Сценарий новогоднего выступления
материал (3 класс)
Предварительный просмотр:
Сценарий « Таас Хайа Хаһаайкатыныын Саҥа Дьыл»
Персонажтар:
Өҥнөөх таастар – оҕолор: Сапфир –Сеня, Сандаара,
Цирконий – Радомир, Каролина,
Рубин – Ильдар, Дайаана,
Изумруд – Дамир, Амилия,
Аметист – Вадим, Уля.
Таас Хайа Хаһаайката –
Дьэгэ Бааба – Терентьева М.А.
Ыытааччы –
Туттуллар тэриллэр: харыйа.
Хаамыыта:
(Экраҥҥа презентация көстөр) 1 слайд
Ыытааччы: Үтүө-мааны күнүнэн,
Күндү ыалдьыттар!
Араас уоту оонньотон 2 слайд
Ааны киэҥник арыйан
Саҥа дьылы көрсүөҕүҥ
Баҕа санаабыт туолуохтун.
Үөрүү-көтүү аргыстаах
Кэрэ дьикти оонньуурдаах
Күлүмүрдэс сулустаах
Тиийэн кэллэ Саҥа дьыл.
Оҕолор киирэллэр. 3 слайд
1 оҕо: Тиийэн кэллэ Саҥа Дьыл
Сахам сирин үрдүнэн
Үтүө истиҥ сонуннаах,
Бары дьоҥҥо кэһиилээх.
2 оҕо: Саҥа кэрэ дьылынан!
Саҥа үтүө дьолунан!
Биһи бары мустаммыт
Саҕаланна Саҥа Дьылбыт!
3 оҕо: Үүнэр сылы кэтэһэбит,
Оҕолуу истиҥник үөрэбит,
Саҥа Дьылбыт киэһэтин
Үөрэ-көтө көрсөбүт!
4 оҕо: Үөрэбит-көтөбүт бу күҥҥэ
Эһээлиин-эбээлиин, оҕолуун.
Кэлэр Саҥа Дьылбытын
Көрсөбүт алгыстыы-уруйдуу!
Ыытааччы : Оҕолоор, Таас Хайа Хаһаайката эһиэхэ сурук ыыппыт. 4 слайд
Күндү таастар! Рубин,Изумруд, Аметист,Циркон, Сапфир! Эһигини Саҥа дьыллааҕы баалбар күндү ыалдьыт буолан, ырыа-тойук , үҥкүү кэһиилээх кэлэргитигэр ыҥырабын! 5-16 слайд
Оҕолор бары үөрэллэр, бараллар. 17-18 слайд
( Экраҥҥа Таас Хайа Хаһаайкатын дыбарыаһа көстөр) 19-20 слайд
Таас Хайа Хаһаайката: Дорооболоруҥ, күндү таастар! Мин ыҥырыыбын ылынан ыалдьыттыы кэлбиккитигэр махтанабын. Үөрэ-көтө Саҥа дьылбытын көрсүөххэйиҥ! Мин эһиэхэ анаан кэрэчээн харыйа киэргэттим. 21-22 слайд
( Саҥа дьыллааҕы музыка тыаһыыр)
(Эмискэ уот умуллар) 23-24 слайд
Дьэгэ Бааба: Саҥа Дьылгыт буолбатын. Миигин баалгытыгар ыҥырбатыгыт, эһиги кэрэчээн харыйаҕытын уоран ыллым, бэйэм да Саҥа дьыллыам.
Таас Хайа Хаһаайката: Күндү таастар, кэрэчээн харыйабытын көрдүүргэ көмөлөһүҥ эрэ. Буллаххытына биирдэ Саҥа дьыл буолар.
(Оҕолор көрдүүллэр, булаллар, уот холбонор). 25 слайд
Дьэгэ Бааба: Оо, оччоҕо мин Саҥа дьыллаабаппын дуо? 26 слайд
Таас Хайа Хаһаайката: Дьэгэ Бааба, биһиги эйигин баалга ыҥырабыт. Биһигини кытта Саҥа дьылы көрүс.
Дьэгэ Бааба: Иэхэйбиин! Эчи учугэйин! Күндү таастар, чэйиҥ эрэ! Ыллыаххайыҥ, үҥкүүлүөххэйиҥ! 27 слайд
(Ырыа) 28 слайд
(Үҥкүү) 29 слайд
Ыытааччы: Олус бэркэ оонньоотубут, көрүлээтибит! Тиийэн кэлбит Саҥа дьылга бары үтүөнү баҕарабыт!
Үүммүт саҥа сылга,
Үргэл сулустуу суһумнуу
Үөрүү үрдэлэ үксээтин,
Умайар кутаа кыымыныы
Дьоллоох түгэн элбээтин!
Доруобай буолуҥ! Дьоллоох буолуҥ! 30 слайд
Оҕолор: Саҥа дьылынан! Саҥа дьолунан!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий новогоднего утренника "Новогодний карнавал"
Разработка новогоднего утренника для учащихся 3-4 классов...
Сценарий новогоднего праздника "Новогодний серпантин"
Новогодний праздник...
Сценарий новогоднего праздника "Новогодние страсти"
Сценарий праздника для детей начальной школы...
"Новогодние небылицы" сценарий новогоднего представления для 1-4 классов
Новогодний сценарий для учащихся 1-4 классов с участием Бабы Яги, Кикиморы, Снежной Королевы и конечно же Деда Мороза и Снегурочки. Баба Яга И Кикимора решили усыпить Снегурочку и выдать за нее Бабу Я...
Сценарий новогоднего интерактивного сценария «Новогодняя история»
Сценарий новогоднего интерактивного сценария «Новогодняя история»В зал заходит ведущаяВед.: Всё в зале нарядно и ново,Всё огнями горит и блестит.Смотрите, ребята, тут сноваКрасавица ё...
СЦЕНАРИЙ НОВОГОДНЕГО ВЫСТУПЛЕНИЯ 3 КЛАССА "ИРОНИЯ СУДЬБЫ ИЛИ С ЛЕГКИМ ПАРОМ"
СЦЕНАРИЙ НОВОГОДНЕГО ВЫСТУПЛЕНИЯ 3 КЛАССА "ИРОНИЯ СУДЬБЫ ИЛИ С ЛЕГКИМ ПАРОМ"...
Сценарий новогоднего выступления
Сценарий выступления....