Внеурочная деятельность "Оһуорчаан"
рабочая программа (3 класс)

Дария Христофорова
В данном материале опубликована программа по ВУД "Оһуорчаан", предназначенная для учениц 3-го класса по рукоделию (вышивка, бисер)

Скачать:


Предварительный просмотр:

“Оһуорчаан” уруок таһынан дьарык программата

(3 кылаас)

Быһаарыы сурук

ФГҮӨС киириэҕиттэн оҕо бары өттүнэн сайдыылаах буолан тахсарыгар улахан болҕомто ууруллар буолла. Манна оҕо эбии дьарыгын бэйэтэ талара быдан табыгастаах. Кыыһы кыыс курдук, уолу уол курдук иитии түмүктээх буолар. Инники олохторугар билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥиир, сатабыллара элбиир.    

Сахаларга оҕону иитэр араас ньымалар былыр-былыргаттан элбэхтэр. Олор истэригэр үлэҕэ үөрэтии, кэрэҕэ уһуйуу сүрүн миэстэни ылаллар. Оҕо бастаан улахан дьону үтүктэр, онтон кэлин бэйэтэ айар-тутар буолар. Кыыс оҕо ийэтин көрөн-истэн, сүбэлэтэн иис, оһуор эйгэтигэр убанар. Иис, оһуор анньыы ылсыбыты тиһэҕэр тиэрдэргэ, сыал-сорук туруорунарга, иллэҥ кэми сөпкө аттарарга ордук көмөлөөх. Таҥаһы-сабы бэйэ киэргэтии, кэрэ оҥоһуктарынан дьиэни тупсаҕай көстүүлээх оҥоруу кыыс оҕону кэрэ эйгэтигэр кынаттыыр.

Ону таһынан, иис, уруһуй, быысыбайдааһын оҕо илиитин былчыҥнарын сайдыытыгар улахан суолталааҕын биллиилээх учуонайдар бэлиэтииллэр. 1928 сыллаахха В.М.Бехтерев, кэнники РАО үлэһиттэрэ, оҕо тылын сайдыыта илии тарбахтарыттан тутулуктааҕын быһаарбыттара. Төһөнөн оҕо тарбаҕа имигэстик хамсыыр да, оччонон оҕо саҥатын сайдыыта үрдүк буолар. Оҕо тарбаҕа сайдыбыт буоллаҕына, буочара да үчүгэй буолар.

Онон, хайа да өттүттэн көрдөххө, быысыбайдыырга үөрэтии туһата элбэх эбит.

Программа сыала:

Оҕону кэрэ эйгэтигэр быысыбайдааһын нөҥүө уһуйуу.

Соруктара:

  1. Быысыбайдааһын историятын, сайдыытын туһунан билиини кэҥэтии;
  2. Быысыбайдааһын араас көрүҥнэрин, техникаларын кытта билсиһии;
  3. Өҥү дьүөрэлииргэ, матырыйаалы таба таларга үөрэтии;
  4.  Саха норуотун культуратыгар интэриэһи үөскэтии, кэрэни сэҥээрэргэ, сүрэхтээх, тулуурдаах, ыраас туттунуулаах буоларга иитии;
  5. Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы, болҕомтону, толкуйу, айар дьоҕуру сайыннарыы.

Үөрэх былааныгар дьарык миэстэтэ

Уруок таһынан ыытыллар “Оһуорчаан” дьарык нэдиэлэҕэ 1–дэ ыытыллар, сылга – 34 чаас.

“Оһуорчаан” программа оскуола “Технология” хайысхатын программаларыгар олоҕуран оҥоһулунна. Олортон биири да үтүктүбэт, бэйэтэ туспа үөрэтэр, иитэр, сайыннарар соруктардаах. Оҕону быысыбайдааһын араас көрүҥнэригэр, техникаларыгар үөрэтэр. Алын кылаас кыргыттарыгар (7-10 саастаах) ананар. Программа  сылын аайы сүрүн тутула хатыланыан сөп эрээри, үлэ ис хоһооно уларыйар.    

Программа атыттартан уратыта, саҥата:

Оҕо ылбыт билиитигэр олоҕуран, тута бэйэтин баҕатынан схема, уруһуй оҥорон үлэлиир. Үлэ сүрүн көрүҥүнэн бэйэ бырайыагынан үлэ буолар.

“Оһуорчаан” программа үөрэтэр, иитэр соруктары таһынан, билиини-көрүүнү кэҥэтэр, айар дьоҕуру сайыннарар.

Программа сүрүн компетенциялара:

  • билэр-көрөр компетентность (быысыпка историятын билии уонна бэйэ билиитин хаҥатыы);
  • тэрийэр компетентность (бэйэ үлэтин былааннааһын, салайыныы, хонтуруолланыы, сөпкө сыаналааһын);
  • информационнай компетентность (араас информацияны бэйэ үлэтигэр сөпкө туһаныы);
  • эстетическэй компетентность (кэрэни таба көрүү, биһирээһин);
  • айар-тутар компетентность (айар баҕаны үөскэтии, сайыннарыы);
  • коммуникативнай компетентность (бэйэ үлэтин көмүскээһин);
  • социокультурнай (коллективка үлэлээһин).

Программа теоретическай уонна практическай чаастартан турар. Теоретическай чааска быысыпка историятын, суолтатын, араас көрүҥнэрин, быысыпкалыырга туттуллар тэриллэрин, таҥаска-сапка, дьиэҕэ-уокка туһаныыны, үлэлэри көрүү-харайыы туһунан билсэллэр, үөрэтэллэр. Практическай чааска быысыпка араас көрүҥнэрин туһанан үлэни толоруу киирэр.

Үөрэнээччи билиитин, сатабылын бэрэбиэркэлиир үлэлэр ыытыллаллар: тест (үлэлиир тэрили, быысыпка көрүҥнэрин сөпкө быһаарарга), бэсиэдэлэр, араас таһымнаах сорудахтар, түмүккэ быыстапкаларга кыттыы, кылаас иһинэн сыллааҕы отчуот.

“Оһуорчаан” программаны үөрэтии түмүгэр оҕо билиэхтээх: иннэнэн, кыптыыйынан туһаныы быраабылатын, быысыбайдыырга туһанар тэриллэри, саха таҥаһыгар оһуору туттууну, быысыпка 4-5 көрүҥүн, өҥү дьүөрэлээһини, схеманан үлэлиир ньымалары, сиппит  үлэни көрүүнү-харайыыны;  

Сатыахтаах: быысыбайдыыр тэриллэри сөпкө туһанары, 2-3 быысыпка техникатын, өҥү сөпкө талыыны, борустуой схеманан бэйэтэ үлэлиирин, уруһуй-схеманы бэйэтэ айан оҥорору.

Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ (личностнай):

  • дойду историятынан, кэрэни айар үлэһит дьонунан киэн туттуу;
  • атын норуот культуратын, итэҕэлин ытыктааһын;
  • билэр-көрөр, үөрэнэр баҕаны сайыннарыы;
  • кэрэни сэргээһин;
  • атын дьону кытта сатаан бодоруһуу, бэйэ санаатын туруорсуу;
  • сэрэхтээх уонна чөл буолууну тутуһуу.

Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметнэй):

  • үөрэх сыалын уонна соруктарын ылынар, олоххо киллэрэр дьоҕуру баһылааһын;
  • көрдүүр, ырытар, айар ньымалары сатаан туһаныы;
  • үлэни торумнуур, хонтуруоллуур, сыаналыыр сатабыллары иҥэринии;
  • бэлиэ-символлары туһаныы;
  • кинигэттэн, альбомтан, Интернеттэн сөптөөх информацияны булан туһаныы.

Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ (предметнэй):

  • киһи олоҕор үлэ суолтатын туһунан өйдөбүлү ылыы;
  • дьон үлэтин түмүгэ – норуот материальнай культурата буоларын туһунан өйдөбүлү иҥэринии;
  • быысыпка араас көрүҥүн баһылааһын;
  • ылбыт билиини, сатабылы айар үлэҕэ туһаныы.

Программа ис тутула:

1-чиэппэр “Быысыпка судургу (борустуой) көрүҥнэрэ”. (8 чаас)

  1. Быысыпка туһунан уопсай өйдөбүл. Араас норуот быысыпкатын көрүҥнэрэ. Аныгы быысыпка (үлэлэр быыстапкалара, альбомнар, презентация).
  2. Быысыпкаҕа туттуллар тэриллэр (иннэ, кыптыый, пяльцы), матырыйааллар (сап, таҥас) араастара. Быысыпкалыырга уһуктаах тэриллэргэ (иннэҕэ, кыптыыйга) сэрэхтээх буолуу, гигиена, үлэни тэринии быраабылалара. Үлэлиир тэриллэри бэлэмнэнээһин (таҥаһы пяльцыга туттарыы, иннэни кэтэрдии), бүппүт үлэни көрүү-харайыы (араамалааһын, ситэрэн тигии).
  3.  Быысыпка араастарын кытта билсиһии. “Вперед иголку”, “назад иголку”, “стебельчатый”, “тамбурный”, “гладь”, “крестик”. “Вперед иголку” (“кутуйах суола”) көрүҥү үөрэтии. Судургу ойууну таҥаска түһэрии (сибэкки, чыычаах, лыах), быысыпкалааһын.
  4. “Стебельчатай” (“сытыары хабарҕа”) анньыы көрүҥэ. Ойууну таҥаска түһэрии, быысыпкалааһын.
  5. “Сытыары хабарҕа” көрүҥү ситэрии.
  6. “Тамбурнай” (“уктаалыы”) анньыыны үөрэтии. Ойууну таҥаска түһэрии, быысыпкалааһын.
  7. “Гладь” (“мииннэри”) анньыыны үөрэтии. Ойууну түһэрии, быысыпкалааһын.
  8. Билиини бэрэбиэркэлээһин. Быысыпкаҕа туттуллар тэриллэр, сиик, анньыы көрүҥнэрин быһаарыыга тест.

2-чиэппэр (8 чаас)

  1. “Кириэстии” анньыыны үөрэтии. Канваҕа борустуой ойууну быысыпкалааһын.
  2. Тэтэрээт лииһигэр бэйэ ойуутун квадраттарга уруһуйдааһын.
  3. Үлэлиир канваны, сабы бэлэмнээһин. Ойуу-схеманан быысыпкалааһын.
  4. Ойуу-схеманан быысыпкалааһын.
  5. Ойуу-схеманан быысыпкалааһын.
  6. Ойуу-схеманан быысыпкалааһын.
  7. Ойуу-схеманан быысыпкалааһын.
  8. Сыл аҥардаах үлэлэр быыстапкалара.

3-чиэппэр “Саха омук оһуора-мандара” (10 чаас)

  1. Саха омук таҥаһын-сабын оһуорунан киэргэтии. Иис дьарыктаахтар оҥоһуктарын быыстапката. Альбомнары, кинигэлэри, презентация көрүү.
  2. Саха омук таҥаһы оһуордуур араас ньымалара. Сахалыы оһуор суолтата, уратыта.
  3. “Көҕүөр” ойуу суолтата. “Көҕүөр” ойууну уруһуйдааһын. Туохха быысыпкалыыры быһаарыы (суумка, кыра чаппараах, үтүлүк).
  4. “Көҕүөр” ойууну ситэрии.
  5. “Көҕүөр” ойууну ситэрии.
  6. “Көҕүөр” ойууну ситэрии.
  7. “Көҕүөр” ойууну ситэрии.
  8. “Көҕүөр” ойууну ситэрии.
  9. “Көҕүөр” ойууну ситэрии.
  10. Саха оһуорун көрүҥнэрэ, оһуор суолтата билиини бэрэбиэркэлиир тест.

4-чиэппэр “Проегынан үлэ” (8 чаас)

  1. Бэйэ сөбүлээбит быысыпка көрүҥүн талыы, үлэни былааннааһын, ойуу-схема оҥоруу.
  2. Ойуу-схеманан үлэ.
  3. Ойуу-схеманан үлэ.
  4. Ойуу-схеманан үлэ.
  5. Ойуу-схеманан үлэ.
  6. Ойуу-схеманан үлэ.
  7. Сыл устата барбыты, үөрэппити хатылааһын.
  8. Сылы түмүктүүр быыстапка. Үлэни көмүскээһин.

 

Туһаныллыбыт литература:

  1. А.С.Федоров. Өбүгэ сиэрэ-туома. Дьокуускай: “Бичик”, 2011.
  2. Елена Аммосова. Народные истоки творчества. Альбом. Якутск: “Бичик”, 1994.
  3. Кит Никол. Искусство вышивки: секреты мастерства. Москва: “Контэнт”, 2000.
  4. Мандар Уус. Саха ойуута-бичигэ. Альбом. Якутск: “Бичик”, 2007.
  5. С.И.Петрова, З.М.Заболоцкая. Народный костюм якутов. Новосибирск: “Наука”, 2013.
  6. Шарлотт Герлингс. Вышивка. Пошаговые мастер-классы для начинающих. Москва: “Эксмо”, 2014.
  7. “Лена рукоделие” сурунаал 2001, 2002 сыл №-дэрэ

 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

« Внеурочная деятельность в начальной школе в аспекте содержания ФГОС НОО. Основные направления внеурочной деятельности».

проектная работа на тему: « Внеурочная деятельность в начальной  школе в аспекте содержания ФГОС НОО. Основные направления внеурочной деятельности». раскрывает направления внеурочной деятельности...

Конспект выступления по внеурочной деятельности в общеобразовательной школе по внеурочной деятельности 1 класс

Выступление по внеурочной деятельности в общеобразовательной школе по внеурочной деятельности 1 класс с презентацией...

Рабочая программа внеурочной деятельности образовательная программа по конкретным видам внеурочной деятельности кружок «Детская риторика»

Предлагаемая программа кружка "Детская риторика" имеет культурологическую направленность. Предполагает развитие у детей способностей в общении, ориентации в конкретных речевых ситуациях....

Рабочая программа по внеурочной деятельности образовательная программа по конкретным видам внеурочной деятельности кружок «Этикет для младших школьников»

Данная программа по внеурочной деятельности "Этикет для младших школьников" призвана помочь растущему человеку в постижении норм человеческих отношений. А так же способствовать формированию гармонично...

Рабочая программа внеурочной деятельности по спортивно-внеурочной деятельности

Программа внеурочной деятельности по спортивно-оздоровительному направлению для  учащихся начальных классов в соответствии с ФГОС....

Внеурочная деятельность. Итоги первого полугодия внеурочной деятельности в условиях апробации Специального Федерального Государственного Образовательного Стандарта для детей с ограниченными возможностями здоровья. Общекультурное направление.

Обучая и воспитывая наших детей, как часто принято говорить о них  «особенные», мы не только сохраняем им как можно дольше детство, но обучаем их через театр как улыбаться, как показывать разные ...

АВТОРСКАЯ РАБОЧАЯ ПРОГРАММА внеурочной деятельности «ФОРМИРОВАНИЕ СОЦИАЛЬНО-ЛИЧНОСТНЫХ КОМПЕТЕНЦИЙ СРЕДСТВАМИ ВНЕУРОЧНОЙ ДЕЯТЕЛЬНОСТИ»

Авторская программа внеурочной деятельности  может быть рекомендована к применению и тиражированию....