Сэрэхтээх буолуу азбуката
материал по зож (1, 2, 3, 4 класс) на тему
Билинни олох сайдыытын тэтиминэн техника техника ахсаана элбээбитэ, кэнники сылларга о5о суолга - иискэ сылдьан оьоллонуута урдээбитин кытта ыкса ситимнээх. о5о оло5ор уонна доуробуйатыгар куттала суол буолуутун хааччыйар тэрилтэлэр истэригэр суруннээн уерэх кыьалара дьарыктаналлар. Хас биирдии оскуола сыала - соруга, бастатан туран, о5о оло5ун уонна доруобуйатын харыстааьын буолар.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Сэрэхтээх буолуу азбуката | 59.5 КБ |
Предварительный просмотр:
Министерство образования Республики Саха (Якутия)
Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение
«Онхойская основная общеобразовательная школа имени С.П. Федотова»
Презентация на тему:
Азбука по безопасности
Составитель:
Учитель начальных классов
МБОУ «Онхойская ООШ им.С.П.Федотова»
Дмитриева Анисия Алексеевна
Онхой
2017
Сэрэхтээх буолуу азбуката.
Билиңңи олох сайдыытын тэтиминэн техника ахсаана элбээбитэ, кэнники сылларга о5о суолга-иискэ сылдьан оhоллонуута үрдээбитин кытта ыкса ситимнээх. О5о оло5ор уонна доруобуйатыгар куттала суох буолуутун хааччыйар тэрилтэлэр истэригэр, сүрүннээн үөрэх кыhалара дьарыктаналлар. Хас биирдии оскуола сыала-соруга, бастатан туран, о5о оло5ун уонна доруобуйатын харыстааhын. Оскуола о5олоругар сэрэхтээх буолуу быраабылата араас таhымнаах уруоктарга, эбии дьарыктарга, кылаас чаастарга ыытыллар. Ордук суол-иис быhылааныгар, ыксаллаах быhыыга-майгыга, чуолаан алын сүhүөх о5олоро тубэhэллэр. Мантан оло5уран, биhиги кылааспытыгар анкета ыыттыбыт. Анкета сүрүннээн, о5о сэрэхтээх буолуу быраабылатын ис тутулун хайдах өйдүүрүн чопчулааhын. Ыйытык көрдөрөрүнэн, биhиги кылаас о5олоро сэрэхтээх буолуу туhунан уопсай өйдөбүллэрэ намыhах буолан та5ыста. Ол курдук кинилэр суолтан, уоттан, ууттан, муустан сэрэхтээх буолууну чуолаан ыйдылар. Онтон олоххо, тулалыыр эйгэ5э тахсар оьоллорго сэрэхтээх буолууну ким да ыйбата. Бу анкета түмүгүнэн, биhиги алын кылаас о5олоругар сиргэ-уокка, уулусса5а, дьиэ5э сэрэхтээхтик сылдьыы туhунан билиини кэңэтэргэ сананныбыт. Онтон сиэттэрэн, чуолаан алын кылаас о5олоругар «Сэрэхтээх буолуу азбукатын» оңордубут.
Сыала:
оскуола кыра саастаах о5олоругар суолга, уулусса5а, тулалыыр эйгэ5э сэрэхтээхтик сылдьыы быраабылаларын кэңэтии уонна чиңэтии.
Соруктара:
ойуулуур-дьүhүннүүр ньыма көмөтүнэн, чуолаан презентацияны туhанан, суолга-иискэ сылдьыы быраабылатын билии, сөптөөхтүк туhаныы;
о5о тулалыыр эйгэ5э бэйэтин доруобуйатын, оло5ун харыстыыр билиилэрин наардааhын, чопчулааhын;
о5о оло5ор, доруобуйатыгар тулалыыр эйгэ куттала суох буолуутугар төрөппүт оруолун үрдэтии.
Сэрэхтээх буолуу азбуката алын кылаас үөрэнээччитин сиргэ-уокка, суолга сэрэхтээх буоларыгар үөрэтэр уонна быhаарар. О5о билбит быраабылатын ыксаллаах быhыыга-майгыга сатаан туhанар буолара – бу улахан ситиhии.
Презентация 28 слайдтан турар. Хас биирдии слайд о5о өйүгэр-санаатыгар хатанар курдук ойуулаах-дьүhүннээх. Өйдөбүллэр алфавит бэрээдэгинэн бараллар. О5о оло5ор уонна доруобуйатыгар сэрэхтээх буолууга анаммыт араас таhымнаах тэрээhиннэргэ бу презинтацияны туhаныахха сөп. Проект сэрэхтээх буолууга киэң матырыйаалы хабар. Онон сэрэхтээхтик сылдьыы туhунан бэсиэдэни ыытарга уруоктарга, эбии дьарыкка киллэриэххэ сэп. Матырыйаал алын кылаас о5отун сааhыгар анаан учуоттанна.
А
Айыл5а5а сэрэхтээхтик
Сылдьаргытын умнумаң,
Сиэрдээх буолуу бэрээдэгин
Өрүү саныы сылдьаарың!
Б
Бензинэ суох техника
Харыс да сири халбарыйбат,
Олус туhалаах уматык
Буоларын бары билэбит.
Ол эрэн сэрэн бензинтэн -
Суhурдэр, туймаардар
кутталлаах,
Кыра да уот кыыма аттыгар
Улахан баhаарга тириэрдэр!
В
Велосипед ааттаах көлө,
Сыыдам сырыы, түргэн айан.
Сэрэн, суолга айаннаама-
Халтарыйыаң, кэтиллиэң.
Г
Грипп утары укуолу
Ыларың булгуччулаах,
Ыарыыттан ,тумууттан
Эйигин харыстыа.
Д
Доруобуйаң тупсарыгар
Хамсаа – имсээ, үлэлээ,
Күнү кытта тэңңэ тур,
Сүүрүү – көтүү аргыстан,
Спорду кытта эйэлэс!
Дь
Дьикти өңнөөх эмп арааhа
Араас хаалаах битэмиин-
Үкчү кэмпиэт курдуктар,
Сыңалыыллар: “Амсай!”-дииллэр.
Эми-тому амсайыма,
Ыйыппакка ыйыстыма.
Испит эмиң дьаат кэриэтэ,
Эккин-сииңңин сүhүрдүө.
З
Суолу туораан бараргар,
Анал суолу тутуhаар,
Кэрдиис бэлиэ оhуора
Үкчү зебра кэриэтэ.
И
Сорох уолчаан мэниктээн
Изолятор таастарын
Сыал ыта оонньооччу,
Салгыы ааhа турааччы.
Ол кэннэ дьиэлэргэ
Уот барар быhаччы.
Уолчааны бэйэтин соhуччу,
Күүстээх уот охсуо, эмискэччи…
К
Кабельга эн ончу чугаhаама,
Туо5ун да эн хостуу сатаама.
Быраабыланы кэспитиң туга кэлиэй?
Бэйэ5эр иэдээни оностуоң – ол баар!
Л
Кабельга эн ончу чугаhаама,
Туо5ун да эн хостуу сатаама.
Быраабыланы кэспитиң туга кэлиэй?
Бэйэ5эр иэдээни оностуоң – ол баар!
М
Күhүн, саас чугаhыгар
О5о –аймах мууска оонньуур,
Муус чараас буоларын
Ончу умнан кэбиhэллэр.
Күөл, өрүс “турарыгар”
Быhа суолу көрдөөмөң,
Хатааhылыы оонньоомоң,
Кытылынан даарбайымаң.
Н
Мөкү, саарбах быhыыттан
Харыстаның, о5олор!
Сорох о5о ардыгар
Уоран-кистээн табахтыыр,
Утахтары амсайар,
Куhа5ан дьаллыкка ылларар
Өйдөөн кэбис, толкуйдаа,
Аргы, табах киирсэр
Наркотик биир көрүңэр!
О
Оhол төрдө са5аланар
Сыыhа туттар дьайыыттан,
Сэрэ5э суох быhыыттан,
Суол бэрээдэгин билбэттэн.
Ө
Өстүөкүлэ кыырпа5ын
Илиигэр эн ылыма,
Туттуллубут баанканы
Мэнээк сиргэ быра5ыма,
Сиргэ-уокка хаалларыма.
П
Остуолбаттан провод
Намылыйан түспүт,
Ону тыыта сорунумаң
Чугаhаамаң да5аны!
Көрдөххө - көннөрү,
Сэрэхтээх эбит ис дьиңэ!
Тыытан көрөөрү соруннаххына,
Сиртэн туруо суоххун сөп.
Р
Көннөрү турар розетка
Көрүңэ эрэ боростуой,
Ис дьиңэр киирдэххэ,
Мал симэн көрдөххө,
Күүстээх уот охсуо,
Ыарыыта эйиэхэ буолуо!
С
Суолга өрүү сэрэхтээхтик
Сылдьа үөрэн бол5ойон,
Светофор анал уотун
Өйдөөн кэбис өрүүтүн.
Кыhыл уокка – туораама,
Ара5аска – бэлэмнэн,
Күөх уот көңүллүүр
Суолу туоруу охсоргор.
Т
Киин сиргэ, куоракка
Айан суолунан сылдьыма,
Сатыы киhи анал суола –
Тратуар диэн ааттанар.
Пешеход быраабылатын
Отой кэhиэ суохтааххын,
Суолга оонньуур бобуулаах,
Олус наhаа кутталлаах.
У
Сөтүө кэмэ буолла5ына,
Улаханныын- кыралыын
Ууга киирээн умсаахтана,
Сөтүөлээри сырсыахтара.
Билбэт уугар кииримэ,
Оройгунан мэниктээмэ,
Дьээбэлэнэн оонньоомо,
Уу дириңин мээрэйдээмэ.
УО
Уот баhаара са5аланар
Кутаа уоттан, испиискэттэн,
Дьон көтүмэх быhыытыттан.
Баhаартан, уоттан
Сэрэхтээх буол өрүүтүн!
Ү
Үүнээйи да араастаах,
Барыта туhалаах буолбатах,
Дьааттаах тэллэй кэриэтэ,
Сүhүрдэр да кутталлаах.
Билбэт оккун, отоңңун
Амсайыма отойун!
Ф
Фейерверк, салют уотун
Уматарың сатаммат,
Эмискэ дэлби тэбэн
Эчэтиэ илиигин,хараххын.
Х
Биири өйдөө булгуччу!
Тымныы чысхаан обургу
Иhэлитиэ иэдэскин,
Хаарынан ол иэдэскин
Ньуххарыйар
буолаайа5ын !
Ч
Айыл5алыын алтыhан
Эти-сиини эрчийии,
Төрүт аhы сэңээрии,
Ыраас-чэбдик буолааhын,
Кырда5аhы ытыктааhын,
Мөкү, саарбах быhыыны
Олоххуттан туоратыы,
Сиэри – туому тутуhуу -
Ол аата буолар, о5олор,
Чөл оло5у батыhыы!
Ы
Билбэт ыккар чугаhаама,
Имэрийэ сатаама,
Дьээбэлэнэн оонньоомо,
Эккирэтэн сырсыма.
Э
Телевизор, өтүүк, лаампа –
О5о оонньуура буолбатах,
Холбоон баран көрбөккө,
Араарбакка хаалларар -
Тиэрдэр улахан баhаарга.
Тулалыыр эйгэ, олох
Азбука букватын санатар,
Бэрээдэгин ыспакка
Сааhылаа эн мындырдык,
Оччо5уна оhолго
Түбэhиэң суо5а букатын!
Туhаныллыбыт литература:
- Начальная школа №2 2013.
- Сэрэхтээх буолуу анал кинигэтэ. «Якутскэнерго» Аьа5ас Акционернай Хампаанньа, 2005.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Тулалыыр эйгэ уруок ууга уонна ойуурга сэрэхтээх буолуу быраабылата
ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭУРУОК ТИЭМЭТЭ: УУГА УОННА ОЙУУРГА СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУУ БЫРААБЫЛАТА ...