Өй оонньуута о5о сайдыытыгар оруола
материал на тему

    Актуальноьа: 5-6-7 саас–бу о5о оло5ор саамай интэриэьинэй кэм. О5о бу сааьыгар бэйэтин көрунэр, өйуттэн ону-маны айан оҥорор буолан барар. Онон бу кэмҥ экини уруьуйдуур, ыллыыр, оонньуур, өйтөнайар, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыыга бол5омто ууруллуохтаах.

    Ааспыт ХХ уйэ ситиьиилэрин илии көмөтунэн ылбыт буоллахпытына, билиҥҥи XXI уйэ компьютер уйэтигэр өркөн өйунэн, эт мэйиинэн оҥоруллан тахсыбыт улэ улахан оруолу ылар. Мэйии информацияныт уьанар дьо5урун өссө үрдүк таьымҥа таьаарыы, логическай толкуйдааьыҥҥа, өйтөн айарга, бириэмэни көдьүүстээхтик туьаныыга уөрэтии соруга турар. Онтон кыра саастаах о5о толкуйун чочуйарга өйоонньууларын туьанар табыгастаах дии саныыбын. Биллииллээх педагог В.П. Никитин этэринэн, о5ону төьөнөн эрдэ өй оонньуутугар угуйа5ын да, кини соччонон сытыы, имигэс өйдөөх, билбитин олоххо сатаан туьанар, инникитин өтө көрөр кыахтаах, дьиҥнээх интеллектээх киьи буола улаатар.

Тема: Өй оонньуута о5о сайдыытыгар оруола

Сыала: Өй оонньууларын нөҥүө о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы.

Соруктар:

  1. О5о толкуйун сайыннарар оонньуу көруҥнэрин, араастарын ырытыы, көрдөөьун;
  2. Методическай литератураны уөрэтии;
  3. Араас толкуйдатар оонньуу ньымаларын о5олорго быьаарыы, оонньотуу.

 

 

 

 

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл oy_oonnuuta_o5o_saydyytygar_oruola.docx33.55 КБ

Предварительный просмотр:

Саха республикатын үөрэ5ириитин министерствота

Тааттаулууьунүөрэ5ириитин салаата

Баайа5атаа5ы «Ньургуьун» о5о саада

«БИГЭРГЭТЭБИН»:

ст. иитээччи

______________ /Неустроева А.А./

“____” _______________ 20___ с.

Өй оонньуута о5о сайдыытыгар оруола

Автор: Белолюбская Вера Васильевна –

Баайа5атаа5ы «Ньургуьун» о5о саадыниитээччитэ

Баайа5а

Киириитэ

Актуальноьа: 5-6-7 саас–бу о5о оло5ор саамай интэриэьинэй кэм. О5о бу сааьыгар бэйэтин көрунэр, өйуттэн ону-маны айан оҥорор буолан барар. Онон бу кэмҥ экини уруьуйдуур, ыллыыр, оонньуур, өйтөнайар, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыыга бол5омто ууруллуохтаах.

Ааспыт ХХ уйэ ситиьиилэрин илии көмөтунэн ылбыт буоллахпытына, билиҥҥи XXI уйэ компьютер уйэтигэр өркөн өйунэн, эт мэйиинэн оҥоруллан тахсыбыт улэ улахан оруолу ылар. Мэйии информацияныт уьанар дьо5урун өссө үрдүк таьымҥа таьаарыы, логическай толкуйдааьыҥҥа, өйтөн айарга, бириэмэни көдьүүстээхтик туьаныыга уөрэтии соруга турар. Онтон кыра саастаах о5о толкуйун чочуйарга өйоонньууларын туьанар табыгастаах дии саныыбын. Биллииллээх педагог В.П. Никитин этэринэн, о5ону төьөнөн эрдэ өй оонньуутугар угуйа5ын да, кини соччонон сытыы, имигэс өйдөөх, билбитин олоххо сатаан туьанар, инникитин өтө көрөр кыахтаах, дьиҥнээх интеллектээх киьи буола улаатар.

Тема: Өй оонньуута о5о сайдыытыгар оруола

Сыала: Өй оонньууларын нөҥүө о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы.

Соруктар:

  1. О5о толкуйун сайыннарар оонньуу көруҥнэрин, араастарын ырытыы, көрдөөьун;
  2. Методическай литератураны уөрэтии;
  3. Араас толкуйдатар оонньуу ньымаларын о5олорго быьаарыы, оонньотуу.

Оонньуу – о5о толкуйдуур  дьо5урун сайыннарар биир көрүҥ

Кэлиҥҥи кэмҥэ олох сайдыытыгар дьүөрэлээн о5ону иитии-үөрэтии, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы сыала-соруга, ньымалара эмиэ сыыйа уларыйан иьэллэр. Урут о5о кыа5ын ситэ учуоттаабакка бачча саастаах о5о баччаны сатыахтаах, билиэхтээх диэн сорук туруоруллар эбит буолла5ына, билигин о5о тус сайдыытыгар сурун бол5омто ууруллар буолла.

Биллиилээх педагог К.Ушинскай: «О5о өйдүүр, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы – бу сүҥкэннээхэй, чэпчэкитэ суох улэ буолар. Бу үлэ5э о5ону кыралаан, сэрэнэн сыьыарыахха сөп», - диэн этэн турар.

      О5о оскуола5а киириэ5эр диэри толкуйдуур, өйдүүр, ылынар дьо5ура күүскэ сайдыбыт буолуохтаах. Бэйэтин толору көрүнэрэ, хонтуруолланара наада. Биир тылынан эттэххэ, оскуола5а  үөрэнэ киирэригэр толору бэлэмнээх буолуохтаах. Кини бу толору бэлэми оонньуу көмөтүнэн ситиьиэхтээх. Холобур, оруоллаах оонньуу көмөтүнэн. Тустаах оруоллар көмөлөрүнэн кини бэйэтин үөрэх, үлэ эйгэтигэр боруобаланар, хонтуруолланар.

Онтон о5о чөмчүүк сааьыгар уйул5ата, өйө сайдар, кута бө5өргүүр, тылын саппааьа тэтимнээхтик эбиллэр, барыны барытын көрүөн – билиэн, тутан – хабан көрөн тулалыыр эйгэтин өйдүү сатыыр, этэ-хаана тэтимнээхтик сайдар, куьа5аны-үчүгэйи өйдүүр кэмэ. Бу кэмҥэ чөмчүүк саастаах о5олору иитии суолтата олох тосту уларыйан, суолталанан хас биирдии о5о5о тус бэйэтигэр туьуламмыт чопчу сыаллаах иитии буолара ирдэниллэр. Ону тэҥэ о5о иитиитигэр-сайдыытыгар хас биирдии төрөппүт сыьыанын, ирдэбилин уларытыан наада. Төрөппүт о5отун уйул5атыгар сөп тубэьиннэрэн о5о этин -сиинин, тарба5ын, илиитин-ата5ын имигэс гына эрчийэн, тылын-өьүн, толкуйа сайдарыгар көмөлөьөрүн өйдүөхтээх.

Бу кэмҥэ о5о айыл5аттан бэриллибит билиэн-көрүөн, тутуон-хабыан, боруобалаан көрүөн ба5атын буойан симэлитэн кэбиспэккэ, ону өссө сайыннарар кыа5ын кө5үлээн, күүскэ сайыннарыахтаахпыт. Төрөппүт о5ону куьэйэн буолбакка, о5отун интэриэьиргэтэр, толкуйдатар, билиигэ-көрүүгэ умсугутар оонньууларынан оонньотон, бэйэтин кыа5ар эрэниитин, астыныытын үөскэтиэхтээхпит.

О5о эт-хаан өттүнэн сайдарын кытта тэҥҥэ өйө-санаата, толкуйдуур дьо5ура сайдар. О5о төьө элбэх араас хабааннаах оонньуулары оонньуур, ону тэҥэ хамсаныылаах, сыты-хотуу, бэйэтин кыанар буолар да соччонон өйө-санаата сайдар, толкуйдуур дьо5ура улаатар диэн психологтар этэллэр. Улэни кытта дьүөрэлээн араас ис хоьоонноох оонньуулары оонньотон сайыннарыахха наада.

          О5о өйүн сайдыытын хойутаппакка кыра сааьыттан дьиэ5э дьарыктыыр наада. Психологтар суруйалларынан өй сайдыыта чэпчэкиттэн са5алаан ыарахаҥҥа этаптарынан ситимнэнэн баран иьиэхтээх. О5о ылла да ойуулаан-дьүьүннээн, ырытан, кэпсээн киирэн барыа суо5а. Бастаан кыра о5о5о быстах предметтэр бэлиэлэрин буллара уерэтиллэр. Өҥүн, быьыытын–таьаатын эрэ буолбакка, предмети бары өттүттэн сыныйан көрөн, атын элбэх предмети кытта тэҥнии тутан көрдөрүллэр, ырыттарыллар. Холобур: мээчик бэлиэлэрин булабыт: төкүнүк, эриэн, чэпчэки, тэйэр, алдьаммат, тимирбэт, тэстэр, сыта суох уо.д.а. Араас элбэх бэлиэлэри булларыахха сөп.  Ол кэннэ мээчикпит атын мээчиктэн туох уратылаа5ын, тугунан майгынныырын, кини мээчик буоларыгар сүрүн наадалаах бэлиэтэ тугун быьаартарабыт. Мээчиги оонньууртан атын туохха туттуохха сөбүн, алдьанна5ына тугу оҥоруохха сөбүн толкуйдуубут.

Ити курдук араас предметтэри о5о5о ырыттара үөрэттэххэ, кини ырытан, сирийэн-бол5ойон көрөр, чинчийэр, ойуулуур-дьүьүннүүр, имигэстик толкуйдуур,  айар дьо5ура аьыллар,  сайдар, тылын саппааьа үксүүр, айан кэпсииргэ бастакы хардыылар оҥоьуллаллар.

О5ону интэриэьиргэттэххэ, дьиктиргэттэххэ өйө, толкуйдуур дьо5ура аьыллар, быьаарарга, тобулларга ба5ата күөдьуйэр. О5о бэрт кыраны да5аны бэйэтэ толкуйдаан, сыралаьан, чинчийэн таьаарда5ына дуоьуйуо, кэлэр өттүгэр улэлииргэ, толкуйдуурга тардыьыа.

О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарар оонньууларга киириэхтэрин сөп:

  • Араас дидактическай оонньуулар;
  • Тыл оонньуулара;
  • Остуол оонньуулара (пазллар, лото…)
  • Оруоллаах оонньуулар;
  • Бэйэ айар оонньуулара;
  • Хамсаныылаах оонньуулар (мээчиги быра5ан саҥардыы: кун…. сырдык, чыычаах……ыллыыр)

Бастакы үөрэтиигэ о5олору ба5аларынан көрөн биирдиилээн а5ыйах бөлө5үнэн үөрэтэр табыгастаах. Иитээччи бэйэтэ тэҥҥэ оонньоьон, көрдөрөн, быьааран, хара маҥнайгыттан о5о5о эппиэтин этэн биэрбэккэ бэйэтэ толкуйдаан оҥорорун, туох эрэ түмүккэ кэлэрин ситиьиэхтээх. О5о кыра да ситиьиититтэн үөруутун тэҥҥэ үллэстии кинини ситиьиигэ кынаттыыр, онон бу үөрэтиигэ сүрүн ньыма буоларын өйдүүр наада. Маны тэҥэ о5ону оонньуунан бэйэ интэриэьиргэтэн, ханнык да күьэйиитэ суох оонньотуу, оонньуу кэмигэр о5ону сэмэлээьинтэн, кини дьайыыларыгар бэйэҥ санаа5ын таскар биллэрбэккэ, хомотууттан, кэ5иннэрииттэн туттунуохха. Холобур, «хайдах өйдөөн көрбөккүн, сатаан да толкуйдаабаккын», олоннугар о5ону кө5үлүүр өс хоьооннорун, ох, бэргэн тыллары туттуохха: «Кулгаах ыраа5ы истэр, харах чугаьы көрөр», «Тиэтэйиэҥ да бытаарыаҥ», «Көтөр өҥүнэн, киьи өйүнэн». О5ону өй оонньуутугар уьуйууга иитээччи, төрөппүт өттүттэн элбэх тулуур, бол5омто наада. О5ону хай5аан «Эн хайаан да сатыаҥ» диэн санаатын көтө5ө сырыттахха, о5о сыыйа бэйэтин сыыьатын булуна, сөптөөх быьаарыныыны ылына үөрэнэр. Сыыйа ыарахан сорудахтары толорон, о5о айар, толкуйдуур дьо5ура сайдарыгар олукууруллар. Бастаан боростуой, о5о сатыыр сорудахтарыттан са5алыыр ордук. Ситиьии саамай бастакы хардыыттан са5аланарын уонна улахан тутулуктаа5ын өйдүөххэ. О5о кыра сааьыгар бол5омтото ыьылла5ас, уьуннук кыайан тулуйан олорбот, онон чэпчэки, кыра соруда5ы биэриэххэ наада уонна оонньуу тургэнник тэтимнээхтик барарын ситиьиэхтээхпит. Маны тэҥэ о5о бол5омтотун, өйдөөн көрөр, дьо5урун сайыннарар инниттэн иитээччи соруйан соруда5ын сыыьа оҥоруон сөп, оччо5о о5о ону көрөн сыыьаны көннөттөрөн, инникитин бэйэтэ итинник сыыьаны-халтаны оҥорортон туттунар.

Өй оонньуутунан хайдах ба5арар, хаьан ба5арар дьарыктанарга сөптөөх усулуобуйаны тэрийии үөрэтии биир сүрүн ньымата буолар. Өрүү олорон эрэн оонньуур салгымтыалаах, сылаалаах. Кыра о5олор үксүн хамсана сылдьан, илии-атах тууйуллубакка, сөбүлүүр балаьыанньаларыгар туран, сытан дьарыктаналларын сөбүлүүллэр. Онон сорох о5о сытан эрэн оонньуурун сөбүлүүр буолла5ына оонньуурга сөптөөх гына тигиллибит сөрүө5э, көбүөргэ сытан эрэн оонньуон сеп, эбэтэр туран эрэн, хамсана сылдьан дьарыктаналларын сөбүлүүр о5олорго магнитнай дуоска5а, көьүрүллэ сылдьар остуолга табыгастаах миэстэни булан оонньуохтарын сөп.

О5ону толкуйдатарга араас ребустары, таабырыннары, задачалары, викториналары туьанар ордук. О5олор сорудахтары толорор кэмнэригэр ойуулаан, кырааскалаан илиилэрин сурукка бэлэмнииллэр.

Тумук

Билиҥҥи сайдыылаах кэм ирдэбилигэр сөп тубэьиннэрэн, о5о сааьынан, бэйэтин кыа5ынан көрөн сөп билиилээх-көрүүлээх,  сытыы өйдөөх-санаалаах, чобуо тыллаах-өстөөх, майгы-сигили өттүнэн эйэ5эс-элэккэй буолар.

Психологтар этэллэринэн о5о 5-6 сааьыгар барыны бары сэҥээрэн, интэриэьиргээн тургэнник ылынар кэмэ. Онон кини кыа5ын, ба5а санаатын хааччахтаабакка, толкуйдуу үөрэтэр наада. О5олор курэхтэьэ оонньуу таарыйа бэйэ-бэйэ5э сыьыаҥҥа, иитээччилиин бииргэ улэлээьиҥҥэ, өйдөьөргө үөрэнэллэр. О5о саҥаны, билбэтин-көрбөтүн чэпчэкитик, ыарыр5аппакка оонньуу нөҥүө ылынар.Олох көрдөрөрүнэн о5о төьөнөн өй үлэтин баьылыыр да, соччонон үөрэххэ интэриэьэ, ону тэҥэ билиигэ тардыьыыта улаатар.

Хас биирдии о5о ураты: сорох тургэнник имигэстик толкуйдуур, сорох бытааннык. Бытааннык толкуйдааьынөй мөлтө5үн туоьута буолбатах, үксүгэр толкуйдуур дьо5урун уратыта буолар.

Онон о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыыга улахан бол5омто уурар наада.

Туттуллубут литература:

  1. Н.Н.Афанасьева, Е.Г.Болурова «Толкуйдуурга уерэн», 2006 с.
  2. А.С.Максимова «Толкуйдатар оонньуулар», 2005 с.
  3. Т.А.Аммосова «Оскуола иннинээ5и саастаах о5олорго математика».
  4. Е.Н.Кириллина «Туннук», 1996 с.
  5. П.В.Аммосова «Дьиктилээх хонуулар», 2003 с.
  6. И.Е.Саввинова «Аьа5ас дор5ооннорго ыалдьыттааьын», 2010 с.
  7. У.Ф.Кондакова «Тыл оонньуута», 2002 с.
  8. М.Е.Степанова «Абылацнаах таайбарацнар», 2006 с.
  9. М.В.Васильева «Оонньоо, толкуйдаа, таай», 2004 с.
  10. О.П.Кононова «Алыптаах математика», 2010 с.
  11. Н.И.Филиппова, Г.Г.Филиппова «Тыл оьуора», 2002 с.

По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Хабылык о5о сайдыытыгар оруола

Хабылыгы былыр-былыргыттан  саха дьоно умсугуйан оонньуура. Ордук о5о аймах бэркэ моккуhэн, курэхтэhэн сиргэ тогуруччу олорон эбэтэр остуолга, олоппоско ооньууллара – эт хаан ой санаа оттун...

Остуол оонньуута "Дьиктилээх хонуу"

Остуол оонньуутун нөҥүө оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы...

Тыл сайдыытыгар хатылыыр дьарык. Улахан бөлөх.

Тыл сайдыытыгар хатылыыр дьарык. Улахан бөлөх.И.И.Каратаев 5-с дьарык. 72 стр...

Педагогического мероприятия для детей подготовительной группы Тема: «Байанай оонньуута»

Цель: воспитать мальчика как будущего защитника и добытчика. Приобщение детей к национальной культуре своего народаСаха. Закрепить знание об обычаях, традициях старины, о народных приметах, дать предс...

"Саха алпаабыта" остуол оонньуута

laquo;Саха алпаабыта» диэн остуол оонньуутугар ыҥырабын.«Саха алпаабыта» оонньууга 4 саастарыттан саҕалаан 2 – 4 ахсааннаах оҕо оонньуур.Сыала: Буукуубаны билэ үөрэнэрин...