Отонноотоххо оноойук туолар
классный час (2 класс)
Предварительный просмотр:
«Отонноотоххо оҥоойук туолар»
2с кылааһы түмүктүүр кылаас чааһа
- Учуутал киирии тыла:
-Күндү оҕолор уонна төрөппүттэр! Үөрэх дьыла түмүктэннэ. Бүгүн биһиги 2с кылааһы бүтэрэн 3с кылааска тахсабыт. Бу сыл устата элбэҕи биллибит, элбэххэ үөрэннибит. Ыарахан да, чэпчэки задачалары, уустук да, боростуой да эрчиллиилэри суоттаан оҥорон сылбытын түмүктээтибит. Бастаан эһигини саамай үөрбүт түгэни уонна тугу кыайбатахпытын төрөппүттэрбитин кытта үллэстиэҕиҥ, кэпсиэҕиҥ.
(оҕолор эппиэттииллэр)
Диана хоһоон ааҕар
Иван Мигалкин
«Оhуор ойуулаах оҥоойугум»
Оҥоойугум оhуор ойуулаах
Олус минньигэс отонноох,
Отону күөрчэххэ кутуохпут,
Ордугун барыанньа буhарыахпыт.
Кэлбит дьону күндүлүөхпүт,
Кэhии да оҥостуохпут,
Эбээм, эһээм үөрүөхтэрэ:
«Диана, маладьыас», - диэхтэрэ
- Бүгүҥҥү кылаас чааспыт «Отонноотоххо оҥоойук туолар» диэн. Ол эбэтэр, бүгүн эмиэ бөлөхтөрүнэн күрэхтэһиэхпит, сыл устата билбиппитин тургутан көрүөхпүт. Хас биирдии сөп эппиэт иһин отон ылан оҥоойуккутугар угаҕыт. Оҥоойукпутун толорорго кыһаллыахтаахпыт. Бастакы күрэһи Коля ыытыа. Сорудаҕы болҕойон истиэҕиҥ.
Коля
-Мин өйгө суоттурбун ордоробун. Билигин эһиэхэ илиистэри тарҕатыам. Икки мүнүүтэ устата илиискэ баар холобурдары суоттуугут уонна төннөрөҕүт. Элбэҕи сыыһата суох суоттаабыт команда оҥоойукка отон угар.
(Коля хомуйар, проверкалыыр, оҕолор оҥоойуктарыгар отон угаллар)
Эрсан
Мин атын дойдулар тустарынан арааһы билэ-көрө сатыырбын сөбүлүүбүн. Илиибэр араас дойду былаахтарын ойуута баар, таайыҥ. Биир комадаҕа 3 ыйытыы. Саамай элбэҕи таайбыт команда оҥоойукка отон угар.
(Эрсан таайтаран баран балл туруора, оҕолор оҥоойуктарыгар отон угаллар)
Амалия
-Мин ааҕарбын сөбүлүүбүн. Быйылгы үөрэх дьылыгар .... кинигэни аахтым. Эһиэхэ литература ааҕытын уруоктарыгар билбит айымньыларбытыттан таайбараҥ бэлэмнээтим.
(таайтарар уонна балл туруорар, оҕолор оҥоойуктарыгар отон угаллар)
Алёша
-А люблю учить стихи, читать и отгадывать на русском языке. Для вас подготовил викторину. Какая команда помнит больше рассказов и стихотворений на русском языке из материалов уроков чтения и русского языка.
(проводит викторину и ставит баллы)
Айсена
- А я люблю уроки английского языка. Поэтому хочу предложить игру на знание английского языка.
(Проводит викторину. Проводит игру)
Диана
-Я люблю разные подвижные игры. В этом учебном году я заняла 3 место в соревнованиях по прыжкам через скакалку среди девочек начальной школы. Сегодня для вас провожу игру на ловкость
(выходят по 1 из команд)
Дьулуур
-Мин спордунан дьарыктанарбын сөбүлүүбүн. Дьиэбэр эмиэ дьарыктанабын. Бүгүн эһиэхэ анаан «Саамай, саамай…» күрэхтэһии ыытыам.
(баҕалаахтар тахсан күрэхтэһэллэр)
Учуутал
-Оҥоойукпут туолла. Бу үөрэх сылын устата үлэлээбиппит туоһута буолар.
Сыл түмүгүнэн анал ааттары туттарабыт.
«Бастыҥ ааҕааччы»
«Түргэн суотчут»
«Бастыҥ буочар»
«Тииҥ мэйии»
«Бастыҥ спортсмен»
«Бастыҥ хоһоон ааҕааччы»
«Саамай элбэҕи ааҕааччы»
«Уран тарбахтаах»
«Бастыҥ омук тылын билээччи»
«Бастыҥ уруһуйдьут»
«Бастыҥ диктант суруйааччы»
Күрэхтэһии түмүгүнэн кыайбыт командаларга бириистэри туттарабыт………………………………………………………………….
…………………………………………………………………………………
…………………………………………………………………………………..
1.Үүннэ үтүө сайын,
Үөрэх күнүн түмүктээн.
Үтүө эрэ түмүктээх
Үчүгэй да күннэр
Үмүөрүһэн аастылар,
2.Хас уруок аайытын үлэлээн,
Хоһоону, ахсааны үөрэтэн,
Омуктуу да кэпсэтэн,
Билии-көрүү сүмэтин
Бииртэн-биири баһылаан
Бу сылга элбэххэ үөрэнним.
3. Үөрэххэ, үлэҕэ, күрэххэ
Үҥкүүлээн, ыллаан
Долгуйан, мөккүһэн,
Түмүктээтибит бу сылы.
4.Дорообо. самаан сайын!
Дорообо, уһун сынньалаҥ!
Көрсүөххэ диэри, аны күһүн,
Көрдөөх-нардаах кылааспыт.
Манан кылаас чааһын түмүктүүбүт. Барыгытыгар үчүгэй сынньалаҥы!