Проект Торуччу, дьарык Эбэм холбуката
материал
Наьаа туьалаах диэммин уктум
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
дьарыктар, былааннар, бэйэни уорэхтээьин | 647.86 КБ |
Предварительный просмотр:
Бырайыак “Тѳрүччү”
Ст. иитээччи Иванова Екатерина Васильевна,
иитээччи Захарова Майя Алексеевна
Саха киһитэ туора сир киһитин көрсө түстэ да, төрдүн – ууһун ыйытар үгэстээх:: «Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх киһигиний?» диэн. Саха омук биир үтүө үгэһэ уруум – аймаҕым диэн өйдөбүлэ. “Төрөөбүт дьонун – сэргэтин, төрөөбүт норуотун кытта сибээһэ быһынна да, киһи үөтэлээбэт”,- диэн саха народнай суруйааччыта Софрон Данилов суруйан турардаах.
Оҕону иитии педагог – оҕо – төрөппүт схематыттан тахсан оҕо олоҕор алтыһар дьонун – сэргэтин бүтүннүү хабар. Оҕону иитиигэ ийэ, аҕа эрэ кыттар буолбатах – эдьий, убай, күтүөт, саҥас, эбээ, эһээ. Ыраах – чугас аймах бүттүүн хайа эрэ өттүнэн этэн – саҥаран эрэ буолбакка, быһыытынан – майгытынан, холобурунан иитэр – үөрэтэр. Хас биирдии ыал, уруу – аймах бэйэлэрэ да билбэттэринэн оҕону иитиигэ үтүө өрүттэрдээх, үгэстэрдээх. Ону таба көрөн, арыйан уһуйаан иитэр – үөрэтэр үлэтигэр туһаныахха, дьиэ кэргэни кытта биир сыалы – соругу туруорунуохха диэн өйтөн – санааттан бу бырайыак тэриллибитэ.
Аныгы кэмҥэ эдэр көлүөнэ уонна өбүгэ ситимэ мөлтөөтө, оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин өбүгэлэрин буолуохтааҕар чугас урууларын, аймахтарын туһунан билбэт. Холобурун ыллахха, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор эбэлэрин, эһэлэрин ааттарын, тугунан дьарыктаналларын билбэттэрэ – олоххо баар көстүү.
Бырайыак сыала: Кыра саастаах оҕоҕо төрүччүтүн билиhиннэрии.
Соруктара: Оҕоҕо дьиэ кэргэн историятыгар интэриэһи үөскэтии, төрөппүттэргэ, дьиэ кэргэн үгэстэригэр ытыктабыллаах сыһыаны иитии, төрөппүттэри төрүччүнү оҥорууга көхтөөхтүк кытталларын ситиһии.
“Төрүччү” бырайыак ыйдарынан былаана
№ | Ыйа | Темата | Ис хоhооно | Тѳрѳппүтү кытта үлэ |
1 | Бала5ан ыйа | Мин аатым кистэлэҥэ | Аат суолтиатын арыйар билэр-кѳрѳр ьдьарык | Оҕо дьиэ кэргэҥҥэ күүтүүлээх киhи, аатын суолтата – бэлиэтээhиннэр. |
2 | Алтынньы ыйа | Ийэм барахсан | Ийэ туhунан иэйиилээх кэпсээн | Ийэ туhунан презентация. Ийэҕэ аналлаах аралдьытыы. |
3 | Сэтинньи ыйа | Аҕабыт – дьиэ кэргэним эрэллээх эркинэ | Хаhыакка олоҕуран ис хоhоонноох кэпсээн | Аҕаларга аналлаах истиэнэ хаhыата. |
4 | Ахсынньы ыйа | Дьиэ кэргэним харыстыыр мала | Быыстапка «Дьиэ кэргэним харыстыыр мала” | Быыстапкаҕа хомуллубут маллар историялара. |
5 | Тохсунньу ыйа | Эргэрбит хаартыскалар кэпсииллэр | “Эргэ хаартыскаҕа кимнээх баалларый» бэсидэ | Эргэ хаартыскалартан фотоколлаж. |
6 | Олунньу ыйа | Мин дьиэ кэргэним талаана | Бэсиэдэ «Талаан биhиэхэ баар» | Талааннары кѳрдѳрѳр кѳрсүһүүлэр, маастар –кылаастар, мини -концерт. |
7 | Кулун тутар ыйа | Мин тѳрѳѳбүт ыйым - сулуhум бэлиэтэ | Кэпсээн оңоруу | Консультация «Сахалыы ыйдар суолталара». |
8 | Муус устар ыйа | Биһиги дьиэ кэргэн үгэһэ | Бэсиэдэлэhии: «Биһиги дьиэ кэргэн араас үгэһэ” | Хаартысканан оңоhуллубут кѳрдѳрѳр - папка |
9 | Ыам ыйа | Мин тѳрүччүм | Хас биирдии иитээччи төрүччүтүн портфолиота. | Төрүччү маhын схемата. Портфолиоҕа киирэр матырыйааллары хомуйан түмээhин. |
«Кырачаан гид» бырайыак
Старшай иитээччи Иванова Е.В.
Кэнники кэмҥэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор саҥалара мөлтөөһүнэ үгүстүк көстөр буолла. Улаатан иһэр кэмигэр тылын сайдыытыгар кэһиллии баара оҕоҕо бары өттүттэн мэһэйдэри үөскэтэр. Мөлтөх саҥалаах оҕолор ордук кыбыстанньаҥ, аҕыйах саҥалаах, бэйэлэригэр эрэлэ суох, атын дьоннуун кэпсэтиигэ кыттыспат буолаллар. Бу кыһалҕаны туоратар сыалтан биһиги музейнай эйгэҕэ ыытыллар тулалыыр эйгэни билиһиннэрэр дьарыктары атын ньыманан ыытарга соруммуппут. Ол ньымабыт сүрүнэ – оҕону бэйэтин экспонаттары билиһиннэрэр гид быһыытынан саҥарда үөрэтии буолар. Оччотугар оҕо тыллары сөпкө саҥарар, туттар буолуо, сааһылаан кэпсиир дьоҕура сайдыа диэн санааҕа кэлбиппит.
Бырайыак оҕолор билэ-көрө сатыыр баҕаларын туһанан, сөпкө саҥаралларын, кэпсииллэрин көҕүлүүргэ, иитээччилэрдиин уонна төрөппүттэрдиин бииргэ алтыһан үлэлииллэрин тэрийэргэ аналлаах.
Бырайыак көрүҥэ: уһун болдьохтоох
Сыала: оҕо сааһылаан саҥарар, кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы.
Соруктара:
• чинчийэр үөрүйэхтэри, сатабыллары сайыннарыы;
• гид быһыытынан кэпсиир-ипсиир культураҕа сыһыарыы;
• билэр-көрөр баҕаларын көҕүтүү;
• музей материалларын туһанан оҕо уонна улахан киһи бииргэ үлэлииллэрин тэрийии;
• саҥа тыллары үөрэтии нөҥүө оҕо тылын саппааһын байытыы;
• кэпсиир, кэпсэтэр сатабылларын сайыннарыы;
• оҕо саҥатын интонациятын, тиэмпэтин чочуйуу;
• кэпсэтиигэ бэйэтин санаатын толору этэ үөрэнэригэр уһуйуу;
• элбэх киһи иннигэр кэпсиир үөрүйэхтэрин сайыннарыы;
• оҕо бэйэтэ толкуйдуур, айар дьоҕурун сайыннарыы;
• оҕо тугу саҥарарын, саҥатын кыттары дьүөрэлээхтик хамсанарын хонтуруолланарыгар үөрэтии;
Оҕолору бэлэмнээһин үлэтэ 4 түһүмэҕинэн ыытыллар.
I түһүмэх:
- Бырайыакка сыһыаннаах, аналлаах методическай литератураны кытары билсиһии.
- Бырайыак сыалын, соруктарын, ыытыллыахтаах үлэ былаанын кытары төрөппүттэри билиһиннэрии.
- Экспонаттар тустарынан литературнай көмө материаллары булунуу, картотека оҥостуу.
II түһүмэх:
1. Уопсай дьон мустар сиригэр сиэрдээхтик сылдьарга иитии:
- Сөпкө, сыыһа суохтук саҥарар этикет быраабылаларын туһунан сэһэргэһии;
- Уопсай дьон мустар сиригэр тутуһуллар быраабылалары үөрэтии;
- Экспонаттары билиһиннэриигэ туттуллар хоһооннору, тэттик кэпсээннэри истии, үөрэтии;
- «Биһиги - гидтарбыт» оруоллаах оонньуу.
2. Экскурсовод, гид идэтин билиһиннэрии:
- Экспонаттары көрүү, экскурсовод, гид идэтин туһунан сэһэргэһии, видеосюжеттары көрүү;
- «Дьөhөгөй оҕото» нэһилиэк түмэлигэр оскуола оҕолоро гидтыылларын, хайдах үлэлииллэрин көрүү.
III түһүмэх.
- Эспонаттары чинчийии. Саҥа тыллары, терминнэри үөрэтии. Тыллары сөпкө саҥаралларын ситиһии.
- Экспонаттары билиһиннэрэр экскурсия былаанын оҥоруу.
- Уус уран литератураны, энциклопедиялары туһанан кэпсиир текистэрин оҥоруу.
- Экспонаттары билиһиннэрэр тиэкистэрин тылларын, этиилэрин үөрэтии.
IV. Түһүмэх.
- Иитээччи көмөтүнэн экспонаттары билиһиннэриилэрэ.
- Оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр кэпсэтиһиилэрэ.
- Төрөппүттэргэ, ыалдьыттарга экспонаттары билиһиннэриилэрэ.
- Гид оҕолор саҥаларын сайдыытын кэтээн көрүү.
Бырайыак кэмигэр туттуллар араас ньымалар:
- Экспонаттар тустарынан илии үлэлэрин тематическай быыстапкалара (уруһуйдар, оҥоһуктар, дьиэҕэ үлэлэр);
- Нэһилиэккэ ыытыллар быыстапкаларга сылдьыы, библиотекаҕа уонна музейга гид оҕолор үлэлэрин көрүү;
- Бөлөх иһигэр кылгас болдьохтоох музейнай экспозициялары тэрийии;
- Үөрэтэр-чинчийэр үлэ;
- Оруоллаах оонньуулар, аралдьытыылар;
- Сэһэргэһии (музейга, быыстапкаларга сылдьан тугу билбиттэрин-көрбүттэрин туһунан);
- Төрөппүтэринээн үлэҕэ практическай сорудахтар (хоһоон, кэпсээн үөрэтии, презентация оҥоруу);
- Экспонаттары саҥардыыга, хаҥатыыга төрөппүттэргэ сорудахтар.
Бырайыак чэрчитинэн күүтүллэр түмүктэр:
- Иитээччини кытары тэҥҥэ үлэлиир гид оҕолор үөрэнэн-иитиллэн тахсыахтара;
- оҕолор кэпсэтэн бодоруһууга бэлэм, аһаҕас буолуохтара;
- оҕолор болҕомтолоро, толкуйдара, кэтээн көрөр сатабыллара, саҥарар саҥалара, көрөн туран кэпсиир дьоҕурдара сайдыаҕа;
- билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥиэҕэ;
- экспонаттарга харыстабыллаахтык сыһыанаһыыны өйдүүр булуохтара;
- кыбыстыбакка, бэйэтин билиһиннэрэргэ үөрэниэхтэрэ;
- экспонаттар тустарынан билиилэрин научнай практическай ааҕыыларга туһаныахтара.
Түмүк
Музей – бу ааспыт көлүөнэ хаалларбыт үтүө үгэстэрэ түмүллүбүт, үйэтитиллибит сирэ; манна ханнык баҕарар экспонат бэйэтэ туһунан устуоруйалаах, кистэлэҥнэрдээх культура уонна искусство пааматынньыгар кубулуйар. Музей иитэр-үөрэтэр суолтата кырачаан киһи сайдыытыгар олус улахан суолталаах.
Музей дьиҥнээхтик буолан ааспыт олох кэрэһитэ буоларынан, билэр-көрөр баҕалаах улаатан эрэр оҕолору иитиигэ биир төһүү күүс буолар.
Бу бырайыак көмөтүнэн оҕо тулалыыр эйгэтин туһунан билиитэ эрэ хаҥаабакка, кини саҥарар саҥатын бары өрүттэрэ, кэпсиир-айар дьоҕура сайдар.
«Эбэм холбуката»
Иитээччи Захарова Майя Алексеевна.
Ыытыллар бөлөҕө: улахан – бэлэмнэнии бөлөх кыргыттара.
Тема: «Эбэм холбуката»
Алтыһыы: билии – көрүү,сэрэхтээх буолуу, бодоруһуу.
Бэлэмнэнии үлэ: Араас быһылаах, өҥнөөх таҥастары кырыйалларын слайданнан көрүү, кинигэ ойууларын көрүү, бэсиэдэ.
Туттуллар тэрил: туос иһиттэн холбука, иҥнэ,араас өҥнөөх сап, таҥас сыыстара, кыптый, сүүтүк.
Саҥа тыллар: туос холбука, сүүтүк.
Сыала – соруктара:
- Эбээ диэн киһиэхэ саамай күндү, чугас киһи буоларын, киниэхэ тапталы, убаастабылы иитии.
- Иистэнии көмөтүнэн оҕону, толкуйдуур дьоҕурун, кэрэни кэрэхсии, өҥү таба туһаныы сатабылын сайыннарыы.
- Бэйэ – бэйэҕэ харыстабыллаах истиҥ сыһыаны , ис санааттан баҕаран туран тигэргэ үөрэтии.
Киирии чааһа: Иитээччи холбуканы тутан туран эбээ туһунан ырыа ыллыыр.
Эбэм, эбээм барахсан
Үөрэ – көтө мичилий
Сиэҥҥин кытта дьолу билэн
Уһун – уһун үйэлэн.
Оҕолор иитээччи тула мусталлар. (иитээччи оҕолорго холбуканы көрдөрөр).
Иитээччи: Оҕолоор, көрүҥ эрэ, миэхэ туох баарый? (оҕолор эппиэттэрэ). Саамай сөп, эбээбит иистэнэр иһитэ – холбуката. Бу холбуканы миэхэ эбээм бэлэхтээбитэ. Оҕолоор, бу холбука иһигэр туох баарын билиэххитин баҕараҕыт дуо?
Оҕолор: Баҕарабыт.
Дьарык барыыта:
Сүрүн чааһа: Иитээччи: Оҕолоор, эбээ диэн биһиэхэ саамай күндү киһибит. Кини биһигини көрөр – истэр, аһатар – таҥыннарар. Биһиги туспутугар кыһаллар киһибит буолар. Биһиги эмиэ эбээбит туһугар кыһаллыпхтаахпыт, харыстыахтаахпыт, убаастыахтаахпыт. Хас биирдии оҕоҕо эбээтэ саамай кыраһыабай, саамай үчүгэй киһитэ буолар. Оҕолоор, бу сотору ханнык бырааһынньык буоларый?
Оҕолор: Эбээлэр, эһээлэр күннэрэ.
Иитээччи: Маладьыастар. Бу кэлэн иһэр бырааһынньыгынан мин эһиэхэ эбээлэрбит холбука диэн иистэнэр иһиттэрин билсиһиннэриэм. Бу эбээлэрбит эһиэхэ үтүлүк, бэргэһэ тигээри гыннахтарына туттар иһиттэрэ буолар. Бу иһит туостан оҥоһуллубут. Хаппахтаах. Туоһу араастаан оһуордаан оҥороллор эбит. Чэ, эрэ холбуканы арыйан иһигэр туох баарын көрүөххэйиҥ эрэ. (холбуканы арыйаллар). Холбука иһигэр иистэнэр маллар бааллар. Бу тугуй? (Иҥнэ, кыптый, таҥас, сүүтүк). (Ол кэмҥэ ааны тоҥсуйаллар. Таһыттан сахалыы таҥастаах Туйаарыма Куо киирэн кэлэр).
Практическай чааһа: Иитээччи: Туйаарыма Куо дорообо.
Туйаарыма Куо: Дорооболоруҥ. Мин эһиэхэ наһаа надалаах кэллим, бүгүн кыргыттар иистэнэллэрин истэммин сүүрэн аҕай кэллим. Бу мин кэтэ сылдьар сахалыы ырбаахыбар биир оһуорум сүтэн хаалбыт, ону баһаалыста оруобуна оннук оһуору тигэн биэриэххит дуо?
Иитээччи: Оо, оруобуна кэлбиккин. Биһиги бүгүн эбэм бэлэхтээбит холбукатын кыргыттарга билиһиннэрэ, кэпсии турабын. Кыргыттар, Туйаарыма Куоҕа көмөлөһөбүт дуо? (оҕолор эппиэттэрэ). Билигин биһиги таҥаска оһуор тигиэхпит. Ол, эрэн оҕолор, иҥнэҕэ, кыптыйга сэрэхтээх буоларбытын умнубаппыт. Чэ, эрэ кэлэҥҥит холбука иһиттэн туттар малларгытын ылыҥ уонна сөптөөхтүк олорон иистэниэҕиҥ.
1 этап: Таҥас сыыһыгар оһуор ойуутун түһэриэхпит. Таҥас үрдүгэр оһуорбутун уурабыт, испиниэгинэн туттарабыт. Иҥнэнэн оһуор устун тэһитэ анньан ойуулуубут. Иҥнэ суолун устун присыпка кутан тэнитэбит. Оһуорбутун сэрэнэн ылабыт. Таҥаска түспүт оһуорбут үрдүнэн штриҕынан уруһуйдуубут.
2 этап: Бу маннык түһэриллибит оһуору быысапкалыахха, оҕуруоннан тигиэххэ сөп.
(Туйаарыма Куо астыныыта, дуоһуйуута).
Оонньуу «Сахалыы оһуордар» (Спортзалга уруһуйдана сытар ойууларга оҕолору оонньотуу). Сыала: Сымсатык, сылбарҕатык хамсанарга эти – хааны сайыннарыы.
Иитээччи: Оҕолор, сынньана таарыйа хамсанан ылыаххайыҥ. Сиэттиһэн саалаҕа тахсан оһуордарга тиийдибит эрэ. Бу саахымат оһуор – Эбээлэрбит таҥас сыыһын олох бырахпаттара. Саахыматтыы аттаран таҥас таһаараллара. Хамсаныыта: атаҕы холбуу тутан наар хара, эбэтэр наар маҥан түѳрт муннуктарга саахыматтыы ойуу. Аны бу ураһа оһуор – бу оһуору туос иһит киэргэтиитигэр тутталлара. Хамсаныыта: тилэҕи тилэххэ сыһыаран ойуу устун хаамыы.
Рефлексия: Оҕолоор, эбээбит холбукатын кытта билсэн биһиги элбэҕи биллибит, өссө тугу биллигит?
Оҕолор: Иистэнэргэ, оһуор түһэрэргэ.
Иитээччи: Маладьыастар. Эһиэхэ баҕарабын хас биирдии бэйэҕитигэр маннык баай холбукалаах буоларгытыгар, эбээлэрбит үтүө үгэстэрин утумнаан илдьэ сылдьаргытыгар. Көрсүөххэ диэри, оҕолор.
«Суруналыыс идэтэ - кыра эрдэхтэн» бэйэни үѳрэхтээhиҥҥэ бырайыак
Иитээччи Захарова Майя Алексеевна
Билиҥҥи детсад иитиллээччилэрин сайдыы тэтимэ түргэнинэн иннилэригэр интириэһинэй олох күүтэрэ буолуо диэн сабаҕалыахха сөп. Улаатан, тус олохторугар ситиһиилээх, уларыйа турар тэтимҥэ тэҥник хардыылаһар кыахтаах буолалларын туһугар, оҕону кыра саастарыттан информацияны түргэнник, чэпчэкитик ылынан, ырытан, саҥаны билэн, араас түгэннэргэ ураты быһаарыныылары оҥорорго үөрэтэр тоҕоостоох кэм буолла.
Кыра оҕо үөрэх араас көрүҥнэригэр билэ – көрө сатыыр интириэһин сайдыыта оскуолаҕа бэлэмнээх барарын сүрүн оҥкула буолар. Оҕо бэйэтин сааһыгар сөпкө сайдан иһэрин бэлиэтинэн кини саҥарар саҥата сааhыгар сѳп түбэһэр ырааһа, чуолкайа, толорута буолар. Биһиги тылынан кэпсэтэр эрэ буолбакка тыл көмөтүнэн толкуйдуур – уруһуйдуур, айар дьоҕурбутун, информацияны иҥэринэр, хатыыр кыахтаахпытын сайыннарабыт.
Кыра оҕо төрөөбүт тылын дорҕооннорун эрэ буолбакка бары грамматическай, фонетическай үөрүйэхтэрин ылыныахтаах, ити өттүнэн оҕо мэйиитэ сөҕүмэр үлэни аһара чэпчэкитик толорор. Улахан киһиттэн оҕо уратыта итиннэ сытар. Ол иһин биһиги оҕо түргэнник толкуйдуур, элбэх информацияны чэпчэкитик ылынар дьоҕурун туһанаммыт оҕону саҥарда үөрэтэргэ саҥа технологияны – суруналыыстыканы туһаныахха сөп эбит диэн санааҕа кэллибит.
Суруналыыстыка диэн информацияны, биһиги түбэлтэбитигэр, буолан ааспыты хомуйан, сааһылаан СМИ (интернет, ТВ, радио, хаһыат) нөҥүө билиһиннэрии, тарҕатыы. Сөптөөхтүк тэриллибит эйгэ нѳҥүѳ оҕолор суруналыыс быһыытынан үлэлэрэ кинилэр сааһылаан саҥарар, камера иннигэр кэпсиир үөрүйэхтэрин сайыннарар.
Суруналыыс саамай сүрүн сатабыла – кини кэпсиирин көрүөхтээх, истиэхтээх публиканы өйүгэр оҥорон көрөн, камераҕа сөпкө туттан – хаптан, хараҕынан көрөн “диалогу” толору баһылааһына. Суруналыыс оруолун толорор оҕо инструкцияны толорор, микрофону, камераны сөпкө туттар, кэпсиир тематынан саҥатын интонациятын, мимикатын сатаан туһанар, сэhэргэhээччитин кытта кэпсэтиини сааһылаан ыытар, көмөлөсүһэр буолуохтаах.
Кыһалҕа: оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор тыл өттүнэн сайдыылара бытаарда, саҥарар саҥалара мѳлтѳѳтѳ.
Бырайыак информационнай каартата:
Бырайыак көрүҥэ: бөлөҕүнэн, уһун болдьохтоох.
Кыттааччылар: иитээччилэр, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро, төрөппүттэр, социум кыттыылаахтара.
Бырайыак сыала:
Суруналыыс идэтин билсиhиннэрии нөҥүө оҕоҕо ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
Соруктара:
- Аныгы технологияны туһанан суруналыыс идэтин билиһиннэрии;
- Оҕо суруналыыс буолан саҥарар-толорор дьоҕурун сайыннарыы;
- Инструкцияны тутуһан үлэлииргэ үөрэтии.
- Техническай туттар тэриллэргэ харыстабыллаах сыһыаҥҥа, сөпкө туттарга үөрэтии.
- Оҕо тылын саппааһын байытыы.
- Кэпсиир, кэпсэтэр сатабылын сайыннарыы.
- Оҕо саҥатын интонациятын, тиэмпэтин чочуйуу.
- Оҕо тугу саҥарарын, саҥатын кытары дьүөрэлээхтик хамсанарын хонтуруоллууругар үөрэтии.
- Диалокка кыттыһар сатабылларын күүһүрдүү.
Күүтүллэр түмүк:
Бу бырайыак чэрчитинэн оҕолор суруналыыс идэтин билэр, интервью көмөтүнэн дьону кытары сатабыллаахтык алтыһар, толору, чуолкай саҥалаах буолуохтара.
1 бэлэмнэнии.
- Бырайыак сыалын – соругун туруоруу, бырайыак былаанын оҥостуу;
- Төрөппүттэргэ бырайыак туһунан билиһиннэрии.
- бырайыакка туттуллар техническэй маллары түмүү, интернет ситимигэр страница арыйыы.
2 бырайыак олоххо киирэр үлэтин былаана:
Ыйдар | Тиэмэ | Үлэ ис хоhооно |
Балаҕан ыйа- сэтинньи ый | Мин -суруналыыспын | Суруналыыс идэтин оруоллаах оонньуу нөҥүө билиhиннэрии, туттуллар тэриллэри булунан түмүү, ыытыллар тэрээhиннэри хаартыскаҕа түһэрии, видеоҕа устуу. |
Ахсынньы - олунньу | Төрөөбүт күҥҥүнэн оҕо сааһым уйата! | Дьиэ кэргэнинэн эҕэрдэ сюжеттарын оҥотторуу, кѳрүү. Ыытыллар тэрээhиннэри хаартыскаҕа түһэрии, видеоҕа устуу. “Мин аҕам – мин киэн туттуум” видеоролик устуу, комментарийдаан кэпсээн холонуу |
Кулун тутар – ыам ыйа | “Сарыал” детсад иһитиннэрэр –кѳрдѳрѳр! | Ыытыллар тэрээhиннэри хаартыскаҕа түһэрии, видеоҕа устуу. Бэйэлэрин суруналыыс идэтигэр бастакы холонуулара |
3 этап түмүктүүр:
- былаан быһытынан видеосюжеты устуу, хаартыскаҕа түһэрии.
- Интириниэт ситимигэр оҕолор үлэлэрин угуу.
«Сиэркилэ» дьарык технологическай картата
(чинчийиилээх илиинэн үлэ )
Иитээччи Захарова Майя Алексеевна.
Ыытыллар бѳлѳҕѳ: улахан – бэлэмнэнии
Дьарык сыала:
- Сиэркилэ айыллыытын билиһиннэрии;
- Кэтээн кѳрүү, уопут нѳҥүѳ чинчинчийэр сатабылларын сайыннарыы;
- Кэрэни кэрэхсииргэ иитии.
Тутуллар матырыйаал: уу, тимир, сиэркилэ арааһа, фольга, өрус таастара, ракушкалар.
Дьарык этааба | Сыала | Туттуллар тэрил | Иитээччи дьайымала | Оҕо дьайымала |
Турукка киирии. | Оҕолору үлэлиир туруккка киллэрии. | Наҕыл музыка тыаһыыр. | Аламай күн сыламынан. Бу күһүҥҥү үтүө сарсыарда ыраас салгыны, үөрүүнү – көтүүнү, кэрэни муннубутунан эҕирийэн ылыаҕыҥ. Онтон туох баар куһаҕан санааларбытын, хомойууну айахпыт нөҥүө таһаарыаҕыҥ. | Оҕолор иитээччини үтүктэллэр. |
Киирии | Оҕо үлэлиир дьоҕурун уһугуннарыы. | И: Оҕолоор, эһиги остуоруйаны сөбүлүүгүт дуо? Ханнык аптаах остуоруйаны сөбүлүүгүтүй? Бүгүн мин эһиэхэ аптаах остуоруйаны кэпсиэҕим. Былыыр былыр ханнык эрэ государствоҕа олорбута эбитэ үһү Фея. Кини наһаа оҕолору сөбүлүүр эбит уонна эһигини кытта билсиэн баҕарар. Эһиги Феялыын билсиһэ бу остуоруйаҕа барыаххытын баҕараҕыт да? Өскөтүн эһиги күүскэ дьиктини итэҕэйэр буоллаххытына, биирдэ аптаах остуоруйаҕа баар буолуоххут. Харахпытын симэбит уонна аптаах тыллары саҥарабыт | Оҕолор болҕойон истэллэр Аптаах остуоруйа эйэҕэс Феята баар буол. Биир, икки, үс (ытыс тыаһа). | |
Дьарык тематын арыйыы | Оҕо билэр көрөр дьоҕурун сайыннарыы. Сиэркилэ үөскээһинин, айыллыытын билсиһии | Слайд: Королева көстөр. Слайд: (пещера таһыгар дьон олорор ойуута) | Фея киирэр. Ф: Дорооболоруҥ, оҕолоор. Аптаах, дьиктилээх дойдубар араас өҥнөөх сибэккилэр, бабочкалар бааллар. Бу дойдубар эйэҕэс, элбэҕи билиэн баҕарар олохтоохтор олороллор. Кинилэр дьикти сундууктарын аҕаллым. Бу сундуук дьиктитин кытары билсиэххитин баҕараҕыт дуо? Бу дьиктилээх сундуук иһигэр туох баарын билиэххэйин эрэ. Ханнык остуорйаҕа куһаҕан санаалаах Королева туохтан маннык диэн ыйыппытай: Миигиттэн ордук ньыламан маҥан сирэйдээх кырасаабысса ким баарый? Маладьыастар. (Сундуктан сиэркилэни хостуур). Сиэркилэ туохха наадалааҕый? Биһиги иннибитигэр олорон ааспыт дьоннор туохха бэйэлэрин мөссүөннэрин көрүнэ сылдьыбыттара буолуой? | Оҕолор эппиэттэрэ. Остуоруйа аатын таайаллар Оҕолор эппиэттэрэ |
Чинчийэр үлэ. Опыт № 1. Ууга бэйэ мөссүөнүн көрүнүү. | Уу сиэркилэни солбуйуутун чинчийии. | Икки таастаах уу. Вентилятор | Икки таастаах ууну киллэрэр. Онтон бииригэр түгэҕэр хараҥа ѳрүс таастара сыталлар Ии: Чэ, эрэ, бараммыт ууга бэйэбит мөссүөммүтүн көрүнүөҕүҥ эрэ. (бастакы тааска көстүбэт, иккис тааска көрүнэллэр хараҥа түгэхтээххэ мѳссүѳннэрэ кыратык көстөр) Ии: Аны тыаллаах күн уу долгуннурдаҕына киһи мѳссүѳнэ кыайан кѳстүбэт буолар. (вентиляторынан ууну долгуннурдар) Мөссүөммүт сатаан көстөр дуо? Ол аата тыаллаах күҥҥэ бэйэ мөссүөнүн көрүнэр табыгаһа суох эбит. | Чинчийэр үлэ: оҕолор икки тааска мөссүөннэрин көрүнэллэр. Түмүк: Бэйэ мөссүөнүн көстөрүгэр уу түгэҕэ хараҥа буолуохтаах. Күөл уута дириҥ түгэҕэ хараҥа ол иһин киһи мѳссүѳнэ кѳстѳр. Оҕолор түмүк оҥороллор: Уу-сиэркилэ биһиэхэ сөбө суох . |
Опыт №2 Тимири аалыы | Тимири сиэркилэ буолуутун табыгастааҕын чинчийэр көрөр ньыматынан быһаарыы | Слайд: тимир уһаара турар дьон Тимирдэр, тирээпкэлэр Слайд: Баайдар сиэркилэҕэ көрүнэ тураллара көстөр | Ии: ол курдук ууттан атын суолу көрдөөбүттэр. Сотору кинилэр тимир уһаарар буолбуттар. Өскөтүн тимири кичэллээхтик ааллахха бэйэ мөссүөнүн көрүнүөххэ сөп эбит. Онон тимиртэн сиэркилэ айбыттар. (Сундууктан тимир сиэркилэ хостуур). Ф: Оҕолоор, тимиргэ мөссүөммүтүн көрүнүөххэ эрэ. Көстөр дуо? Ф. бу остуолга тимирдэр сыталлар, ону ким тугунан ааларынан сиэркилэ оҥорорго холонуоҕуҥ. Ии: Оҕолоор, тимиртэн сиэркилэ оҥорор наһаа ыарахан үлэ эбит. Ол иһин маннык сиэркилэлэр баайдарга эрэ баар буолаллар эбит. | Оҕолор тимиртэн сиэркилэҕэ мѳссүѳннэрин кѳрүнэллэр уонна эппиэттэрэ Оҕолор тимири тимиргэ, тимири таҥаһынан аалан холоноллор. Түмүк: Тимиртэн сиэркилэни оҥорор уустук үлэ эбит. |
Физминутка | Оҕо этин – хаанын хамсаныы нөҥүө сынньатыы. | Музыка тыаһыыр. | Ф: Оҕолор, эһиги мин сиэркилэлэрим буолун. Мин хамсаныыбын үтүктээриҥ. | Оҕолор Фея хамсаныыларын үтүктэллэр. Оонньуу оҕо хамсаныытын үтүктэн уларыйыан сѳп. |
Практическай үлэ. Сиэркилэни оҥоруу | Ылбыт билиилэринэн, оҥорор сатабылларын сайыннарыы, өстүөкүлэттэн сэрэхтээх буолууларын санатыы. | Стекло, клей, картон, пластилин, кэмпиэт фольгата (Хас биирдии оҕоҕо) | Ии: оҕолоор, бу чинчийэн көрбүппүтүнэн уу, тимир киһи мөссүөнүн көрүнэригэр табыгыһа суоҕун биллибит. Ф: Оҕолор, мин эһиэхэ дьикти кэһиилээхпин. Бу боростой кэмпиэт буолбатах –аптаах кэмпиэт. (кэмпиэт суутун сүѳрэр, иһигэр сылдьар фольгатын хостуур) Бу фольга диэн матырыйаал. Ии: Дьэ, эрэ, биһиги мантан сиэркилэ оҥорон холонуохпут (оҕолорго эрдэ бэлэмнэниллибит матырыйаалларын түҥэтэр) бэйэбитигэр сөптөөх, дьоҕус сиэркилэ оҥостуохпут (Сэрэхтээх буолалларын санатыы) | Үлэ бэрээдэгэ: |
Түмүк: | Тугу билбиттэрин ыйытыы. Фея аптаах дойдуга барар. Сиэркилэлэрин бэлэхтиир. | Оҕолор Феяҕа махтаналлар |
Петр Тобуруокап хоһоонноругар тыыннааҕымсытыы, тэҥнээһин уус – уран ньымалара
салайааччы Захарова Майя Алексеевна
Чинчийдэ Менкяров Саян.
Оройуоннааҕы научно – практическай күрэххэ иккис бочуоттаах миэстэни ылбыта.
Петр Тобуруокап - оҕо литературатын классига. Саха народнай поэта, саха улуу Маршага, Чуковскайа дииллэр. Саха оҕото өйө уһуктуоҕуттан Бүөтүр Тобуруокабынан тылланар, кини ырыаларын олоҕун устата аргыс оҥостор.
Петр Николаевич Тобуруокап 1917с. Алтынньы 25 күнүгэрҮөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр булчут Ньукулай Тобуруокап уонна Евдокия Ксенофонтовна Иванова (Улахан Огдооччуйа) дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Биэһигэр 1922 с. төрөппүттэрэ оҕолорун үөрэттэрээри ийэтин дьоно олорор сирдэригэр Ороһуга көспүттэр. Уол аҕатын батан сааһыт, туһахчыт, тууһут, илимньит, мындыр булчут буола улааппыт. Ааҕарга өссө оскуолаҕа киириэн инниттэн таайа үөрэппит.
Биирдэ харыйа тымтыкка суруйа олорорун көрөн, таайа Василий ааҕарга-суруйарга үөрэтэн барар. Онон уолчаан 11 сааһыгар оскуолаҕа киирбитигэр иккис кылааска быһа таһааран үөрэппиттэр. Таайа быраатын кинигэни ааҕарга үөрэппит, айар үлэ кистэлэҥнэрин кытары билиһиннэрбит. Ол курдук уол хоһоон хайдах сурулларын аан бастаан таайыттан көрбүт истибит. Оччолорго, кумааҕы кэмчи кэмигэр кини көрдөҕүнэ, таайа кэтит лиискэ ортотугар эрэ суруйбут. Тымтыкка суруйа сылдьар киһиэхэ баҕалаах хаарыан кумааҕы икки кытыыта ыраас хаалбытын көрөн, уол олус дьиктиргээбит. Онуоха таайа хоһоон диэн маннык сурулларын өйдөппүтэ үһү.
Урукку өттүгэр Петр Тобуруокап оҕолорго анаммыт айымньылара «Чыычаахтар күнү көрсөллөр» (1970) уонна «Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр» (1986) хомуурунньактарыгар бэчээттэнэн тахсыбыттара. Петр Тобуруокап оҕоҕо аналлаах айымньыларын ойуулуур темата олус киэҥ: кырачаан ааҕааччы тулалыыр эйгэ, айылҕа, олох туһунан бары ыйытыыларыгар толору эппиэти биэрэллэр. Тобуруокап оҕо-аймаҕы кыра эрдэхтэн Ийэ дойдуну таптыырга, кининэн киэҥ туттарга, төрөөбүт норуокка ытык иэһи төлүүр дьоһун дьон буола улаатарга үөрэтэр.
Быйыл күһүн Перт Николаевич Тобуруокап 100 сааьыгар аналлаах хоһоон күрэҕэр кыттаарыбыт бөлөҕүм оҕолорунаан элбэх хоһоонун үөрэттибит уонна Тобуруокап хоһоонноругар чахчы да тыыннааҕымсытыы, тэҥнээһин курдук уус – уран ньымалары киэҥник туттар буолан бу айымньылар оҕоҕо чугас, өйдөнүмтүө эбиттэр дии санаатыбыт.
Онтон сиэттэрэн биһиги улуу поэппыт хоһооннорун чинчийэн көрөргө сананным. Сүрүн сыалбытынан буолар: поэт Петр Николаевич Тобуруокап ийэ тылынан айыллыбыт хоһоонноругар тыыннааҕымсытыы, тэҥнээһин уус – уран ньымаларын булан ырытыы.
Айылҕа кэрэтин ойуулуур айымньыларыгар Петр Тобуруокап тыыннааҕымсытыы, тэҥнээһин, эпитет курдук уус-уран ньымалары туттар буолан, оҕоҕо чугас, өйдөнүмтүө хартыыналар айыллаллар. Мин чинчийэр үлэбэр поэт үс хоһоонун ыллым, тоҕо бу хоһооннору ыллыгыт диир буолахха оҕоҕо судургутук өйүгэр хатанар. Оҕо кыра сааһыттан бу айымньылартан төрөөбүт төрүт тылын уус-уран күүһүн, кэрэтин илбиһин иҥэринэр, айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьоҕура тобуллар. Оҕо аймах тапталлаах суруйааччытын айымньылара ис хоһоонунан эрэ баай буолбатахтар. Ол курдук уус киһи бэйэтин оҥоһугун ураннык чочуйан оҥорорун курдук, поэт хоһооннорун араас өттүнэн оонньотон – чаҕылытан таһаарар. Кини манна араас ньыманы туттар, сүрүннээн тыыннааҕымсытыы уонна тэҥнээһин.
Ырыаҕа ылламмыт,
Хоһооҥҥо холбоммут
Маҥанчаан хатыҥым,
Мааныгын даҕаны!..
Үп-үрүҥ туоскуттан
Үүт сүөгэй кэлииһи,
Сэбирдэх аайыттан
Күөх былаат үүнүүһү!
(«Хатыҥ»)
Бу хоһооҥҥо саха мааны маһа хатыҥ саха хороҕор муостааҕар тэҥнэнэн тыыннаах буолан туоһуттан үүт – сүөгэй кэлэн биһигини соһутта.
«Буквалар оонньууллар» хоһооҥҥо буукубалар бытарыһа сырсаллар, мээчик хапсаллар, куннүүн тусталлар, куораттары туталлар, космонавт буолаллар, муораларга усталлар. Буукубалар оҕолор бэйэлэрин курдуктар: көрсүө-сэмэй кыргыттар, мэник –тэник уолаттар көрүлүүллэр, ыллыыллар, лааҕырдарга сынньаналлар, үҥкүүлээн тэйэллэр, костер тула корүдьүөһү кэпсэтэллэр, бука бары доҕордуулар.
Буквалар – оҕолор,
Уолаттар да кыргыттар,
Сорохторо улахаттар,
Сорохторо кыралар.
Бука бары доҕордуулар,
Биир звено курдуктар,
Биир этэрээт курдуктар,
Биир алфавит буолаллар.
Төрүт сахалыы иһиттэрбит ыалдьытымсах Кытыйа уонна Хамыйах бурдук ыһан хааһылаан хас да ыалы ыҥыран аһаталлар, махтал бөҕө туттулар.
Ыаҕас – солуур ылбыттар
Ыраах күөлгэ барбыттар
Уу бөҕөнү баспыттар
Уһаат аайы куппуттар
Ыллыы сылдьар кытыйа
Күлэ сылдьар хамыйах
Эрбии, сүгэ туппуттар
Эҥир тыаҕа ойбуттар
Суон тииттэри кэрпиттэр
Соһон – сыһан киирбиттэр
Ыллыы сылдьар кытыйа
Күлэ сылдьар хамыйах
Бурдук булан ыспыттар
Бурдуктарын быспыттар
Хааһы бөҕө буһартар
Хас да ыалы ыҥыртар
Ыллыы сылдьар кытыйа
Күлэ сылдьар хамыйах
Күлүү – салыы үксээбит
Көр – нар бөҕө элбээбит
Махтал бөҕө ылбыттар
Баһыыбаҕа топпуттар
Ыллыы сылдьар кытыйа
Күлэ сылдьар хамыйах
Хааһылара мэлийбит
Арыылара эстибит
Кыһамматтар оннуктан
Кыра дьыала аайыттан
Ыллыы сылдьар кытыйа
Күлэ сылдьар хамыйах.
«Уон» хоһооҥҥо автор эмиэ оҕо билэр өйдөбүлүнэн сыыппараны быһаарар:
Хааман кэлэрбэр
Атахтарым иккилэр,
Дайбаан-дайбаан биэрэрбэр
Илиилэрим иккилэр.
Эһигини көрөрбөр
Харахтарым иккилэр,
Кэпсииргитин истэрбэр
Кулгаахтарым иккилэр.
Петр Тобуруокап оҕолорго аналлаах айымньыларын өссө биир уратытынан кыралары умсугутар оонньуу көрүнүн туһаныыта буолар. Оонньууга эрэ оҕо олоҕу ырыҥалаан көрүүтэ сайдан барар. Ол да иьин Тобуруокап үгүс хоһооннорун киһи оонньуу-оонньуу ааҕар, толкуйдуур, ырытар.
Кинини Аҕ5а эптэххинэ,
О-ҕо эппиккин сиэҕэ,
Оттон Ы-га эптэххинэ,
Э-ҕэ эппиккин сиэҕэ!
(Ат-от, ыт-эт)
Көнөтүк аах –
Күн күлэ тахсыыта
Күлүмнүү сытыа,
Төттөрүу аах –
Түҥкэтэх тыаҕа
Тубэһэн ааһыа!
(Сиик, киис)
«Чабырҕахтар» уонна «Көрүдьүөстэр» тыл оонньуутун санаталлар уонна оҕо чуолкай саҥатын, өйдүүр дьоҕурун сайыннараллар:
Икки тыал ыал-ыал тыалырбыттар,
Ыал-ыал тыаллар табаарыстаспыттар.
Сылы сыллаан ыаллыы тыаллар
Тыалыраллара хайдах табыллар?
(«Чабыр5ахтар»)
Тобуруокап оҕоҕо аналлаах айымньыларыгар сатира уонна юмор силбэһэллэр. Автор кыра киһини аһынар, итэҕэйэр, холку куолаһынан итэҕэьи ойуулуур, мэниги-тэниги күүскэ сэмэлээбэт, аҕа табаарыс быһыытынан сиэрэ суохтан тэҥҥэ хомойор-хоргутар:
Онтон бүтээт, уолуҥ өссө
Оргууй саныыр ону-маны:
Моҕотойу куоттарбытын,
Мутуктан охтубутун,
Ыстаанын ыт хайыппытын,
Ыалдьан баран турбутун…
Уой, бу ким ынырар?!
Учуутала ыйытар!
Оо, үлүгэр да эбит!
Дьэ, кэһэйдэ киһибит!
(«Оо, үлүгэр да эбит!»)
Петр Тобуруокап оҕолорго анаан суруйбут айымньытыгар сороҕор улахан дьон проблемаларын эмиэ таарыйан ааһар. Ол курдук төрөөбүтт тылын билбэт киһи олоххо араас быһылааҥҥа түбэһиэн, эрэйи көрүөн сөбүн «Куорат уола хоноһо» айымньыга ааҕабыт. Оҕону төрөөбүт тылын билбэт гына иитии, биллэн турар, бу – төрөппүт буруйа буолар.
Сахалыы оҕо литературатыгар Петр Тобуруокап остуоруйа-поэма жанрын салгыы сайыннарар. Кини норуот остуоруйатыгар, олоҥхотугар олоҕуран «Чэрэлэ», «Хатырык уота халааннаах», «Чаный Чаҕаан», «Бурҕаллай» остуоруйа-поэмалары суруйбута. Автор остуоруйа айарыгар фольклор ис хоһоонун, муҥура суох фантазиятын, уобарастарын, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын туһанар.
Оҕо аймах тапталлаах суруйааччытын айымньылара ис хоһоонунан эрэ баай буолбатахтар, поэт ураты болҕомтотун айымньы тутулугар, куорматыгар эмиэ уурар. Ол курдук уус киһи бэйэтин оҥоһугун ураннык чочуйан, нарылаан оҥорорун курдук, поэт хоһооннорун кыладыйан, араас өттүнэн оонньотон-чаҕылытан таһаарар. Кини манна араас ньыманы туттар. Холобур, автор кырачааннарга анаммыт айымньыта дорҕооно кытта дьүөрэлэһэр ис мелодиялаах, тургэнник өйдөнөрүн наадатыгар сүһүөҕэ кылгас буолар эбит:
Кып-кыра
Чычып-чаап
Хап-хара
Харахтаах.
Кып-кыра
Чычып-чаап
Чап-чараас
Кынаттаах.
Кып-кыра
Чычып-чаап
Түп-түргэн
Сырыылаах.
Кып-кыра
Чычып-чаап
Үчүгэй да
Чыычаах!
Народнай поэт оҕо интэриэһин уус-уран маастарыстыбатынан эмиэ тардар. Ол курдук кини кырачаан ааҕааччытын соһутар, толкуйдатар сыаллаах омоним-рифманы туһанар:
Күрүөбүтүн атыыр оҕус
Көҥү көттө, тахса оҕус!
(«Уоһа хараарбыт»)
Түмүк
Ити курдук, Тобуруокап оҕолорго аналлаах поэзиятыгар сонун булумньулар, соһуччу санаалар, дьиктилэр-дьээбэлэр элбэхтэр. Онон кини хоһоонноро хаһыс да көлүөнэ саха кырачаан ааҕааччыларыгар олох дьиктитин арыйар, дьиктини сатаан булан көрөр, дьиктини эрэ оҥорор дьоһун дьон буоларга үөрэтэллэр. Онон поэкка тыыннааҕымсытыы, тэҥнээһин уус – уран ньымалар олус көмөлөһөллөр.
Тобуруокап эһэккээм
Эн дьикти хоһоонноруҥ
Арыт соһутан,
Арыт толкуйдатан
Элбэххэ да үөрэтэллэр.
«Үнүгэс» программаннан илии үлэтигэр дьарыктаныы.
Иитээччи: Захарова Майя Алексеевна
Ыытыллар сирэ: «Сарыал» оҕо саада
Темата: «Олоҥхо геройдара»
Сыал – сорук:
- оҕону кэрэҕэ сыhыарыы, сахабыт норуотун олоҕун – дьаhаҕын, культуратын биллэрии;
- оҕоҕо үлэлиир сатабыллары, үөрүйэхтэри билиини иҥэрэн дьоҕурун уhугуннарыы уонна сайыннарыы, бэйэтэ айар кыаҕын, баҕатын көҕүлээhин;
- бэйэ – бэйэҕэ көмөлөсүһүү, өйөhүү, биир санаалаах, эппиэтнэстээх иэйиитин иҥэрии.
Туттуллар тэриллэр: Мааннай куруппа, бэлэм герой уруhуйа, клей, киистэ, кыптый, салфетка.
Этаптара | Ис хоьооно |
Оҕолору дьарыкка бэлэмнээһин, сааһылааһын, Дорооболоһуу. Дьарык тематын сэһэргэһии. Шарик көтөн киирэр өссө конвердаах. Хас биирдии хаартысканы, хартыынаны көрүү. Ким тугу оҥорорун үллэстии. | - Үтүө күнүнэн! Оҕолоор бүгүн биһиэхэ ыалдьыттар кэллилэр. (Олонхо дойдутуттан Туйаарыма Куо уонна Кыыс Кыскыйдаан ) Кинилэр эһиги дьарыктанаргытын , төһө билиилээххитин көрөөрү кэлэн олороллор. - Бүгүн биһиги төһө улаатан бэрээдэктээх, элбэх билиилээх буолбуппутун көрдөрүөхпүт, оччоҕона эрэ биһигини олоҥхо дойдутугар ыҥыраллар. Сөп дуо? Билиибитин, бэрээдэкпитин көрдөрөбүт дуо? - Уой! Оҕолор көрүҥ эрэ бу туох биһиэхэ көтөн кэллэ? Өссө конвердаах. Суругу ылан көрөллөр. Туох да конверыгар суруга бичигэ суох. Кимтэн кэлбитэ биллибэт. Конвербытын аһан көрүөххэйиҥ эрэ. Конверт иһигэр хартыыналар бааллар Ээ суруктаах эбит. Билигин биһиги суругу ааҕыахпытын сөп эбит. Суругу ааҕаллар.(Күндү оҕолор дорооболоруҥ, олоҥхо дойдутуттан биһиги геройдар эһиэхэ хаартыскаларбытын ыыттыыбыт, ону эһиги өссө үчүгэй гына оҥорон биэрэн ыйаан туруохтара диэн эрэнэбит.) - Оҕолоо, олоҥхо геройдара биһиэхэ сорудах ыыппыттар эбит. Дьэ, биһиги бу сорудаҕы кыһаллан, ыраастык туттан үлэлиэхпит. Мин эһиэхэ мааннай курууппа уонна клей, акварель, киистэ , салфетка биэрэбин. Ону эһиги хартыына үрдүгэр мааннай круппаны сыһыаран баран, мааннай курууппабытын дьэ оруобуна олонхо геройун уобараһынан кырааскалыахпыт. |
Оҕолор үлэлии олорор кэмнэригэр олоҥхо геройдарын ойуулара көстөллөр. | - Чэ эрэ болҕомтолоохтук, ыраастык улэбитин саҕалыыбыт. Олонхо геройдарын ким биллэ? (Геройдары ыйытыы). |
Кырааскалатыы | - Чэ, эрэ билигин мааннайбытын клейдаан бүппүппүтүн кэннэ болҕомтолоохтук геройдарбыт хайдах өҥнөөх таҥастары, киэргэллэри кэтэ сылдьалларын экраҥҥа көрүөххэйиҥ эрэ. Уонна салҕыы ити клейдаабыт мааннай куруппаабытын акварелынан кырааскалыахпыт.( геройдар ойуулара слайдата көстөр). |
Физминутка | Физминутка. 1,2,3 иннигэр хаамабыт. 1,2,3 кэннигэр хаамабыт 1,2,3 уҥа өттүгэр, хаҥас өттүгэр. 1,2.3 тохтоон ылабыт. |
Үлэни хатарыы |
|
Боппуруоска эппиэттээһин. | Олоҥхоҕо хас дойду баарый? (ханныктарый?) Олоҥхоҕо үс дойдуну ситимниир ханнык мас баарый? Туйаарыма Куону ким быыһыырый? Дьөһөгөй оҕото диэн туоҕу ааттыыбытый? |
Түмүк. | Биһиги оҥоһукпут бэлэм буоллулар, онтон бу оҥорбут олоҥхо геройдарын биһиги манна көстөрүн курдук ыйаан кэбиһиэхпит. Туйаарыма Куо уонна Кыыс Кыскыйдаан эһиги үлэлэргититтэн наһаа үөрдүлэр уонна аныгыс сырыыга эһигитин олоҥхо дойдутугар ыҥырытыах буоллулар. (Муззалга баран олоҥхону көрүү). Билигин биһиги сорудахпытын толорон баран улэлээбит остуолларбытын ыраас баҕайытык хомуйан кэбиһэбит. – Маладьыастар! Үчүгэйи баҕара хаалабын. Мин дьарыкпар кэлэн кыттыбыккытыгар махтанабын. Көрсүөххэ диэри! |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Тулалыыр эйгэҕэ уонна тыл сайдыытыгар дьарык конспега
4-5 саастаах оҕолорго...
«Золушканы кытта Мультляндия дойдутугар айан» - дьарык технологическай картата
(Улахан бөлөх оҕолоругар электроннай хартыына көмөтүнэн ситимнээх саҥаны сайыннарыыга эрчийии технологическай картата)...
Улахан белех тумуктуур дьарык технологическай картата
Темата: «Остуоруйа дойдутугар айан»Сыала: О5о оонньуу кеметунэн билиитин ханатыы, чинэтии. О5ону интэриэьиргэтии, оонньуур дьарыгыттан дуоьуйууну ыларын ситиьии. Толкуйдуур дьо5урун сайынн...
«Хоһоон хонуулардаах, ырыа ыллыктардаах кэрэ эйгэ”- тема5а улахан бөлөх иитиллээччилэригэр аһаҕас дьарык суолдьута:
Сценарий открытого занятия, посвященного 100 - летию якутского писателя П. Н. Тобурокова...
А.Е. Кулаковскай –Ексекулээх Елексей о5олорго айымньыларынан дьарык конспега
Быьаарыы сурук: Иитээччи: Таатта улууьун Ытык-Куеллээллээ5и «Кэнчээри» ОСК улахан беле5ун иитээччитэ Шергина М.И.Тема: Ексекулээх Елексей «Самыыр» хоьооноУобаластар: уопса...
Дьикти туус дьарык
Саха республикатын “Таатта улууһа” муниципальнай оройуонунБаайаҕатааҕы “Ньургуһун” оҕо саада «БИГЭРГЭТЭБИН»:ст. иитээччи_________ /Неустроева А.А./«06&ra...
Проект "Эбээ аптаах холбуката" сборник сказок
Практическая значимость данного проекта основана на том, что сказка - это очень важный проводник жизни ребенка. Именно в дошкольном возрасте происходят глубокие изменения в социально – личностно...