ЭРИЛИК ЭРИСТИИН «БУУРА ДОХСУН» олонхотунан сценарий.
классный час на тему

Ноева Сата Ивановна

ЭРИЛИК ЭРИСТИИН «БУУРА ДОХСУН»  олонхотунан сценарий.

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon buura_dohsun-olonho_stsenariya.doc100.5 КБ

Предварительный просмотр:

                                             

                                               ЭРИЛИК ЭРИСТИИН        1

                 

«БУУРА ДОХСУН»

 олонхотунан сценарий.

                         

                                                  2012 сыл   Суруйда Никонова В.В.

                             

Оонньуур дьоно:

1 Айына Сиэр о5онньор

2 Айыы Ньуора5алдьын эмээхсин

3 Кун Эрбийэ-уоллара(Сары танас, урун кемус куйах,батас , ох саа)

4 Буура Дохсун-уоллара тимир танастаах сэптээх

5 Уекэйдээн Куо-кыыстара

6 Чынырыыр Чыныс Тойон

7 Кынырыыр Кындыа Хотун

8 Кыыс Ньургун-кыыстара

9 Алын Туйгун (Туннэри Холорук)-уоллара

10 Хомпоруун хотой-(Буура Дохсун)-ункуулуур.

11 Куенэ Ма5ан АТ-Кун Эрбийэ ата

12 Симэхсин эмээхсин

13 Абааhылар:

14 Унаар Салама

15 Кыыс Солуонньа

16 Еhех Дуксуулэ

17 Буор СЕГЕДУ

18 Одуна Ньургустай-Кун Эрбийэ кэргэнэ.

Уолаттар, кыргыттар.

Орто дойду.                                2

Туптэ буруота унаарар. Кыталыктар ункуулээн ааhаллар.

Алгыс музыката иhиллэр.

Эрэкэ-дьэрэкэ о5олор ункуулууллэр.

АЙЫЫ НЬУОРА5АЛДЬЫН:

Мин эйигин

Иэйиэхсит хотунтан

Илэ-бодо айыыhыт хотунтан

Ала чахчы

Кулуктэригэр унэн

Кердеен ылан бараммын

Кемус туhэхпэр

Кете5ен олорон

Кобуер симиир эмиийбин

Кундулуурум са5ана

Кун уотун кере-кере

Кулэн мичинниириин са5ана

Бу курдук

дирин-балай санаааны сананан

Дибдигириэ эрэ дии санаабат этим.

Аар тойон А5ан

Урун Аар тойон убайын

Урдук солотун былдьаhан

Унуу батас тутан

Еhегейдеех санааны сананан

Улугэр бе5ену уескэппитэ

Сирии саары сирэйдээбитэ

Хаара буор бэйэлээбитэ

Ол иhин бу дойдуга кеске ыыппыттар аны

 эн туран эрэйбин ситэрэн эрэ5ин.

Саргыта самныа диэн

Салаалаах тала5ынан таhыйбата5ым

Киргиллээх баттаххыттан тардыбата5ым

Ону эн уербэ тутан уегулээтин

Арбыйа быстан айдаардын

Ыый ыыйбыан аай аайбыан!

АЙЫНА СИЭР (остуолтан туран тайа5ар тэптэрэн туран)        3

Туох буолан уескээн эрэр сааскар естуйэн

Ергес кылаанна

Утурутэ тустун

Хайдах буолан

Кэлэн иhэр кэскилгин сарбыйан

Кэтит биигэ

Кэтиллэ сырыттын?

Мин эн са5а

Эрбэх эрчимин

Илии тэтимин

Туес кууhун

Туhэх дьолуотун

Телкелуур этим

Ус хартыгастаах

Ендел дьурус халлаан

Урут еттугэр

Уескээн сылдьан

Урун Аар тойон убайбын

Утары барбытым

Улугэрэ бэрт этэ

Ааппын ааттыах киhи буолларгын

Еhескун тохтот

Ааттаhар тылбын ылын

Уор майгыгын уурат.

БУУРА ДОХСУН:

Дьиэ буо

Аар тойон а5ам

Аhаппыккын аhыйан

Атааргыыр буолларгын

Атах былай барабын

Кубэй хотун ийэм

Кербуккун аhыйар буоллаххына

Курээн кехсугун кэнэтиим!

Кэнники да5аны

Кэлэрим биллибэт

Эргиллибэтим буолуо

Бырастыыларын! (Атын миинэн кетутэ турар).

Тыас дэлбэритэ барар, сырдык-харана буолар.        

 ЕhеХ ДЬУКСУУЛЭ:        4

(ытырдар, ке5ердэр, ке5эрдэр).

Аар-татай о5олоор

Ардьаалы эминэ тугуй!

Айыны Сиэр о5онньор а5алаах

Айыы Ньуора5алдьын эмээхсин ийэлээх

Мунна миинэр

буулуур аттаах

Буура Дохсун инилээх

Ус былас суhуохтаах

Уекэйдээн Куо балыстаах

Куну керсе

Кете-ме5е тереебут

Кун Эрбийэ дорообото тутун!

Ким удьуора кэллэ диэтэргит

Арсан Дуолай о5онньор а5алаах

Салбаныкы

Ала Мо5ойдоон эмээхсин ийэлээх

Бухар Даадар

Буор Сенеду инилээх

Кыыс Солуонньай балыстаах

Елуу кей кыыла аттаах

Еhех Дьуксуулэ бухатыыр буолабын!

Туох соруктаах буолан

Кэллин диэтэргит

Суус дьахтартан суумэрдээн

А5ыс уон дьахтар аамайдаан

Эн балтыгар

Ус былас суhуохтаах

УЕкэйдээн Куо5а кэллим

Аналлаахпын а5ала тарт

Уруум буолар кунэ

Уон хонук хаалла

Бууйал-хаайал

Бууйакатын эрэр даа!

КУН ЭРБИЙЭ:        5

Эрэй буруй элбии илигинэ

Хоргутуhуу уескуу илигинэ

А ны кэлиэм суо5а диэн

Анда5айан баран

Кэлбэт сиргэр кэбэлий!

 Ону буолбат буоллаххын тыына-

Оройгунан тобулуом

Уор5а5ынан  тыырыам

Уолуккунан булкуйуом!

Итини истибэт буоллаххына-

Иэччэххинэн эчэтэн

Искинэн тыырыам

Эккиттэн-хаанныттан иэстиэм!

Барар-барбат тылгын

Арахсар-арахсыбат санаа5ын

Биллэрэ тарт!

Охсуhаллар, абааhы уола кыыhы батта5ыттан ылан акка быра5ан илдьэ барар.

УЕКЭЙДЭЭН КУО:

Ыый, ыыйбыан, аай-аайбыан!

Туннэстигэс тубэлтэни

Тубэhэ терееммун

Теттеру домнонон

Аллараа дойдуга

Телкелеммут буолла5ым        

Аар тойон а5ам

Быдан тэгил бырастыы

Кубэй хотун ийэм

Быдан тэгил бырастыы

Дьэдьэн Куо эдьиийдэрим

Уолан дьэрэлик убайдарым

Быдан тэгил бырастыыларын!

Ыый ыыйбыан, аай аайбыан!

.(ат туйа5ын тыаhа).

2 кестуу        6

Кыыс Ньургун тэлгэhэтэ кестер.

Тыал туhэр, ыhыллыы-то5уллуу буолар, дьоннор ким ханна батарынан саhаллар.

СИМЭХСИН ЭМЭЭХСИН:

Ейдеебекке сыттахпына

Ендел дьурус халлаан

Ус кулугута

Ултуруйбут тыаhыттан емурэн

Еттукпун эчэттим

Дьулуо ма5ан халлаан

То5ус суллугэhэ

Тоhута барбытыттан соhуйан

Тобукпун елердум

Бу курдук сурдээх-кэптээх

Супсулгэн буолбутун кербете5ум

Кыргыhыыга миинэр

Кыhыл буулуур аттаах

Кылааннаах ергестеех

Кыыс Ньургун

Хол дойдуга холооннооххун булбатах

Хотуй о5о

Суел дойдуга септее5ун

Супсуллэн кэлбитин сурэ5им сэрэйдэ

Аан дойдуга аналлаа5ын кэлбитин

Аттаран санаатым

Абытай татаппын о5олоор!

(Хотой кэлэн туhэр, ункуулуур. Кыыс Ньургун батары керер.)

КЫЫС НЬУРГУН:

ДЬиэ буо! Дьиэ буо!

Туох буруйбар

Кербекке сылдьан куеттээн

Ханнык айыыбар

Анаарбакка сылдьан ата5астаан

Сэттэ уйэ тухары турбут

Сиэллээх ситиилээх сэргэбин синнэрдин

Туhулгэбин туннэри кеттун

Ураhа дьиэбин огдолуттун

Иэримэ дьиэбин иннэрдин

Алаhа дьиэбин алдьаттын

Харыс да сири халбарыйбакка

Кэлбит сиргэр кэбэлийэ тур!

Туспут сиргэр тенне тур!

БУУРА ДОХСУН:        7

        

Дьиэ буо!

Кынырыыр Кындыа Хотун ийэлээх

Чынырыыр Чыныс тойон а5алаах

Кыргыhыыга миинэр

Кыhыл буулуур аттаах

Кылааннаах ергестеех

Кыыс Ньургун

Хоолдьуктаах бэйэм

Хонкуйан дорообо биэрэбин

Иэччэхтээх бэйэм

Имиллэн э5эрдэ этэбин

  Айына  Сиэр о5онньор а5алаах

Айыы Ньуора5алдьын эмээхсин ийэлээх

Куенэ манан аттаах

Кун Эрбийэ убайдаах

Ус былас суhуохтаах

Уекэйдээн Куо балыстаах

Мунна миинэр буур5а буулуур аттаах

Бура Дохсун диэммин

 Тулаайах о5о кэллэ диэн

Тосту туора туттума

Кенул еттугунэн

Барар барбат тылгын

Биллэрэ тардыый!

(часкыйа туhээт, киhи буолар, охсуhаллар, саhа сытар дьоннор уеhэттэн аллараттан уоран кереллер.)

Урун Аар Тойон алгысчыты Айыы Уруйдааны ыытар.

АЙЫЫ УРУЙДААН: (Быанан кэлгийэр).        8

Алаатыгар о5олоор,

Айхал-мичил буоллун

Уруй-тускул буоллун

Кыргыhыыга миинэр

Кыhыл буулуур аттаах

Кылааннаах ергестеех

Кыыс Ньургун,

Мунна миинэр

буур5а буулуур аттаах

Буура Дохсун.

Бардамныт иннигэр

Килбиэннээх дьуулгэ

Кирдиэлэтэр кунум буолла! (Мехселлер, кыайан селлубэттэр)        

Тобуктаабыт тоттуктар

Кыыс Ньургун

Кыыдааннаах майгыгын

Кый халлаанна кыйдаа!

Бура Дохсун,

Уоххун кылыннын

Уоскутан налый1

Аналгыт хоту

Арахсыбат гына

Абылыы туойдум

Туhаанныт хоту

Тупсартыы туойдум

Ийэ куккутун

Хоргутуспат гына

Эччийдэ5им буоллун!

Салгын куккутун

Салгыспат гына

Салайда5ым буоллун!

Умуллубат уоттаах

Уйгу быйаннаах

Ураhа дьиэ5э олохсуйун

Алаhа дьиэ5э ахталыйын

Теруур о5о туулээх уйатын телеhутун

Иитэр суеhу Иччилээх куруетун кэнэтин

Умса туhэр куннутугэр cуускутуттэн ейеhун

Иттэннэри туhэр куннутугэр

Кэтэххититтэн ейеhеерун

Елен биэрбэт ерегейденун

Быстан биэрбэт дьыл5аланын!

Уруй-айхал буоллун!

Уруй-туску буоллун!

КЫЫС НЬУРГУН:        9

Дьиэ буо! Мунна миинэр

буур5а буулуур аттаах

Буура Дохсун.

Туhааннаах до5орум

Аналлаах атаhым

Ыал буоларга сананар буоллаххына

Эдэр дьон этиспиппит

Эйэргэспит этэ буоллун

О5о дьон охсуспуппут

Оонньообут кэриэтэ буоллун!

БУУРА ДОХСУН:

Дьэ буоУда5ан Хотун.

Туох иннигэр

Толоос дьуулгэ

Тобуктатан биэрэн

Хам кэлгийэн

Харса дьуулгэ

Хаайан биэрэн

Хаан ча5аан сэбэрэбин хараартардын буолла?

Иккистээн эргилиннэххитинэ

Оонньуу-оонньуу уоккутун умуруоруом

Кулэ-кулэ кулгутун тап тайыам.

КЫЫС НЬУРГУН:

Тойоннун санарда5ын

Толооhун ба5аhын

Кырдьа5аскын санарда5ын

 кытаана5ын ба5аhын

Уо5урбуккун уоскуйан

Уор5а туутунуу нусхай

Кыыhырбыккын кыйдаан

Кылаан туутуу кылбай

Тосту туора тыллаhыма

Тохтоо,бол5ой, тупсуох! (куустуhаллар).

3 кестуу.        10

Чынырыыр Чыныс Тойон

Кынырыыр Кындыа Хотун дойдулара. Ат туйа5а тыаhыыр.

Сэргэ аттыгар тураллар. Буура Дохсун Кыыс Ньургуннуун кэлэллэр.

КЫЫС НЬУРГУН:

Ара5ыстыйбыт астаах

Алтаннаах хонуруулаах

Аар тойон а5ам,

Курэнсийбит астаах

Кемустээх хонуруулаах

Кемусэс санаалаах

Кубэй хотун ийэм,

Этэр тылбын истэ сэнээрин!

 Дьэ буо!

Кэтэhэ сатаабыт кутуеккут

Айыны Сиэр о5онньор а5алаах

Айыы Ньуора5алдьын эмээхсин ийэлээх

Мунна миинэр

буулуур аттаах

Буура Дохсунна

Септее5е буолаарай диэн

Себулэhэн турабын

Холоонноо5о буолаарай диэн

Холбоhон турабын

Кэскиллэ тэрийин

 Уруута уруйдаан!

ЧЫНЫРЫЫР ЧЫНЫС ТОЙОН:

Дьиэ буо!

Одун хаан удьуора

Сэдэн Айыы сиэнэ Айыны Сиэр о5онньор а5алаах

Айыы Ньуора5алдьын эмээхсин ийэлээх

Мунна миинэр

буулуур аттаах

Буура Дохсун

Со5ото5ум до5оро

Биэбэйим тэннээ5э

Ейдеех киhи буолуон

Иэримэ дьиэни иччилээн

Теруур о5ону телкелеен

Иитэр суеhуну куруелээн!

КЫНЫРЫЫР КЫНДЫА ХОТУН:        11

ДЬЭ БУО!

То5ус туруйа уолаттар

А5ыс кындьыа ма5ан кыргыттыр

Сиэллээх кэриэн ымыйа5а

Кымыста а5алын

Эрэй бе5ену керен баран

Эдьиийгит эргэ та5ыста

Айдаан бе5ену тардан баран

А5аскыт аналын булла.

Уhа туестээх улааны

Утуу-субуу охторун

Куестэ ерун

Ыhыахта ыhын

Уруута тэрийин!

(Этин этэр, тыал туhэр, ат туйа5а тыаhыыр, ат ункуутэ)

КУЕНЭ МА5АН АТ:

Анниhахпын о5олоор!

Айыны Сиэр о5онньор а5алаах

Айыы Ньуора5алдьын эмээхсин ийэлээх

Мунна миинэр

буулуур аттаах

Буура Дохсун!

Кэннигэр хаалларбыт кэргэттэрин

Кэрэгэйгэ киирдилэр

Елуу кей кыыла аттаах

Еhех Дьуксуулэ

Куус еттунэн кутуеттээн

Ус былас суhуохтаах

Уекэйдээн Куону

Уоран талан барда

Урут тереебут убайын

Кун Эрбийэ ириэнэх суолун ирдээн

Аллараа дойдуга туспутэ

Еhех Дьуксуулэни кытта

Охсуhан ордон эрдэ5инэ

Саба туhэн кемелеен

Елерен эрэллэр

эн ааккын ааттаан

устэ уегулээбитин истэн кэллим

Быhаа, абыраа!

БУУРА ДОХСУН:        12

Кылааннаах ергестеех

Кыыс Ньургун

Умса тустэхпинэ

Сууспуттэн ейуех

Эн бааргын

Иттэни тустэхпинэ

Кэтэхпиттэн ейуех

Эн бааргын

Ус тегул

Уейэн ахтан уегулээтэхпинэ

Урун тыыммын еруhуйэ кэлээр

Быралыйар бырастыы!

КЫЫС НЬУРГУН:

Буур5а буулуур аттаах

Буура Дохсун

Утуе до5орум,

Елер хаалар кун тирээтэ5инэ

Уегулээн ыныран кереер

Оччо5о мин

Тэйиччи да буолларбын тиийиэм

Саалаахтан самныбакка

Охтоохтон охтубакка

Дьол-соргу урдугэр сырыт!

 (барар. Атаараллар. Ат туйа5а тыаhыыр).

4 кестуу.Абааhы дойдута.

УЕКЭЙДЭЭН КУО:

ДЬИЭ буо!

Ыый ыыйбыан, аай аайбыан!

Ааспытын кэннэ санаатахха

Аал уоттаах алаhа дьиэм

Аламай куннээх аан дойдум

Алыс да эбит

Киирбэт куннээх

Кэтит сирим

Кэрэ да эбит

Саатар елен баран

Аны биирдэ уер буолан

Урдугунэн кетен ааhыам дуо?

Тереебут дойдубун а5ыннахпыан

Ийэбин а5абын суохтаатахпыан!

Ыый-ыый ыыйбыан

Аай-аай аайбыан!

БУУРА ДОХСУН:        13

ДЬЭ буо!

Ус былас суhуохтаах

Уекэйдээн КУо

Урук-турук буолларгын ейдеен иhит

Бу мин миинэр минэм

Келуйэр келем

Буулуур ат

Адьарай бииhин аартыгын

Аhары кетен

Ахтыл5аннаах дойдугар

Кыргыhыыга миинэр

Кыhыл буулуур аттаах

Кылааннаах ергестеех

Кыыс Ньургун дьоллоох

Тулаhатыгар тохтотуо5а

Кыыс Ньургун эйигин

Киэн дьиэ5э кистиэ5э

Бэйэтин кытта илдьэ олоруо

Кун Эрбийэ убайбын босхолуу хаалабын

(Ыытар)

Хаhыытыыр:

Адьарай о5ото Бухар Даадар,

Буор Сегеду!

Та5ыс! Дорообото тут!

Ким удьуора кэллэ диэтэрги Айыны Сиэр о5онньор а5алаах

Айыы Ньуора5алдьын эмээхсин ийэлээх

Мунна миинэр

буулуур аттаах

Буура Дохсун

Аргыардаах аартыккын арыйдым

Айынат аймахтарын ата5астааннын

Хара хааннын то5оору

Халын тириигин хайыта кэллим.

БУОР СЕГЕДУ:
Аар татай, ар дьаалы о5олоор!

Эн са5а энинэ бэйэлээхтэр

 иннэстибиттэрэ

Дьор5оно сотолоохтор

Тостубуттара

Ити эн убайын

Силбэтэ быстыбыт

Сэниэтэ эстибит

Елере чугаhаабыт

Эн да5аны соруйбут кэннэ        14

Умса туспэккэ

Еле оонньоойо5ун

Аар татай о5олоор

Ар дьаалы эминэ туо5уй?

(Охсуhаллар, абааhы кыайтарар)

Аар татай о5олоор

Елуер сылдьан

Елен эрэбин

Чэгиэн сылдьан

Быстар буоллум!

Айакабын, абытайбын!(охтор).

УНААР САЛАМА:

Иhиликпин-таhылыкпын!

Иэдээникпин- куудааныкпын!

АрсанДуолай а5алаахпын

Ала Мо5ойдоон ийэлээхпин

Бухар Даадар Буор Сегеду инилээхпин

Кыыс Солуонньай былыстаахпын

Кун Эрбийэ бухатыыры

Биhиэннэрэ бэйэлээхтэр

Елен эрэр диэтилэр

Убайдаах балтын еруhуйээри

Хара тыыннарын харыhыйаары

 Айыны Сиэр о5онньор а5алаах

Айыы Ньуора5алдьын эмээхсин ийэлээх

Мунна миинэр

буулуур аттаах

Буура Дохсун иhэр уhу

Иhиликпин-таhылыкпын!

Иэдээникпин- куудааныкпын!

КЫЫС СОЛУОННЬАЙ:

Эчикийэ о5олоор

Иhиликпин –таhылыкпын

Арсан дуолай о5онньор а5алаах

Ала мо5ойдоон эмээхсин ийэлээх

Кыптыый буут

Кыта5ас сарын

Кыырай чохчой

Кыыс солуонньай буолабын!

Куутэ сатаабыт кунум о5отун

Керуем баар эбит

Ахтан мэнийбит айыым о5отун        

Кэтэhэрбэр кэтэ5им элэйэн        15

Манаhарбар баhым саралаан

Манаас буоллум

Сурэ5им кепте

Сурэ5им уердэ

 Иhиликпин-таhылыкпын!

Иэдээникпин- куудааныкпын!

БУУРА ДОХСУН:

Окко туспут оноhуум

Сиргэ туспут сэбэриэйим

Кыыс Солуонньа дорообото тут!

Хойутаата диэнхомойума

Кэтэhиннэрдэ диэн кэлэйимэ

Кыыс Ньургун кууhунэн окэргэн буолаары

Ус сылы быhа охсуhан хойутаатым

Ону бара эн убайдарын

Биhиги балтыбытыгар тэнэ суоххун

Хааннынан хара5ын

Дьуhуннунэн мекугун диэн

Унуу батас урдугэр туhэрдилэр

Айыы айма5ар та5ыстаххына

атынырыы керуехтэрэ

элэк оностуохтара

онон абын тириитин

араарарын буоллар

хомуhунун тириитин

кулгуйарын буоллар

мэнийбиппин билиэн этэ

убайын Еhех Дьехсуулэ

хаайбыт дьонун босхолоо

туунуктээх турмэттэн телерут

Елбет мэнэ уутун булан биэрэн

Кехсубун кэнэтиий

Кемус чыычаа5ым!

КЫЫС СОЛУОННЬА:(ытыhын, еттугун таhынар)

Утуену ба5арбатах мин убайдарым

Еллуннээр-еллуннэр!

Кыыс ньургун дьэ бэйикэй!

Куhа5ан сону устуохха

Ап тириитин араарыахха

Елбет мэнэ уута мэ бу баар!

(уенун е5уйэр, танаhын устар, тыныра5ын тумсун тоhутар)

Буура Дохсун елерер.

КЫЫС СОЛУОННЬА:        16

Иhиликпин-таhылыкпын

Иэдээникпин-куудааныкпын

Быарым туhунан быhа бардым

Сэбиргэ5им туhунан сиирэ бардым

Еллуум-еллуум!

Буура Дохсун 2 киhини быыhыыр, Кун Эрбийэни тилиннэрэр.

5 кестуу.

Орто дойду.

Туhулгэлээн олороллор.

Симэхсин эмээхсин а5ылаан-мэнилээн кэлэр.

Дьоннор туран умуеруhэллэр.

СИМЭХСИН ЭМЭЭХСИН(а5ылыы-а5ылыы):

Айыны Сиэр о5онньор !

Айыы Ньуора5алдьын эмээхсин!

Алаас сыhыы са5атыгар

Аттаах дьоннор ере кетутэн

Киирэллэрэ чугаhаата

Кимнээх иhэллэрин

Урут билэн

Илдьит этэн эhигини уердээри

Тынам куугэнэ баранна

Бэлэhим хатта!

Кыргыhыыга миинэр

Кыhыл буулуур аттаах

Кылааннаах ергестеех

Кыыс Ньургун,

Мунна миинэр

буур5а буулуур аттаах

Буура Дохсун

Куннэ кербут уолларынаан уонна

 Куенэ манан аттаах

Кун Эрбийэ

Холоонноох до5орунаан

Уhун улаан аттаах

Одуна Ньургустайдыын иhэллэр!

Уеhэ-аллара турун

Тэhииннэ тутун!

Айахта тутун!

 

Киирэллэр. (Кэлэн сеhургэстээн хонкуйаллар).

БУУРА ДОХСУН:         17

  Айына  Сиэр о5онньор а5ам!

Айыы Ньуора5алдьын эмээхсин ийэм!

Куенэ манан аттаах

Кун Эрбийэ убайым!

Ус былас суhуохтаах

Уекэйдээн Куо балтым!

Мунна миинэр буур5а

 буулуур аттаах

Буура Дохсун

Хоолдьуктаах бэйэм

Хонкуйан дорообо биэрэбин

Иэччэхтээх бэйэм

Имиллэн э5эрдэ этэбин!

Эдэр-ханыл буолан

Толоостук тылласпыппын

Арахсар куммэр

Ал5астык санарбыппын

Бырастыы гынын!

Кыыс Ньургун

Кийиит буолан кэ5ийэн

Санаабар санаа

Ейбер ей укта

Уол5амчыбын уоскутта.

КЫНЫРЫЫР КЫНДЫА ХОТУН:

Дьэ буо!

Иэйиэхсити кытта энэрдэhэн

Айыыhыты кытта аргыстаhан

Алаhа дьиэ5итигэр эргилиннигит

О5олорбун барыгытын

Уу харахтаах утары кербетун

Уhун илиилээх ордук уумматын

Татар тыллаах таба эппэтин

Уруй-айхал буоллун

Уруй –тускул буллун!

ЧЫНЫРЫЫР ЧЫНЫС ТОЙОН:        18

Дьэ буо!

Аал уоппун салгыы куедьутэр

Алаhа дьиэбин бас билэр

Унуохпун аранастыах

о5олорум барахсаттар

иитэр суеhуну куруелээн

теруур о5ону телкелеен

аал уотта оттун

алаhа дьиэни тэрийин

уруй-айхал буоллун

уруй-туску буоллун!

АЙЫЫ НЬУОРА5АЛДЬЫН:

О5олорбут дьоллорун туhугар

Уруута тэрийиэ5ин

Ыhыахта ыhыа5ын

Кыллаах чороонно кымыста а5алын

Улаан биэни охторун

Дьону-сэргэни ынырын

О5ону –урууну мунньун1

Уруй! Айхал!

Айхал-мичил!

АЙЫНА СИЭР:

ДЬЭ буо!

Уруу дьоно уруй диэн

Ыhыах дьоно ыллаан дьиэрэтин

Утуе дьон уескээннит

Еhегейдеех санаалаахтары

Урдук ааттарын бохтотон

Албан дьоhун ааккыт

Аартык аайы айаатаатын

Дьоhун утуе сураххыт

Соно5ос атыыр буолан дьохсоотоотун

Кэхтибэт кэрэ быйан

Кэскилгит кэнээтин

Уруй айхал буоллун

Уруй тускул буоллун!

Оhуохай. 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Литературная викторина-КВН (сценарий) Литературная викторина-КВН (сценарий)

Данное внеклассное мероприятие во 2 классе развивает плавное выразительное чтение, грамотную речь, умение интонационно оформлять своё высказывание, закрепляет знания детей произведений и авторов русск...

Сценарий для агитбригады «Есть такая служба 01» в рамках темы «Жизнь без опасности» Авторы и постановщики сценария воспитатель ГПД Лебедева Леся Анатольевна и учитель музыки и режиссёр ТАМ "Радость" Иевлева Татьяна

(сценарий  выступления  агитбригады старшеклассников в рамках темы «Жизнь без опасности» для учащихся младшей и средней школы).Цель: воспитание у ребят уважения к профессии пожарного и...

Сценарий праздника. Сценарий праздника к 8 марта «Для прекрасных Дам!»

Сценарий предназначен для проведения праздника "Лучший день - 8 Марта" для учеников 1  класса и их родителей. Данный материал будет полезен для учителей начальных классов, педагогов дополнительно...

Сценарий спектакля по сказке С.Я. Маршака "Двенадцать месяцев" . К сценарию прилагается презентация для экрана на сцене.

Сценарий создан по пьесе С.Маршака ( в сокращении) для постановки спектакля с учениками 2-4 классов....

«БУУРА ДОХСУН» олонхотунан сценарий

laquo;БУУРА ДОХСУН» олонхотунан сценарий....

Башлангыч мәктәп өчен Белем бәйрәменә сценарий / Сценарий «Здравствуй, новый учебный год!»

Сценарий для начальной школы,воспитание в которой ведется на двух языках: русском и татарском...