Хаһан сайын кэлэрий?
учебно-методический материал по окружающему миру (1 класс)

Собакина Августина Семеновна

Уруок боротокуола

Кылаас: 1                                                                               

Биридимиэт: Тулалыыр эйгэ

Уруок тиэмэтэ: Хаһан сайын кэлэрий?

Уруок тиибэ: саҥа өйдөбүлү арыйыы уруога

Учуутал сыала: О5олор ханнык дьыл кэмнэрэ баалларын, бэйэлэриттэн туох уратылаахтарын, ханнык ыйдарга арахсалларын билэллэригэр усулуобуйаны тэрийии

О5о соруга: Ханнык дьыл кэнниттэн сайын кэлэрий?

Уруок түмүктэрэ:

1.Биридимиэти үөрэтии түмүгэ:

- дьыл кэмнэрин араарар

- ыйдарынан наардаталыыр

- уратыларын ыйар

2.Уөрэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ:

  • Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:

- Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, ылынар

- Бэйэ үлэтин хонтуруолланар, сыаналанар.

  • Билэр- көрөр сатабыл

- өй үлэтин сатаан толорор

- Сорудаҕы сатаан ылынар, ырытар

  • Бодоруһар сатабыл

- ыйытык сатаан биэрэр уонна хоруйдуур

- бөлөҕүнэн(паранан) сатаан үлэлиир

3.Ытык өйдөбүлү иҥэрии тумугэ:

- хас биирдии дьыл кэмэ бэйэтэ уратылаах буоларын уонна дьыл кэмнэрин сөптөөх бэрээдэгин өйдөөһүн 

 

 

 

 

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon haan_sayyn_keleriy.doc944.5 КБ

Предварительный просмотр:

Уруок боротокуола

Кылаас: 1

Биридимиэт: Тулалыыр эйгэ

Уруок тиэмэтэ: Хаһан сайын кэлэрий?

Уруок тиибэ: саҥа өйдөбүлү арыйыы уруога

Учуутал сыала: О5олор ханнык дьыл кэмнэрэ баалларын, бэйэлэриттэн туох уратылаахтарын, ханнык ыйдарга арахсалларын билэллэригэр усулуобуйаны тэрийии

О5о соруга: Ханнык дьыл кэнниттэн сайын кэлэрий?

Уруок түмүктэрэ:

1.Биридимиэти үөрэтии түмүгэ:

- дьыл кэмнэрин араарар

- ыйдарынан наардаталыыр

- уратыларын ыйар

2.Уөрэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ:

  • Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:

- Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, ылынар

- Бэйэ үлэтин хонтуруолланар, сыаналанар.

  • Билэр- көрөр сатабыл

- өй үлэтин сатаан толорор

- Сорудаҕы сатаан ылынар, ырытар

  • Бодоруһар сатабыл

- ыйытык сатаан биэрэр уонна хоруйдуур

- бөлөҕүнэн(паранан) сатаан үлэлиир

3.Ытык өйдөбүлү иҥэрии тумугэ:

- хас биирдии дьыл кэмэ бэйэтэ уратылаах буоларын уонна дьыл кэмнэрин сөптөөх бэрээдэгин өйдөөһүн  

Уруок хаамыыта

Учуутал дьарыга

             Үөрэнээччи дьарыга

Үөрэтии ньымалара,

тэрийэр формата

Түмүгэ

1. Тэрээһин чааьа

- Үтүө күнүнэн оҕолоор.

Үлэлииргэ бэлэмҥит дуо?

Ким элбэх интэриэһинэйи уонна саҥаны билиэн баҕарарый?

Элбэҕи билиэхпитин баҕарар боллахпытына, хайдах настарайыанньалах буолуохтаахпытый?

Чэ эрэ, бэйэ бэйэбитигиэр саамай кыраһыабай уонна көмөлөөх үөрүүбүтүн бэлэхтээн көрдөрүөҕүҥ эрэ.

Маладьыастар, үлэлииргэ бэлэмҥит көстөр, уруокпутугар киириэҕиҥ.

  • Үтүө күнүнэн.


Үөрэн көрдөрөллөр

Кэпсэтии

Бары бүттүүн

Тылынан этээһин

Үөрэнээччи уруокка бэлэм буолуута

Бэйэни хонтуруоллааһын

2. Үөрэнэр соругу туруоруу

- Оҕолоор, миэхэ Толя диэн уол оҥорбут дьиэҕэ үлэтэ баар. Кини “Миэхэ баһаалыста учууталым биэрбит дьиэҕэ үлэтин төһө сөпкө оҥорбуппун бэрэбиэркэлээн көмөлөһүөххүт дуо, мин куһаҕан сыана ылыахпын баҕарбаппын” – диэн көрдөспүтэ. Көмөлөһөбүт дуо оҕолоор Толяҕа?

- Сорудаҕа маннык:

Бэриллибит тылларга сөптөөх быһаарыыларда эбэн суруй.

Бэриллибит тыллар: Сайын, Күһүн, Кыһын, Саас.

- Толя маннык суруйбут. (эбии матырыйаал)

Миэхэ ааҕан иһитиннэрин эрэ. Ким ааҕыан баҕарарый?

Толя тоҕо көмөлөһүн диэбит эбитий?

- тугу сыыһа оҥорбутуй? Мин көрдөхпүнэ эмиэ да сөп курдук ди.

- Оччотугар сыыһа диир буоллаххытына, көннөрөн көрдөрүн эрэ.

- сөп буолла дуо?

- Толя туох туһунан суруйбутун ким өйдөөтөй? Сайын, кыһын, саас уонна күһүн диэн туохтарый?

- Хас дьыл кэмэ баар эбитий?

- Билигин ханнык дьыл кэмэй биһиэхэ?

- кыһын кэнниттэн ханнык дьыл кэмэ кэлэрий?

- сайын хаһан буоларый?

Оҕолоор, ыарырҕатар эбиппит дии. Чэ эрэ оччоҕуна бүгүҥҥү уруокпутугар туох туһунан кэпсэтэр эбиппитий? Тугу билиэхтээх эбиппитий бүгүҥҥү уруокка?

- маладьыастар

-Көмөлөһөбүт

 

Тоҕо диэтэххэ, кини сыыһа оҥорбут

- Сыыһа быһаарыыны суруйталаабыт

Оҕолор көннөрөн сөпкө туруораллар

-Дьыл кэмнэрин туһунан

- түөрт

- кыһын

Буккуллуу, ыарырҕатыы

- Ханнык дьыл кэнниттэн сайын кэлэрий? Дьыл кэмин сөптөөх бэрээдэгин туһунан.

Ырытыы

Бары бүттүүн улэ

Боппуруостарга хоруйдааһын

- Учуутал ыйытар боппуростарыгар сатаан эппиэттиир

- Бэйэ санатын сатаан этэр

- бэйэ үлэтин сатаан хонтуруоллуур

-Үөрэнэр соругу туруоруу, ылыныы

3. Үөрэнэр соругу толоруу

- Кинигэбитигэр 10 сирэйи арыйабыт уонна көрөбүт туох уруһуйдаммытын. Эһиги туох буолуо дии саныыгыт?

- туох ойууламмытый, суруллубутуй?

- хас ый баар эбитий? Ким диэн ааттаахтарый?

- дьүһүннэрин көрүн эрэ. Тоҕо атын атыттарый?

- Саас – ханнык ыйдар киирэллэр эбитий?

Сайын –

Кыһын-

Күһүн-

- дьыл кэмэ хайдах уларыйар эбитий? Кыһын кэнниттэн эмискэ сайын кэлиэн сөп дуо?

- сайын ханнык дьыл кэнниттэн кэлэрий?

- онтон саҥа дьыл, сыл ханнык ыйтан саҕаланарый? Ханнык ыйынан бүтэрий?

- ол аата ханнык дьыл кэминэн саҕаланар уонна бүтэр эбитий?

- оҕолоор биһиги хайдах дойдуга олоробутуй? Биһиги дойдубут холобура, Африкаттан туох уратылааҕый?

- Саха Сирэ аан дойду үрдүнэн тугунан биллэрэ буолуо дии саныыгытый?

Аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сир буоларбытынан биллэбит. Өймөкөөн диэн дойдуга саамай тымныйбыта –71 кыраадыс буола сылдьыбыт. Төһө тымныы эбитий? Биһиги холобура –45 кыраадыска үөрэммэппит дии, онтон Өймөкөөҥҥө сыалай -71 кыраадыс буола сылдьыбыт эбит.  

- онтон оҕолоор, билэҕит дуо эһиги дьыл кэмэ бэйэлэриттэн туох уратылаахтарын?

- Билигин биһиги бөлөххө арахсан үлэлиэхпит. Сөбүлэһэҕит дуо? Ол иннинэ кыратык туран сынньаныаххайын.

Физкультминутка:

Харахпытын симэбит уонна арай санаан көрөбүт.

Таһырдьа чыычаах ыллыыра иһиллэр, үөһээттэн таммах бөҕө таммалыыр, таммахтары илиибинэн тута сатыыбын уонна сылайыахпар дылы доҕотторбун кытта хаарынан бырахса оонньубун, дьиэбэр киирэн баран тахсыбытым   арай таһырдьа сып сылаас буолбут, күн бөҕө тыга турар, мин наһаа үчүгэй сөрүүн ууга сөтүөлүү сүүрдүм уонна сөтүөлээн бараммын тахсан мороженнай сии сии дьиэбэр киирдим. Онтон эмиэ өссө сөтүөлүү бараары гыммыппар таһырдьа тымныйбыт, халлааҥҥа былыт бөҕө мустубут ардах таммалаан эрэр, тыал үрэр, сэбирдэх бөҕө көтө сылдьар, хомойон бараммын дьиэбэр киирдим киэһээ буолла уонна утуйдум. Сарсыарда тураммын түннүкпүнэн көрбүтүм хаар бөҕө түспүт, ороммуттан туран кэлэммин хоспуттан тахсыбытым наһаа үчүгэй уп-улахан харыйа турар анныгар көрбүтүм тымныы мооруос оҕонньор подарок бөҕө биэрэн хаалларбыт Аата үчүгэйин, ол аата ханнык дьыл кэмэ кэлбит эбитий?(кыһын). Чэ харахпытын арыйабыт, син сынньаммыт курдук буоллугут дуо? Салҕыы үлэлииргэ бэлэмҥит?

- Бөлөххө хайдах үлэлиэхтээхпитий?

Саҕалыахпыт иннинэ үлэбитин былаанныаххайын:

  1. Сорудахпытын болҕойон истэбит
  2. Тэҥҥэ оҥоробут
  3. Үлэбитин тахсан кэпсиибит

- Үлэбитин оҥорон бүтэрдэхпитинэ хайыыбытый?

1 бөлөх сорудаҕа:

Бэриллибит хартыыналары ханнык дьыл кэмэ буоларын таай уонна ыйдары дьыл кэмнэринэн сөпкө араартаан таблицаны толор.

(хартыыналар, ыйдар ааттара бэриллэллэр)

Кыһын

Саас

Сайын

Күһүн

2 бөлөх сорудаҕа:

Бэриллибит ыйдарга биир уопсай быһаарар бэлиэтэ оҥорон көрдөрүн уонна нууччалыы ыйдары сахалыытын сөпкө булан туруорун. (эбии матырыйаал)

- Сорудахтар өйдөнөллөр дуо?

- оҥорон саҕалыыбыт

- Дьыл кэмнэрэ уонна ыйдар

- Дьыл кэмэ уларыйар бэрээдэктээх, кыһын кэнниттэн сайын кэлбэт

- сайын саас кэнниттэн кэлэр эбит

- сыл тохсунньуттан саҕаланар уонна ахсынньынан бүтэр

- кыһын

- Биһиги тымныы дойдуга олоробут. Африкаттан уратыта диэн саамай уһуннук кыһын буолар

- Бары бэйэлэриттэн уратылар. Кыһын тымныы, сайын сылаас, саас хаар ууллар, күһүн мастар саһараллар

Физкультминутка

  1. Бары бииргэ
  2. Этиспэппит
  3. Сүбэлэһэн оҥоробут

- Илиибитин уунан кэтэһэн олоробут

  • Өйдөнөр

Оҕолор үлэлииллэр

Бары бүттүүн

Ырытыы

Бөлөҕүнэн үлэ

-Сатаан ыйытыктарга хоруйдуур

- Бэйэ санаатын толору этэр

- Бөлөҕүнэн сатаан үлэлиир

- Бэйэтин үлэтин сатаан хонтуруолланар

- дьыл кэмнэрин билэр, ырытар

- ыйдары араарар

- сорудаҕы ырытар, өйдүүр

- атын киһи санаатын сатаан истэр, ылынар

4.Сыаналаныы

Түмүк

-Уруокпут бүтэрэ кэллэ. Туох саҥаны биллигит бүгүҥҥү уруоктан?

- Дьыл кэмнэрин бэрээдэгинэн ааттаталаан эрэ

- хас ый баарый?

- билигин бэйэҕит үлэҕитин бэриллибит бэлиэлэринэн сыаналанан көрдөрүҥ..

Күн – үчүгэйдик үлэлээтим

Былыттаах күн – үчүгэйдик, ол эрэн өссө үчүгэйдик үлэлиэм этэ

Былыт – бэйэм үлэбин астымматым

Аны өссө бөлөҕүнэн үлэлээтибит ди, ол үлэҕитин эмиэ сыаналаан көрдөрүҥ эрэ. Хайдах бары бииргэ үлэлээтигитий?

- Маладьыастар бары наһаа үчүгэйдик үлэлээбиккит, элбэх саҥаны биллигит, эһиэхэ үлэҕит иһин махтал, манан уруокпут бүтэр аныгыс көрсүөххэ дылы.

О5олор эппиэттэрэ

Кыһын, Саас, Сайын, Күһүн

12 ый баар

- Көрсүөххэ дылы

ыйытыктарга эппиэттээһин

Хонтуруолланыы

Үлэни сыаналаныы

- Бэйэ үлэтин уонна бөлөҕүнэн үлэни сатаан сыаналыыр

- Сорудаҕы сатаан ырытар, өйдүүр

- бэйэ санаатын толору этэр

Эбии матырыйаал

1.

Таһырдьа саамай сылыйар кэм, кэҕэ этэрэ иһиллэр. Сөтүөлүү барарбын сөбүлүүбүн уонна оттуурбун ордоробун.

Тыа ыраахтан көмүс курдук сандааран көстөр. Халлааҥҥа хара былыт бөҕө мустан, эмиэ ардах түһэн эрэр.

Таһырдьа сылыйан тоҕо үчүгэйэй. Таммах таммалыыра, хаар сыстар буолан хаар киһи оҥорорбун уонна доҕотторбун кытары хаарынан бырахса онньуурбун сөбүлүүбүн.

Таһырдьа наһаа тымныы буолан оонньоон бүттүбүт. Ол эрэн сотору тымныы оҕонньор миэхэ, бэрээдэктээхтик сылдьыбытым иһин миэхэ кэһии аҕаларын күүтэбин.

Сайын                                   Күһүн                                Саас                       Кыһын

2.

Сайын

Күһүн

Саас

Кыһын

                                                           

                                           Ахсынньы                                                                   Кулун тутар

                                      Тохсунньу                                                                   Муус устар                    

                                      Олунньу                                                                       Ыам ыйа

                                   

                                      Бэс ыйа                                                                         Балаҕан ыйа

                                      От ыйа                                                                          Алтынньы

                                      Атырдьах ыйа                                                              Сэтинньи

Январь                                                                        Сэтинньи

                Февраль                                                                      От ыйа

        Март                                                                            Атырдьах ыйа

  Апрель                                                                        Тохсунньу

                Май                                                                              Бэс ыйа

     Июнь                                                                           Кулун тутар

   Июль                                                                            Ахсынньы

      Август                                                                         Балаҕан ыйа

Сентябрь                                                                     Олунньу

     Октябрь                                                                       Муус устар

 Ноябрь                                                                         Ыам ыйа

    Декабрь                                                                        Алтынньы

https://www.seekpng.com/png/detail/147-1472327_transparent-background-sun-emoji.png                  https://i04.fotocdn.net/s119/11b458e3e026ffa8/user_l/2729795138.jpg                https://www.seekpng.com/png/detail/1-13071_download-ai-file-cloud-emoji-transparent-background.png