«Туос бастыначаан» остуоруйа
материал (старшая группа)
Оруоллларга:
Кыыс
Ийэ
Эбээ
Дьуегэлэр
Сибэккилэр
Саьыллар
Чыычаахтар
Эьэлэр
Берелер
Куобахтар
Олорбута эбитэ уьу тыа са5атыгар ийэтин кытары кэрэчээн кыысчаан о5о (кыыс уонна ийэтэ кестер). Киниэхэ тереебут кунугэр кунду киьитэ – иэйиэхсит эбээтэ туос бастына бэлэхтээбитэ (Кыыс уонна эбээтэ) – музыка тыаьыыр.
Онтон ыла кыыьы дьон-сэргэ бары Туос бастыначаан диэн ааттыыр буолбута.
Арай биирдэ ийэтэ кыыьы ыныран ылан этэр: Тоойуом, Туос Бастыначаан, бу ыа5ыйа5а арыылаах алаадьыны уонна кебуердээх лэппиэскэни эбээ5эр илдьэн биэр.
Кыыс: сеп, ийээ, илдьиэм.
Ийэтэ: Танара сэрэ5и таптыыр! Онно –манна аралдьыйбакка ыллык суолу тутуьан бараар.
Кыыс: сеп, ийээ ейдеетум.
Кыыс ыа5ыйалаах баран иьэн дьуегэлэрин керсер.
1 дьуегэ – Туос Бэргэьэчээн, утуе кунунэн!
2 дьуегэ – Ханна бардын бу?
Кыыс: эбээбэр кэьии илдьэн иьэбин.
3 дьуегэ – улэ куобах буолбатах, куотуо суо5а. Туос Бастыначаан, оонньуу тутуеххэ, дьиэрэнкэй тэбиэххэ! (Ункуу)
4 дьуэгэ – Кыргыттаар, сибэккитэ хомуйуохха.
Кыргыттар сибэккилии бараллар.
Кыыс: ээ, кырдьык да5аны. Бээ, бастынам устуум, манна ууруум (ченечеххе уурар).
Сибэкки, дьуегэлэр ункуулууллэр. Кыыс дьуегэлэрин кытта ункуу кэннэ тахсан бараллар.
Сибэккилэр хоьоон
(сибэккилэр тахсан бараллар). Кыыс киирдэ, ыксаабыт.
Кыыс: Уой, бары ханна бардылар! (кыыс уолуйар). Бастынам уурбут сирбэр суох дии, суппут. Эбээм барахсан хомойоро буолуо. Уйабар уу киирдэ диэбиттии буоллум дии … Хайаан да бастынабын булуом! (Тахсан барар).
Саьыллар киирэллэр. Ункуу.
1 саьыл – Уой, керун эрээ … бастына булан ыллым. Сатабыллаах саьыл са5алаах диэн маны этэллэр!
2 саьыл – Хайаа, наьаа учугэй дии … оруобуна миэхэ септеех эбит, а5ал миэхэ!
3 саьыл – Куескун эрдэттэн ерунумэ, миэхэ ордук барсар. А5ал!
4 саьыл – Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн! Бары мээрэйдээн керуеххэ! (тахсан бараллар).
Кыыс ытыы-ытыы киирэн ченечеххе олорор. Ол бириэмэ5э куобахтар киирэн ункуулууллэр.
1 куобах – хайаа, керун эрэ кыыс!
2 куобах – уой, кыысчаан, то5о ытаатын?
Кыыс: кун туллара, куьэнэ быстара кэллэ (ытыыр). Эбээм барахсан бэлэхтээбит бастынатын сутэрдим.
3 куобах – ытаама, кыысчаан, сыыьар сыыстаа5ар элбэх, эйиэхэ кемелеьуехпут.
4 куобах – оннук, кыра да куус, улахан кедьуус!
5 куобах – атас туьугар, атах тостор! Кердуу бардыбыт! (тахсан бараллар).
Кыыс ченечеххе олорор, эьэлэр киирэн ункуулууллэр.
1 эьэ – хайаа, бу ким манна уутаа5ар чуумпутук, оттоо5ор намыьахтык ытыы олорор?
Кыыс: ийэм тылын истибэккэ, аралдьыйаммын туос бастынабын сутэрдим (ытыыр).
2 эьэ – оо, ытаама, биир бэйэн биэс буолуон суо5а. Биьиги кемелеьуехпут.
3 эьэ – оо, дьэ, суеьу куруелээ5э, киьи тебелее5е учугэй.
4 эьэ – эр бэрдэ сэрэ5инэн, эьэ тыныра5ынан. Биьиги эйиэхэ булан биэриэхпит.
5 эьэ – Онноо5ор туу сурэхтээх. Биьиги эйиэхэ кемелеьуехпут.
6 эьэ – Тенкейдеххунэ эрэ тэллэй иьиккэ киирэр, отонноотоххо оноойук туолар. Кердуу бардыбыт! (тахсан бараллар).
Кыыс олорор: бастынам хайа харах кербетех, хапта5ай кулгаах истибэтэх сиригэр тиийдэ буолла (ере тыынар).
Берелер киирэллэр.
1 бере – Керун эрэ уолаттар, о5о олорор.
2 бере – Албыннаан хата илдьэ барыахха. Ас халлаантан туспэт!
3 бере – Албын киьи ус кулуктээх! Оннук гыныахха.
4 бере – Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хара5ын хастар! Бардыбыт!
Кыыска чугасыыллар.
1 бере – кыысчаан, туох буоллун?
Кыыс: бастынабын сутэрдим.
2 бере – ээ, биьи кербуппууут …
3 бере – биьигинниин барыс! Биьиги сытар ына5ы туруорбат берелербут (ункуу).
Кыыьы илдьэ бараллар.
Саьыллар киирэллэр.
1 саьыл (бастынаны тута сылдьар): Дьол хара5а суох, хата бастыналанным.
2 саьыл: киьиргээннин кирсин быстаарай. Миэхэ ордук барсар. А5ал!
3 саьыл: Силбин быьа ыйыстарым кэллэ. Миэхэ ордук барсар, мин бастынам!
4 саьыл: То5о эьиги эрэ ылыахтааххытый? Сэнээбиккитин сэттэ5итин ылаайа5ыт, мин бастынам! (былдьаьаллар, бастынаны ченечеххе уураллар).
Ол бириэмэ5э ччыычаахтар киирэн бастынаны илдьэ бараллар.
1 саьыл: уой, бастынам ханна баарый?
Бары: суох дии … кердуу бардыбыт (суурэн бараллар).
1 бере кыыьы кытта сиэттиьэн киирэллэр.
Кыыс: Уой, сурэ5им айахпынан тахсаары гынна. Ийэм сэрэхтээх буол диэбитэ. Бере5е этэр – кэбис, мин дьиэлиим, ийэм кууттэ5э буолуо.
Бере: ьа – ьаа … оро5ун булбатах кутуйах курдук буолума, бардыюыт! (тардыалаьаллар, ол бириэмэ5э кыыллар киирэн быыьыыллар, берену уурэллэр, кыыьы уоскуталлар).
Ол бириэмэ5э чыычаахтар киирэн бастыналаах ункуулууллэр.
1 чыычаах: биьиги эьиэхэ илии тутуурдаах, еттук харалаах кэллибит!
2 чыычаах: сылдьыбыт сыыьы, кердеебут кеьуйэ кемуьу булар.
3 чыычаах: дьол хара5а суох диэбитим, бастына5ын буллубут!
Кыыс уерэр, бастынатын кэтэр. Эбээтэ киирэр.
Эбээтэ: Тоойуом, Туос Бэргэьэчээн эн ийэн тылын истибэтэ5ин … арба5астаах да абыраабыт, бытырыыстаах да быыьаабат буола сыспыт. Билбэт дьону кытта кэпсэппэт буол, куьа5анныын до5ордоспут куьа5анна тисксэр.
Ийэтэ: Оьол турует терде – обот соллон. Сорох дьон – урдэ уус бэргэьэ, анна адьыр уу буолаллар.
Кыыс: Сеп, ийээ, мин барытын ейдеетум. До5отторбор барыларыгар улахан махтал. Ким элбэх до5ордоох – ол дьоллоох.
Бары: Норуот кууьэ – кемуел кууьэ!
Осуохай, поклон.
Бол5омто5ут иhин баhыыбаларын!
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
tuos_bastynachaan.docx | 21.57 КБ |
Предварительный просмотр:

По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Остуоруйа дойдута»
«Остуоруйа дойдута»Сыала-соруга:Үѳрэтэр: оҕону кыра, билэр остуоруйатын оонньоон кѳрдѳрѳргѳ үѳрэтии; геройдар образтарын (хамсаныытын, саҥатын) арыйарын ситиһии; Хартыынаны кѳрѳн остуоруйа аатын...
Проект театрализованной деятельности во второй младшей, средней группе «Остуоруйа дойдутугар» - «В мире сказки».
В настоящее время в психолого – педагогической работе остаётся актуальным вопрос о значении восприятия и переживания сказки для психического развития ребенка, становления его как личности...
Проект театрализованной деятельности во второй младшей, средней группе «Остуоруйа дойдутугар» - «В мире сказки».
В настоящее время в психолого – педагогической работе остаётся актуальным вопрос о значении восприятия и переживания сказки для психического разви...
Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)
сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...
Дьиикэй хаастар остуоруйа
Остуоруйаны оруоллаах оонньуу...
"Куннэ ыалдьыттааьын" остуоруйа
Остуоруйаны оруоллаах оонньооьун...
«Остуоруйа дойдута» орто бѳлѳ5ѳр тѳрѳппүт мунньа5а.
quot;Сана уэрэх са5аланыыта- сана хардыы уьуйааммыт оло5ор, тэрэппуттэрбитигэр уонна иитиллээччилэрбитигэр."...