Баай Байанай - тыа иччитэ
план-конспект занятия по окружающему миру (средняя группа)

Лыткина Августина Егоровна

Конспект НОД в средней группе

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл baay_bayanay.docx24.69 КБ

Предварительный просмотр:

Орто «Сулусччан» бөлөх оҕолоругар аналлаах үөрэх тэрээһинин кэнспиэк былаана.

Үлэ ааптара: Лыткина Августина Егоровна, үрдүк категориялаах иитээччи

Үлэ көрүҥэ: бөлөҕүнэн (игра-занятие)

Тиэмэтэ: « БААЙ БАЙАНАЙ- ТЫА ИЧЧИТЭ»

Үөрэтэр көрүҥнэрэ: Оонньуу үөрэнэр, алтыһар, билэр-көрөр дьоҕурундарын сайыннарыы.

Оҕо сааһа: 4 саас

Сыала: оҕону кыра эрдэҕиттэн саха норуотун үгэьин ,сиэри-туому тутуһуу, айылҕа иччитэ Байанайга ытыктааһыны иҥэрии.

Соруга:

  1. Байанайы билиһиннэрии,оҕо саҥарар тылын байытыы,ойуунан сирдэтэн кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы
  2. Ийэ айылҕаны таптаан,харыстаан сылдьарга такайыы.
  3. Саха үгэһин быһыытынан уоту аһатыы туома, Байанайтан көрдөһөр сиэри тутуһуу буоларын оҕолорго өйдөтүү.

Дьарыкка туттуллар матырыйааллар: пазл, кыыллар, кыыллар суоллара, Байанай хартыыналара, балыктар уонна куөгүлэр.

Бэлэмнэнии үлэлэр: кэпсээннэри ааҕыы, кыыллар тустарынан таабырыннар, хоһооннору үөрэтии,  презентация көрөөһун «  Байанай диэн кимий?», оҥоһуктар быыстапкалара, хартыынаны кырааскалааһын , аппликация              « Куобах », ураты туттуллар ньымаларынан сыһыарыы үлэлэр «Тииҥ», «Эһэ», лепка « Эһэ», хамсаныылаах оонньуулар « Волк и зайцы», « Лиса, ты где», « У медведя во бору».

Түмүһэҕинэн ыытыллар үлэ ис хоьооно:

1.Оҕо дьарыкка баҕатын көҕүтэр хайысха: Оонньуу түгэнинэн туьанан пазл таьаарыы.

-Үтүө сарсыарданан оҕолор! Бүгүн биьиэхэ ыалдьыттар кэлбиттэр,туран кинилэри кытта дорооболоһобут.

- Оҕолор дорооболоһоллор.

 -Мин эьиэхэ бүгүн тугу эрэ аҕаллым.Бары туран кэлин ,чугаьаан. Кыратык оонньуоххайыҥ. Көрүҥҥүтүүй тугуй бу?

-Дьэ эрэ, таһаарыаҕыҥ эрэ,оччоҕо билиэхпит бүгүҥҥү дьарык темата туохха сыһыаннааҕын.

-Оҕолор пазлы хомуйаллар,(Байанай хартыыната тахсар).

-Маладьыастар.Ким тахсан кэллэ?Бүгүн ким туһунан кэпсэтэр эбиппитий?

-Байанай.

 2. Сүрүн чааһа: Сэһэргэһии «Баай Байанай»

-Байанай диэн кимий?

-Баай Байанай тыа иччитэ, ,булт таҥарата. Кини ойуур кыылларын,көтөрдөрун харыстыыр. Ойуурга куһаҕан санаалаах, кыыллары барытын харыстаабакка өлөрө сылдьар булчут кэллэҕинэ кыыллары, көтөрдөру ыраах куоттаран,күрэтэн кэбиһэр эбит.

-Ол иһин биһиги ойуур кыылларын-көтөрдөрүн Байанай оҕолоро диэн ааттыыбыт. Байанайга булчут киьи бултуу барарыгар наар көрдөһөр,сиэри туому тутуьар,оччоҕо Байанай кинилэргэ баайыттан бэрсэр.О5олоор, таабырынна таайсыаххайыҥ эрэ.

Таабырын таайсыы уонна хоһоон ааҕааһын.

-Сайын-бороҥ, кыьын- маҥан баар уһу?(куобах)

- Куобах туһунан миэхэ кэпсээн эрэ.(оҕолор эппиэттэрэ)

- Куобах туһунан хоһоону  ким ааҕыай?

- Сир анныгар итии болгуо сытар уһу?(эһэ)

-Аны эһэ туһунан кэпсээн эрэ.(оҕолор эппиэттэрэ)

-Эһэ туһунан хоһоону ааҕыаххайыҥ эрэ

-Кыыллартан эрэ кырасыабай,албын- туөкүн өйдөөх баар үьү?(саһыл)

- Саһыл туһунан кэпсэтиэххэйиҥ эрэ.(оҕолор эппиэттэрэ)

-Саһыл туһунан хоһоону саныаххайыҥ эрэ.

- Ким кыһын, ойуурга аччыктаан улуйарый?(бөрө)

-Бөрөну кэпсээн эрэ.(оҕолор эппиэттэрэ)

-Бөрө туһунан хоһоону ким этиэй?.

-  Тииттэн- тииккэ ыстаҥалыыр, эриэхэ аһылыктаах ким баарый?(тииҥ)

-Бу тииҥ түһүнан кэпсэтиэххэйиҥ эрэ.

 - Тииҥ түһүнан хоһоону этиэххэйиҥ эрэ.

-Маладьыастар наһаа үчүгэйдик кэпсээтигит уонна хоһооннору аахтыгыт.

Үөрэтэр-өйдөтөр оонньуу «Кыыллар суоллара».

-Истиҥ эрэ оҕолор,ити кыыллар тустарынан наьаа үчүгэйдик кэпсээтигит дии,ол гынан баран көрүҥ эрэ, туох хаалбытый?

-Атах суола.

- Мин олох умнан кэбиспиппин,миэхэ көмөлөһүҥ эрэ.(кыыллар анныларыгар атахтарын суолун ыйыыллар).

-Олох үчүгэй, маладьыастар.

 Хамсаныылаах оонньуу. «Балыксыттар»

-Байанай баайа тыа эрэ кыыллара буолбатах, кини баайыгар балыктар эмиэ киирэллэр. Ол иһин сынньана таарычча «Балыктааһын» оонньууну оонньуоххайыҥ эрэ. Бары тула турабыт, ким элбэх балыгы туттарар эбитий?

-Наһаа үчүгэйдик оонньоотубут.

3. Практическай түһүмэх.Оҕону кытта тэҥҥэ үлэлээһин.Панно «Кыыллар»

-Аны манна кэлиҥ эрэ, оҕолоор.Көрүҥ эрэ, бу хартыынаттан кэпсэппит кыылларбытын булуҥ эрэ.

- Эһэ,куобах,саһыл,тииҥ,бөрө.

-Тутан көрүҥ эрэ, хайдах курдук эбиттэрий ?(оҕолор эппиэттэрэ)

-Биһиги бүгүн Байанай оҕолорун туьунан кэпсэтиибитин түмүктээтибит. Байанайбыт үөрбүтэ буолуо, оҕолор айылҕаҕа сылдьан мин кыылларбын –көтөрдөрбүн араҥаччылыы сылдьыахтара диэн.

-Билигин Байанайга анаан ким хоһоон ааҕан иһитиннэриэй?.

4. Ырытан-сыаналыыр түһүмэх.

-Билигин бу остуолга кэлэн Байанай кыылларын оноруоххайыҥ

эрэ.(аппликация: кыыллары хоруонканан сыһыарыы)

-Көрүҥ эрэ, Баай Байанайга кыылларын оҥорон биэрдибит.

-Оҕолоор, бүгүн биһиги ким туьунан кэпсэттибит?

- Ханнык кыыллары кытта билистибитий?

-Кэлиҥ эрэ оҕолоор. Төгүрүктүү туруоҕуҥ.Илиибитин өрө уунан Баай Байанайтан көрдөһүөххэйиҥ.

Аламай күммүт сырдыгынан

Баай Байанай барахсан

Хорсун булчуттарга

Мичик гын. Алам дьалам!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Байанай бырааhынньыгын сценарийа

Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин . Саха киьитин торут       дьарыга булт  туьунан о5олор билиилэрин  чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт с...

Проект «Байанай – дух охоты»

Тип и вид проекта: творческий, групповой, краткосрочный.Участники проекта: воспитатель, дети, родители, пдо по якутскому языку.Возраст детей: 5-6 лет.Продолжительность: ноябрь (1 неделя...

Байанай кунэ

Байанай кунугэр а5алар уолаттарын кытары таайалларыгар аналлаах оонньууОоньууну Антонова Е.Н. онордо...

Сценарий утренника посвященный дню «Байанай» Тема: «Лесное происшествие.

Данный сценарий посвящен к празднованию дня "Байанай".  "Байанай" - (якут. Байанай, Бай Байанай) — дух-хозяин природы, покровитель охотников в...

В гости к Байанаю на якутском языке

Байанайга ыалдьыттыыбыт.Сыал/сорук:Оҕо ойуур, булт туһунан билиитин улахан киһитэ суох бэйэтин баҕатынан дьарыктаныы көмөтүнэн хатылааһын.• Көрдөөн булуу ньыматын, толкуйдуур дьоҕуру, ситимнээхти...

Конспект НОД для детей подготовительной к школе группе «Месяц – Баай Байаная»

Цель: Познакомить детей с обитателями леса, дать представление о покровителе животных Байанае, приобщить детей к традициям народа, почитанию и уважению её.Образовательные задачи:расширить знания детей...

Сценарий мероприятия «Баай Байанай» в средней группе

laquo;Баай Байанай»( 2 кыра уонна орто белех о5олоругар аналлаах аралдьытыы сценарийа)...