О5о чинчийэр улэнэн дьарыгырыыта кини тулалыыр эйгэни билиитигэр кемете
статья по окружающему миру (старшая группа) на тему

 Неустроева Мария Николаевна

Хас биирдии о5о кыра эрдэ5иттэн тугу барытын бэйэтэ илиитинэн тутан-хабан онорон билэргэ дьулуьар угэстээх. Кини бэйэтэ онорор судургу элементарнай уопуттара араас предметтэр ураты хаачыстыбаларын уонна тус кыахтарын билэригэр, ейдууругэр сурун олугунан буолаллар, о5о элбэ5и билиэн-керуен ба5атын, интэриэьин кебутэллэр. Маннык уопуттары оноруу кэмигэр о5о кэтээн керен толкуйдуурга, туьааннаа хыйытыыларга эппиэттииргэ, тэннэбиллэри уонна кэккэ тумуктэри онорорго уерэнэр. Итини тэнэ, о5олор предметтэр бэйэ-бэйэлэрин кытта уопсай ситимнээхтэрин ейдуургэ уонна быьаарарга уерэнэллэр.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл o5o_chinchiyer_ulenen_darygyryyta.docx24.57 КБ

Предварительный просмотр:

О5о чинчийэр улэнэн дьарыгырыыта кини

Тулалыыр эйгэни билиитигэр кемете

Экологическай иитиигэ о5олору кытта чинчийэр улэлэри ыытан араас уопуттары оноруу биир саамай туьалаах уонна кедьуустээх ньыманан буолар.  Бу ньыма о5олор  уерэтиллэр матырыйаалы дебеннук ылынан тургэнник ейдууллэригэр ордук табыгастаах, кинилэр тус бэйэлэрэ керен уонна тутан-хабан, чинчийэн билэллэрэ ордук ейденумтуе буолар.  Маннык чинчийэр улэлэр о5олор улахан интэриэстэрин кебутэллэр,  араас уопуттары онорон ыытыы кинилэргэ син биир фокуьу керер курдук интэриэьинэй, ол эрээри  фокус кистэлэннэрэ кыайан таайыллыбаттар,  онтон уопуттары оноруу тумуктэрин о5олор бэйэлэрэ кэтээн керуехтэрин уонна быьаарыахтарын сеп.

Уопуттары онорон чинчийэр улэлэр о5о толкуйдуур дьо5урун, барыны бары билиэн-керуен ба5арар интэриэьин куускэ сайыннараллар, айыл5а5а баар тыыннаах уонна тыыммат эттиктэр икки ардыларынаа5ы сыьыаннаьыыларын быьааран ейдетен кердереллер. Чинчийэр улэлэр о5о «То5о» уонна «Хайдах» диэн боппуруостарга тус бэйэтэ толкуйдаан туьааннаах эппиэти буларыгар кемелеьеллер. Маныаха о5о туораттан керен турбакка эрэ хайаан да тус бэйэтэ тутан-хабан, толкуйдаан уопуту онороро улахан кедьуустээ5ин ейдуур наадалаах. Ол курдук, уопуту онорон ылбыт билиитэ о5о ейугэр-санаатыгар ерге диэри бэрт сытыытык инэн хаалар. Маннык улэлэр кэмнэригэр о5о элбэх билиини ыларын таьынан бэйэтэ уопуту онорон чинчийэн, толкуйдаан септеех тумуктэри онорорго уерэнэр.

Хас биирдии о5о кыра эрдэ5иттэн тугу барытын бэйэтэ илиитинэн тутан-хабан онорон билэргэ дьулуьар угэстээх. Кини бэйэтэ онорор судургу элементарнай уопуттара араас предметтэр ураты хаачыстыбаларын уонна тус кыахтарын билэригэр, ейдууругэр сурун олугунан буолаллар, о5о элбэ5и билиэн-керуен ба5атын, интэриэьин кебутэллэр. Маннык уопуттары оноруу кэмигэр о5о кэтээн керен толкуйдуурга, туьааннаа хыйытыыларга эппиэттииргэ, тэннэбиллэри уонна кэккэ тумуктэри онорорго уерэнэр. Итини тэнэ, о5олор предметтэр бэйэ-бэйэлэрин кытта уопсай ситимнээхтэрин ейдуургэ уонна быьаарарга уерэнэллэр.

О5олору кытта итинник чинчийэр уопуттары ыытарбытыгар биьиги улэбит сурун соруктарынан буолаллар:

 - О5о тулалыыр эйгэтин уонна тереебут айыл5атын туьунан билиитин кэнэтии уонна ханатыы;

 - О5о билиэн-керуен ба5атын, кини бол5омтолоох буолуутун, истэр уонна ейдуур, толкуйдуур дьо5урдарын сайыннарыы;

 -  Тулалыыр тереебут айыл5атыгар тапталы, ытыктабылы инэрии.

Ыытар улэбит ис хоьоонугар о5о сааьа, кини ейдуур уонна ылынар ис кыа5а, дьо5ура учуоттаналлар, сорудахтарбытын сыыйа уустугурдан, бэриллэр матырыйаалы о5о5о судургутук уонна тиийимтиэтик быьааран-кердерен улэбитин былааннаан ыытабыт.

О5о саадын усулуобуйатыгар биьиги боростуой уонна судургу уопуттары туттабыт, ол курдук:

1.Биьиги быьаарар соруктарбыт о5олорго эрэ биллибэт.

2. Бу уопуттары онорон ыытарбытыгар ханнык да научнай аьыылар буолбаттар, ол гынан баран о5олорго араас сонун ейдебуллэр уескууллэр, кинилэр бэйэлэрэ толкуйдаан кэккэ тумуктэри онорорго уерэнэллэр.

3.Биьиги бу улэбитигэр куннээ5и туттар малларбыт уонна оонньуурдар туттуллаллар (биирдэ туттуллар иьиттэр, целлофановай пакеттар уо.д.а.).

Тереебут айыл5абыт тыыннаах уонна тыыммат эттиктэринэн араас уопуттары онорон чинчийэр улэлэри ыытарбыт о5олорго ордук чугастар уонна ейденумтуелэр. Маннык уопуттары анардас дьарыктаныы эрэ быьыытынан буолбакка, о5о куннээ5и оло5ор-дьаьа5ар  сыьыаннаан утумнаахтык ыытарбыт улахан кедьуустээх.

Бу чинчийэр уопуттарбытын ыытарбытыгар биьиги маннык тутулунан салайтарабыт:

    1.Уерэтиллэр боппуруоьу табатык аттаран туруоруу.

    2. Чинчийэр улэбитин быьаарарбытыгар табыгастаах ньымалары кердееьун.

    3. Кэтээн керууну ыытыы.

    4. Кербут тумуктэрбитин ырытыьыы.

    5.Уопсай тумуктэри таьаарыы.

Бу чинчийэр улэбитин биирдиилээн, эбэтэр беле5унэн уонна биир тегуллээн, эбэтэр уьуннук ыытабыт (х-ра, ууну-хаары, араас усулуобуйа5а уунэр уунээйилэри кэтээн керебут).

Ыытар улэлэрбитин икки керуннэ – демонстрационнай уонна фронтальнай диэннэргэ араарабыт. Ол курдук, демонстрационнайы-иитээччи бэйэтэ тутан-хабан онорон о5олорго кердерер-иьитиннэрэр.      Маннык эксперименнэр о5о бэйэтэ онороругар сэрэхтээх буолла5ына холобура, чумэчини туьанар уонна чинчийиллэр объект биир эрэ экземпляр буолла5ына оноьуллаллар. Мантан атын кэмнэргэ фронтальнай – о5олор бэйэлэрэ тутан-хабан онорор эксперименнэрин ыытарбыт кинилэр саастарыгар уонна кыахтарыгар ордук табыгастаах.

Балары сэргэ,экологическай эксперименнэри онорон ыытарбытыгар бэйэтин туспа уратыларын учуоттуохтаахпыт. Ол курдук, уунээйигэ уонна хамсыыр-харамайга буортуну онорор эксперименнэр о5олору кытта улэ5э кенуллэммэттэр.

Экологическай чинчийэр улэлэри ыытарбытыгар ардыгар биьиги кэтэьэр тумуктэрбититтэн олох атын холобурдар тахсыахтарын сеп, ол эрээри дьиннээх олохпутугар кестер чахчыларбыт былааннаабыт тумукпутунээ5эр ордук интэриэьинэй буолаллар. Маннык тубэлтэлэргэ ити ылыллыбыт тумукпутун о5олору кытта сиьилии ырытыьарбыт наадалаах.

    Кыра о5о тус бэйэтэ тутан-хабан чинчийэн араас эксперименнэри онороро оскуола уерэнээчилэрэ ыытар чинчийэр улэлэриттэн бэйэтэ туьунан уратылардаах буолар. Ол курдук, оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5о бэйэтин дьайыыларын санаран кере – кере онорор угэстээх, ону тэнэ хас биирдии о5о тус уратыта учуоттанан бол5омто5о ылыллыахтаах. Иитээччилэр анардас чинчийэр улэлэр тумуктэрин таьаарыынан эрэ улуьуйуе суохтаахтар, ол курдук о5о хаьан ба5арар сыыьыан себун эмиэ учуоттуурбут наада.

    О5ону чинчийэр улэ5э тардарбытыгар араас ньымалары туьанарбыт табыгастаах. Сорох улэлии уеруйэ5э суох о5олору кытта улэни тэрийэрбитигэр кинилэр интэриэстэрин кебутэр туьуттан былааннаах улэбитин хас да кыра сорудахтарга арааран атын-атын о5олорго биэриэхпитин уонна тумукпутугэр барыларын улэлэрин бииргэ холбоон онорторуохпутун сеп.

Ханнык ба5арар о5о туруоруллубут соруда5ы ейдууругэр, ылынарыгар иитээччи кинилиин бииргэ улэлээьинэ уонна кемете улахан оруолу ылар. Иитээччи иитэр-уґуйар сабыдыала суох буолла5ына ханнык ба5арар чинчийэр эксперимеммит о5о5о билиини-керууну ситэ биэрбэт, чопчу сыала-соруга суох, тумугэ оноьуллубатах кеннеру  манипуляция5а эрэ кубулуйуон септеех.

    О5олору кытта улэбитигэр  куннээ5и олохпутун уонна уерэ5и бэйэ-бэйэлэриттэн араарбакка бииргэ ситимнээн ыытарбыт ордук кедьуустээх буолар, то5о диэтэххэ биьиги бу ыытар бары эксперименнэрбит о5олорбут тереебут ийэ дойдуларын айыл5атын уонна кинилэри тулалыыр эйгэлэрин кытта чугастык билсиьиннэрэн билиилэрэ-керуулэрэ ханыырыгар туьуланар ньымаларынан буолаллар.

Тумукпутугэр, о5о кыра эрдэ5иттэн араас чинчийэр улэ5э уґуйуллуута кини тулалыыр эйгэтин бары дьиктилэрин, кэрэтин илиитинэн тутан-хабан чинчийэн уерэтэн билэригэр уонна о5о  личность быьыытынан уунэн-сайдан бугунну олохпутугар тус бэйэтин миэстэтин булунарыгар улахан туьалаа5ын бэлиэтиирбит наадалаах.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Конспект сюжетно-ролевой игры "Идем в кино"

Здесь представлен конспект проведения сюжетно-ролевой игры....

"Профессии театра и кино"

Конспект занятия по развитию речи для подготовительной группы...

Комплексное занятие для средней группы "Поход в кино"

Игра-путешествие «Поход в кинотеатр" Разделы стандартов1) математическое развитие2) ознакомление с окружающим и социальной действительностью...

Конспект занятия по этикету с элементами ОБЖ на тему "В цирке (театре, кино)".

Обучить детей правилам приобретения билета в театр и одновременно ввести в активный речевой запас ребенка этикетные выражения, необходимые в ситуации приобретения билета в театр (кино, цирк). Объяснит...

Кино, кино - для развития оно"

2016 год стал годом российского кино. А кинематограф – универсальное средство для повышения уровня культуры отдельно взятого гражданина. Для дошкольников - это еще  и увлекательное знакомство с к...

Практико - ориентированный проект 27 августа День кино, «Кино – справочник» (педагогический)

[[{"type":"media","view_mode":"media_large","fid":"14347209","attributes":{"alt":"","class":"media-image","height":"433","width":"336"}}]]...