НОД конспега: «Кыһын уратыта»
план-конспект занятия (старшая группа) на тему

Неустроева Альбина Ивановна

Таатта улууһун Баайаҕатааҕы «Ньургуһун» оҕо саада

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

НОД конспега: «Кыһын уратыта»

 

 

иитээччилэр:

Неустроева А.И., Неустроева Ф.С.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Баайаҕа

НОД конспега

МБДОУ д/с „ Ньургуһун” улахан бөлөҕө
Иитээччилэр:
Неустроева А.И., Неустроева Ф.С. 08.12.17.
Темата: «Кыһын уратыта»
О.о. алтыһыылара: «Худ. лит», «Безопасность», «Речевое развитие», «ХЭР».
Үөрэтэр сыала:
кыһын туһунан оҕолор билиилэрин ИКТ нөҥүө хаҥатыы.
Сайыннарар сыала: саҥарар, толкуйдуур дьоҕурдарын, тарбах былчыҥнарын  сайыннарыы.
Иитэр сыала: сэрэхтээх буолууга, бэйэ бэйэҕэ эйэлээх буолууга иитии.
Туттуллар методика, технология: КСО уонна тестопластика
Оҕо деятельноһын көрүҥнэрэ: коммуникативнай, двигательнай, продуктивнай.
Бэлэмнэнии үлэтэ: кыһыҥҥы хартыыналары көрүү,айылҕа уларыйыыларын, хаар кыырпаҕын быһаарыы, көрдөрүү, хоһоон үөрэтии.
Туттуллар материал: Икт Слайд , араас өҥнөөх туустаах тиэстэ, одноразовай тэриэлкэлэр ыстакааннар
 Дьарык хаамыыта:  4 этаптан турар. Барыта 25 мун.

  1. Киириитэ: 5 мун.
  2. Сурун чааьа: 6 мун.
  3. Опыт оноруута, о5олор тестопластиканан оҥоруулара:12 мун
  4. Тумук: 2 мун.

Туьаныллыбыт литература:

Уерэтэр тыллар:  Хаар кыырпаҕа, дьэҥкир,

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon nod_konspega_kyhyn_uratyta.doc45.5 КБ

Предварительный просмотр:

Таатта улууһун Баайаҕатааҕы «Ньургуһун» оҕо саада

НОД конспега: «Кыһын уратыта»

иитээччилэр:

Неустроева А.И., Неустроева Ф.С.

Баайаҕа

НОД конспега

МБДОУ д/с „ Ньургуһун” улахан бөлөҕө
Иитээччилэр:
Неустроева А.И., Неустроева Ф.С. 08.12.17.
Темата: «Кыһын уратыта»
О.о. алтыһыылара: «Худ. лит», «Безопасность», «Речевое развитие», «ХЭР».
Үөрэтэр сыала:
кыһын туһунан оҕолор билиилэрин ИКТ нөҥүө хаҥатыы.
Сайыннарар сыала:
саҥарар, толкуйдуур дьоҕурдарын, тарбах былчыҥнарын  сайыннарыы.
Иитэр сыала:
сэрэхтээх буолууга, бэйэ бэйэҕэ эйэлээх буолууга иитии.
Туттуллар методика, технология: КСО уонна тестопластика
Оҕо деятельноһын көрүҥнэрэ: коммуникативнай, двигательнай, продуктивнай.
Бэлэмнэнии үлэтэ:
кыһыҥҥы хартыыналары көрүү,айылҕа уларыйыыларын, хаар кыырпаҕын быһаарыы, көрдөрүү, хоһоон үөрэтии.
Туттуллар материал:
Икт Слайд , араас өҥнөөх туустаах тиэстэ, одноразовай тэриэлкэлэр ыстакааннар
 Дьарык хаамыыта:  4 этаптан турар. Барыта 25 мун.

  1. Киириитэ: 5 мун.
  2. Сурун чааьа: 6 мун.
  3. Опыт оноруута, о5олор тестопластиканан оҥоруулара:12 мун
  4. Тумук: 2 мун.

Туьаныллыбыт литература:

Уерэтэр тыллар:  Хаар кыырпаҕа, дьэҥкир,

Дьарык хаамыыта:

I .Киирии чааһа

„Кыһыҥҥы бэргэһэ” - (оонньуу)

   Оҕолор төгүрүччү олороллор (тураллар).Биир бэргэһэни оҕо кэтэр,  онтон атын оҕоҕо биэрэр, ол оҕо кэтэр, ол курдук кэтэ кэтэ баран иһэллэр, онтон иитээччи илиитин таһыннаҕына тохтууллар, ким бэргэһэ кэтэн турбут оҕо , ол хоһоон  ааҕар.(оҕолор биир,биир хоһооннорун ааҕаллар )
(Миэстэлэригэр баран олороллор)

II . Сүрүн чааһа

ИКТ Слайд. КЫҺЫН.
Оҕолор, көрүҥ экраны дьыл ханнык кэмэй?

Иитээччи ким кыһын туһунан кэпсиэн баҕарарый? (Баҕалаах оҕо тахсан кэпсиир)

Ира

Күн уота өссө мөлтүүр, сылыппат, уксүгэр тыкпат, кырыа халлаан хараҥарар, олус

тымныйар, туман түһэр, күүстээх чысхаан тыал, буурҕа түһэр, тыал хайысхата араастаан

уларыйар, күн өссө кылгыыр, түүн уһуур, хойуут сырдыыр, эрдэ хараҥарар.

Настя

 От-мас халыҥ

хаарынан, үрэх, өрүс, күөл мууһунан бүрүллэллэр, сир-дойду иһийэр.

Ол иһин үөн-көйүүр өлөр-сүтэр,утуйар, кыстыыр көтөр киһи олорор сиригэр чугаһыыр, эһэ арҕаҕар утуйар, бөрө ас көрдүүр түбүккэ түһэр, атын кыыл хорооҥҥо киирэр.

Сулус

Киһи олоҕун-дьаһаҕын булунар, оттук маһын дьаһайар, сүөһүтүн харайар, тустаах

үлэтинэн дьарыгырар (булчут бултуур, балыксыт балыктыыр, ыанньыксыт ынаҕын, табаһыт табатын көрөр, учуутал оҕолорун үөрэтэр уо.д.а.), оҕо-аймах детсадка, оскуолаҕа сылдьар,

бөһүөлэккэ дьон элбиир, кулуупка, детсадка, оскуолаҕа бырааһынньыктарга,

күрэхтэһиилэргэ, сынньалаҥ киэһэлэргэ сылдьаллар .

Иккис слайд. Хаар кыырпаҕа. (Иитээччи кэпсээһинэ)

Иитээччи  Хаар туһунан хоһоон билэҕит дуо?
Хоһоон. „Маҥан хаар” (бары)

 III. Үһүс чааһа. (Исследовательскай деятельность )

Иитээччи:  Бу тугуй? Таайыҥ кини тымныы, маҥан дьүһүннээх,таһырдьа баар, саас ууллар, күүскэ күн тыктаҕына.Оҕолор көрүҥ бу туохтарый? (Муус, Хаар,Уу)

Уу. Хайдагый? Туох туьалаагый? Уу ессе хайдах буоларый? Кыьынын уубут хайдах буолан хааларый?

Муус

Хаар


Хайдах дьүһүннээхтэрий? Хаар,муус тымныы, таһырдьа
таһырдьа атах сыгынньах хаарга үктэммэппит, атахпыт тоҥуо, кутталлаах.Туох уратылаахтарый?  Муус хайдаҕый?  Илиибитигэр ыллахпытына хайыырный? Муус сайыны сөбүлүүр дуу кыһыны дуу? Хаар? Уу.(Оҕолор быһараллар)
Муус ыарахан дуу хаар дуу?
Хаары уонна мууһу холбонор дуо?  Ууга муус тимирэр дуо? (Оҕолор боруобалаан көрөллөр).
Ууга хаары уктахпытына туга уларыйарый? Туох буоларый?
Муус туох туһалааҕый? (Иһэбит, хаҥкылыыбыт, киэргэтэн араас оҥоһук оҥороллор.)
Оонньуу: „Сыыртан сырылыыбыт”.
Билигин мууспутун сыыртан сырылатан көрүөхпүт. Мууспут сырылыыр дуо? Тоҕо сырылыырый? (Халтараан).Аны билигин мууспутугар кумах кутан баран сырылатан көрүөҕүҥ эрэ. Табыллар дуо? .Хайдах буолла. (Кумахха муус халтарыйбат).


 IV. Төрдүс чааһа. (Тестопластика)
Иитээччи:
Оҕолор аны маны көрүөҕүҥ.

Көрүҥ эрэ оҕолор онтон бу тугуй?
Хайдах дьүһүннээҕий?
Тутан көрүҥ эрэ, хайдаҕый?
Бу туустаах тиэстэ, эмиэ пластилин курдук,ким манан тугу оҥоруон баҕарарый?   (Оҕолор ким тугу сөбүлүүрүн оҥороллор, хаар киһи, хаар кыырпаҕын).

  V. Рефлексия.

Бүгүн дьарыкка туох туһунан кэпсэттибит, тугу сөбүлээтигит?.Кыһын буолара үчүгэй эбит дуо?  Дьыл кэмэ барыта үчүгэй. Биһиги кыһыны таптыыбыт.

 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

А.Е. Кулаковскай –Ексекулээх Елексей о5олорго айымньыларынан дьарык конспега

Быьаарыы сурук: Иитээччи: Таатта улууьун Ытык-Куеллээллээ5и «Кэнчээри» ОСК улахан беле5ун иитээччитэ Шергина М.И.Тема: Ексекулээх Елексей «Самыыр» хоьооноУобаластар: уопса...

Улахан белех о5олоругар тыл сайдыытын аhа5ас дьарыгын конспега Тема: «Транспорт»

Улахан белех о5олоругар тыл сайдыытын аhа5ас дьарыгын конспегаТема: «Транспорт»...

Болчомдор ло таскадаачынын jомо ижинин конспеги «Jас» (4-5 jашту балдарга)

Конспект НОД по ФЦКМ для детей средней группы на алтайском языке....

Аьагас дьайымал конспега

Комо матырыйаал...

орто бөлөх о5олоругар уруҺуй дьарыгын конспега

Дьарык сыала:  Оҕолорго уруһуй ноҥуө өбугэлэрбит олоро сылдьыбыт балаҕаннарын биллиһиннэрии. О5олору өбугэ ситимин кэрэхсиилэрин, сэҥээриллэрин билиһиннэрии. Дарык соруктара: - оҕо...