Сценарий праздника "Ысыах"
материал (4 класс) на тему

Захарова Мотрена Николаевна

Сценарий национального праздника "Ысыах" для детей

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon yyah_stsenariya.doc63.5 КБ

Предварительный просмотр:

Ыһыах сценарийа

Түһүлгэ5э дьон-аймах мустарын кытта ыһыах аһыллыбытын биллэрэр музыка тыаһыыр.

1 Диктор:         А5ыс иилээх-са5алаах

        Аан ийэ дойдубут

        Унаар күө5үнэн урсуннанар,

        Хампа күө5үнэн кырыстанар,

        Тор5о күө5үнэн тупсар,

        Чээчэ күө5үнэн чэлгийэр

        Кэ5э кыылбыт кэпсиир,

        Күөрэгэйбит көрүлүүр

        Самаан сайын салаллыбыт

        Саргылардаах кэмигэр

        Ара5ас илгэ далбардаах

        Айгыр-силик алааска

        Түһүлгэ тэринэн

        Төрүт уус дьоннор

        Түмсэн кэлэн

        Ыһыахта ыһыа5ың!

        Уруй-айхал этиэ5иң!

2 Диктор: Бол5ойуң! Бол5ойуң! Бол5ойуң! Бу орто туруу-бараан дойдуга кыыдааннаах кыһыңңы кэм ааһан, самаан сайын салаллыбыт, кырдалларга сардаана сибэкки кыыспыт, күөх от өрө анньан уйгу-быйаң дэлэйэр үтүөкэн кэмнэригэр Ыраахтан үрдээн көстөр Харама хайалаах, аар – саарга аатырбыт Саһыл – Сыһыы алаастаах албан ааттаах Аба5а сиригэр ыраах-чугас улуустартан сахам дьоно то5уоруһан агрооскуолалар ыһыахтарын са5алаатахпыт буолуохтун!

Парад музыката холбонор. Ыңырыылаах ыалдьыттар, улуустар (оскуолалар) бэрэстэбиитэллэрэ парадтаан түһүлгэ5э киирэллэр.

1 Диктор: Уйгулаах сайыммыт кэлиитэ, алгыстаах ыһыахпыт аһыллыыта бар дьоммутугар нөрүөн-нөргүй буолуохтун!

2 Диктор: Силэллэн, тэлэллэн биэриэ5иң, күөх ньаассын олбохто ууруо5уң, үөрэ-көтө, уруйдуу көрсүө5үң төрүт түөлбэбитин, сахабыт сирин инники кэскилин түстүүр кэнчээри ыччаты иитэр-үөрэтэр дьоһун-мааны учуутал дьоммутун, ыңырыылаах ыалдьыттарбытын, өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан кэлбит агрооскуолалар бэрэстэбиитэллэрин!        

 

1 Диктор: Үрүң Тунах ыһыа5ын уйгутун уруйдаһа кэллилэр:

Оскуолалары ааттааһын, кылгастык билиһиннэрии.

Парад түһүлгэни эргийэ хаамар. Бары миэстэлэригэр кэлэн олороллор.

Агрооскуолалар, онтон Аба5а оскуолатын гимнэ тыаһыыр.

2 диктор:  Быйыл би»иги оскуолабыт с¼¼с с¼¼рбэ биэс сыллаах ¼б¼л¼¹й¼н ¼¹р¼¼лээх бы»ыыга-майгыга бэлиэтээри сылдьабыт. 1886 сыллаахха биир  кылаастаах народнай училище бы»ыытынан а»ыллыбыт оскуолабыт 125 сыл устата ¼лэлээн бэрт элбэх к¹л¼¹нэ дьону иитэн, ¼¹рэтэн олох киэ½ аартыгар ¼ктэннэрдэ уонна ити ¼т¼¹кэннээх ¼гэ»ин салºаан ыытар даºаны.

1 диктор: ¬лэлээн кэлбит 125 сылын устатыгар Абаºа оскуолата олоºу кытта тэ½½э хардыыла»ан ¼¹рэх сайдыытын, билии-к¹р¼¼ кэ½ээ»инин хайысхатынан ¼лэтин-хамна»ын уларыта тутан, сайыннаран, кэ½этэн и»эр. Били½½и кэм к¹рд¹б¼л¼гэр с¹п т¼бэ»иннэрэн, дойду рыночнай системаºа киириитинэн, оскуола 1992 сыл тохсунньуттан ылата агрооскуола стату»ун ылбыта. 1 диктор: К¼н б¼г¼н оскуола 52 ¼лэ»иттээх: 32 – педагог, 22 – учуутал, 5 производственнай ¼¹рэхтээьин маастара. 27 учуутал ¼рд¼к, 5 - орто анал ¼¹рэхтээх, олор истэриттэн 5 ¼рд¼к, 19  бастакы, 8 - иккис категориялаахтар. 1 - «Дети Саха Азия» фонда стипендиата, 1- «Соросовский учитель средней школы», 1-«Учитель учителей», 2 «Династия педагогов» бэлиэлэр хаьаайыттара ¼т¼¹ суобастаахтык ¼лэлии-хамсыы сылдьаллар.

2 диктор: Оскуола кэнники сылларга сити»иилэрэ:

 -1. 2009 сыллаахха алтынньыга инновационнай ¼¹рэх тэрилтэлэрин и»инэн Саха республикатын Президенин Гранын ха»аайына.

2.- оскуола иитэр ¼лэºэ директоры солбуйааччыта Ноговицына А.П. Саха республикатын Президенэ В.А.Штыров гранын ылбыта.

1.- 2008 сыллаахха Саха республикатын Вице-Президенин махтал суругун уонна ¼р¼½ к¹м¼с бэлиэтин хаьаайына.

2.- 2008 сыллаахха Оºо аграрнай хамсаа»ыныгар кылаатын и»ин Саха республикатын тыа ха»аайыстыбатын Министерствотын махтал суругун ха»аайына.

1.- 2008 сыллаахха «Молодые хозяева земли» V улуустааºы слет Амма улууьун ба»ылыгын Гранын «Лучшая школа по организации летнего отдыха труда и отдыха» номинация хаьаайына.

2.-2010 сыллаахха Саха республикатын илин э½эр агропрофилированнай оскуолаларын к¹р¼¼-к¼рэºэр 2 миэстэ.

1.-2010 сыллаахха Амма улуу»ун дьарыктаах буолуу Киинин «Лучшая школа по организации летнего отдыха и труда учащихся» номинациятын хаьаайына.

2.- 2010 сыллаахха кулун тутарга биьиги оскуолабыт базатыгар Саха республикатын агропрофилированнай оскуолаларын  семинара ыытыллыбыта.

1.- аºыйах хонук анараа ¹тт¼гэр Республикатааºы Президент Оонньууларыгар би»иги оскуола оºолоро бастакы миэстэни ылан, к¼н сарсын Дальнай Востокка бараары сылдьаллар.

«Кыталыктар» үңкүү музыкатын кытта тэңңэ диктор саңарар.

2 Диктор:         Маңан солко былаатынан

                Мааны кыыстыы далбаатанан

                Көмүс былыт кытыытыгар

                Көтөн тахсың, кыталыктар

        Кыңкынаһың-лыңкынаһың!

        Кынаккытын кылбаңнатың!

Тойук – Саввина Маша

«Кыыс Амма» үңкүү музыкатын кытта тэңңэ (?) диктор саңата. Ону тэңэ үңкүү бара турар (?).

1 Диктор

Сиэдэрэй сибэкки – симэх от

Сандаарар сардаана хаймыылаах,

Ичигэс кэмңэ сөрүүкэтэр

Иирэ талах тулааһыннаах,

Күн түһэн күлүмүрдүүр

Курустаал таас уулардаах,

Кыһыл көмүс кумахтаах

Кыраһыабай кытыллардаах,

Күннэтэ күлүгүн көрүнэр

Ытык Харама Хайалаах,

Ырыа5а ылламмыт,

Хоһооңңо холбоммут

Кыыс Аммам барахсан.

Үңкүүлээн бүтэн баран үңкүүһүттэр туран хаалаллар (Стоп кадр). Музыка тохтоотун кытта диктор саңата барар.

2 Диктор:         Толору уйгулаах

                Быстыбат быйаңнаах

                Уйгу Тунах ыһыа5ын

                Дьоллоох түһүлгэтигэр

                Өрөгөй талаан үрдээтин!

                Саргы дьаалы салалыннын!

                Уолбат уйгу дэбилийдин!

                Үрдүк үөрүү өрөгөйдөөтүн!

1Диктор: Тыл барар____________________________________________________________

____________________________________________________________________________

____________________________________________________________________________

Фанфар холбонор.________________________ тыл этэр.

2Диктор: Тыл барар____________________________________________________________

____________________________________________________________________________

____________________________________________________________________________

Фанфар холбонор.________________________ тыл этэр.

1Диктор: Тыл барар____________________________________________________________

____________________________________________________________________________

____________________________________________________________________________

Фанфар холбонор.________________________ тыл этэр.

2 Диктор:         Төлкө бө5ө түстэннин!

                Төрүт ыһыах төрүттэннин!

                Эгэй оонньуу эргилиннин!

                Эбир ыһыах ыһылыннын!

Диктор саңаран бүтээтин кытта “Кустук” о5о вокальнай ансаамбыла ыллыы тахсар.

1 диктор:        Кыыс Амма кылыгырас

                Кѳңүл устар сүүрүгэ,

                Хатыңнардаах чараңым

                Хатыламмат суугуна,

                Сардаананан симэммит

                Сыһыы толоонноро,

                Сүргэлэри кѳтѳ5ѳр

                Сайа5ас ѳңѳ-дьүһүнэ

                Айхаллыыр эбээт барыта

                Айгыр-силик айыл5аны!

Ырыа бүтэрин кытта Э5эрдэ концерт са5аланар. Музыка (фон?).

2 Диктор:         Ытык ыһыах күнүгэр

                Ырыа-тойук тардыа5ың,

                Сайыммытын уруйдаан

                Саргыланан үөрүө5үң!

1 Диктор: Ытык-мааны ыалдьыттар, күндү до5оттор Республикатаа5ы агрооскуолалар ыһыахтарын Э5эрдэ концерын са5алыырбытын көңүллээң.

2 Диктор:          Аан лаглар абылаңнаах аартыгар,

                Аар айыл5ам уһуктуутун көрүстүм.

                Аламай күнүм күөйэ кууһан,

                Алгыһын сылаас сыдьаайынан сыллаата.

Саха саргытын туһугар санааны-сүрэ5и ууран, салгыбакка туран үлэлиир дьоһун-мааны дьоммутун  “Нөрүөн Нөргүй” диэн ырыанан уруйдуур Ньургун Эверстов.

1 Диктор:         Кыңыы-кыңыы таптыы көрө

                Сүрэх сырдыы сылаанньыйар,

                Хатың мас оңо хаһылла

                Чороон иһиккэ кубулуйар.

        Арыылаах кымыс ытыллан кыынньа

        Утаппыт уо5ун ханнарар,

        Алаас сыттаах алгыс тыла

        Ону кытта иһиллэр.

«Эрэл» үңкүү бөлө5ө толоруутугар «Чороонноох» үңкүү.

2 Диктор:         Амма5а дьиктитик арыллар

                Аар тойон айбыта барыта,

                Аһыллар айыл5а эйгэтэ,

                Амарах санаабын кэңэтэ.

Диктор: Ырыа5а ылламмыт, хоһооңңо холбоммут ийэ сирбит - Кэрэ бэйэлээх Аммабыт туһунан ырыанан бэйэтин э5эрдэтин тиэрдэр Анна Лазарева.

1 Диктор:         Аммам кэрэ кырдалыгар

                Ырыа өрүү дьиэрэйдин,

                Ыччат дьонуң түмүстүн

                Алгыс баһа сыаланнын!

«Алгыс» диэн ырыанан бэйэтин э5эрдэтин тиэрдэр Лена Белолюбская.

2 Диктор:         О5о - өлбөөдүйбэт үрүң күн,

                О5о - өлбөт-сүппэт уһун үлэ.

                О5о – сылайбат итии таптал,

                О5о – саппа5ырбат сандал саас.

Настя Захарова толоруутугар «О5о саас».

1 Диктор:         О5о баар, о5о – дьол,

                Сир ийэ кэскилэ.

                О5о баар, о5о – дьол

                Бу үйэ эрэлэ!

Ваня Гоголев толоруутугар «О5о-о5о эрдэххэ».

2 Диктор:         Тѳрүт дойдум ыһыа5ар

                Сэргэтигэр аппын баайыам,

                Кымыс иһиэм, оһуохайдыам,

                Күн тахсыытын уруйдуом.

«Дойдум тапталым» Наташа Марина

1 Диктор:         Хабырыттар хабараан тымныыга

                Халың хаары хаһан,

                Хагдаң сэтиэнэ5и хадьырыйан,

                Сахам тымныы кыһынын туоруур

                Сахам сылгылара барахсаттар!

«Эрэл» үңкүү бөлө5ө толоруутугар «Дьөһөгөй» үңкүүтэ.

Алеша Калашников «Дьѳһѳгѳй»

1 Диктор:         Биирдэ бэриллэр олоххо

                Ба5арабыт бары кэрэ5э,

                Ба5а санаа5ыт үтүөтэ туолуохтун,

                Бар5ара, үрдүү туруохтун!

«Аптаах буолларбын» диэн ырыанан бэйэтин э5эрдэтин тиэрдэр Александр Эверстов.

2 Диктор:         Эдьээн Иэйэхсит эңэрдэстин,

                Итии илгэтэ эркиннэннин,

                Үлэһит үтүөтэ дьонноруом,

                Үрүң тунах өрөгөйдөөтүн!

1 Диктор:         Үүнэр от-мас төлкөлөннүн,

                Ара5ас илгэ арыыланнын,

                Ас-үөл таһымнаатын диэн

Икки диктор бииргэ: Ал5аатахпыт буолуохтун!

“Кустук” о5о вокальнай ансаамбыла ыллыы тахсар.

2 Диктор: Күндү көрөөччүлэр, ыңырыылаах ыалдьыттар! Манан биһиги э5эрдэ концерпыт түмүктэнэр.

1 Диктор: Бол5омто5ут иһин бар5а махтал буолуохтун!!!

        ПРОГРАММА

         


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Литературная викторина-КВН (сценарий) Литературная викторина-КВН (сценарий)

Данное внеклассное мероприятие во 2 классе развивает плавное выразительное чтение, грамотную речь, умение интонационно оформлять своё высказывание, закрепляет знания детей произведений и авторов русск...

Сценарий для агитбригады «Есть такая служба 01» в рамках темы «Жизнь без опасности» Авторы и постановщики сценария воспитатель ГПД Лебедева Леся Анатольевна и учитель музыки и режиссёр ТАМ "Радость" Иевлева Татьяна

(сценарий  выступления  агитбригады старшеклассников в рамках темы «Жизнь без опасности» для учащихся младшей и средней школы).Цель: воспитание у ребят уважения к профессии пожарного и...

Сценарий праздника. Сценарий праздника к 8 марта «Для прекрасных Дам!»

Сценарий предназначен для проведения праздника "Лучший день - 8 Марта" для учеников 1  класса и их родителей. Данный материал будет полезен для учителей начальных классов, педагогов дополнительно...

Сценарий спектакля по сказке С.Я. Маршака "Двенадцать месяцев" . К сценарию прилагается презентация для экрана на сцене.

Сценарий создан по пьесе С.Маршака ( в сокращении) для постановки спектакля с учениками 2-4 классов....

Башлангыч мәктәп өчен Белем бәйрәменә сценарий / Сценарий «Здравствуй, новый учебный год!»

Сценарий для начальной школы,воспитание в которой ведется на двух языках: русском и татарском...