Оруоллаах оонньуу. "Космоска кетуу"
опыты и эксперименты (старшая группа)

Корнилова Анжелика Николаевна

Оруоллаах оонньуу о5ону бары еттунэн сайыннарар.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл oruollaah_oonnuu_kosmoska_ayan_stsenariya.docx29.03 КБ

Предварительный просмотр:

«Космоска айан»

Улахан бөлөх оҕолоругар оруоллаахоонньуу

Ыытыллар сирэ: “Ньургуһун” оҕону сацыннарар киин, Тойбохой сэл.

Бөлөх: Улахан.

Ыытыллр кэмэ: Муус устар ый, 2023 с.

Иитээччилэр: Корнилова А.Н., Петрова И.Н.


Оҕо куннээҕи олоҕун сэргэх, туһалаах оҥоруу уонна бэйэлэрин икки ардыларыгар үөрэ–көтө бодоруһууларын ситиһии биһиги иитэр–үөрэтэр үлэҕэ күннээҕи сорукпут буолар. Күннээҕи буолбут чаҕылхай түбэлтэлэр оҕо майгытыгар, дьоҥҥо сыһыаныгар дьайаллар уонна хас биирдии түгэн оҕолор түмсүүлээх буолалларыгар туһуланаллар. Биһиги хас биирдии оҕоҕо сиэрдээхтик сыһыаннаһан, кыра да түгэннэри, үгэстэри үрдүктүк туттахпытына, ытык өйдөбүллэр дириҥник оҕо өйүгэр – санаатыгар хатаналлар, этигэр – хааныгар иҥэллэр.

Ол курдук, биһиги улахан бөлөх иитээччилэрэ «Космос кистэлэҥэ» диэн бырайыакпыт чэрчитинэн иитиллээччилэрбитин кытта «Космоска көтүү» диэн оруоллаах оонньууну үөрэ – көтө оонньоотубут. Бу оонньууну оҕолор сөбүлээн, уһун  күн устата да ооньуохтарын сөп.

Биир идэлээхтэрбитин кытта «Космоска көтүү» диэн оруоллаах оонньуу сценарийын кытта үллэстэбит.

Оонньуу иннинэ ыытыллар үлэлэр:

«Космос кистэлэҥэ» презентация көрүү, «Космос», «Космонавтика» диэн бэсиэдэлэри ыытыы, Космос туһунан ойуулуктары керуу «Незнайка на Луне», «Тайна третьей планеты» уо.д.а. Айар кииннэри үлэлэтии: мэһийии, сыһыарыы, уруһуй, илиинэн үлэ. Төрөппүттэри кытта үлэ ыытыы. Уус-уран айымньылары оҕолорго кэпсээһин.

Туттар тэриллэр: Группаны космос эйгэтигэр анаан киэргэтии, космонавт, повар, быраастар көстүүмнэрин тигии, бэлэмнээһин.  Музыка.

Диспетчер хоһун оҥороргонаада: клавиатура, наушник, монитор, микрофон, радар уруһуйдара.

Быраас хоһугар: эмтэр, тэтэрээт,уруучука. Беговой дорожка, эргийэр тэриэлкэ, укааска, уо.д.а.

Космос аһын бэлэмниир киин: тюбиктар, хахтар, силим, кыптыый, скотч, ас угар кейс  уо.д.а.

Ракета оҥорорго: сымнаҕас муодуллар, клавиатура, телефон, монитор, радар ойуута, микрофон.

Космонавтарга: Саха Сирин былааҕа, фотоаппарат, скафандр, кислороднайбаллоннар. УлаханЫй.

Оонньуубарыла

Иитээччи:Үтүө күнүнэн, оҕолор, арайсарсыардакэлбитимАйсенСергейевичНиколаевтан посылка кэлбитэбит. Арыйан көрөбүт дуо? Оҕолоор эһигитугуыыппытабуолуодиисаныыгыт? (Посылка иһигэр Саха сирин былааҕа уоннасурукбаар). Саха сирин былааҕын тоҕо укпутабуолуой?

Оҕолорэппиэттэрэ:….

        Иитээччи суругу ааҕар:“Тойбохой сэлиэнньэтин, «Ньургуһун» уһуйаан, улахан бөлөҕүн оҕолоро үтүө күнүнэн! Мин эһиэхэ көрдөһүүлээх суруйдум! Эьиги уолаттаргыт наһаа өйдөөхтөр уонна күүстээхтэр диэн иһиттим, ол иһин эһиэхэ сорудах биэрэргэ сананным! Бу кэлэн иһэр Саха Республикатын күнүгэр анаан ыйга Саха сирин былааҕын илдьэн анньаргыт буоллар, Саха Сирин олохтоотохторо үөрүүбүт үгүс буолуо этэ! Уонна Ыйы «Кыым хаһыакка» анаан хаартыскаҕа туһэрэргит буоллар! Чэ, оҕолор, кытаатыҥ, эһиэхэ эрэлбит улахан! Ситиһиини баҕарабын!”

Иитээччи: Оҕолор туох диэн сурук кэлбитий?

Оҕолор: Ыйга Саха Сирин  былааҕын илдьэн уурабыт уонна хаартыскаҕа түһэрэбит.

Иитээччи: Тоҕо былааҕы анньабытый, оҕолоор? Туохбырааһынньыгабуоларый?

Оҕолор: Саха Республикатын күнэ!

Иитээччи:Маладьыастар, оҕолоор! Бүгүн космоска көтүөхпут. Оҕолоор,космоска көтөргөкосмонавтартугубэлэмнэнэллэрий? Туохтургутуунуааһалларый? Киннэргэкимнээх көмөлөһөллөрүй?

Оҕолор: Быраастардоруобуйаларынбэрибиэркэлииллэр.

Иитээччи:Сөп. Оҕолор, космонавтаркосмоска көтөллөрүгэрулаханхамаандаүлэлиир, олкурдук,быраастар, диспетчердар, повардар. Диспетчердэр сиртэнкосмонавтарыкыттасибээсолохтууллар, ракета космоска көтөргө төһөүчүгэйбэлэмнээҕин көрөллөр, такайаллар. Оттонповардаркосмическай ас бэлэмнииллэруоннакосмонавтары иҥэмтиэлээх аһынан аһаталлар. Быраастаркосмонавтардоруобуйаларынбэрибиэркэлииллэр, кииннэргэтургутууну аһардаллар.  Бүгүн кимнээхдоруобуйабэрибиэркэлээччибуолуоххутун баҕараҕыт? (быраасбуолар оҕолорго жетон бэриллэр).

Онтонкосмоскатахсан, космонавтар аһыылларыгаруонна көтөөрүтуран күүс-көмөэбинэллэригэркимнээх ас астааччыбуолуохтарын баҕараллар? (ас астаачыларгаэмиэ жетон бэриллэр).

Космоска көтөн тахсалларыгаркосмонавтарыкыттасибээсолохтуургадиспетчердаркимнээхбуолаллар? (жетон бэриллэр). Хаалбыт оҕолор, дьээппиэтинэстээх космонавт буолаҕыт.

(Жетоннарын көрөн оҕолороонньууроруолларынмиэстэлэригэрбараллар)

Иитээччи: Дьэ, эрэкосмонавтарбудиэккичугаһаан, эһигибастаанбалыаһаҕа медосмотр уоннатургутууааһаҕыт. Олбириэмэҕэ ас астааччыларкосмичиэскэй ас бэлэмниигит, диспетчердархараабылгытын көрөҕүт, бэлэмниигит.

(Оҕолор балыыһаҕа көрдөрөн, тургутуу ааһаллар, кафега аһыылларуонна

бэлэмнэммитастарынылаллар)

Иитээччи: Космонавтар балыыһҕга көрдөрүнэн, тургутуунуааһан, астарыныланбэлэмбуоллугут. Космоскатугугына көтөр этигитий?

Оҕолор:Ыйгабылааханньабыт, хаартыскаҕа түһэрэбит.

Иитээччи:Убаастабыллаахкосмонавтар, ракетаҕытыгаркиириҥ, эһиэхэ ситиһиини баҕарабыт!!!

(Олкэннэракетагаолоруубуолар)

Диспетчердар: Прием! Прием! Иһиллэр дуо? Космоска көтөргөбэлэмҥит дуо?  Бэлэмбуоллаххытына 5 сөкүүндэнэн ракета көтөр!

Космонавтар: Космоска көтөргебэлэммит!

Диспетчердар: 5,4,3,2,1. Ракета көттөө!!!

Диспетчердар: Прием! Прием! Прием! Хараабылгытыгарбарытаэтэҥҥэ дуо? (Салҕыы оҕолорбэйэлэрэкэпсэтэллэр).

Космонавтар: Барыта этэҥҥэ, ыйга тиийэн эрэбит! (Салҕыы кэпсэтэллэр)

Диспетчердар: Ыйга тиийэн бэриллибит сыалы этэҥҥэ толоруҥ!

Космоавтар: Сөп!!!

(Космоавтар ыйга тиийэн былаахтарын уураллар, ыйы хаартыскаҕа түһэрэллэр, ракеталарыгар төттерү киирэн олороллор)

Космонавтар: Прием! Прием! Прием! Биһигисыалбытынбарытынтолордубут! ТөттөрүСирбитигэрайанныыргабэлэммит.

Диспетчердар:Маладьыастар! Төттөрү көтөргөбэлэмнэниҥ! 5,4,3,2,1 көттүгүт! Этэҥҥэ Сиргитигэрэргиллэнкэлиҥ!

(Космоавтарсиргэ төннөн иһэн астарын аһыыллар)

Диспетчердар: Прием! Прием! Сиргэ эһигини көрсөргөбэлэммит!

Космонавтар: Биһигисиргэ түһэргэбэлэммит!

Диспетчердар: МаладьыастарСиргэтуруоруллубутсыалытолоронкэллигит!

(Оҕолор бары космонавтары көрсөллөр, ытыстарын таһыналлар,муусукатыаһыыр,

 ол бириэмэгэ космонавтарга уонна космоска көтөллөрүгэр бэлэмнэспит командаҕа

НВК корреспондена кэлэн, ыйытыыларын биэрэр)

Корреспондент: Мин ыйытыыбынбастаанкосмонавтаргабиэрэбин.

-Космоска көтөргөтуохтургутуунуаастыгыт?

- Космоскатуохсыаллаах – соруктаах көттүгүт?

- Космостан биһиги сирбит хайдах көстөр эбитий?

- Диспетчердар ракетаны бэлэмнииргэ,  көрөргө, көннөрөргө туох ыарахаттары көрүстүгүт? – Быраастар,  космонавтар доруобуйаларын хайдах бэрибиэркэлээтигит?

- Космическай ас астааччылар, тугу, хайдах иһиккэ бэлэмнээтигит?

Иитээччи: Бүгүҥҥү оонньууну хайдах ааста дии санаатыгыт? Өссө маннык оонньууну оонньуо этигит дуо?

(Оҕолорго оонньуу түгэннэриттэн таҥыллыбыт хаартыскалах “хаһыат”

 бэчээттээн түҥэтии)

“Тойбохой сэлиэнньэтин, «Ньургуһун» уһуйаан, улахан бөлөҕүн оҕолоро үтүө күнүнэн! Мин эһиэхэ көрдөһүүлээх суруйдум!

Эьиги уолаттаргыт наһаа өйдөөхтөр уонна күүстээхтэр диэн иһиттим, ол иһин эһиэхэ сорудах биэрэргэ сананным! Бу кэлэн иһэр Саха Республикатын күнүгэр анаан ыйга Саха сирин былааҕын илдьэн анньаргыт буоллар, Саха Сирин олохтоотохторо үөрүүбүт үгүс буолуо этэ! Уонна Ыйы «Кыым хаһыакка» анаан хаартыскаҕа туһэрэргит буоллар!

Чэ, оҕолор, кытаатыҥ, эһиэхэ эрэлбит улахан! Ситиһиини баҕарабын!”

                                    Эҕэрдэни кытта Айсен Сергеевич  Николаев

Дьокуускай к.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

оруоллаах оонньуулар кемелерунэн о5о5о идэлэр тустарынан билиилэрин хацатыы, бодоруьа уерэтии

Билинни уйэ5э о5о оскуола5а киирэригэр бэйэтин сааьыгар сеп тубэьэр билиилээх, толкуйдуур дьо5ура сайдыбыт, тыла-еье ыраас, хомо5ой буолара ирдэнэр. Бу сайдыылаах кэмнэ о5о билиини-ке...