Воспитание ребенка в семье
статья (4 класс) на тему
Олохпут чэлгийэ сайдыытыгар биир төһүү күүһүнэн, инники кэскилбитинэн – оҕо буолар. Ол иһин сүрүн күүспүтүн оҕоҕо аныыбыт, кинилэр интэриэстэринэн олоробут. Оҕону иитии диэн аһатыы – таҥыннарыы эрэ буолбатаҕа биллэр.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
die_kergengnge_ogonu_iitii.docx | 22.37 КБ |
Предварительный просмотр:
Дьиэ кэргэҥҥэ уол оҕону иитии олуктара.
Олохпут чэлгийэ сайдыытыгар биир төһүү күүһүнэн, инники кэскилбитинэн – оҕо буолар. Ол иһин сүрүн күүспүтүн оҕоҕо аныыбыт, кинилэр интэриэстэринэн олоробут. Оҕону иитии диэн аһатыы – таҥыннарыы эрэ буолбатаҕа биллэр. Төрөппүт барыта бэйэтин оҕотугар үчүгэйи, кэскили ыралыыр. Онон кини соруга: эрдэттэн кыһаллан оҕотун ис санаатын билэн, доҕордуу иһирэхтик кэпсэтэн, дьоҕурун, талаанын сайыннаран, этин-хаанын эргийэн, сахалыы сиэргэ-туомҥа уһуйан үтүө холобур буолан бу сырдык ыра санаа туолуутугар олук ууруохтаах. Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии. Оҕо – норуот инники кэскилэ, кини тыына. Ол аата ийэ-аҕа уустарыгар үтүө ааттарын үйэтитэн, төрөөбүт дойдутугар, улууһугар, нэһилиэгэр тапталын сүрэҕэр иҥэриниэхтээх. Сахаҕа былыр – былыргыттан утумнаан туран оҕону иитиигэ улахан болҕомто ууруллар. Хас ыал барыта бэйэтэ тус туһунан педагогикалаах буолар. Ол эбэтэр дьиэтээҕи дьиэ кэргэҥҥэ иитии буолан тахсар. Оҕону иитиигэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ хас да хайысханан араарабыт уонна онно үлэлиибит:
- Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи кэрчик кэм.
- Өй-санаа, сиэр-майгы, эт-хаан өттүнэн сайыннарыы, үлэҕэ үөрэтии.
- Саха оҕотун сахалыы тыыҥҥа иитии.
- Үөрэх олох сайдыытыгар үөрэтии.
- Бэйэ холобурунан өй-санаа, сиэр-майгы, эт-хаан өттүнэн үлэҕэ үөрэтии.
Оҕо төһөнөн үлэ араас көрүҥэр сыстар да, соччонон өйө-санаата тобуллаҕас, толкуйа мындыр буолар. Саха оҕото киһини көрөн, үтүктэн, онно маарыннатан туттара-хаптара ис киирбэх, сатабыллаах буолар. Оҕо үлэтин түмүгэ натуранан уонна харчынан кэлэрин, ону таба сыаналыырга үөрэнэр. Үлэтин түмүгүттэн астыныы, дуоһуйуу үөскүүр. Үлэлии үөрэммит оҕо хайа да түгэҥҥэ дьон үлэтин сыаналыыр, убаастыыр, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар. Олох күннээҕи кыһалҕатын билэр, харыстанньаҥ буола улаатар. Оҕоҕо эрэнэр, итэҕэйэр буоллахха кыһаллар, ордук эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар.
Онон оҕолорбутун бэйэбитин кытта илдьэ сылдьан холобур буолан, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэн, сыһыаран, такайан олох киэҥ аартыгар бигэтик үктэннэрэн, үтүө-мааны суобастаах дьон буола улааталларын ситиһиэҕиҥ.
Тыа ыала. 31.01.07.
Ирдэбилэ суох иитии суох. Ол эрээри хайа баҕарар ирдэбил кэмнээх-кэрдиистээх буолар. Оҕо кыаҕын, билиитин, дьоҕурун аахсыбакка, билбэккэ эрэ аҥардастыы ирдиир сатаммат. Сөптөөх ирдэбиллээх сылдьан бэйэ тапталын биллэрии, ол чэпчэкитэ суох. Дьиҥэр, ирдэбиллээх сылдьан бэйэ тапталын биллэрии, ол чэпчэкитэ суох. Дьиҥэр, ирдэбиллээх буолуу, таптал бииргэ дьүөрэлэһэллэрэ наада. Итиннэ дьүөрэлэһии суоҕуттан оҕо уонна төрөппүт сыһыаныгар ыарахаттар тахсаллар. Ону киһи барыта билэр буолуохтаах. Оҕо кыһыл эрдэҕиттэн сиппит-хоппут киһи буолуор диэри иитэн-үөрэтэн таһаарарга үгүс сыра-сылба, өй-санаа, тулуур бэриллэр. Ол тухары биир сыал-сорук оҕо киһиттэн итэҕэһэ суох сайдыылаах, билиилээх-көрүүлээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах киһи буоллун диэн туруоруллар. Киһи бэйэтин дьолун бэйэтэ уһанар дииллэр. Оччоҕо биһиги оҕобутун хайдах туттан, үөрэнэн, үлэлээн дьоллоох буолуохтааҕар үөрэтиэхтээх эбиппит. Дьолоох буоларга үөрэтии диэн ол аата бэйэни ытыктанарга, киһи быһыытынан достоинстволаах буоларга үөрэтии буолар. Оҕо киһи быһыытынан сайдыытын сүрүн биир төрүтүнэн бэйэтин убаастаныыта буолар. Оҕоҕо улахан дьон хайдах сыһыаннаһарыттан, бэйэтин туһунан өйдөбүллэр үөскээн тахсаллар. Бары билэбит: оҕо оскуолатааҕы сылларыгар саамай сүрүн үлэтэ-үөрэх. Ити сүрүн үлэтэ-үөрэх оҕоҕо бэйэтин атын оҕоттон итэҕэһэ суоҕун билинэр, бэйэтин ытыктанар чувствотын көбүтүөхтээх. Ол аата оҕо саамай кырата ортоҕо үөрэнэр кыахтааҕын билиниэхтээх. Дьиҥэ, улаатан эрэр оҕо ордук критическэй сыанабыллаах, үрдүк ирдэбиллээх буолар. Убаастабыл, сэҥээрии оҕо киһи быһыытынанүүнүүтүгэр бастыҥ күөх кырыс буолар.
«Оҕо туһугар олоробут» Саха ыала. 26.08.05.
Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии-үөрэтии бүтүн омук өбүгэ саҕаттан илдьэ сылдьар үгэһигэр, сиэригэр-туомугар, төрүт культуратыгар, олоҕун-дьаһаҕын быһаарар сүдү суолталанан тахсар. Төрөппүт уонна оҕо бир санааҕа кэллэхтэринэ эрэ дьыала сатанар. Билигин идэни сыыһа талан үөрэттэрии ыао олоҕор улахан хоромньуну аҕалар. Манна оҕо ис кыаҕын учуоттуур наада. Онон тыа сиригэр сыһыаннаах үөрэхтэргэ оҕолорбутун хото соҕус ыытан үөрэттэрэргэ дьулуһуоҕуҥ. Чахчы ыал аналын толорор аҕалар хайаан да бэйэлэрэ туттубут дьиэлээх буолаллар. Ити айылҕаттан аналларын толорор биир төрүт үктэллэрэ. Онон саха омугун туруктаах буолуутун ситиһэргэ турунар буоллахха, уол оҕону хайаан да дьиэ туттарыгар уһуйуу эрэйиллэр. Олоххо төгүрүччү бэлэмнээх оҕо олоххо бэйэтин миэстэтин түргэнник булунар, иэрэҥ-саараҥ сылдьыбат.
«Уол оҕону үлэнэн иитии биһиги дьиэ кэргэҥҥэ». Тыа ыала 14.02.07.
Иккиэн кыра эрдэхпититтэн үлэҕэ эриллэн, үлэни аргыс оҥостон улааппыппыт. Иккиэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүппүт. Төрөппүттэрбит үлэни өрө туппут, үлэттэн дьолломмут, үлэттэн киһи-хара буолбут дьоннор этилэр. Ыал буолбут дьон бастакы күүтүүлээх киһибит Женя 1997 сыллаахха төрөөбүтэ. Ийэ-аҕа буолбут дьон эппиэтинэспит улаатан, үтүө киһи гынан иитэри туох баар кыахпытын биэрэбит. Дьиэ кэргэҥҥэ уол оҕону иитиигэ ыал аҕата быһаарар оруолу ылар. Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа иитээччи, ас-таҥас булааччы, аҕа баһылык буолар. Аҕа бэйэтин боччумнаах, элбэх саҥата суох тапталынан, олоххо бэйэтин үтүө холобурунан оҕотун иитэр. Уол оҕону кыра сааһыттан айылҕаттан бэриллибит киһи быһыытынан уратытын, күүһүн-уоҕун, дьаныарын, тулуурун, мындыр өйүн, дууһатын, эр киһи быһыытынан ис кыаҕын арыйарыгар, толору туһанарыгар болҕомто уурабыт. Оҕону иитиигэ уруу-аймах, тастыҥ дьон бүтүннүүтэ кыттар дии саныыбыт. Табах, арыгы буортутун кыра эрдэҕиттэн өйдөтө сатыыбыт. Оҕобутун айылҕаны таптыырга, кыамматы-кырдьаҕаһы аһынарга, киэҥ билиилээх-көрүүлээх буоларга, үөрэтэ-такайа сатыыбыт. Үчүгэйгэ, кэрэҕэ дьулуһар киһи төһө да талаана, дьоҕура суоҕун иһин, киһи кэрэхсии-сөбүлүү көрөрүн син биир оҥорор. Уолун кыра эрдэҕиттэн төһө кыалларынан бэйэтин кытта илдьэ сылдьан, үлэҕэ үөрэтэр, окко-маска, булка, сынньалаҥҥа. Күһүҥҥү куобахха, балык тааһыҥҥа тэҥэ сылдьар. Аҕата сааны хайдах тутарга-хабарга, сэрэхтээх буоларга үөрэтэр. Айылҕаҕа сылдьар киһи тымныыны, итиини, ардаҕы, ол-бу моһуогу көрсөрө элбэх. Онно буһан-хатан, уол инники олоҕор бэлэмнээх буолар. Айылҕаҕа сылдьар киһи бэрээдэгинэн уонна өйүнэн-санаатынан сырдык, ыраас өттүгэр тардыһар. Аҕабыт сварщик идэлээх буолан, уола ону-маны сваркалыан баҕарар, сүрдээҕин сэҥээрэр. Аҕатын кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьан, үлэлиирин көрөр, сэҥээрэр, элбэҕи билэр. Аҕатыгар көмөлөһөрүн олус астынар, бэйэтэ баҕа өттүнэн үлэлиир, бу саамай үчүгэй өрүт дии саныыбын. Дьиэ иһигэр миигин кытта тэҥҥэ сылдьар, иһит сууйар, ас астыыр буоллахпына тэҥҥэ сылдьар, таҥас сууйар буоллахпына тэҥҥэ сууйсар, бу саамай таптыыр үлэтэ кыра эрдэҕиттэн. Дьиэ иһигэр киирдэҕинэ кыыс курдук үлэлиир, тэҥҥэ сылдьар миигин кытта, онтон таһырдьа аҕатын кытта уол уол курдук туттан хаптан сылдьан үлэлиир көмөлөһөр. Кыра сылдьан оонньуурдарын олус харыстаан оонньуур, алдьаппат этэ, биир эмэ оонньуур алдьаннаҕына олус хомойор. Маннык түгэҥҥэ хаһан да аҕата мөхпөт, мин курдук оонньуурдаргын харыстаа, таҥаскын-сапкын харыстаа диэҥҥэ үөрэппитим. Онтукам билигин туһалаах. Сайынын дьиэ кэргэнинэн бары балыктаан, оттоон, айылҕаҕа сылдьарбытын, сир астыырбытын сүрдээҕин сөбүлүүбүт. Оҕобутун илдьэ сылдьан дойдутун таптыыр гына, өбүгэлэрбит сирдэрин-уоттарын убаастыыр, сиэри-туому тутуһар гына иитэ сатыыбыт үөрэтэбит. Сайын бары элбэх буолан оттуубут олус көхтөөх, уолун кытта тракторынан от охсоллор, хомуйаллар, онно тэҥҥэ сылдьан барытын көрөр-истэр. Женя быйыл 3 кылааска үөрэнэр. Үөрэҕэр ситиһиилээхтик үөрэнэр. Быйылгыттан прикладной кружокка дьарыктанар. Онно Кириллина С.И. дьарыктыыр. Дьарыгын олус сөбүлүүр, онно туой буорунан, туустаах тиэстэнэн, уруһуйунан дьарыктаналлар. Дьиэтигэр муус-мас кини үлэтэ. Кыайдын да, кыайбатын хаар күрдьэр санаатын ситэр. Кыра эрдэҕиттэн санаа да толор, санаа да оҥор кыайбатаххын кыай, өһөс буолуохха наада диэҥҥэ үөрэппитим. Билигин уолбар туһалыыр курдук. Саҕалаабыт үлэтин өсөһөн туран сим биир иннин ылар. Биһиги бэйэбит кыахпытынан, кыалларынан, сатыырбытынан үлэлии, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсабыт. Сахаларга уол оҕо улаатан, дьоһуннаах киһи буола үүнэн таҕыстаҕына, аҕатын туйаҕын хатарбыт диэн киэн туттан кэпсэтиһэр үгэстээхтэр. Ити барыта аҕа иннигэр улахан эппиэтинэһи туруорар.
Түмүк тыл.
Билигин олохпут оҥкула уларыйан, сайдан иһэрин быһыытынан төрөппүккэ бэриллэр , быраабы толоруу туһунан күннээҕи олох кыһалҕаларыгар кыһарыйтарбакка оҕобут уйулҕатын доруобуйатын харыстыырга хас биирдии төрөппүт бэйэбит кыһаллыаҕыҥ. Кинилэр интэриэстэрин, кыһалҕаларын тэҥҥэ үллэстиэҕиҥ. Көлүөнэлэр икки ардыларыгар сылаас сыһыаны олохтуоҕуҥ. Ийэ, аҕа иитиитэ солбуллубат суолталарын үрдэтиэҕиҥ, оҕону общественнай иитиинэн үлүһүйүүттэн сэрэниэҕиҥ. Хас биирдии оҕоҕо – мин сахабын, миигин өйдүүр, өйүүр дьоннордоохпун – сэргэлээхпин, кэрэҕэ, үтүөҕэ уһуйбут дьоннорум – мин үрдүк идеалларым, үтүө холобурдарын диэн истиҥ иэйиини иҥэриэххэ. Ийэ дойдуларыгар туһалаах дьон буолалларын ситиһиэҕиҥ.
31.01.07. Тыа ыала.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Доклад по теме"Трудовое воспитание ребенка в семье".
Правильное воспитание невозможно представить себе как воспитание нетрудовое. Труд всегда был основанием для человеческой жизни, для создания благополучия человеческой жизни и культуры. В нашей стране...
Семейное родительское собрание. Тема: Роль отца в воспитании ребенка в семье.
В нашем лицее стало традицией проводить семейные родительские собрания. На такие собрания родители приходят семьями: папы, мамы, дедушки, бабушки, дети. Предлагаю одно из таких семейных родительских с...
тест - диагностика "Стили и методы семейного воспитания ребенка в семье"
Решение десяти обычных жизненых ситуаций определит стиль воспитания в семье. Дается анализ результатов теста....
Духовно-нравственное воспитание ребенка в семье
Что такое брак, семья впонимании христианства. Воспитание духовных ценностей у детей в современной семье....
статья по воспитанию "Воспитание ребенка в семье"
Традиционно главным институтом воспитания является семья. То, что ребёнок в детские годы приобретает в семье, он сохраняет в течение всей последующей жизни. Важность семьи как института воспит...
Презентация к родительскому собранию "Воспитание ребенка в семье"
Поможет классному руководителю правильно определить стиль и методы воспитания в семье своих подопечных и скорректировать дальнейшую работу как с родителями , так и с детьми....
Анкета для родителей "Стили и методы воспитания ребенка в семье"
Анкета для родителей "Стили и методы воспитания ребенка в семье"...