Менуруур Бе5е
классный час на тему
Предварительный просмотр:
Менуруур Бе5е
(Чыычаах, кэ5э, хомус тыаhа. Орто дойду оло5о кестер. Эрэкэ-дьэрэкэ о5лор ункуулууллэр)
Менуруур Бе5е ураhатыттан тахсан сирэйин сууна турар.
Ат туйа5а тыаhыыр. Айыы бухатыыра куйа5а алдьаммыт кэлэн умса барар. Элийэ Боотур: (А5ылыы-а5ылыы этэр)
Орто дойду улуу ба5анатыгар –
Ус кырыылаах Менуруур Бе5е5е
Тон куеннэр тус бэйэ5эр
Туску буоллун!
Ким, хайа кэллин диир буоллаххына,
Анды Менуруур о5онньор а5алаах,
Кус Менуруур эмээхсин ийэлээх,
Эмньик тура5ас аттаах,
Элийэ Боотур диэн
Биир ыал биирэ
Суос со5ото5о кэлэн турабын!
Адьарай а5атын ууhун
Анаарыйар атамана,
Кестубэт бииhин ууhун
Кутур куустээ5э,
Муус Бур5аат бухатыыр
Анаардастыы ата5астаан
Туллукчаан Куо диэн балтыбын
Кууhунэн ойох ылаары
Кутуеттээн сытар.
Ийэлээх а5ам албыннаан
Энньэ суеhутун ситэрэбит диэн
Кун ыытан,
Хонук атааран,
Ба5ар хантан эрэ
Айыы бухатыыра салаллан,
Кун бухатыыра кестен,
Кемускэл буолаарай диэн
Кууттэрэ сатыыллар.
Ону, кутур естеех
Куутэ сатааан баран,
Албыннаатыгыт диэн
Алдьатан, кырган бараары гыммытын
Утары охсуhан
Уон ойо5оhум кумаланна,
А5ыс агдам алдьанна.
Нэhиилэ, мучу-хаччы туттаран,
Сыыhа халты харбатан, -
Бу, куотан кэллим.
(Туойар)
Дьэ буо! Дьэ буо!
Урун кун дьонун
Еруhуйэргэ уескээбит
Утуе сураххар
Унэ-суктэ турабын,
Еруhуй, Кун-ый буол!
Туллуктаан Куо
Окко туспут оноhуута,
Сиргэ туспут сэрэбиэйэ,
Айыыhыт айыытынан,
Иэйиэхсит этиитинэн
Эйиэхэ буолар!
Еруhуй! - диэтэ.
Менуруур Бе5е:
Итиччэни истэ иликпин
Очону кере иликпин
Илэhиэй уолун кытта
Керустэ5им буоллун!
(Суурэн хаалар. Ат туйа5а тыаhыыр.)
2 хартыына
Абааhы уола куес буhарына олорор эбит.
Менуруур Бе5е атыттан туhэн хаhыытаабытынан сырбаталаhан барар. (Куhа5ан музыка, охсуhуу). Менуруур Бе5е кыайтаран барар.
Айыы Умсуур уда5ан: (кете сылдьан)
Ус кырыылаах Менурууур Бе5е
Оностуута суох кэлэн
Сыгынньах илиигинэн
Сымара таас абааhыны
Эт сутуруккунан кыайбаккыан
Кыа хааннын тохтордун
Кемус унуоххун тоhуттардын
Дом-ини-дом!
Дом-ини-дом!
(ыллыыр)
Уеhэнэн кете сылдьан
Урун тыыннын урэ сатыам
Ону таба э5эрийэн
Сыыhа-халты харбатан
Куотан кереер сурдьукаам!
Дом-ини-дом!
Дом-ини-дом!
Дойдубар тиийэнниэн
Аан Алахчын хотунтан
Алгыырыгар кердеhеер
Ара5ас илгэтиттэн
А5ыырагар кердеhеер.
Дом-ини-дом!
Дом-ини-дом!
А5ыс салаалаах Аал Лууук Мас.
Менуруур Бе5е:
Аан дойдум иччитэ
Аан Алахчын Хотун,
Кестубэт кутур куустээ5э
Адьарай амырыына
Куннэ булбут кемуспутун,
Кемус чыычаахпытын
Туллуктаан Куобутун
Быhа былдьаан,
Чахчы талан
Баран эрэрин
Эт бэйэбинэн
Илэ бодобунан
Утары охсуhан
Еле сыстым.
Алгыскын анаа
Куустэ-тирэхтэ кулу!
Аал Луук Мастан Аан Алахчын быгар.
Аан Алахчын Хотун(туойар):
Дьэ буо! Дьэ буо!
Эн айыы айма5ын
Араначчылыыыр аналлааххын!
Кун улууhун
Кемускуур оноhуулааххын!
Охтоохтон охтума,
Биилээхтэн быстыма!
Уруй! Уруй! Уруй!
Кэл, мэ, бу
Аан дойдун
Аранас илгэтэ –
Хабахтаах елбет мэнэ уута
Бу, алта салаалаах
Айыы кымньыыта.
Чэ, кэл!
Мантан устэ обор!
(Туннэри анньар.)
Кыталыктар ункуулэрэ.