Сценарий мероприятия «Баай Байанай» в средней группе
материал (средняя группа)
«Баай Байанай»
( 2 кыра уонна орто белех о5олоругар аналлаах аралдьытыы сценарийа)
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
bayanay.docx | 18.17 КБ |
Предварительный просмотр:
«Баай Байанай»
( 2 кыра уонна орто белех о5олоругар аналлаах аралдьытыы сценарийа)
Туттуллар тэрил: 10 шт. кыыл шапочката, 10 шт.жетон «Байанай», 2 шт. мольберт, кыыллар суолларын хартыыналара, магниткалар, таабырынна туттуллар кыыллар хартыыналара (куобах, саьыл, тайах, мо5отой, тиин), 2 куобах макета, 2 кыра мээчик, 2 мас ат, 10 шт. балык, 2 шт.куегу, 2 шт. круг, « Кыыл этин – сиинин чаастара» диэн оонньуу хартыыналара.
Ыыт- чы: Утуе киьэнэн о5олоор! Бугун биьиги Бар5а баайдаах Баай Байанай киэьэтигэр муьуннубут…
Баай Байанай-
Хара тыа иччитэ,
Уерунньэн, бэринньэн,
Кэпсээннээх кырдьа5ас.
Булучуту куемчулуур,
Кыыллары харыстыыр,
Кетеру кемускуур
Угэстээх о5онньор.
Ыытааччы: О5олоор, уол о5о, эр киьи барыта Байанайы ытыктыыр, бултуо5ун иннинэ Аал уотун аьатар, алгыс тылын этэн, кердеьен эрэ баран бултуу барар. Бултуйда5ына «Кырдьа5ас эьэккээ, баьыыба бэлэххэр» диэн истинник махтанар уонна дьиэтигэр кэргэнигэр, о5олоругар бултаах, «еттук харалаах» эргиллэр эбит.
Ыытааччы: Утуекэн угэстээх, сээркээн сэьэннээх, еттук харалаах Баай Байанайбыт киэьэтинэн э5эрдэлээн туран о5олорбут толорууларыгар хамсаныылаах ырыа .
Ырыа «Тыа олохтоохторо»
Ыытааччы: Хара тыа маанылаах кыылларын туьунан таабырыннары таайыахха…
Тут – мат-л: хартыыналар: (Куобах, саьыл, тиин, мо5отой, тайах)
Ыытааччы: Керун эрэ о5олоор, таабырыннарбыт таайыылара ойуурбут кыыллара биьиэхэ ыалдьыттыы, хоьоон аа5а кэлбиттэр.
Хоьоон «Ойуур кыыллара»
Эмили: Ууна сылдьар улахан
Ураа – ланкыр муостаах
Кини баьаам куустээх
Кини аата – тайах.
Аидмар: Ойуолууру сатыыбын
Ончу сатаан хаампаппын
Курун тыа5а дьиэлээхпин
Куттаьа суох куобахпын.
Эвелина: Тииттэн тииккэ чэрэнэлиир
Тиин то5о бачча уердэ?
«Эриэхэ манна элбэх» - диир
Эргичиннии олордо.
Сахайаана: Кэрии тыанан сэрэнэн
Иннин – кэннин кэтэнэн,
Тонуу хаары ойуулаан
Саьыл ааспыт саманан.
Ариана: Туораах бурдугу уорааччы
Туой дьонтон куотааччы
Топпокко сылдьааччы
Мо5отой бу олорор.
Ыытааччы: Ойуур, тыа олохтоохторо, кыыллар биьиэхэ ункуу бэлэхтииллэр.
Ункуу «Тыа кыыллара»
Ыытааччы: Хас биирдии булчут кыылын сонордууругар кыыл суолун арааран билиэхтээх. Билигин биьиги «Кыыл суолун таай» диэн оонньуу оонньуохпут.
Оонньуу: «Кыыл суолун таай»
Ыытааччы: Маладьыастар, кыыллар суолларын бары эндэппэккэ биллигит.
Булчут кыра5ы харахтаах, тургэн, сымса, кытыгырас, булугас ейдеех буолуохтаах, оччо5о киниэхэ елгем булт тосхойор эбит. Чэйин эрэ, о5олоор, булчут хайдах бултуурун билэргэ оонньоон, эрчиллэн, бэйэбитин тургутан керуе5ун!
1 оонньуу «Ким куоба5ы таба быра5ар?» (2 куобах макета, 2 кыра мээчик)
Бу оонньуу булчут теье бэргэнник табарын, кыра5ытын кердерер.
2 оонньуу «Балыктааьын» (2 круг, 10 шт.балык)
Балыксыт куелгэ, ерускэ,урэххэ баран кемус хатырыктаа5ыттан бэриьиннэрэр.
3 оонньуу «Атынан айан» (2 мас ат)
Булчуттар киэн сиринэн сылдьан бултуурга эрэллээх келелере ат буолар. Ыытааччы: Дьэ, манан тургутан керуубут тумуктэнэр, о5олорбут бары наьаа кытыгырас, сымса, булугас ейдеех эбиккит. Уолаттарбыт улааттаххытына байанайдаах булчут буолуоххут, онтон кыргыттар Эр дьонноргут бултарыттан миинньигэс ас буьарыаххыт, сылаас, тупса5ай керуннээх танас – сап тигиэххит. Ыытааччы: Билигин кыргыттарбыт «Кунду туулээхтэн танастар» диэн мода кердеруехтэрэ. (кыргыттар танна бараллар)
Кыргыттарбытын кэтэьэ таарыйа уолаттардыын, «Кыыл этин - сиинин чаастара» диэн оонньуу оонньуохпут.
Оонньуу «Кыыл этин - сиинин чаастара»
Ыытааччы: Уран тарбахтаах иистэнньэн ийэлэрбит тикпит танастарын модатын керерге ынырабыт!
Мода «Кунду туулээхтэн танастар»
Ыытааччы: Аар тай5абытын, тулалыыр айыл5абытын мэлдьи харыстыа5ын диэн туран «Баай Байанайбытыгар» аналлаах киэьэбитин тумуктуубут. Барыгытыгар махтанан туран Баай Байанай ойуулаах ейдебунньук мэтээл бэлэхтиибит.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий мероприятия «Праздник Осени» в средней группе.
Представленный материал может быть полезен для работы воспитателям средней группы. Сценарий праздничного мероприятия "Праздник Осени" развивает творческие способности, коммуникативные качест...
сценарий мероприятия к дню матери средней группы
мама лучший друг...
Сценарий мероприятия по ПДД для средних групп «Путешествие в страну потерянных знаков»
Сценарий разработан для проведения мероприятия по Правилам Дорожного Движения в средних группах. Дети отправляются на помощь к жителям Волшебной страны, в которой пропали все знаки дорожного движения....
Сценарий мероприятия «День открытых дверей» (средняя группа)
Сценарий дня открытых дверей. Задачи: Закрепить навыки счёта в пределах 5, умение различать и называть геометрические фигуры; различать правую и левую руки; знание понятий «большой&raq...
Сценарий мероприятия (досуг) для детей средней группы на тему: «Прогулка по лесу»
Занятие предназначено для детей средней группы детского сада. Оно способствует закреплению пройденного материала по темам "Грибы" и "Дикие животные наших лесов"....
Сценарий мероприятия «День Матери» в средней группе
Формирование у детей среднего дошкольного возраста уважительного отношения к маме, умение выразить ей свою любовь словами и действиями...