"Кэскил тордо - а5а"
проект (подготовительная группа)
А5а ыал, дьиэ кэргэн оло5ор баhылык буолара мѳккүhүллүбэт кырдьык. Былыр-былыргыттан олохсуйбут үгэс. Уhун утума кэhиллибит да буолла5ына чѳлүгэр түhүѳх кэриӊнээх. Аныгы сайдыылаах да олоххо ыал а5ата урукку курдук баhылыгынан хаалыахтаах. А5а баhылык буолар айыл5аттан аналлаах. Ити кини ис кыа5ыттан, тулааhын буолар туругуттан тахсар. Баhылык буолуу-ол аата дурда-хахха буолуу, ѳй-санаа, күүс-күдэх эбинии, о5о уйата сойботун, кута-сүрэ куоппатын туhугар оло5у анааhын. Сүѳргү-тиэрэ майгыланыы, хабыр-дьэбир быhыыланыы, сытан-сыылан хаалыы-а5а баhылык ѳйдѳбүлүгэр сѳп түбэhиспэттэр. Кини холобур эрэ буолар үрдүк аналлаах.
Кинилэр дьиэ кэргэн оло5ор тыын айылгылаахтарынан, сабыдыаллара улаханынан, быhаарар суолталаахтар.Эр киhини булар, иитэр эрэ күүс курдук ѳйдүүр тутах буолуо. Кинилэри иитээччи быьыытынан кѳрүү, ону билэ, чинчийэ сатааhын хайаан да5аны наадалаах буолуохтаах. Ол онтон сиэттэрэн икки нэhилиэк уhуйааннара «Улыбка» уонна «Мичийээнэ» «Кэскил тордо – а5а» диэн бырайыак онордубут.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Доклад | 53.44 КБ |
Предварительный просмотр:
Киириитэ
О5о-оло5у сал5ааччы. Киhи-аймах историятыгар о5ону иитии ньымалара араастар. Хас биирдии норуот үйэлэр тухары муспут ньымалара сайдыы кэмигэр сѳп түбэhиннэрэн, омук олорор айыл5атынан, оло5ун оӊкулуттан кѳрѳн уларыйар.
Удьуор утум сал5анан барарыгар, ѳбүгэ үгэстэрэ үйэтийэ туралларыгар а5а холобура суураллыбат суолталаах. Ол эрээри, хомойуох иhин, олохпут уйгута уларыйан, ыал а5ата булааччы-талааччы, кэскили тутааччы буолар анала кэхтэн эрэр. «Ол тѳрүѳтүнэн, билиӊӊи а5а норуот үгэhин этигэр-хааныгар иӊэриммэтэ5э буолар-, диэн этэр Г.Попова-Санаайа. - Онтон аныгы а5алар дьиэ5э-уокка о5олорун аhынан-таӊаhынан хааччыйарын таhынан ѳссѳ о5о дьарыгар, үѳрэ5эр иӊэн-тоӊон, үлэ5э-сынньалаӊӊа илдьэ сылдьан уhуйара кыаллар суол».
А5а ыал, дьиэ кэргэн оло5ор баhылык буолара мѳккүhүллүбэт кырдьык. Былыр-былыргыттан олохсуйбут үгэс. Уhун утума кэhиллибит да буолла5ына чѳлүгэр түhүѳх кэриӊнээх. Аныгы сайдыылаах да олоххо ыал а5ата урукку курдук баhылыгынан хаалыахтаах. А5а баhылык буолар айыл5аттан аналлаах. Ити кини ис кыа5ыттан, тулааhын буолар туругуттан тахсар. Баhылык буолуу-ол аата дурда-хахха буолуу, ѳй-санаа, күүс-күдэх эбинии, о5о уйата сойботун, кута-сүрэ куоппатын туhугар оло5у анааhын. Сүѳргү-тиэрэ майгыланыы, хабыр-дьэбир быhыыланыы, сытан-сыылан хаалыы-а5а баhылык ѳйдѳбүлүгэр сѳп түбэhиспэттэр. Кини холобур эрэ буолар үрдүк аналлаах.
Кинилэр дьиэ кэргэн оло5ор тыын айылгылаахтарынан, сабыдыаллара улаханынан, быhаарар суолталаахтар.Эр киhини булар, иитэр эрэ күүс курдук ѳйдүүр тутах буолуо. Кинилэри иитээччи быьыытынан кѳрүү, ону билэ, чинчийэ сатааhын хайаан да5аны наадалаах буолуохтаах. Ол онтон сиэттэрэн икки нэhилиэк уhуйааннара «Улыбка» уонна «Мичийээнэ» «Кэскил тордо – а5а» диэн бырайыак онордубут.
Проблемата:
Олохпут уйгута уларыйан, ыал а5ата булааччы-талааччы, кэскили тутааччы буолар анала кэхтэн эрэрэ.
То5оостоо5о:
О5о сайдыытыгар дьиэ кэргэн иитиитэ суду улахан оруоллаах. Иитиигэ ийэ эрэ буолбакка, а5а оруола уол о5о иитиитигэр ордук улахан суолталаах.
Уол о5о иитиитигэр ыал а5а баhылыга сурун оруолу ылара моккуорэ суох. О5о а5атын курдук буоларга талаhыыта, кинини урдуктук тутуута, о5о тулалыыр эйгэни ылыныытыгар сабардыыр суолталаах. Ол иhин а5а уол о5о иитиитигэр бэйэтин иэйиитин тиэрдиитэ, санаатын ууруута, кинини о5отун эрэ курдук буолбакка, до5ор-атас оностон, бииргэ илдьэ сылдьыыта, о5о а5атын убаастыыр, эрэллээх, эрчимнээх буола уунэригэр тоhуу куус буолара биллэр.
Саба5алааhын:
- дьиэ кэргэни кытта бииргэ улэлээhин;
- нэhилиэнньэ бары аранатын хабыы;
- уруу-аймах ойдоhуутэ, хардарыта комолосуhуу;
- ийэ, а5а, дьиэ кэргэн нэдиэлэлэрэ урдук таhымнаахтык барыылара.
Улэбит сыала:
- Уол о5ону иитиигэ ыал а5атын быhаарар суолтатын ыларын ойдотуу
- О5ону иитиигэ норуот иитэр утуо угэстэригэр уhуйуу
- А5алары уhуйаан иитэр-уорэтэр улэтигэр тардыы
Улэбит соруга:
- Дьиэ кэргэннэ а5а оруолун урдэтии;
- Бэйэтин чугас дьонунан киэн туттарга уорэтии;
- О5ону иитии опытын атастаhыы;
- Инники тус олохторугар туhалаах субэлэри биэрии;
Суолтата:
- Кыра о5отуттан са5алаан, тороппуттэри, уhуйаан улэhиттэрин бырайыакка кытыннарыы
- Кууста уhуйааннарын биир хайысханнан «Кэскил тордо-а5а» бырайыагынан ситимниир алтыhыыны тэрийии
- А5а оруолун урдэтэн араас бырайыактарга, НПК-га, араас курэхтэргэ, тэрээhиннэргэ кыттыы
Кэтэhиллэр орутэ:
- О5о кыра эрдэ5иттэн «а5а - дьиэ кэргэн туллубат тулааhына, ыал модун кыа5а, суруннуур кууhэ» буолар диэн ойдобуллээх улаатар.
- Нэhилиэк а5алара сомо5олоhуулара, тумсуулэрэ тэриллэр.
- Араас пособиелар, материаллар оноьуллаллар.
I. Сурун чааhа
1.1. О5ону иитиигэ тороппут сурун оруола.
О5ону иитии кини саамай кыра эрдэ5иттэн са5аланыах тустаах диэн научнай педагогика кичэйэн ыйар. Биллэр советскай педагог А.Н.Леонтьев французскай психолог А.Пьерон «о5о торууругэр киhиэхэ кандидат эрэ буолар» диэбитин ыйар (А.Н.Леонтьев Талыллыбыт психологическай улэлэрэ, 1 том, М., Педагогика, 1983. 179с.). Дьэ ол курдук, киhиэхэ кандидат эрэ буолан тороон баран, улам киhи буолан иhиитэ тереппуттэрин, тулалыыр дьон сабыдыалынан барар эбит.
Билинни кэмнэ сиэр – майгы биhиги ортобутугар хайда5ый диэн боппуруоска эппиэт ыарахаттардаах буолан эрэр. Сыл – хонук ааhан истэ5ин ахсын бэйэ – бэйэ5э сыhыан уларыйан иьэр. Торут обугэлэрбит киэн ко5устээх, кыра кыhал5аны улаханна уурбакка, мындыр ойдорунэн тобулан аhарынар буоллахтарына, то5о эрэ билигин ыччат майгыта – сигилитэ алдьанан, кыраттан кыыhыран тымта сылдьар, о5о эрдэхтэриттэн куhа5ан дьаллыкка ылларар буоллулар.
Тороппут о5отун кыра сааhыттан о5о саадыгар барарыгар диэри бэрээдэккэ уорэттэ5инэ элбэ5и ситиhэр. Дьиэ кэргэннэ о5ону хайдах иитииттэн о5о майгыта – силигитэ, уорэххэ – улэ5э сыhыана тустэнэр. О5отуттан куннээ5и режими ирдээбэт, о5о куну быhа уулусса5а сылдьарын хонтуруоллаабат буоллаххына бэрээдэккэ ииппэккин. Тороппут о5ото буруйу онордо5уна, комускэhэрэ учугэйгэ тириэрпэт, о5о мо5уллэн учугэйи, куhа5аны араарар буолар. О5о баарына оскуоланы, учууталы, улахан дьону мо5уттэр утуо5э, учугэйгэ а5албат. Тороппут о5отугар арыгыны, таба5ы, наркоманияны утары куускэ улэлэhиэн, ойдотуу улэтин ыытыан наада. Дьиэ кэргэннэ бииргэ тумсэн кэпсэтии улахан суолталаах. Холобура: киэhэ аhылыкка остуол тула олорон ким туох сонуннаа5ын кэпсэтиигэ о5о элбэ5и инэринэр. Итинник окко, отонно бииргэ сылдьан бэйэн да билбэккинэн о5он инники оло5ун тустуугун, учугэй иитиилээх киhи киhилии майгытын хаhан да сутэрбэт.
Тороппуттэр о5ону кыра эрдэ5иттэн ыраас, коно майгыта-сигилитэ, бэйэлэрин батыhыннара сылдьан улэ5э уорэтиэхтээхтэр. Онуоха барытыгар бэйэлэрин холобурдара быhаарар суолталаах. Улахан педагогтар, о5о, дьинэр, ордук биэhигэр диэри эрэ иитиллэр дииллэр. Наhаа атаахтатыы эбэтэр куруук мо5уу-этии туhалаабат. О5о5о ус ойдобулу ордук эрдэттэн инэриэххэ диэн субэлииллэр: соп диэн, наада диэн, сатаммат диэн. Сорохтор о5о тугу да ордордун, улаатта5ына бэйэтэ кэнники ойдоон да баран, киhи эрдэттэн тарда уорэммит буолла5ына кырдьан да баран тарда сылдьар буолар дии. О5ону саамай кыра сааhыттан са5алаан кууhэ кыайар улэтигэр иитии - ол буолар тороппуттэр саамай сурун соруктара. Киhини улэ эрэ киhи онорор диэн наука этэр, ол бигэргэтэр. Былыр-былыргыттан сахалар итини ойдуур, билэр этилэр, бэйэлэрин о5олорун батыhыннара сылдьан оттуур- мастыыр, бултуур, балыктыыр этилэр, дьиэ улэтигэр тардар буолаллара. Онон о5олоро буhан-хатан, чэгиэн-чэбдик буолан улааталлара, уhун уйэлээх дьон буолаллара. Кыра о5о тороппуттэрин утукэн улэлиирин собулуур, арыый улаатта5ына дьонугар комолоhобун диэн киэн туттар буолан барар. О5о улэлиирин хай5атта5ына сурдээхтик уорэр.
1.2. О5ону иитиигэ а5а оруола
Киhиэхэ саамай улахан суолталаах, саамай күндү ѳйдѳбүл-А5а дойду-а5а диэн тылтан са5аланар. Хас биирдии эр киhиэхэ тѳрѳѳбүт сири кѳмүскээччи буолартан, бэйэ дьиэ кэргэнин иитэн-аhатан олорооччу буолартан ордук үрдүк чиэс суох. А5а аатын-суолун уонна үлэтин-хамнаhын кытта дьиэ кэргэн, а5а ууhун, республика, ону ааhан А5а дойду бүтүннүүтүн чиэстэрэ уонна дьоhун ааттара сибээстээхтэр.
А5а-дьиэ кэргэн туллубат тулааhына, ыал модун кыа5а, сүрүннүүр күүhэ. Кини байылыат, дьоллоох оло5у тѳрүттээччи.
А5а саамай улахан уонна бастакы степеннээх соруга-саӊа үүнэр кѳлүѳнэни иитии уонна сайыннарыы: тус бэйэтин холобуругар о5олору бэйэлэрин уонна атын дьону, бэйэтин норуотун уонна атын норуоттар культураларын ытыктыырга үѳрэтиэхтээх. О5олору үлэлииргэ, айыл5аны таптыырга үѳрэтиэхтээх, о5отун дьоhун, ѳй-санаа уонна эт-хаан ѳттүнэн чэгиэн киhи гына иитэн таhаарыахтаах.
Саха оло5ор, саха культуратыгар а5а дириӊ силистээх халың араңа. Былыр-былыргыттан баччааӊӊа дылы кини үтүѳ ѳйдѳбүлүн ыhыктыбакка кэллэ.
Саха уус-уран тылынан айымньытыгар «А5а курдук а5аттан тѳрүѳбүт»,-диэн этии элбэхтик иhиллэр. Фольклорга: «аар-тойон» диэн тыл мэлдьи а5а-«баhылык» суолтатыгар туттуллар. Сорох түбэлтэ5э толору ѳйдѳтѳрүн наадатыгар «Аар –Тойон а5ам» дэнэр. Орто дойдуга олохсуйбут хамсыыр, хамсаабат харамай, киhи-сүѳhү, кѳтѳр-сүүрэр барыта үѳhээ халлаан үрдүгэр олорор Аар Тойон а5а айымньытынан аа5ыллар. Ол аата ол кэмтэн бу кэмӊэ дылы а5а ѳйдѳбүлэ үѳhээӊини, үрдүкүнү, баhылыгы кытта ситимнээх буолан тахсар. Саха былыргы итэ5элигэр, былыргы ѳйдѳбүлүгэр «а5а» диэн тыл чахчы-бааччы ытыктанар, таӊара5а тэӊнэнэр суолта5а чугаhаан сылдьыбыта итэ5этиилээхтик кѳстѳр.
7-8 саастарыттан уол о5олору а5алара ходуhа5а, хонууга, балыкка, булка, ыстаада5а илдьэ бараллара. 14-15 саастарыттан уолаттар со5ото5ун бултууллара, ыраах сылдьаллара кѳӊүл буолара. Байанай биэриитэ элбэх да буолбатын, о5о а5атын кытта бииргэ сылдьан, айыл5а5а кѳӊүл тыынан, күнү быhа тугу эрэ ботугураhан сэhэргэhэллэрэ туохтаа5ар да ордук үѳрэтии-такайыы буолла5а. Уопсайынан да5аны, саха дьонугар, чуолаан Уhук хоту олорор норуоттарга, ыал а5ата үксүн тыа5а, туундара5а, ыстаада5а сылдьар. Онтон бултааhын, балыктааhын уол о5о этин-сиинин, сиэрин-майгытын барытын тѳрѳѳбүт айыл5атын кытта алтыhарга уhуйар дьикти абылаӊнаах дьарык. Кыыс о5о ити дьарыктан үѳрэнэрэ эмиэ үгүс, холобур, иис-күүс, ас астааhын, хаhааныы, а5а5а, уолга, эр киhиэхэ сыhыан уо.д.а.
А5алар бэйэлэрин холобурдарыгар оло5у, дьону таптыырга, тулалыыр эйгэ5э, айыл5а5а сымна5астык сыhыаннаhарга аа-дьуо үѳрэтэр буолаллара. О5ону бэйэ холобуругар иитии-киьи оло5ун тухары бара турар ньыма. Улахан киhи, ийэ-а5а, уруу-аймах, саастыылаахтарын холобурун кѳрѳ сылдьан, о5о ону үтүктэн үѳрэнэр, иитиллэр.
Саха дьоно о5ону иитиигэ араас ньыманы тутталлар:
-о5ону бол5ойуу, сэӊээрии, хай5ааhын, саатырдыы эмиэ туттуллар;
-о5о5о кѳӊүл биэрии. Ол аата талбытынан сылдьар диэн буолбатах, бу ким да оӊоро илигин бэйэтэ талбытынан айан, ѳйүнэн тобулан, айар-тутар айымньылаах киhи буолар;
-ирдэбил, буойуу-хаайыы, харах далыгар илдьэ сылдьыы;
-о5о дьарыгын уларытан биэрэн иhии;
-о5ону күрэхтэhиннэрии, о5о талаанын үрдэтии;
-о5ону угуйуу, умсугутуу;
Уол о5о улаатан дьоhуннаах киhи буолан үүнэн та5ыста5ына «А5атын туйа5ын хатарбыт» диэн киэн туттан кэпсэтиьэр үгэстээхтэр. Ити барыта а5а иннигэр эппиэтинэhи туруорар, кини кэтит кѳхсүгэр эмиэ биир ыарахан сүгэhэри кэтэрдэр. Ону а5а ѳйдүү, тутуhа сылдьар ытык иэстээх.
А5а сылдьар эйгэтэ ѳрүү да5аны киэӊ, ыраах. Үксүгэр, туспалаах уонна ураты буолан, үлэни-хамнаhы, сырыыны-айаны, эрэйдээ5и-кутталлаа5ы кытары ыкса ситимнээх.
Быдан былыр, кыргыс үйэтигэр олох уйатыгар куттал-саатал, ѳс-саас ѳрүү суоhуура. Ол иhин уол о5ону кыра сааhыттан уhун сыллаах дьарыкка сыhыараллара.
Улахан бол5омтолорун эт-хаан эрчийиитигэр уураллара. Биирдиилээн а5а хайдах ѳйдүүллэринэн, сатыылларынан уол о5ону иэмэх талахтыы имитэрдии иитэллэрэ. Булчут булдугар, балыксыт балыгар, уус ууhугар үѳрэтэрэ. А5а үѳрэ5э үксүгэр кѳрдѳрѳн үѳрэтии, бииргэ сырытыннарыы буолара:
-уhаныы: дьиэни-уоту тутуу сиэрэ-туома; дьиэ тэрилин оӊоруу;
-бултааhын, балыктааhын үгэьэ: булт сиэрэ-туома; сонор ньымалара; сайыӊӊы, кыhыӊӊы балыктааhын ньымалара, араастара;
-идэ5э үѳрэтии: үлэнэн үѳрэтии, идэни утумнааhын;
-дьиэ үлэтэ: дьиэни-уоту тэринии, тиэргэни ыраастаныы; кыстыкка бэлэмнэнии;
-олох-дьаhах үгэстэрэ: тыл баайа, олох-дьаhах итэ5элэ.
А5а үѳрэ5э а5ыйах, кэмчи тыллаа5ынан туспа уратыланара. Кини ѳбүгэлэрин ѳстѳрүн илдьэ, иӊэринэ сылдьара. Кинилэр үѳрүйэхтэрин айбыт а5а ыччаттарыгар тиэрдэрэ. Онон утум-ситим сал5ана турара.
А5а культурата киэӊ, дириӊ ис хоhоонноох. Олоххо тугу гынара, оӊороро, айара, дьарыктанара, ѳйүн-сүрэ5ин дьайыыта-барыта киирэр.
А5а дьиэ кэргэӊӊэ, айыл5а5а, общество5а сыhыана уларыйан иhэр. Онноо5ор, тус бэйэтигэр кытары. Ону үѳрэх-билии таhымынан сырдатан, чугаhатан кѳрүү кинини таба ѳйдүүргэ эрэ буолбакка, сѳптѳѳхтүк быhаарарга эмиэ сыhыаннаах. Быhата, теоретическай эрэ буолбакка, практическай хайысха5а кытары туhалаах. Аны общество, государство дьайыылара бэйэлэрэ туспа уратылаахтар, атын ис хоhоонноохтор. Айыл5аны биhиги ѳбүгэлэрбит куттаан-сүрдээн, тыыннаа5ымсытан кѳрдѳрѳллѳрѳ. Айыл5алыын ордук эр киhи алтыhар, үлэлиир, бултуур. Ол сылдьан, хай5анары да, сириллэри да барытын оӊорор. Айыл5а кини дьайыыларыттан аӊардастыы абыранар, ата5астанар эрэ буолбатах. Ону ааhан, бэйэтэ эмиэ этэрдээх, хардарардаах буоларын, махтанарын, ситиhэрин былыргы үгэстэр холобурдара кэпсииллэр.
А5а тематыгар литература, искусство салаалара эргиллэ туруохтаахтар. Ол-норуот мындыр ѳйүттэн са5аламмыт үйэлээх үгэспит. Олоӊхо геройдара-бухатыырдар, эр дьоннор айыы дьонун кѳмүскүүр туhугар улуу кыайыылары ситиhэллэр. Ѳспѳт ѳстѳр уус-уран айымньылар хорук тымырдарыгар кутуллан киириэхтээхтэр. Оччо5о киэн туттар, дьулуhар геройдарбыт эр дьоннор буолан олоххо эрэли үѳскэтиэх, эбии күүhү биэриэх этилэр. Мѳлтѳ5үнэн, куhа5анынан далаhаланан, олох ыарахаттарын, проблемаларын туораан тахсар уустук буолуо. Сырдык, ча5ылхай холобурдар ыччаты, норуоту ѳрѳ тардыахтара. Тардыстан тахсар утахпыт, ситиммит а5алар ытык хайысхаларыгар эмиэ баар.
А5а та5ыста5ына, ийэ ѳссѳ эбии сымнаан, сылыйан, кѳстѳн, күлүмнээн барыа5а. Бүтүн дьиэ кэргэн оло5о оӊоhуллуо5а, соргута кѳтѳ5үллүѳ5э.
II. чааhа
Кэскил тордо – а5а
Былыр-былыргыттан киhи-аймах ханнык да общественнай тутулга эр киhи, а5а – ыал ѳhүллүбэт ѳhүотүнэн, эрэллээх эркининэн билиниллэр. Онон сахалар урут-уруккуттан уол о5ону а5а буоларга бэлэмнээhиннэ, бэйэтин оло5уттан, айыл5атыттан кѳрѳн уол о5ону иитэр үгэстэрдээх, анал уорэхтээх эбит. Уол о5о улаатан, дьоhуннаах киhи буолла5ына «а5атын туйа5ын хатарбыт» диэн киэн туттан кэпсэтэллэрэ. Кини уолаттарын кыраларыттан батыьыннара сылдьан эр киьи бары дьарыгар, сатабылыгар уорэтэрэ-такайара, уhуйара олох ирдэбилэ буолара. Ити үтуо үгэс билигин да5аны үгүс ыалга тутуьулларын о5олор кэпсииллэриттэн кѳстѳр. «А5ан эйигин туохха уорэтэр, а5а5ын кытта бииргэ тугу гына5ын?» диэн ыйытыыларга маннык эппиэттииллэр: (Оhох отторго, мас хайытарга, уус буоларга, куустээх, быhый буоларга, уруhуйдуурга, массыына, мотоцикл ыытарга уорэппитэ уонна а5абын кытта мас тиэйэ, саhаан туруора барааччыбын, уhанааччыбыт, дуоматтааччыбыт, саахыматтааччыбыт, кустуу барааччыбыт, сайын оттуубут, мас кыстыыбыт, оонньуубут) диэн эппиэттииллэриттэн, а5алар уол о5олорун эр киhи дьарыгар уорэтэллэр эбит диэн түмүк оноруохха соп.
Уhуйаан тѳрѳппүттэрин, о5олорун түмсүүлээх, бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар истин сыhыаннаах буолалларын олохтуур сыалтан холбоhуктаах мероприятиелары тэрийэн ыытыы ордук кѳдьүүстээх буолар. Маннык мероприятиелары тѳрѳппүттэр сүрүннээн тэрийэн ыыталлар, онон о5олор бииргэ уорэнэр до5отторун тѳрѳппүттэрин кытта билсиhэллэр, «кини ийэтэ, а5ата бу эбит» диэн ѳйдүүллэр, тѳрѳппуттэр уонна о5олор коллективтара уоскүүр. Бииргэ алтыhыылара са5аланар.
Ити тэрээhиннэр ыытаары «Улыбка» уонна «Мичийээнэ» уhуйааннара бырайыак оноhуннубут.
Түhүмэхтэрэ:
- 1 этап. Олунньу ый – Кулун тутар ый 2018с. «Кэскил тѳрдѳ – а5а» бырайыагынан бэлэмнэнии үлэтин тэрийии
- 2 этап. Муус устар 2018с. – Муус устар 2019с. Араас таhымнаах күрэхтэр, тэрээhиннэр
- 3 этап. Ыам ыйа 2019с. Түмүктүүр тэрээhин
Улэ былаана
1 этап. Олунньу ый – Кулун тутар ый 2018с. «Кэскил тѳрдѳ – а5а» бырайыагынан бэлэмнэнии үлэтин тэрийии
Тэрээhин аата | Ыытыллар сирэ | Кунэ, ыйа | Тэрийэр дьон |
Сүбэ мүнньа5а | «Улыбка» уhуйаана | 07.02.2018с. | Икки уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар |
Бырайыак онорооhуна «Кэскил тѳрдѳ – а5а» | «Мичийээнэ» уhуйаана | 27.02.2018с. | Икки уhуйаан иитээччилэрэ |
Бырайыак комүскээhинэ «Кэскил тѳрдѳ – а5а» | «Сардаана» о5ону сайыннарар киин Нюрба к. | 22.03.2018с. | Икки уhуйаан иитээччилэрэ |
2 этап. Муус устар 2018с. – Муус устар 2019с. Араас таhымнаах күрэхтэр, тэрээhиннэр
Тэрээhин аата | Ыытыллар сирэ | Кунэ, ыйа | Тэрийэр дьон |
А5а күнүгэр аналлаах тэрээhиннэр | «Улыбка» уhуйаана | Муус устар | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар |
А5а күнүгэр аналлаах тэрээhиннэр | «Мичийээнэ» уhуйаана | Муус устар | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар |
Улуустаа5ы «Уол о5о а5атынаан» куйуур күрэ5э | Дьиикимдэ сэлиэнньэтэ | Муус устар | Икки уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар, КК «Дьулуур» |
Тэрээhин аата | Ыытыллар сирэ | Кунэ, ыйа | Тэрийэр дьон |
«Мин а5абынаан сайынны сынньаланмар» | Уhуйааннарынан | Ыам ыйа | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар |
«Күhүннү киhи күлбүтүнэн» «Идэhэ ыйа» сиэр-туом | Уhуйааннарынан Сулэ сэлиэнньэтэ | Алтынньы ый | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар |
«Байанай ыйа» күрэх «Кэскил тѳрдѳ – а5а» А5алар аа5ыыларын күрэ5э | «Мичийээнэ» уhуйаана «Мичийээнэ» уhуйаана | Сэтинньи ый Ахсынньы ый | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар Уhйааннар иитээччилэрэ, а5алар |
Тэрээhин аата | Ыытыллар сирэ | Кунэ, ыйа | Тэрийэр дьон |
«Сонор» күрэ5э | Уhуйааннарынан | Тохсунньу ый | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар |
А5а дойдуну комүскээччилэригэр аналлаах строевой хаамыылар | Уhуйааннарынан | Олунньу ый | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар |
«Эhиэхэ эрэ Кэрэ анаардарга….» аралдьытыы «Уол а5атынаан» спортивнай күрэх | Уhуйааннарынан Ньурба к. «Кыталыктаах» | Кулун тутар Муус устар | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар Уhйааннар иитээччилэрэ, а5алар |
3 этап. Ыам ыйа 2019с. – Түмүктүр тэрээhин
Тэрээhин аата | Ыытыллар сирэ | Кунэ, ыйа | Тэрийэр дьон |
«Кэскил тѳрдѳ – а5а» проект түмүктүүр тэрээhинэ | Уhуйааннарынан | Ыам ыйа | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар |
Тэрээhин аата | Ыытыллар сирэ | Кунэ, ыйа | Тэрийэр дьон |
Бырааhынньыктаа5ы парадка кыттыы | Нэhилиэктэринэн | Ыам ыйа | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар |
Булт сиэрэ-туома | Уhуйааннарынан | Ыам ыйа | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар |
«Айыл5алыын алтыhыы» күрэх | Сулэ сэлиэнньэтэ «Эгдэ» сыhыыта | Ыам ыйа | Уhуйаан иитээччилэрэ, а5алар |
Улэ хайысхата:
- тѳгүрүк остуол;
- тѳрѳппүт мунньа5а;
- анкеталааhын;
- араас тэрээhиннэр.
Уhуйааннар а5аларын ахсаана:
«Улыбка» уhуйаан Сулэ нэhилиэгэ – 32
«Мичийээнэ уhуйаан Дьиикимдэ - 16
Бу үлэ5э кѳ5үлээччинэн, тэрийээччинэн уhуйаан буолара саарба5а суох. Онон бу улэ5э сурун эппиэттээ5инэн, биллэн турар, иитээччилэр буолаллар, кинилэр сатабылларытан, бу улэни хайдах тэрийэллэриттэн биhиги о5олорбут олоххо бэлэмнэрэ, тулалыыр эйгэ5э бэйэлэрин миэстэлэрин сѳпкѳ булаллара, олоххо бигэ тирэхтээх буолаллара тутулуктанар.
Түмүк:
Бу үлэлэр барыта о5ону иитиигэ суолталара улахана саарба5а суох. О5о иннигэр а5алар эппиэтинэстэрэ үрдүүр. Бу ытык иэс, утумнааhын, удьуордааhын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эрэ о5олорбут сиэр-майгы ѳттүнэн уйан, сайа5ас, чиэhинэй буолуохтара, билиини эттэригэр-хааннарыгар инэринэн үтүo үлэhиттэр тахсыахтара. Ол буолуо уруу-аймах дьоло, омук быhыытынан сайдыыбыт чыпчаала. Итилэри ситиhэр наадаттан а5а оруола о5о иитиитигэр сайдыахтаах.
О5о хайдах дьиэ кэргэннэ олороруттан, дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнэ бэйэ-бэйэлэригэр сыhыаннара хайда5ыттан кини хайдах киhи буолан тахсара эмиэ тутулуктанар. Онон хас биирдии иитээччи тѳрѳппүтүн кытта тѳhѳ ыкса сибээстээ5э, киниэхэ сѳптѳѳх сүбэтэ-амата о5ону иитиигэ улахан оруолу ылара саарба5а суох. Ол иhин уhуйаан тѳрѳппүттэргэ педагогическай билии тѳрүттэрин үѳрэтиитэ, тѳрѳппүтү кытта биир сыал-сорук туруорунан бииргэ үлэлээhинэ үчүгэй түмүктэри эрэ биэриэ5э. Иитээччи, тѳрѳппүт бииргэ духуобунас боппуруостарыгар, киhилии сиэрдээх-майгылаах о5ону иитиигэ сѳптѳѳх бол5омтолорун уурдахтарына эрэ биhиги о5олорбут үрдүк сиэрдээх- майгылаах, айар-тутар, идэлэрин толору баhылаабыт үлэhит дьон буолан тахсыахтара.
Ол эрээри сүрүн оруолу тѳрѳппүт ылар диэн онноо5ор ученайдар этэн тураллар. Тѳрѳппүтү кытта араас быhыылаах тэрээhиннэри, биирдиилээн кэпсэтиилэри ыытар наада. Араас тема5а бэсиэдэлэри, тус проблемалары туоратааhынна кѳмѳ үлэлэри ыытара ирдэнэр.
Туhаныллыбыт литература:
- Этнопедагогика в условиях модернизации российского образования. Материалы межрегиональной научно-практической конференции. 24 июня 2004 г. / ред. коллегия: Ф.В. Габышева, Е.П. Никифорова, А.А. Григорьева, М.Н. Егоров, С.А. Кочнева, А.Н. Васильева, Н.И. Цыпандина/-Якутск: Издательство ЯГУ, 2004.
- Киhитийии сэhэнэ. Г.С.Попова-Санаайа. Дьокуускай .Бичик. 2006
- А.Н.Леонтьев, Талыллыбыт психологическай үлэлэр, 1том, М., Педагогика, 1983, 179с.
- А.Е.Мординов, Ыччаттарбыт барахсаттар, ст., Дь., Чолбон, 1993, 116с.
- Этнос. Образование. Личность. Я., 2004
- Народная педагогика. А.Э.Измайлов.
- Семейная педагогика. Ю.П.Азаров.
- Саха- айыы киьитэ. В.Р.Ларионов.
- О5ону дьиэ5э иитии. Чиряев К.С.
- Обүгэлэрбит үгэстэрин умнумуо5ун. Чугунов А. «Чолбон» , 1991, №6.
МКУ «Управление образования Нюрбинского района» РС(Я)
МБДОУ д/с «Улыбка» с. Сюля Нюрбинского района РС(Я)
МБОУ Дикимдинская ООШ им. С. И. Алексеева д/с «Мичийээнэ»
«Кэскил тѳрдѳ – а5а»
Толордулар:
Емельянова Татьяна Афанасьевна –
МБДОУ д/с «Улыбка» с. Сюля
Николаева Валерия Михайловна –
МБДОУ д/с «Улыбка» с. Сюля
Егорова Оксана Афанасьевна –
МБОУ Дикимдинская ООШ
им. С. И. Алексеева д/с «Мичийээнэ»
Иhинээ5итэ
- Киириитэ
- 1. Сүрүн чааhа
1.1.О5ону иитиигэ тѳрѳппүт сүрүн оруола
1.2. О5ону иитиигэ а5а оруола
- II. чааhа
Кэскил тѳрдѳ – а5а
- Түмүк
- Туhаныллыбыт литература
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
"Кэскил бухатыыр" Юрий Борисов
Уһуйаан саастаах оҕолорго бөлөҕүнэн толорууга ананан кылгатыллан оҥоһуллубут олоҥхо сценарийа....
План работы КМЦ в ДОУ "Кэскил"
Мониторинг семей микрорайона, имеющих детей, не посещающих детский сад и нуждающихся в педагогическом сопровождении.Утверждение плана работы консультационного центра на 2023 – 2024 учебный год, ...