьыастар

Дьэ барытын билэр эбиккит.

Мин эһиэхэ ойуурга сылдьааһын быраабылатын билэргит иһин, булт тэриллэрин билэргит иһин Байанай бэлэгин биэрэбин.

Булчут

Байанайы үөрдээри. Кини үөрдэҕинэ ойуурга сырыыбыт учугэй бэлэхтээх буолар.

Оҕолору кытта уот сиэрин туомун толоруу.

Туһах – маска бааллар боробулуохаттан, саптан, сиэлтэн оҥоһуллар булт тэрилэ.

Чааркаан – маһынан оҥоһуллар капкан.

Сохсо – эмиэ туҺах курдук.

Саа- аныгы буулт тэрилэ, уһун уостаах бултка туттуллар сэб.

Кыыллары

Куобах, бөрө, эһэ, саһыл, киис, көтөрдөр..

Кинилэр тыа кыыллара.

Бултуубут биһиги аһаары, тириинэн таҥас оҥостоору.

Нэлэмэн алаас ортотугар турар күөлгэ.

Балык арааһын. Холобур: собо, мунду, күөнэх, сордоҥ.

Сайын биһиги туттабыт илим, күөгү, туу. Кыһын муҥха.

Илим- улахан балыктыыр сетка.

Күөгү-мастан оҥоһуллубут иннигэр сап баайыылаах балыктааһын тэрилэ.

Туу-талахтан, боробулуохаттан оҥоһуллубут балактааһын тэрилэ.

Муҥха-кыһыҥҥы балыгы бултааһын.

  1. Түмүк

Оҕолоор, киэьээ буолан эрэр. Балаҕаммытыгар төннүөҕүн.

Дьэ эрэ оҕолоор, ойуурга сылдьан биһиги кимниин көрүстүбүт? Тугу гынныбыт?

Ханнык Байанай сорудахсарын толорорго ыарыргаттыгыт?

Бу сырыыбыт биһиэхэ олоххо туох туһаны аҕаллай?

Байанайдыын көрүстүбүт.

Хатылаатыбыт булт тэриллэрин.

Мин ыарырҕаттым алгыс этэргэ...

Мин улааттахпына булчут буолан баран, ойуурга сылдьарбар биллим хайдах сылдьарбын.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Байанай бырааhынньыгын сценарийа

Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин . Саха киьитин торут       дьарыга булт  туьунан о5олор билиилэрин  чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт с...

Проект «Байанай – дух охоты»

Тип и вид проекта: творческий, групповой, краткосрочный.Участники проекта: воспитатель, дети, родители, пдо по якутскому языку.Возраст детей: 5-6 лет.Продолжительность: ноябрь (1 неделя...

Байанай кунэ

Байанай кунугэр а5алар уолаттарын кытары таайалларыгар аналлаах оонньууОоньууну Антонова Е.Н. онордо...

Сценарий утренника посвященный дню «Байанай» Тема: «Лесное происшествие.

Данный сценарий посвящен к празднованию дня "Байанай".  "Байанай" - (якут. Байанай, Бай Байанай) — дух-хозяин природы, покровитель охотников в...

Байанай - дух леса и охоты

Детский групповой краткосрочный проект...

Конспект интегрированного занятия на тему «Байанай – дух леса»

Группа: старшая  (5-6 лет)Цель: Познакомить детей с обитателями леса, дать представление о покровителе животных Байанае, приобщить детей к традициям народа, почитанию и уважению ее.Образовательны...

Конспект интегрированного занятия на тему «Байанай – дух леса»

Цель: Познакомить детей с обитателями леса, дать представление о покровителе животных Байанае, приобщить детей к традициям народа, почитанию и уважению ее.Образовательные задачи:Расширить знания детей...