Дьиикэй хаастар остуоруйа
материал по художественной литературе (старшая группа)
Предварительный просмотр:
"Дьиикэй хаастар" нуучча норуотун остуоруйата
Оруоллар:
А5а – Дохунаев Христофор
Ийэ – Ноговицына Саина
Машенька- Трифонова Лилиана
Уйбаанчык – Ноговицын Миша
Дьэгэ-Бааба – Харитонова Сайнаара
Ежик – Ноговицын Арылхан
Яблоня – Владимирова Оксана
Уруйэ – Ноговицын Стасик
Оьох – Харитонова Сияна
Хаастар: Ноговицына Саяна, Сотникова Дайаана, Лихонди Кристина
Хаьан эрэ, хана эрэр бу орто дойдуга хоту дуу, со5уруу дуу, илин дуу, ар5аа дуу олорбуттара эбитэ уьу орто сэниэ олохтоох ыал. Кинилэр кыыстаах уол о5олоохтор эбит, кыыстара Машенька, уоллара Уйбаанчык.
Арай биирдэ дьиэ иьиттэн ийэлээх-а5а тахсаллар. Туннугунэн Машенька енейер уонна эккирэтэн тахсар.
А5а: Биьиги дьаарманка5а бардыбыт, киэьэ кэлиэхпит, эьиги иккиэн эрэ хаала5ыт, наьаа мэниктээбэккэ сылдьаарын.
Ийэ: Уйбаанчыгы кере сылдьаар Машенька
А5а: Олбуор иьиттэн тахсыман, ейдеетугут дуо, тахсыбаккыт!
Ийэ: атыыьыттар бе5е кэлбиттэр уьу. Маша5а сана сарафан, Уйбаанчыкка сана кур а5алыахпыт.
А5а: Мин кыыьым улахан, о5отун Уйбаанчыгы керуе5э. Чэ биьиги айаннаатыбыт.
(Дьиэттэн Уйбаанчык тахсар, ийэтин кууьар, ийэтэ тебетуттэн эмирийэр.)
Ийэ: Эдьиийин Маша тылын истээр.
А5а: Чэ биьиги бардыбыт, Этэннэ олорун.
(Ийэлээх-а5а тахсан бараллар. Маша Дьааьыйар, тыылланныыр)
Маша: Кыргыттарбар баран оонньоон кэлэрим дуу, биир чаас оонньоотохпуна ийэлээх-а5ам билиэ суохтара.
(Быраатыгар чугаьыыр, петушок биэрэр)
Маша: Уйбаанчык бу эйиэхэ, мин сотору кэлиэм, эн хана да барыма манна олорон оонньоо.
(Маша дьирэнкэйдии-дьиэрэнкэйдии тахсан барар. Дьэгэ Бааба киирэр, ыраахтан одуулаан керер)
Дьэгэ-Бааба: Наьаа учугэй уол олорор. Ити уолу сиэбит киьи. Хаастар-хаастар! Ханна бааргыт?
Хаастар: Га-га-га
Дьэгэ-Бааба: Ити уолу мин дьиэбэр илдьин, тургэнник!
(Дьэгэ-бааба тахсан барар, хаастар уолга чугаьыыллар)
Хаастар: Дорообо Уйбаанчык! Хатааьылыаххын ба5ара5ын дуо? Кэл, оонньуохха!
(Хаастар сиэттиьэн баран дьирэнкэйдииллэр)
Хаастар: То5о иннэ олоро5ун уйбаанчык? Кэл элбэх буолан оонньуохха!
(Уйбаанчык ойон турар, хаастар сиэтэн ылаллар уонна ооньуу керулуу илдьэ бараллар. Тыаларга киирэн кестубэт буолаллар, Маша оонньоон кэлэр)
Маша: Дьиэбэр ыксыахпын наада, анны ме5уллэрим буолуо. Хайа быраатым? Уйбаанчык! Эдьиийгин куттаама! Ханна да барымаар диэбитим дии?!
(сиртэн хаас туутун булан ылар)
Маша: хайа бу иэдээни, бырааппны хаастар уорбуттар! Тугу гынабын? Ийэлээх-а5абар туох диибин? Мин хайаан да бырааппын булуохпун наада!
(Маша быраатын кердуу барар, оьоххо тиийэн кэлэр)
Маша: Наьаа да ер хаамтым, оьохчоон хаастар хайа диэки кеппуттэрин этиэн дуо?
Оьох: Бастаан бэрэскибин сиэ
Маша: суох, сиэбэппин. Тургэнник этэ о5ус – мин бырааппын хаастар хайа диэки илдьэ барбыттарын.
Оьох: Бэрэскибин сиэбэт буоллаххына хаастар хайа диэки барбыттарын эппэппин.
(Машенька сал5ыы барар, яблоня5а тиийэн кэлэр)
Маша: Яблоня иэдээн буолла бырааппын хаастар уорбуттар, хайа диэки кеппуттэрин этиэн дуо?
Яблоня: бастаан яблокабын сиэ, сиэтэххинэ этиэ5им
Маша: ол ыксыы сылдьаммын яблока сии туруом дуо?
Яблоня: яблокабын сиэбэт буоллаххына эппэппин
Маша: ессее итинник диигин дуо, атын кимтэн эмит ыйытыам, мин сал5ыы бардым.
(Машенька сал5ыы быраатын кердуур, уруйэ5э тиийэн кэлэр)
Машпа: Уруйэчээн Дьэгэ-Бааба ханна олорорун билэ5ин дуо? Бырааппын хаастар уорбуттар!
Уруйэ: Мин уубуттан истэххинэ этиэ5им
Маша: Суох, испэппин, ыксыы сылдьабын бырааппын кердуубун.
Уруйэ: уубуттан испэт буоллаххына хаастар хайа диэки кеппуттэрин эппэппин.
Маша: Мин сал5ыы барыам, ким эмит миэхэ этэн биэриэ5э
(Маша сал5ыы быраатын кердуу барар, арай кербутэ ким да кестубэт)
Маша: хайа ким да суох дии (ежик тахсан кэлэр)
Ежик: Машенька мин билэбин бырааккын кердуу сылдьаргын, бу утары суолунан баран ис, сотору буолаат Дьэгэ-Бааба дьиэтэ кетсуе5э.
Маша: Баьыыба, ежик.
(Дьэгэ-Бааба дьиэтэ кестер)
Дьэгэ-Бааба: хаастар-хаастар! Кэлин, хана сылдьа5ыт!
Хаастар: билигин биьигини оьоххо буьаран сиирэ буолуо
Дьэгэ-Бааба: Санаран бутун, уолтан хараххытын араарыман!
(Дьэгэ-Бааба Уйбаанчыкка бэчиэнньэ биэрэр)
Дьэгэ-Бааба: Мэ, уолчааным Уйбаанчык бэчиэнньэтэ сиэ, элбэ5и аьаа – улаат. (хаастарга этэр )Уолу кере сылдьын!
Уйбаанчык: Хаастар-хаастар, оонньуубут дуо!
Хаастар: суох, биьиги атын дэриэбинэгэ баар о5олору куттуу бардыбыт.
(Машенька Уйбаанчыкка суурэн тахсар, Уйбаанчык эдьиийин кууьар, ытыыр)
Маша: быраатым барахсан ытаама, дьиэбитигэр бардыбыт Уйбаанчык, ийэлээх-а5абыт кууппуттэрэ буолуо
(Кыыс быраатын сиэтэр уонна куоталлар. Дьэгэ-бааба дьиэтигэр кэлэр)
Дьэгэ-Бааба: Дьэ билигин оьохпун оттуом, бэртээхэй минньигэс аьылык буолоу, уолу сиэ5им! Хайа уолум суох! Хаастар-хаастар! Иэдээн, уолгут суох, уолгутун кербетеххут! Тургэнник булан а5алын! Ыксаан!
(Дьэгэ-Бааба тахсан барар, хаастар кердуу кетелдлер)
(Машалаах, Уйбаанчык уруйэ5э тиийэн кэлэллэр)
Маша: уруйэчээн, миигин бырастыы гын, кердеьебун биьигини саьыар, хаастар эккирэтэн иьэллэр.
Уруйэчээн: бырастыы гынабын, ол эрэн бастаан ыраас уубуттан иьин
(Машалаах Уйбаанчык ыраас ууну иьэллэр уонна саьаллар. Хаастар кете сылдьан кердууллэр, булбаттар. Махтанан баран Машалаах сал5ыы куоталлар, яблоня5а тиийэн кэлэллэр)
Маша: яблоня, миигин бырастыы гын, кердеьебун биьигини саьыар, биьигини хаастар эккирэтэн иьэллэр.
Яблоня: бырастыы гынабын, ол эрэн бастаан яблокабын сиэн
(Машалаах Уйбаанчык яблоканы сииллэр уонна саьаллар. Хаастар кете сылдьан кердууллэр, булбаттар. Махтанан баран Машалаах сал5ыы куоталлар, оьоххо тиийэн кэлэллэр)
Маша: Оьохчоон, миигин бырастыы гын, кердеьебун биьигини саьыар, биьигини хаастар эккирэтэн иьэллэр.
Оьох: бырастыы гынабын, ол эрэн бастаан бэрэскибин сиэн
(Машалаах Уйбаанчык бэрэскини сииллэр уонна саьаллар. Хаастар кете сылдьан кердууллэр, булбаттар. Махтанан баран Машалаах сал5ыы дьиэлэригэр сууурэллэр)
Маша: хайа ийэлээх-а5абыт кэлэ иликтэр эбит дии
(быраатын кытта оонньууллар, ийэлээх-а5алара кэлэллэр)
Ийэ: Биьиги кэллибит
А5а: Теье бэккэ олордугут?
Ийэ: Бу Машенька5а сана сарафан, Уйбаанчыкка сана кур а5аллыбыт (о5олор уерэллэр, баьыыбалыыллар)
А5а: Чэ, бары дьиэбитигэр киириэ5ин.
Бу манан биьиги остуоруйабыт тумуктэнэр, ким ейдеен истибит маладьыас!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Остуоруйа дойдута»
«Остуоруйа дойдута»Сыала-соруга:Үѳрэтэр: оҕону кыра, билэр остуоруйатын оонньоон кѳрдѳрѳргѳ үѳрэтии; геройдар образтарын (хамсаныытын, саҥатын) арыйарын ситиһии; Хартыынаны кѳрѳн остуоруйа аатын...
Проект театрализованной деятельности во второй младшей, средней группе «Остуоруйа дойдутугар» - «В мире сказки».
В настоящее время в психолого – педагогической работе остаётся актуальным вопрос о значении восприятия и переживания сказки для психического развития ребенка, становления его как личности...
Проект театрализованной деятельности во второй младшей, средней группе «Остуоруйа дойдутугар» - «В мире сказки».
В настоящее время в психолого – педагогической работе остаётся актуальным вопрос о значении восприятия и переживания сказки для психического разви...
Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)
сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...
"Куннэ ыалдьыттааьын" остуоруйа
Остуоруйаны оруоллаах оонньооьун...
«Остуоруйа дойдута» орто бѳлѳ5ѳр тѳрѳппүт мунньа5а.
quot;Сана уэрэх са5аланыыта- сана хардыы уьуйааммыт оло5ор, тэрэппуттэрбитигэр уонна иитиллээччилэрбитигэр."...
«Туос бастыначаан» остуоруйа
Оруоллларга:КыысИйэЭбээДьуегэлэрСибэккилэрСаьылларЧыычаахтарЭьэлэрБерелерКуобахтар Олорбута эбитэ уьу тыа са5атыгар ийэтин кытары кэрэчээн кыысчаан о5о ...