Классный час, посвященный ко Дню знания в I классе
классный час (1 класс) по теме
Сценарий классного часа, посвященный ко Дню знаний написан на якутском языке. Цель классного часа - создание атмосферы праздника, знакомство со школой. Классный час проходит в игровой форме.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Сценарий классного часа в I классе, посвященного ко Дню знания | 49 КБ |
Предварительный просмотр:
I кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа
Романов Лаврентий Афанасьевич, алын суьуех кылаастар учуутала
Ыытыллар кунэ, чааьа: 01.09.2011 сыл, 11 ч 30 м
Сыала: о5олорго бырааьынньык атмосфератын тэрийии, оскуоланы кытта билиьиннэрии
Соруктара: уэрэххэ мотивацияларын уонна уерэнэр ба5аларын уескэтии, бодоруьуу уонна бэйэ бэйэни ейдеьер культураларын сайыннарыы.
Тэрилэ: Билии кунугэр аналлаах плакаттар, цветик-семицветик, 5, 3, 1, 7, 9 чыыьылалар карточкалара, икки А-4 форматтаах илиис, фломастер
Хаамыыта:
/О5олор кылааска киирэн паарталарга олороллор, тереппуттэр ыалдьыт быьыытынан киирэллэр/
Учуутал: О5олоор, бугун эьиэхэ дьикти уонна умнуллубат кун – эьиги аан бастаан оскуола боруогун атыллаан уерэниэхтээх кылааскытыгар киирэн олоро5ут.
Учуутал: Ким билэрий, оскуола5а туохха уерэтэллэрий? /о5олор эппиэттэрэ/
- Саамай сепке эттигит. Оскуола5а эьигини аа5арга, суруйарга, уруьуйдуурга, до5ордоьорго, бэйэ бэйэ5итигэр эйэлээхтик сыьыаннаьарга уонна онтон да атын угус учугэйгэ уонна туьалаахха уерэтэллэр.
Учуутал: Оттон бу биьиги олорор хоспут туох дин ааттанарый? /Кылаас/
- Тула еттугутун учугэйдик ейдеен керун эрэ. Кылааспыт кыра со5ус да буоллар сурдээх ыраас, тупса5ай. Бу кылааска эьиги 4 сылы быьа уерэнэ кэлиэххит. Онон кылаастарын ыраастык тутуохтара, малын-салын харыстыахтара диэн биьиги учууталлар уонна тереппуппэр эьиэхэ эрэнэбит. Кылааска хайдах туттан-хаптан сылдьаргытын учугэйдик ейдуургут инниттэн билигин «Сеп – сыыьа» диэн оонньууну оонньуохпут. Мин ыйытыылары биэртэлиэм, эьиги бол5омтолоохтук истэн баран септеех хоруйу биэриэхтээххит: «сеп» эбэтэр «сыыьа» диэхтээххит.
- Кылааска кирдээх атахтаах киирэбит дуо? /Суох/
- Илиилэрбитин штораларга соттобут дуо? /Суох/
- Истиэнэ5э, паарта5а суруйабыт дуо? /Суох/
- Ардах кэмигэр уларыттар атах танаьын а5алабыт дуо? /Сеп/
- Перемена кэмигэр охсуьар, этиьэр табыллар дуо? /Суох/
- Уруокка хойутаан кэлэбит дуо? /Суох/
- Учугэйдик уерэнэргэ кыьаллабыт дуо? /Сеп/
Учуутал: Маладьыастар, эьиги бары ыйытыыларга септеех хоруйдары биэрдигит. Аны билигин бастакы кылаас уерэнээччитин анда5арын биэриэххит уонна бу анда5ары 4 сылы быьа кэьиэ суохтааххыт.
Бастакы кылаас уерэнээччитин анда5ара:
- Кун аайы уерэнэрбитигэр хойутаабакка кэлиэхпит /Анда5айабыт/
- Уруокка бол5омтолоохтук уонна мэниктээбэккэ олорон уерэниэхпит /Анда5айабыт/
- Ейдеех уонна уерэхтээх буолар инниттэн аа5а уонна суруйа уерэниэхпит /Анда5айабыт/
- Учебниктарбытын, тэтэрээттэрбитин еруу ыраастык тутуохпут /Анда5айабыт/
- Эрэллээх, учугэй до5ор буолар инниттэн бэйэ бэйэбитигэр мэлдьитин кемелеьуехпут.
- Мэлдьитин чэбэрдик танна – симэнэ сылдьыахпыт /Анда5айабыт/
Учуутал: Эьиги уже элбэ5и билэ5ит уонна сатыыгыт. Билигин бастакы оскуолатаа5ы экзамены туттарыаххыт. Бары сатаан туттарыаххыт диэн эрэллээхпин. Учугэйдик ейдеен эрэ, киьи ба5а санаатын толорор аптаах сибэкки хас эминньэхтээх этэй? /7/ Саамай сеп, сэттэ эминньэхтээх. Аата да «Цветик – семицветик» диэн. Дьэ бу сибэкки 7 эминньэ5эр эьиэхэ сорудахтар бааллар.
/О5олор сибэккигэ кэлэн биирдии эминньэ5и «туураллар»/
1. Остуоруйаларга экзамен. Бу ханнык остуоруйаттан ылыллыбыт тылларый:
«О5онньордоох эмээхсинтэн куоппутум,
Эйигиттэн куобахтан куотар уустук буолбатах»? /Колобок/
2. Хоьоону ситэрэн этин:
«Тургэн сыыдам газика
Тердуе буолан олорон…» /Тиийэн кэллим детсадпар
Чуечэ эдьиий дорообо»/
3. Ырыаны ситэри ыллаан:
«Днепр тымныы долгуннарын…» /Туоруур саха уола
Тула ууга бырдааттанар
Ардах буулдьа суола»
4. Таабырыны таайын:
«Урбэт да5аны, ытырбат да5аны
Дьиэ5э киллэрбэт баар уьу» /Кулуус/
5. Математика экзамена.
Дуоска5а 5 уэрэнээччи тахсар, кинилэргэ сыыпаралаах карточкалар тунэтиллэллэр: 5, 3, 1, 7, 9. Чыыьылалар кыччаан иьэр бэрээдэктэринэн туруохтаахтар.
6. Бол5омтолоох буолууга экзамен.
Дуоска5а предметтэр ойуулара ыйанар. О5олор харахтарын симпиттэрин кэннэ 1 предметы ылан баран ыйытыы: Туох уларыйда?
7. Уруьуй экзамена.
О5олору 2 группа5а хайытан баран А-4 илиискэ I кылаас уерэнээччитин портретын уруьуйдатыы. Хайа белех киэнэ ордугуй?
Учуутал: Маладьыастар, о5олоор, эьиги I кылааска киирэр экзаменнаргытын ситиьиилээхтик туттардыгыт, бугуннэттэн ыла эьиги дьиннээх уерэнээччи аатын ыла5ыт. Аны билигин тереппуттэрбит экзамен туттарыахтара.
Тереппуттэргэ (10 киьиэхэ) этиилэр суруллубут илиистэрэ бэриллэр. Сорох илиискэ этии са5аланыыта, сороххо - бутуутэ суруллубуттар. Септеех гына этиилэри хомуйуохтааххыт.
- О5олорбутун сарсыарда туруоран, аьатан…. оскуола5а хойутаппакка ыытыахпыт.
- Танастара – саптара еруу … ыраас буоларын ирдиэхпит.
- Кылаас, оскуола ыытар тэрээьиннэригэр…. мэлдьитин активнайдык кыттыахпыт.
- О5олорбут уерэнэр кылаастарын еремуенугэр … сыл аайы кемелеьуехпут .
- Учууталлары кытта … биир тылы булуохпут.
Учуутал: Эьиги тереппуттэргит маладьыатар! Этиилэри сепке онордулар. Бу мээнэ этиилэр буолбатахтар, бу тереппуттэр анда5ардара. Мин биирдии этиинэн аахта5ым аайы тереппуттэр «анда5айабыт» диэн иьиэхтээххит.
/Учуутал этиилэри аа5ар, тереппуттэр хас этии кэнниттэн аайы «анда5айабыт» дииллэр/
Учуутал: Убаастабыллаах тереппуттэр, бу анда5аргытын 4 сылы быьа умнубакка саныы сылдьыахтааххыт.
- Уерэнээччилэр анда5ар биэрдилэр, тереппуттэр эмиэ. Аны мин, учууталгыт, биэрэрим хаалла. Мин анда5арым маннык ис хоьоонноох:
Анда5айабын:
Эьиги о5олоргут элбэ5и билэллэрин курдук уерэтиэм.
Уерэнээччилэрбин буруйа суох ме5уем суо5а.
Барыларын биир тэнник тутуом.
Барыларын аа5арга, суруйарга уерэтиэм.
Иллээх-эйэлээх буолалларын ситиьиэм.
Учуутал: Кунду о5олор, убаастабыллаах тереппуттэр, ыалдьыттар, барыгытыгар бугун биьиги маннайгы уруокпутугар кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар махтанабын. Арахсыахпыт иннинэ о5олортон, тереппуттэртэн кердеьуем этэ, бугунну куну хайдах ейдеен хаалбыккытын илиискэ «Мин оскуола5а бастакы кунум» диэн тема5а айар улэ онорон кэлэргитигэр. Бу улэни уруьуйдаан да5аны, тугу эмэ сыьыаран да5аны оноруоххутун сеп. Ессе тегул барыгытыгар улахан махтал. Манан Билии кунугэр аналлаах кылааспыт чааьа тумуктэнэр. Аныгыс керсуеххэ диэри!
О5олорбутун сарсыарда туруоран, аьатан
оскуола5а хойутаппакка ыытыахпыт.
Танастара – саптара еруу
ыраас буоларын ирдиэхпит.
Кылаас, оскуола ыытар тэрээьиннэригэр
мэлдьитин активнайдык кыттыахпыт.
О5олорбут уерэнэр кылаастарын еремуенугэр
сыл аайы кемелеьуехпут .
Учууталлары кытта биир тылы булуохпут.
1. Остуоруйаларга экзамен. Бу ханнык остуоруйаттан ылыллыбыт тылларый: «О5онньордоох эмээхсинтэн куоппутум,
Эйигиттэн куобахтан куотар уустук буолбатах»? /Колобок/
2. Хоьоону ситэрэн этин:
«Тургэн сыыдам газика
Тердуе буолан олорон…» /Тиийэн кэллим детсадпар
Чуечэ эдьиий дорообо»/
3. Ырыаны ситэри ыллаан:
«Днепр тымныы долгуннарын…» /Туоруур саха уола
Тула ууга бырдааттанар
Ардах буулдьа суола»/
4. Таабырыны таайын:
«Урбэт да5аны, ытырбат да5аны
Дьиэ5э киллэрбэт баар уьу» /Кулуус/
5. Математика экзамена.
Дуоска5а 5 уэрэнээччи тахсар, кинилэргэ сыыпаралаах карточкалар тунэтиллэллэр: 5, 3, 1, 7, 9. Чыыьылалар кыччаан иьэр бэрээдэктэринэн туруохтаахтар.
6. Бол5омтолоох буолууга экзамен.
Дуоска5а предметтэр ойуулара ыйанар. О5олор харахтарын симпиттэрин кэннэ 1 предметы ылан баран ыйытыы: Туох уларыйда?
7. Уруьуй экзамена.
О5олору 2 группа5а хайытан баран А-4 илиискэ I кылаас уерэнээччитин портретын уруьуйдатыы. Хайа белех киэнэ ордугуй?
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Классный час, посвященный 9 мая для учащихся 2 классов
Разработка классного часа содержит сценарий, который посвящен праднику 9 мая....
Классный час, посвященный 70-летию Великой Победы (4 класс).
Классный час, посвященный 70-летию Великой Победы ,для учащихся 4 класса....
Сценарий классного часа, посвященный окончанию учебного года в 3 классе
В нашем классе сложилась традиция – в конце каждого учебного года проводить мероприятие, посвященное окончанию года. Хочу поделиться своим сценарием, в надежде, что кому-то он пригодится....
Классный час, посвященный выводу войск из Афганистана. 1 класс
Цель: познакомить с событиями в Афганистане 1979-1989 годов.Задачи:воспитательные: воспитание чувства патриотизма, чувства благодарности воинам-афганцам, выполнявшим свой интернациональный долг;развив...
Познавательно - игровой классный час,посвященный Дню чая для учащихся начальных классов
На этом занятии применяются игровые и здоровьесберегающие технологии. Данный материал могут использовать учителя начальных классов для проведения Дня чая (15 декабря)....
Классный час, посвященный выводу войск из Афганистана. 1 класс
Классный час, посвященный выводу войск из Афганистана. 1 класс...