Хоһооннор 2 кылаастар
классный час (2 класс) на тему

Ноева Сата Ивановна

Хоһооннор 2 кылаастар

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл hohoonnor_2_kylaastar.docx14.55 КБ

Предварительный просмотр:

Тэрдус  кылаас о5олоробут.

10,11саастаахпыт,

Алын суhуэх оскуола

Улахан о5олоро буолабыт,

 Төрдус кылааска уэрэнэбит.

Кылааспытыгар олорон

Кыhаллан уэрэнэбит,

Суоттаан, аа5ан, суруйан

Уэрэх чыпчаалын дабайабыт.

Улаатыахпыт биhиги

Учуонайдар буолуохпут

Дойдубутун  ааттатар

Дьоhун дьоннор дэтиэхпит.

Кун аайы оскуола5а

Уэрэ-кэтэ кэлэбит.

Учууталбытын кытары

Кустук энунуу сэттиэбит,  

Сиэттиhэн сылдьабыт.

Араас майгылаах о5олор

Бары бииргэ тумсэбит.

Нэдиэлэ кунунуу сэттиэбит

Сэргэстэhэ хаамсабыт.

Араас дьо5урдаах о5олор

Бары бииргэ мустаммыт

Сана куннуу сэргэхпит,

Сана саастыы сэмэйбит.

Араас энунэн оонньуубут

Утуэну оноро сатыыбыт.

Сэттиэбит, сэттиэбит

Сиэттиhэммит сылдьабыт.

Сэттиэбит, сэттиэбит

Сэргэстэhэ хаамабыт

Бииргэ уэрэнэр о5олорбор

Дьячковскай Айталга.

Ып-ыраас буочардаах,

Дьэрэкээн уруhуйдаах

Айталикпыт суруйар

Аа5ан букунайар.

Кырачаан да буоллар

Олус сымса, сылбыр5а

Сууруунэн дьарыктанар,

Мас тардыьыытынан улуьуйэр.

Эппитин-сииммитин

Айталлыын эрчийиэх,

Суурэммит-кэтэммут

Сургэни кэтэ5уэх!

Елисеева Саяна5а

Иннигэр сытар биир ойуу-

Маҥан лиискэ күөх ойуур,

Ойуур үрдүгэр халлаан

Саяна – талба талаан.

Өҥүн-дьүhүнүн сөпкө талар            

Кыраасканы бэркэ туттар,

Ба5ар, художник буолуо,

Биhигини уруhуйдуо.

Күрэхтэргэ куруук кыттаар,

Үөрэ көтө айаар-тутаар,

Талба талааҥҥын арыйан

Хадаарбытын ааттатаар!

Герасимов Айталга.

Кулун тутар кэлэрэ, о5олоор, үчүгэйиэн.

Күммүт сайа тыгара олуhун да кэрэтиэн!

Күнү быhа таhырдьа күнү күннээн оонньуубут

Хайыhардаан,  хаарга сүүрэбит.

Дьэ ол иhин кэтэhэбит сааскы сынньалаҥ кэми.

Өссө кулун тутар бүтүүтэ Айталбыт төрөөбүт күнэ

Уон биир сааhын туолан, дьоhун буола улаатыа,

Үөрэр-көтөр күлүм сааска өссө биир сыл кэлэн ааьыа.

Бырааппынаан Андрейдыын.

Андрей Антоҥҥа көмөлөhөр,

Антон Андрейга көмөлөhөр,

Биирдээ5эр иккитэ ордук

Үлэ эрдэ бүтүө куруук.

Уолаттар уруок аахталлар,

Өйдөөбөттөрүн өйдөтүhэллэр,

Биирдээ5эр иккитэ ордук

Үөрэх  да чэпчиир курдук

Уунуо ба5ар түөрт илии,

Отон үргүүр түөрт илии,

Иккитээ5эр түөрт элбэх,

Икки куолас эриэккэс.

Варламов Володя5а.

Ча5ылыҥныы, ча5ылыҥныы

Чабыр5ахтаан ча5аарар,

Чо5улуҥнуу, чо5улуҥнуу

Чабыр5ахтаан чуопчаарар.

Володя – чобуо уолчаан,

Володя – чугдаарар чуораан.

Чэбдик салгыҥҥа сылдьан

Чэгиэн буолаар, чэбэр буолаар,

Чэмпээйэптии мас тардыьарга,

Чурапчылыы хапса5айдыырга

Чинник дьарыктананнын

Күрэхтэргэ кыайаар-хотоор!  

Хатыламмат айыл5алаах

Халын хаардаах, сис тыалаах

Хай5аллаах мин Хадаарым

Харыстыыр, таптыыр Хадаарым.

Хомо5ой хоьоон тылынан

Хадаарбын мин хоьуйуом,

Хомус хонкунас тыаьынан

Хадаарбын мин уруьуйдуом.

Ханна да бардарбын,

Ханна да тиийдэрбин

Халын Хадаарбын мин ахтыа5ым,

Хайаан да суохтуо5ум.

Хапта5астаах, моонньо5онноох

Хампа куэх кэрэ тыалаах

Хай5аллаах мин Хадаарым,

Харыстыыр, таптыыр Хадаарым.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сахалыы тыллаах кылаастар

Дьокуускай куоракка А.Николаев саха кылаастары элбэтэргэ уураах таьаарда....