Проект "Сулус" совместно с родителями
проект

Ноева Сата Ивановна

Проект "Сулус" совместно с родителями

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл sulus_proekt2.pptx2.1 МБ
Файл doklady_na_proekt.rar68.97 КБ

Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

«СУЛУС» 4c кылаас т өрөппүттэрин кытта 2019 – 2020 үөрэх дьылыгар үлэ проега Кылаас салайааччыта: Сата Ивановна Ноева

Слайд 2

« С эриигэ атаарбыт алаастар » « С ибэкки дьөрбөтүн уунуохпут » « У тум » « Л учики добра» « У мнуллубат ааттар » экология в олонтерство п атриотическай Чинчийии , творческай дьиэ-кэргэн

Слайд 3

« С ибэкки дьөрбөтүн уунуохпут » « У тум » « Л учики добра» « У мнуллубат ааттар » « С эриигэ атаарбыт алаастар »

Слайд 4

« Сулус » проект былаана Проект аата Тэрээһин Эппиэтинэстээх дьиэ кэргэн К үнэ, дьыла 1 « Умнуллубат ааттар » НПК, доклад Мордускиннар Балаҕан ыйа –алтынньы 2019 сыл 2 « Утум » Хоһоон күрэҕэ, видео конкурс Решетниковтар Лукиннар Сэтинньи ый 2019 сыл 3 «Лучики добра» Акция “ Туос операция”, акция «Подари тепло» Анемподистовтар , Николаевтар Сэтиннь и –ахсынньы 2019 сыл 4 « Сэриигэ атаарбыт алаастар » Хаьыат оҥоруу, хоһоон айыыта Рахматуллиннар , Чувашовтар Тохсунньу 2020 сыл 5 « Сибэкки дьөрбөтүн бэлэхтиэм » Сибэкки олордуута Григорьевтар, Варламовтар Олунньу – балаҕан ыйа 2020 сыл

Слайд 5

« Умнуллубат ааттар » Сыала : А5а дойду сэриитигэр , хоту к өһөрүүгэ кыттыбыт аймахтарбыт ааттарын үйэтитии

Слайд 6

« Утум » Сыала: д ьиэ –кэргэҥҥэ аҕа оруолун күүһүрдүү

Слайд 7

«Лучики добра» Сыала : сэрии о5олоругар, хоту к өһөрүллүү кыттыылаахтарыгар үтүлүк, туос бэлэхтээһин

Слайд 8

« Сэриигэ атаарбыт алаастар » Сыала : төрүттэрбит сэриигэ барбыт алаастарын туһунан сырдатыы, алааһы ойуулааһын, хоһуйуу

Слайд 9

« Сибэкки дьөрбөтүн уунуохпут » Сыала : сибэкки олордон нэһилиэк кырдьаҕастарыгар бэлэх уунуу



Предварительный просмотр:

С.Д.Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата

Номоххо киирбит булчут-буойун.

                                                                               Толордо: Мордускин Антон,

                                                                      4 кылаас үөрэнээччитэ.

2019 сыл

        Мин хос-хос эһээм, Мордускин Николай Петрович, 1922 сыллаахха төрөөбүт. Аҕата, кытай оҕонньоро, элбэх оҕолоох буолан бэрт кырыымчыктык олорбуттара үһү. Кини бэрт кыра эрдэҕиттэн бултаан-алтаан киһи-хара буолбута биллэр.

        1941 сыллааҕы сэрии дойдуну аймаабыта биллэр. Турар-турбат барыта ийэ дойду көмүскэлигэр турбута. Хос-хос эһээбин, Николай Петрович Мордускины, 1941 сыллаахха сэриигэ ыҥырбыттар. Генерал Белов аатырбыт кавалерийскай корпуһугар түбэһэн сэриигэ киирсибитэ. Кини кыһын Москва куорат иһин сэриилэһиигэ, Сертуков чугаһыгар хабыр кыргыһыыларга кыттыбыта биллэр. Ахсынньы ыйга ыараханнык бааһырбыта. 1942 сыллаахха сэрии инбэлиитэ буолан дойдутугар эргиллибитэ.

        Мындаҕаайыга ыал буолан биир уол оҕоломмуттара. Ол мин эһээм аҕата Мордускин Николай Николаевич этэ. Николай Петрович кэлээт да колхозка кадровай булчутунан анаммыта. Сэрии сылларыгар дойдутун  дьонун, Мындаҕаайылары, бултаан-алтаан элбэх киһини хоргуйууттан быыһаабыта билигин да кэпсэлгэ сылдьарын истэн үөрэбит.

        Николай Петрович аҕыйах саҥалаах, кыанар-хотунар, сырыыны сылдьар киһи эбит. Кини сэттэ уонун ааһан да баран бултуурун тохтоппотох эбит. Үксүн үүт-эт аһынан аһаан, дьыл улахан аҥаарыгар үүтээҥҥэ, балааккаҕа, дурдаҕа хонон бултуу-алтыы сылдьыбыт. Кус-хаас, балык, кыыл, эһэ этинэн аһаан, салгыҥҥа айылҕаҕа сылдьар буолан чэгиэнин-чэбдигин ыһыктыбатаҕа дииллэр.

        Хаһыакка кини туһунан Иван Михайлович Павлов суруйталаабытын эһээм ууруна сылдьар. Эһээҕит маннык киһи эбит диэн киэн тутта кэпсиир. Онно сурулларынан элбэх булчут ыттардаах буолар эбит. Биирдии сырыыга сэттэлии кыылы охторор эбит. Онтун этин хас биир киилэтигэр диэри колхозка туттарар эбит. Кэргэнин аата Аана диэн үһү. Биирдэ да булчуппун дэнэҕин да тыыннаах кыылы көрдөрө иликкин диир эбит. Ол иһин биирдэ бааһырдан баран тыһы тайаҕы тиэргэнигэр ыттарын кытта көмөлөөн аҕалан кэргэнин соһутан, сөхтөрөн турар эбит. Аана тыыннаах кыылы эт хараҕынан көрөн дуоһуйбут, сөхпүт үһү. Аны ол тайахтара эмээри үҥүлүйбүт  соҕотох ньирэйдэрин быһа тэбэн өлөрбүт эбит.

        Биирдэ күөлгэ бааһырдыбыт тайаҕын хаайан ыттарынан манатан баран Мындаҕаайы олохтоохторун ыҥыран аҕалан күрдүрүн баран ытан ылан, астаан барыларын кэһиилээн ыыппыттаах диэн кэпсииллэр. Дьон-сэргэ үөрэн,

сөҕөн-махтайан, бултаспыттарын кэпсээн оҥостубуттар эбит. 1944 сыллаахха Чурапчы ыһыаҕар киирэн иһэр дьонугар эмиэ кыылы аҕалан биэрэн аара суолга астаан аһаппытын махтана кэпсиир үһүлэр.

        Хос-хос эһээм соҕотох уолуттан Николай Николаевич Мордускинтан уонна Анна Ивановнаттан мин эһээм Афанасий Николаевич Мордускин төрөөбүт. Кини эмиэ аҕатыгар соҕотох этэ. Онтон эһээлээх эбэм мин аҕабын Дмитрий Афанасьевиһы, Коля, Афоня, Петя Мордускиннар диэн уолаттары, Ия, Аня диэн кыргыттары төрөтөн үөрбүттэр. Билигин Мордускиннар элбэхпит. Эһээбит аатын ааттатабыт.

        Мындаҕаайыга эһээбин кэриэстээн ытыыга күрэхтэһии ыыталлар. Дьонум онно бара сылдьааччылар. Улахан бириистэр оонньоноллор дииллэр. Эһээм туһунан кэпсээннэри сөбүлээн истэбин.

Мин хос-хос эһээбинэн киэн туттабын. Кини саха киһитэ буолан туран сэриигэ, олоҕор даҕаны дьонтон уһулуччу кыанар, үлэһит, сэмэй олоҕу олорон ааспыт эбит. Кини курдук үлэһит, тулуурдаах, кыанар буолуохпун баҕарабын.

Туһаныллыбыт матырыйаал:

  1. Эһээм муспут матырыйааллара.
  2. «Саҥа олох» хаһыат.

По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Тест для родителей "Какие вы родители"

Ответив на 10 вопросов теста, родители смогут самостоятельно сделать вывод о том, как они справляются с обязанностями воспитателя в семье....

Родительское собрание"Родители первоклассников-первоклассные родители!"

Родительское собрание «Родители первоклассников – первоклассные родители»!Сценарий собрания составлен...

Рабочая программа по работе с родителями "Успешное взаимодействие с родителями классного коллектива"

Программа представлена для учителей начальных классов. Срок реализации - 4 года. В приложении представлены разработки родительских собраний....

Тест для родителей. Какие вы родители?

В данном тесте представлены вопросы для родителей...

Собрание для родителей 1 класс"Советы родителям"

В помощь родителям первоклассников....

Тренинговые формы работы с родителями как фактор гармонизации отношений учитель- родитель и ребенок-родитель

В данной статье проводится  анализ проведения родительских собраний с применением тренинговой технологии для гармонизации детско- родительских отношений  и учитель- родитель. Расскрыты особе...