Оскуола5а бэлэмнээх буолуу
материал (подготовительная группа)
Педагогическай психология5а “оскуола5а бэлэмнээх буолуу” ейдебулэ олус киэн. Ол курдук манна интеллектуальнай, личностнай, социальнай уонна эмоциональнай еттунэн бэлэм буолуу ейдебуллэрэ киирэллэр.
Интеллектуальнай еттунэн бэлэм буолууга о5о ейугэр оноьуллар процесстар (сатаан тэнниир, араарар, сурунун булар, тумуктуур уо.д.а.), элбэ5и билэрэ-керере, тылын-еьун сайдыыта, илиитэ сурук улэтигэр бэлэм буолуута, сананы билэргэ-керерге кехтее5е киирэр.
Личностнай еттунэн бэлэмнэ, бастатан туран, “произвольное поведение” диэн ааттанар бэйэни салайынар хаачыстыба киирэр. Ол аата быраабыланы тутуьуу, ирдэбили толоруу, бол5ойон керуу уонна истии, бэриллибит соруда5ы чопчу толоруу буолар. Иккиьинэн, о5о оскуола5а уерэнэр ба5ата (мотивация) киирэр. Бу хаачыстыба икки еруттээх: 1) социальнай – о5о улаатан, уерэнэр кэмэ кэлбитин ейдеен, атын о5олор курдук, кинилэртэн хаалбакка оскуола киьитэ буоларга дьулуьуута (тас кестуу); 2) о5о сананы билиэх-керуех, сайдыах, уерэниэх ба5ата (ис турук).
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
oskuola5a_belemneeh_buoluu.docx | 15.58 КБ |
Предварительный просмотр:
Оскуола5а бэлэмнээх буолуу
Педагогическай психология5а “оскуола5а бэлэмнээх буолуу” ейдебулэ олус киэн. Ол курдук манна интеллектуальнай, личностнай, социальнай уонна эмоциональнай еттунэн бэлэм буолуу ейдебуллэрэ киирэллэр.
Интеллектуальнай еттунэн бэлэм буолууга о5о ейугэр оноьуллар процесстар (сатаан тэнниир, араарар, сурунун булар, тумуктуур уо.д.а.), элбэ5и билэрэ-керере, тылын-еьун сайдыыта, илиитэ сурук улэтигэр бэлэм буолуута, сананы билэргэ-керерге кехтее5е киирэр.
Личностнай еттунэн бэлэмнэ, бастатан туран, “произвольное поведение” диэн ааттанар бэйэни салайынар хаачыстыба киирэр. Ол аата быраабыланы тутуьуу, ирдэбили толоруу, бол5ойон керуу уонна истии, бэриллибит соруда5ы чопчу толоруу буолар. Иккиьинэн, о5о оскуола5а уерэнэр ба5ата (мотивация) киирэр. Бу хаачыстыба икки еруттээх: 1) социальнай – о5о улаатан, уерэнэр кэмэ кэлбитин ейдеен, атын о5олор курдук, кинилэртэн хаалбакка оскуола киьитэ буоларга дьулуьуута (тас кестуу); 2) о5о сананы билиэх-керуех, сайдыах, уерэниэх ба5ата (ис турук).
Социальнай еттунэн бэлэм буолууга о5о тус бэйэтигэр эппиэтинэстээхтик сыьыаннаьан, улахан дьону, тэннээхтэрин кытта таба сыьыаны олохтоон, сатаан бодоруьар уеруйэ5э киирэр.
Эмоциональнай еттунэн о5о ыарахантан толлубат, атын киьи иэйиитин ейдуур, сатаан бэйэтин иэйээннэрин (эмоцияларын) салайынар буолуохтаах.
О5о оскуола5а уерэнэр ба5ата (мотивация) уонна сатаан бэйэтин салайынан быраабыланы тутуьуута (произвольное поведение) оскуола5а бэлэмнээх буоларыгар, оскуола усулуобуйатыгар уерэнэригэр саамай наадалаах хаачыстыбалар. О5о теье да аа5ар уонна суруйар буолбутун иьин, бу икки хаачыстыбата ситэ сайдыбатах буолла5ына, кини сатаан оскуола быраабылатын уонна ирдэбилин тутуьан учугэйдик уерэнэр кыа5а суох.
О5о илиитэ сурук улэтигэр бэлэм буолуута эмиэ олус уустук, наадалаах хаачыстыба. О5олор бу еттунэн ситэ бэлэмэ суохтарыттан ордук уерэх бастакы ыйдарыгар ыарахаттары керселлер.
Уерэнии тас кестуутугэр эр умсугуйуу ер барабат. Ол иьин о5о сана билиигэ-керуугэ, сатаабаты сатыырга тардыьара мелтех буолла5ына, сотору кэминэн оскуола5а ордук оонньуурун ордорор, уерэниэн сурэ5элдьиир буолуон сеп.
Ол иьин тереппуттэр о5олоро оскуола оло5ор уерэнэр кэмин чэпэчтэр туьугар туохха бол5омтолорун ууруохтаахтарый?
- О5о бэйэтин салайынарга уерэнэрин туьугар, бастатан туран, куннээ5и олох кэрчиктэрин, бириэмэни туьанарга уерэтиэххэ наада. Иккиьинэн, дьиэ иьигэр кыра-кыра сорудахтары биэриэххитин сеп. Ол эппит сорудаххытын теье сепке ейдеен истибитин булгуччу бэрэбиэркэлээн, ону хатылатар ордук. Ону кыайда5ына, куннээ5и оло5ун бэйэтэ былааннанарын ситиьэргэ дьулуьун.
- Дьиэ5э улэ толороругар бол5омтолоро ыьылла илигинэ, ыарахан сорудахтан са5алыыр ордук. Ол оннугар чэпчэки сорудахтары бутэьик да онорухтарын сеп.
- О5о5ут тугу эрэ сатаан толорбото5уна, кыралаан кемелеьергут наада. Ол гынан баран соруда5ы барытын онорон биэрэн буолбакка, сеп эппиэти бэйэтэ буларыгар сирдээн биэрэр ордук. Дьиэ5э улэ5итин толорон баран булгуччу о5о5утун хай5аан, хайдах курдук ыарахан соруда5ы бэйэтэ онорбутун бэлиэтээн.
- Оскуолаттан кэллэ5инэ, уерэх туьунан сиьилии кэпсэтин, тугу билбитин-кербутун, сатаабытын ыйыталаьын, ол эрээри хас сыананы ыллын диэн эрэ киниттэн ыйытар табыллыбатын ейдеен.
- Учууталы кытта уопсай тылы булун, ейдеспет тугэни, о5о5ут ыарыр5атар ерутун кини истибэтигэр быьаарсын.
- Уруок аа5ар бириэмэтин тутуьун. О5о учугэйдик сынньанарын, салгынна сылдьарын, оонньуурун хааччыйын, элбэхтик хамсанарын ситиьин.
- Кини со5отох буолбата5ын, элбэх о5ону кытта бииргэ уерэнэр уратылаа5ын ейдуехтээх. Учуутал да, о5о да санатын бол5ойон истэр наадатын быьаарын. Теье кыалларынан дьиэ5итигэр онно эрчиллин.
- Бэйэтин кыа5ар эрэнэргэ уерэтэр курдук о5о5утун элбэхтик хай5аан. Кыахтаах, учугэй еруттэригэр тирэ5ирэн эрэ о5ону ситиьиилээх буоларга уерэтиэххэ сеп.
- О5о ал5аьыыртан куттаныа суохтаах. Ол наадатыгар кини сыыьаларыгар улахан бол5омтону ууруман. Ол оннугар сепке толорбут соруда5ын бэлиэтии керен, сыыьатын кеннерерге кемелеьун.
- О5о илиитин сайыннарарыгар анаан учуутал биэрбит сорудахтарын барытын кыьаллан толорорун кэтээн керун.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Оскуола5а атаарыы сценарийа
Оскуола5а атаарыы сценарийа...
"Бииргэ оонньуохха" оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5олорго региональнай компоненна оло5уран дидактическай оонньуулар
Ааптарскай остуол оонньуулара о5олору тереебут дойдуларын таптыырга, убаастыырга, киэн туттарга иитэллэр - уерэтэллэр. Саха норуотун утуе угэстэрин, олохторун - дьаhахтарын кытта билиhиннэрэллэр....
Оскуола5а атаарыы сценарийа. (Сценарий выпускного бала на якутском языке)
Сценарий выпускного бала в детском саду на якутском языке....
Оскуола5а киириэн иннинээ5и о5олорго аналлаах «Оскуола дойдутугар айан»
Сценарий выпускной...
Технологическая карта «Билии дойдутугар – оскуола5а барабын»
Технологическая карта «Билии дойдутугар – оскуола5а барабын»...
ОСКУОЛА5А БАРЫАН ИННИНЭЭҔИ СААСТААХ ОҔОЛОРГО АНАЛЛААХ АҺАҔАС КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА”
КОРРЕКЦИОННАЙ-РАЗИВАЮЩАЙ ЗАНЯТИЯ КЫЛГАС БЫЛААН КОНСПЕГА “ ОЙУУР ОСКУОЛАТА&rdquo...
Улахан бөлөх оҕолоругар аһаҕас дьарык Темата: «Сөптөөх аһылык-доруобай буолуу төрдө»
Сыала: Оҕолорго «Витамин» диэн тугун билиһиннэрии, оҕуруот астарын, фрукталары төьө билэллэрин чиңэтии. Бол5омтолоох буолууну, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы, чэнчис буоларга иитии....