Сценарий представления "Новые приключения Красной шапочки"
материал (2, 3, 4 класс)
Это сценарий представления "Новые приключения Красной шапочки". Можно использовать для 2-4 классов. Не только для новогодних вечеров, но и для любых праздников и вечеров
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Сценарий представления | 26.08 КБ |
Предварительный просмотр:
4 кылаас саца дьыллаа5ы представлениятын сценарийа
Оруолларга:
Кыһыл Бэргэһэчээн-
Эбээ-
Атамаан Бөрө -
Кыһыл Бэргэһэчээннэр -
Дровосектар -
Бөрөлөр -
1 ХАРТЫЫНА
Дьиэ иһэ көстөр, бэриинэ ороҥҥо КБ олорор
(Төлөпүөн тыаһыыр(рингтон айфон))
КБ: Алльоо.
ЭБЭЭ: Алльуо.
КБ: Эбээ, привеет!
ЭБЭЭ: Дорообо, тоойуом. Хайа, һыллы, тугу гына сылдьаҕын?
КБ: Суох, эбээ. Телевизор көрө сытабын.
ЭБЭЭ: Ээ, наһаа үчүгэй эбит. Саҥа дьыл буолара чугаһаата дии, тоойуом. Бырааһынныктааҕы остуол тардарга көмөлөһө кэлээр эрэ. Ити били аскын, куурусса буутун илдьэ кэлэргин умнаайаҕын. Аграфена Гаврильевналаахтан, Кычкиннартан ыларгын.
КБ: Оо,дьэ, эбээ, КФС диэн ол ас. Ылбытым ужеее.
ЭБЭЭ: Ээ, оннук дуу… уонна ити муора бородууктатыттан эриллэн оҥоһуллар туох ас этэй? Оннуккун эмиэ.
КБ: Эбээ, сушины этэҕин даа?
ЭБЭЭ: Ээ, оннук ини. Осипова Туяра оҥорорун.
КБ: Сөөп, сөп. Ылбытым, эбээ. Илдьэ барыам.
(КФС, суши-роллы ылар, таҥнан тахсан барар, быыс сабыллар)
2 ХАРТЫЫНА
Ойуур көстөр, онон-манан харыйачааннар тураллар
(КБ “Если долго, долго”ыллыы-ыллыы сыанаҕа киирэр, мастар быыстарыттан шишка хомуйар уонна тахсан барар. Кутталлаах музыка тыаһыыр, бөрөлөр сыанаҕа киирэн үҥкүүлүүллэр)
БӨРӨЛӨР ҮҤКҮҮЛЭРЭ - бандитскай музыканан, переход-музыка Урааҥхайдар)
(КБ киирэн кэлэр, Берелер кыысчааны керен киэптииллэр, атаманнара ынайан кэлэр КБ, атын бөрөлөр төгүрүйэллэр КБ)
АТАМАН БӨРӨ: Хайа, бу ханналаатыҥ, КБ ?
КБ: Эбээбэр саҥа дьыллыы баран иһэбин.
АТАМАН БӨРӨ: Корзинаҕар туох баарый? Биэр биһиэхэ!
КБ: Эбээбэр кэһии ылан баран эрэбин. Кыратык бэрсиэм.
АТАМАН БӨРӨ: Минньигэһиин. Хата иҥсэм өссө көптө. Хахаха. Хата бэйэҕин, Кыһыл бэргэһэчээн, сиэн биһиэхпит, ээ.
КБ: Аааааа, көмөлөһүөөөн (куттанар, хаһыытыыр)
Дровосектар киирэллэр (кыра үҥкүү): Бу, туох түөкүттэрий, киэр барын!!!
(Атаман бөрөнү дубинканан төбөҕө саайаллар. Атын бөрөлөр куоталлар. Бөрө туймаарар, төбөтүн туттубутунан кэннин диэки барар уонна маҥан таҥаһынан сабыллан турар олоппоско (сугроб образие) олоро биэрэр)
КЫҺЫЛ БЭРГЭҺЭЧЭЭННЭР ҮҤКҮҮЛЭРЭ.
(Кыһыл Бэргэһэчээннэр үҥкүүлүү сырыттахтарына Атаман Бөрө туран Кыһыл Бэргэһэчээннэри тутаталаабыта буолар, Кыһыл Бэргэһэчээннэр тахсан бараллар)
АТАМАН БӨРӨ: Бары ханна баран хааллыгыт? (хараҕын аалынар)Хараҕым иирдэ дуу, тугуй дуу, бу, бэйэм иирдим дуу?... Кыһыл Бэргэһэчээним хайдах элбээн хааллай? Хайдах хайдаҕый?! Айкуу, төбөм ыарыйдаҕын. Туох, туох буолбутун өйдөөбөккө да хааллым. (улуйан атын бөрөлөрүн ыҥыртыыр) Кутуруктара куйаар, кэһэтэлиэм мин кинилэри, моһуораларын көннөрүөм куота оонньообуттарын. Хаарыан аһылыкпын куоттардаҕым ити баар дии. Бээрэ, Кыһыл Бэргэһэчээн эбээбэр барабын диэтэ дуу, мин хайаатар да кини иннинэ тиийиэхпин наада.
(Бөрө сытырҕалаабыта буола-буола, ыксыы-ыксыы тахсан барар)
3 ХАРТЫЫНА
Эбээ дьиэтэ көстөр.
(Үрдүк бэриинэ ороҥҥо бөрө эбээ буолан кубулунан сытар.Ааны тоҥсуйар, КБ киирэр)
АТАМАН БӨРӨ: Киириҥ, киириҥ.
КБ: Дорообо эбээ. Мин кэллим.
АТАМАН БӨРӨ: Дорообо, тоойуом. Киир олор.
КБ: Эбээ, эн ыарыйдын да?
АТАМАН БӨРӨ: Ээ, суох, тоойуом. Сынньана сыттым. Дэлби сылайдым.
КБ: Чэ, оннук эрэ буоллун. Эбээ, мин эйиэхэ кэлэн иһэн бөрөлөрү көрүстүм. Кэһиибин былдьыы сыстылар, өссө бэйэбин сиэхчэ буолан истэхтэринэ, дровосектар кэлэн быыһаатылар.
АТАМАН БӨРӨ: Оо, бу иэдээни. Хата туппатахтар дии тоойуом.
КБ: Оннук. Эбээ, эн куолаһын тоҕо уларыйда?
АТАМАН БӨРӨ: Ээ, ити күөмэйим дэлби куурда ол иһин.
КБ: Эбээ, онтон хара5ын тоҕо наһаа улааттай?
АТАМАН БӨРӨ: Эйигин үчүгэйдик көрөөрү, тоойуом.
КБ: Эбээ, онтон кулгаахтарын тоҕо наһаа улахаттарый?
АТАМАН БӨРӨ: Тоойуом, эн саҥаҕын үчүгэйдик истээри.
КБ: Эбээ, онтон муннун тоҕо наһаа улаханый?
АТАМАН БӨРӨ: Онтон эйиигин күүскэ да куускэ сыллаары.
КБ: Эбээ, оттон айаҕын тоҕо наһаа улаханый?
АТАМАН БӨРӨ: Эйиигин сиэри, Кыһыл Бэргэһэчээн!
(Бу бириэмэҕэ Дровосектар киирэн кэлэллэр. Бөрө иһиттэн эбээни таһаараллар.
КБ: Эбээ, үчүгэйгин даа?
Эбээ: Үчүгэйбин, тоойуом, үчүгэйбин. Онтон эн, тоойуом хайдаххыный? Барытын иһиттим, ээ.
КБ: Мин эмиэ үчүгэйбин, эбээ.
Эбээ уонна КБ куустуһаллар, үөрүү-көтүү буолар. КБ аҕалбыт кэһиитин көрдөрөр.)
КБ: Эбээ, арба кэһиим бу баар.
Эбээ: Уу, кырдьык даҕаны, сыта минньигэһиин. Оҕо-аймах барыта көһүтэр күүтүүлээх аптаах-алыптаах Саҥа Дьылбыт үүнэрэ субу кэллэ, тоойуом! Өрүү иллээх-эйэлээх буолуоҕуҥ, өрүү субу курдук бииргэ буолуоҕуҥ, доҕоттоор!
ААПТАР: Хас биирдии остуоруйаҕа кэпсэнэрин курдук Кыһыл Бэргэһэчээммит эбээтинээн уһуннук да уһуннук уонна дьоллоохтук-саргылаахтык олорбуттара эбитэ үһү.
(Включается зажигательная новогодняя фоновая музыка и идет закулисный текст)
- В этот новогодний волшебный вечер шлет Вам свои искренние поздравления коллектив 4 класса. Всех с наступающим годом, годом Деревянного зеленого Дракона. Пусть пламенный огонь Дракона согреет зимние холодные дни, пусть красочный цвет Дракона убережет Вас от несчастий, пусть этот год Дракона принесет Вам море позитива и радости, удачи и веселья. Встречаем - символ года - ДРАКОН!!! (Танец дракона)
- С новым годом, с новым счастьем (Песня НОВЫЙ год)
1.КФС –коробка
2.Суши-роллы
3. Корзинка
4. Улахан дубинка
5. Бэриинэ орон
6. Ойуур?
7. Дракон,- яркай тацас, илиилэригэр салыбырас-илибирэс, кылабачыгас тутар
8.
Песня красной шапочки
Если долго, долго, долго,
Если долго по дорожке,
Если долго по тропинке
Топать, ехать и бежать,
То, пожалуй, то, конечно,
То, наверно, верно, верно,
То, возможно, можно, можно,
Можно в Африку прийти!
Припев:
А-а в Африке реки вот такой ширины!
А-а в Африке горы вот такой вышины!
А-ах, крокодилы, бегемоты,
А-ах, обезьяны, кашалоты,
А-ах, и зеленый попугай!
А-ах, и зеленый попугай!
И как только, только, только,
И как только на тропинке,
И как только на дорожке
Встречу я кого-нибудь,
То тому, кого я встречу,-
Даже зверю,- верю, верю,-
Не забуду,- буду, буду,
Буду “здрасьте” говорить.
Припев:
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий мюзикла "Красная Шапочка"
Фестиваль искусств учащихся (разработка сценария выступления)...
Сценарий пьесы "Красная шапочка" на английском языке.
В нашей школе 328 есть традиция - каждый год делать праздник на английском языке. Представляю Вашему вниманию сценарий сказыки "Красная шапочка". Так как в сказке ролей не достаточно (Красная Шапочка,...
Сценарий праздника «Красная Шапочка на новогодний лад»
Сценарий праздника «Красная Шапочка на новогодний лад»....
сценарий спектакля "Красная шапочка"
сценарий спектакля "Красная шапочка"...
Новогодние приключения Красной Шапочки
Сценарий для детей...
Праздничное мероприятие, посвященное ко дню 8 марта "Приключение Красной шапочки"
За основу взяла сказку Красная шапочка. Почтаралась сказку - путешествие заполнить другими героями, котрые помогли красной шапочке преодолеть все сложности и победить зло!...
Приключения Красной Шапочки в осеннем лесу
Сценарий спектакля, в ходе которого зрители узнают, как разные лесные звери готовятся к зиме....