саха тылыгар дидактическай матырыйаал
материал (2 класс)
саха тылыгар матырыйаал
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Саха тыла дидактическай матырыйаал | 66.66 КБ |
Инсценировка "Тыымныычаан" | 43.44 КБ |
Предварительный просмотр:
Саха тылыгар оскуола иhинэн ыытыллар олимпиада сорудахтара. 3 кылаас.
Үлэни толордо____________________________________________________
Оскуола __________________________________________________________
#1069;тии хас араастааҕый?
а) 3 б) 4 в) 5
#1061;ас этии аайы сөптөөх бэлиэни туруор:
Эн ханнык оскуолаҕа үөрэнэҕин
Былыр биир дьадаҥы киhи олорбут
Баар буоллун өрүү ийэ
#1041;эриллибит тыллары сүһүөҕүнэн араар уонна сүһүөхтэри анал бэлиэлэринэн тардан көрдөр.
Кымырдаҕас, оскуола, куртах, тураах.
#1040;ат тылынан бэриллибит кэпсиирэлээх этиини бул:
а) Мин аҕам–тракторист.
б) Биһиги үһүс кылааска үөрэнэбит.
в) Мин оскуолам миэхэ күндү.
#1058;уохтуур көрдөрөр предмет:
а) аатын
б) бэлиэтин
в) тугу гынарын
#1040;ат тылтан туохтуурда үөскэт:
Хайыһар-
Собо-
#1059;тарыта суолталаах тыллары суруй.
куттамсах - ________________ сырдык - __________________
ичигэс - _______________ ыарыhах - ________________
синньигэс - _____________________
#1256;с хоһоонун ситэр.
Сγрэ5э суох - ________________________.
Атас туhугар - _______________________________.
Үчүгэй майгыҥ – _________________________________.
#1057;омоҕо тыллар суолталарын сурааһынынан ситимнээ
атахха биллэрбит сымыйалыыр
силин быһа ыйыстар куоппут
тылыттан маппыт туга да суох хаалбыт
ытыһын соттубут иҥсэрэр
халлааны туойар саҥарбат
#1067;һыллыбыт буукубалары сааһылаан этиитэ таһаар:
Өбтүрөөт лты – йэи дуркук дүнкү!
__________________________________________________________________
#1056;ебустары таай:
#1057;өбүлүүр дьарыгыҥ туһунан 3 этиитэ суруй.
______________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________
Предварительный просмотр:
«Тымныычаан» остуоруйа (3-с кылаастар толорууларыгар)
Инсценировка геройдара
- Автор-
- Настенька –
- Марфуша –
- Антонина Павловна (Мачеха) –
- Анатолий Федорович (Настенька а5ата) –
- Муус о5онньор (Морозко) –
- Буур5а (Вьюга) – Николаев
- Хаар кыырпа5а (Снежинка) –
- Бөрө –
- Харыйачаан –
- Yрэх –
Автор: Утуо кунунэн кунду о5олор , тороппуттэр уонна ыалдьыттар!
Эьигини уорэ-кото корсо кэллибит 3-с кылаас
«Тымныычаан» диэн остуоруйабытын короргутугэр ынырабыт.
Олорбуттара уьу 21 уйэ кэмигэр орто саастаах ыал, кинилэргэ икки кыыстаахтара уьу – Настенька уонна Марфушенька. Билэргит курдук, Антонина Павловна Настенька5а ииппит ийэ буолар.
Бастакы сцена
( Билинни куораттаанны дьиэ5э, хос иьигэр икки кыыс баар. Настенька хос иьин сууйан бутэн, остуолга ас бэлэмнии сылдьар уонна хостон кухня5а суурэкилиир. Ол кэмнэ Марфуша остуолга уруок аахпыта буола олорор. (сирэйин математика кинигэтинэн бурунэн олорор)
Хоско Антонина Павловна(Аэлина) киирэр.
Антонина Павловна: Марфушенька, хайа, математика5ын онордун дуо?
Марфуша: Оӊорон ийэ. Нэħиилэ онордум, ынырык ыарахан, отой математиканы сөбүлээбэт эбиппин. Оӊоро-оӊоро олор да олор, күүлэйдиэхпин ба5арабын.
Антонина Павловна: Мин о5ом наħаа да кыħаллар. Баран күүлэйдиэххин сөп гынан баран, бастаан аħаа үчүгэйдик.
Марфуша: Настенька бүгүн тугу да оӊоро илик!!!
Антонина Павловна: Настя! То5о аспыт билиӊӊэ диэри буħа илигий уонна остуолбут бэлэмэ суох турарый?
Настенька: Антонина Павловна, кыратык күүтэ түħүӊ, билигин барыта бэлэм буолуо5а.
Антонина Павловна: Сүрэ5э да суох о5о, тугу да гыммат дьиэ5э! То5о биħиги эйигин аħатыахтаахпытый?! Билигин а5аӊ кэллэ5инэ аħыахпыт, ол кэннэ барытын хомуйаар, Марфушенька кинигэлэрин полка5а илдьээр, миэстэтигэр дьаарыстаан уураар уонна кофтатын бугун киэьэ баайан булгуччу бутэр! О5ом барахсан кэтэр да таӊаьа суох сылдьаахтыыр. (Марфушеньканы баран сирэйиттэн сыллыыр) Тонмута боло Марфушенька, эдьиийгин аьыммаккын да5аны. Мэ, ыл (пряжаны Настенька5а быра5ан биэрэр) эбии сап эйиэхэ ылбытым.
Настенька: Антонина Павловна, хайдах мин бүгүн баайан бутэриэхпиний? Киэħэ алта чаас буолла ди.
Антонина Павловна: Киниэхэ төħө да үтүө дьыаланы оӊор, кини өссө утары миэхэ саӊарыахтаах!!! Сүрэ5э суох!!! Тохтоо, а5аӊ кэллэ5инэ эйигин эбээ5эр илтэрэр эбиппин дэриэбинэ5э. Онно төħө ба5ар сыт, үлэлээмэ да5аны.
Иккис сцена
Хоско Анатолий Федорович киирэр.
Анатолий Федорович: Хайа кыргыттар, тугу гына олоро5ут?
Антонина Павловна: Толя, эн кыыħыӊ отой тугу да гыммат дьиэ5э, киħи да тылын отой истибэт. Киниттэн отой ынырыктык сылайдым. Билигин массыынанан илдьэ бар дэриэбинэ5э, ийэ5эр. Онно ба5ар көмө буолуо.
Анатолий Федорович: Билигин да? Массыынабын онорон бутэрэ иликпит дии уонна киэħэ буолла ди? Өрөбүллэргэ илдьибэппин да?
Антонина Павловна: Өрөбүлгэ диэмэ! Билигин илдьэ бар! Бу кыыħы мин харахпыттан киэр гын! Марфушенька5а да көмөлөспөт, о5ом сыыħа бэйэтэ эрэ дьиэ үлэтин оӊорор.
Анатолий Федорович: Онтон инник диир буоллаххына, илдьэр буолла5ым дии. Настенька, таӊын, эбээ5эр барыахпыт. Таарыччы эбээ5ин көрсөн кэлиэӊ, хата дьиэтигэр илии-атах буолуоӊ. Мин массыынаны оччо5уна билигин гаражтан таħаара бардым. Таӊынныӊ да тахсаар.
Анатолий Федорович таӊнан баран сценаттан тахсар.
Антонина Павловна: Настя, дэриэбинэ5э сынньанан барабын дии санаама, баайыыгын илдьэ бар. Бырааħынньык кэмигэр а5аӊ эйигин төттөрү ылыа5а, онуоха диэри баайыыгын бүтэр булгуччу! Уонна Марфушенька5а аста илдьэ кэлээр, дьиэтээӊӊи суораты уонна сыыры. Эдьиийиӊ үөрэнэригэр үчүгэйдик аħыан наада.
Yħүс сцена
Ыраас хонууга - тыа5а мустан тураллар: Муус о5онньор, Буур5а уонна Хаар кыырпа5а.
Хаар кыырпа5а: То5о чуӊкук ба5айыный? Кыħыммыт холку ба5айыный?
Буур5а: Кырдьык да5аны, мин саатар хаарынан онньуохпун ба5арарбын Муус о5онньор, улэ биэрбэккин да, олорортон да сылайдыбыт. (Муус о5онньор диэки көрөр)
Муус о5онньор: Тулуура суохтар. Этэбин дии, бириэмэтэ кэлэ илик диэн.
Хаар кыырпа5а: Хаħан бириэмэтэ кэлэр?
Муус о5онньор: мин эттэхпинэ, бириэмэтэ буолуо5а.
Корун-корун, дьоннор иьэллэр. Куттуубут да? (уорбут саната иьиллэр)
Буур5а: Көрүӊ-көрүӊ, дьоннор иħэллэр. Куттуубут да? (үөрбүт саӊата иħиллэр) Олорон сөп буоллум.
Хаар кыырпа5а: Ураа! Онньуур буолбуппут ди. (үөрэр)
Муус о5онньор: Хайдах киħи тылын истибэккитий! Бириэмэтэ кэлэ илик дии турдахха. Ба5ар учугэй дьоннор айаннаан эрэллэрэ буолуо дии то5о кинилэри куттаатыгыт?
Буур5а: О5онньор, оччогуна бэрэбиэркэлиэххэ.
Хаар кыырпа5а: Бэрэбиэркэлиэххэ. Хайдах бэрэбиэркэлиибит? (Соħуйбуттуу)
Муус о5онньор: Тугу толкуйдаатыӊ, Буур5а?
Буур5а: Маннык толкуйдаатым. Биьиги кинилэри хаарынан, тыалынан тымныынан бүрүйүөхпүт. Ол кэннэ бэрэбиэркэ ыытыахпыт – бөрөну ыӊырыахпыт, Yрэ5и уонна Харыйачааны көрдөĥүөхпүт. Дьоммут кинилэртэн куттаммакка көмөлөстөхтөрүнэ – ол аата үчүгэй санаалаах дьон эбиттэр.
Муус о5онньор: Бэрэбиэркэлиэххэ диэтигит да… Оннук гынар эбиппит. Хаар кыырпа5а, бараӊӊын бөрөнү ыӊыр. (Хаар кыырпа5а сыанаттан тахсар) Биĥиги са5алыы туруохпут гынан баран, мин тылбын бары истэ5ит! (сэрэтэр) Ким да5аны мин этэ иликпинэ - тугу да гыммат.
Төрдүс сцена
Автор: Настенька а5атынаан массыынанан айаннаан иьэллэр. Тыа ортотугар дэриэбинэ5э тиийэллэрэ кыра хаалбытын кэннэ, массыыналара алдьанан хаалар.
Массыына иьиттэн тахсаллар.
Анатолий Федорович: Оо дьэ, масыынабыт алдьанна дии Антонинаны истиэ суохтаах этим, сарсын сарсыарда да айаннаабыппыт буоллар, туох да уларыйыа суох этэ, хата ол оннугар масыынабын онорон бутэриэхтээх этим. Киĥи ыксаата5ына төлөпүөммүт да сибээĥэ манна хаппат буолла5а дии.
Настенька: Мин төлөпүөнүм эмиэ хаппат, батарейкам да олорбут. Чэ, наьаа куттаныма, а5аа. Сатыы да хааман тиийиэхпит, мантан чугас дии. Тиийдэхпитинэ, эбээ ыалыгар сылдьыахпыт, киниэхэ барыта баар буолааччы. Биьиэхэ да наадалаах запчааспыт баара буолуо. Бүгүн эбээ5э хонон баран, сарсын айаӊӊа туруннаххына?
Анатолий Федорович: Оннук табыллыбат. Бачча элбэх хаарга хайдах бараары гына5ын? Сапожкаӊ да чарааĥа бэрт ди. Мин бэйэм барыам, оннук түргэн буолуо.
Настенька: Бэйэӊ эрэ бара5ын да? Суох, иккиэн барыах. Со5отох хаалартан куттанабын.
Анатолий Федорович: Этэбин дии – со5отох бардахпына тургэнник тиийиэм. Эйиэхэ термос уонна аĥыыргар а5ыйах бутерброд хаалларыам. Икки чааьынан баран кэлэр инибин. Эн ол турар булчут дьиэтигэр бар, дьиэ иьигэр итии буолуо5а.
Настенька: Сөп, а5аа, оннук гыныам. Эн сэрэнэн сырыт, мунаайа5ын.
Анатолий Федорович: Сөп, сэрэнэн сылдьыам. Мин бардым, эн дьиэ5э киирэн баран, ааӊӊын хатанаар уонна кимиэхэ да арыйыма. (а5ата сэрэтэн баран барар)
Бэĥис сцена
Автор: Настенька булчут дьиэтин диэки хааман барар. Дьиэ5э барар суолугар Yрэх сытар эбит.
Yрэх: Кыысчаан, баьаалыста миэхэ көмөлөс.
Настенька: Ой, ким баарый манна? (хара5ынан тула кордуур) Ким саӊарда?
Yрэх: Мин үрэхпин. Куттаныма кыысчаан, бүгүӊӊү түүн – аптаах буолан ол иħин мин эйигин кытта кэпсэтэ турабын.
Настенька: Тугунан көмөлөħүөхпүн сөбүй үрэхчээн?
Yрэх: Оол онно мас сытар, ону быра5ыахха наада. Мин сүүрүкпэр мэħэйдии сытар. Билигин тымныы буолан, бэйэм да кыра буоламмын - атын киħи көмөтө суох кыайан туора бырахпаппын. Баьаалыста, эн туора быра5ан көр.
Настенька: (муннун анныгар санарар) Аата дьиктитин, Yрэх миигинниин кэпсэтэр да? Түүл эбитэ дуу, илэ эбитэ дуу… Маħы туора быра5ар ыарахана суох буолла5а. (Мас диэки барар уонна маьы туора бара5ар)
Yрэх: Кыысчаан, улахан махтал! Наħаа да учугэй кыыс эбиккин.
Настенька: Туох буолуой, көмөлөħөн буолла5а дии, көрдөстөхтөрүнэ. Көрсүөххэ диэри, үрэхчээн, мин дьиэ5э иттэ бардым.
Yрэх: Көрсүөххэ диэри. Махтал өссө төгул.
(Настенька дьиэ диэки суолунан баран иьэр. Дьиэ аанын аттыгар харыйачаан турар эбит. )
Харыйачаан: Ой, наħаа да ыарыылаах. Баьаалыста, ким эрэ көмөлөħөрө эбитэ буоллар.
Настенька: Ким баарый манна? (тула дьону кордуур)
Харыйа: Мин, харыйабын. Эн соħуйума. Бүгүӊӊү аптаах түүӊӊэ барыта буолуон сөп.
Настенька: Эн көмө көрдөөбүтүӊ дии, туох буолла?
Харыйа: Ким эрэ мин лабаабын тоħуппут, онтукайым наħаа ыарыылаах. Баħаалыста тостубут сиринэн баайыаӊ дуо?
Настенька: Бүгүӊӊү түүнтэн киħи соħуйбат да буолла. Билигин бэрэбээскэлиэм.
( Шарфигын устан сэрэнэн алдьаммыт лабаатын баайар.)
Харыйа: Улахан махтал буоллун эйиэхэ! Эн миигин быħаатыӊ. Манна ким да суох буолар, соро5ор ити куħа5ан санаалаах дьон ааħааччы уонна до5отторбун - харыйалары Сана дьылга илдьэ барааччылар.
Настенька: Баħаалыста, харыйа, ыалдьыма. Аны эн кинилэри лабааларын ииннэлэринэн кэйиэлээр, оччо5уна эйигин тыытыахтара суо5а.
Харыйа: Өссө төгүл махтал буолуохтун эйиэхэ. Эн эппит сүбэ5инэн туħаныам. Дьиэ5э киир, тонмутун буолуо.
Автор : Настенька дьиэ5э киирэр уонна аанын хатанан а5атын кэтэьэ олорор. Ол кэмӊэ ким эрэ ааны тонсуйар тыаħа иħиллэр.
Настенька: Ким баарый? А5аа, эн кэллиӊ дуо?
Бөрө: Мин бөрөбүн, баьаалыста миигин дьиэ5э киллэрэ5ин дуо? Тоннум а5ай бу буур5а5а.
Настенька: Миэхэ а5ам туора дьоӊӊо ааны арыйымаар диэбитэ. Хайдах бачча тымныыга эħигини киллэриэм суо5ай. (ааны арыйар) Киирин, иттин.
Бөрө: Махтал буоллун эйиэхэ, үтүө санаалаах кыыс. Тонмутум ааста, суолбун тутан айанныы туруом.
Настенька: Баьаалыста. Өссө да кэлээриӊ.
Боро сыанаттан тахсан барар.
Алтыс сцена
Автор: Бөрө барбытын кэннэ ааны эмиэ ким эрэ тоӊсуйара иħиллэр. Настенька бу сырыыга а5ам кэллэ диэн, ааны түргэнник ыйыппакка арыйа туħэр.
Настенька: Ой, а5ам кэллэ дии санаабытым. (Настенька соьуйа туьэр) Ал5аħаабат буоллахпына, эħиги Муус о5онньор буола5ыт дуо?
Муус о5онньор: Миигин инник да диэн ааттааччылар. Эт эрэ миэхэ кыысчаан, тымныы буолбатах да эйиэхэ манна?
Настенька: (сонугар сууланар) Букатын да тымныы буолбатах, Муус о5онньор.
(Муус о5онньор торуоскатынан сири охсор, дьиэ иьэ өссө тымныйар)
Муус о5онньор: Онтон билигин?
Настенька: (илибирии турар) Суох, мин таӊна сылдьабын дии, уонна дьиэ иħигэр баарбын дии, ол иħин тымныы буолбатах.
( Тымныы о5онньор өссө торуоскатынан сири охсор.)
Муус о5онньор: Онтон билигин букатын-букатын тымныы буолбатах да?
Настенька: (илибириирэ оссо кууьурэр уонна илиитин сиэбигэр кистиир) Суох, үчүгэй. Билигин таħырдьа кыħын дии, тымныы буолуохтаах буолла5а ди.
Муус о5онньор: Yчүгэй да кыыскын. Миигиттэн да куттамматыӊ, мин до5отторбор да көмөлөстүӊ. А5аӊ да хорсун киħи эбит. Бачча үчүгэй дьоӊӊо бу кэлэн иħэр саӊа сылынан анаан бэйэм сэмэй бэлэхпин уунабын.
Настенька: Ханнык бэлэх? То5о? Мин эбээбэр баран испиппит.
Хаар кыырпа5а: Бэлэх, бэлэх, бэлэх!!! (уорбут куолаьынан)То5о эн бэлэхтэн аккаастана5ыный?
Муус о5онньор: Тугу эн ба5арыаӊ этэй?
Настенька: А5ам тургэнник кэлэн массыынабытын оӊоруо этэ диэн.
Муус о5онньор: Масыына5ытын мин да оӊорон биэриэхпин соп. Оӊоруом уонна өссө бу кыħын тоӊмотун курдук бэйэм сэмэй бэлэхпин уунуом, аккаастаммаккын. Булгуччу ыла5ын.
Автор: Муус о5онньор Настенька5а унтуу уонна тирии са5ынньа5ы бэлэх уунар. Масыыналарын оӊорон биэрэр, Марфуша кофтатын Буур5алаах харыйачаан баайан бүтэрэллэр.
Сотору кэминэн Настенька а5ата тиийэн кэлэр. Масыыната оӊоħуллан турарын көрөн соħуйар уонна үөрэр. Массыыналарыгар киирэн эбээлэрин диэки айанныыллар.
Yчүгэй санаалаах киħиэхэ дьоӊӊо оӊорбут үтүөтэ сүүс төгул үчүгэйинэн эргийэн кэлэр диэн мээнэ5э эппэтэхтэрэ буолуо. Эн Настенька курдук үчүгэй санаалаах буоллаххына эйиэхэ да5аны бу кэлэр сылга элбэх аптаах түгэннэр буолуохтара диэн эрэнэбит! Остуоруйабытын көрбүккүтүгэр бар5а махталбытын тиэрдэбит!!!
Оруолларга оонньоотулар:
- Настенька – Фелегонова Алисия
- Марфуша –Андреева Сандаара
- Антонина Павловна (Мачеха) – Андреева Аэлина
- Анатолий Федорович (Настенька а5ата) – Гаврильев Ваня
- Муус о5онньор (Морозко) – Данилов Ярослав
- Буур5а (Вьюга) – Николаев Саян
- Хаар кыырпа5а (Снежинка) – Андреева Алина
- Бөрө – Васильев Арсен
- Харыйачаан – Софронова Асияна
- Yрэх – Николаев Аян
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Роль и значение якутской лошади в жизни народа саха
Якутская лошадь обладает высокими качествами для жизнеобеспечения человека. Его используют в сельскохозяйственных работах, употребляют в пищу, изготавливают одежду, различные вещи и др. Потому ч...
Календарно-тематическое планирование учебного курса "литературное чтение " на языке Саха
Календарно-тематическое планирование уроков литературного чтение на языке Саха состалено в соответствии программы по якутскому языку для 1-4 классов общеобразовательных средних школ с родн...
О5олор дьуhуну уерэтэллэригэр матырыйаал
Бу докумуонна о5олор дьуьуннэри нууччалыы ону тэнэ омук "англискай" тылынан билэллэригэр уерэнэр матырыйаал...
Саха тылыгар хонтуруолунай улэ
Саха тылыгар истэн суруйуу "Сибэккилэр" 2 кылаастарга...
саха тылыгар уруок
УруокборотокуолаКыласс, оскуола: 2 «Б», СОШПредмет: Саха тылаУМК: Захарова Лариса ВасильевнаУруоктемата:Тэнийбитуоннатэнийбэтэхэтиидиэнтугуй?Уруоктиибэ: сана ойдобулуарыйыыуруогаУчууталсыала: О5олор т...
саха тылыгар нотебугу туттуу
Использование программы Smart Notebook для формирования мотивации учащихся на уроках информатики в 5 классе(на примере раздела «Компьютерная графика»)Акимова Вероника Яковлевна,учитель информатики выс...
Саха тылын уруогар кеме матырыйаал
Саха тылын уруогар кеме матырыйаал...