Сборник диктантов на якутском языке для начальной школы
методическая разработка по теме

Николаева Василиса Васильевна

В сборник включены диктанты для 1-4 классов на якутском языке.

Скачать:


Предварительный просмотр:

Чакыр орто оскуолата

Диктант  хомуурунньуга

1 – 4  кылаастарга

Чакыр, 2007

Амма улууһун үөрэђин управлениета

Чакыр орто оскуолата

                               

Диктант  хомуурунньуга

1 – 4  кылаастарга

Чакыр орто оскуолатын алын кылаас учуутала

Николаева В.В

Чакыр, 2007

Диктант хомуурунньуга – 1-4 кылаастарга: учууталга көмө кинигэ/ Николаева В.В. – Амма, Чакыр: 2007 (Саха оскуолатын учууталыгар көмө).

Кинигэђэ үөрэнээччи ситимнээн уонна таба суруйар үөрүйэђин сайыннарар диктаннар тиэкистэрэ араас хомуурунньуктартан  хомуллан киирдилэр. Хомуурунньук сүрүн уратытынан тиэкистэр ис хоһоонноро айылђа тематыгар анаммыта буолар.

КИИРИИ ТЫЛ.

Диктант суолтата.

Саха тылын инники кэскилэ билиңңи кэмңэ үүнэр көлүөнэ ийэ тылын хайдах баһылыырыттан тутулуктаах. Саха тылын научнай чинчийии биир сиргэ турбат, олох сайдыытын кытта тэңңэ сайдан, уларыйан иһэр. Наука таһымыгар сөп түбэһиннэрэн үөрэтии сыала - соруга, ис хоһооно эмиэ чуолкайданар, уларыйар, үөрэтии ньымалара сайдан- тупсан иһэллэр.

Оскуолађа төрөөбүт тылы үөрэтиигэ болђомто билигин хаһааңңытаађар да күүһүрэрэ наада диэн тыл үөрэхтээхтэрэ сөпкө бэлиэтииллэр. Үөрэнээччи барыта, маңнайгы кылаастан сађалаан, маннык кэрэ, баай төрөөбүт тылын үөрэтэн, ону сатаан туттар - туһанар буоларын ситиһэр наада. Ол иһин алын кылаас учуутала үөрэтэр ођотугар төрөөбүт тылынан сөпкө саңарар - суруйар сатабылы иңэрэригэр улахан ирдэбил турар.

Сахалыы таба суруйар үөрүйэђи олохсутарга, иңэрэргэ араас көрүңнээх элбэх үлэ наада. Ођону таба суруйарга үөрэтии биир киэңник тэнийбит ньыматынан диктант араас көрүңэ буолар. Бу таба суруйарга үөрэтэр эрчиллии биир суол биһирэммит көрүңэ. Диктант көмөтүнэн ођолор орфография уонна пунктуация быраабылаларын сурукка сатаан тутта үөрэнэллэр. Диктант дорђоону арааран истэр уонна истибити өйгө хатыыр дьођурдары сайыннарарга ордук туһалаах. Диктант суруйалларыгар ођолор тылы сатаан ырыта, алђастарын булуна уонна  көннөрүнэ үөрэнэллэр. Эрчиллии бу көрүңэ болђомтону сайыннарарга эмиэ туһалаах.

Учуутал сүрүн көрдөбүлү болђомтолоох буолууга уонна суруйбутун бэйэ бэрэбиэркэлиир дьођурун сайыннарыыга ууруохтаах.

Үөрэтэр - эрчийэр диктант үөрэтэ сылдьар грамматическай матырыйаалы кытта сибээстээх буолар. Ођо аңардас истэн эрэ суруйара татым, грамматика быраабылаларыгар  олођуран суруйар дьођуру сайыннарыы ордук туһалаах. Онон диктант сорођор анал грамматическай сорудахтаах буолуон сөп.

Быраабыла өйүгэр түспэтэђинэ, алђаһыыр ођо сурук үлэтин аайы урут-үөһэ алђаһыыр. Начальнай кылаастарга ођолор суруйарга аан маңнай үөрэнэллэрин быһыытынан, диктант үөрэтэр-эрчийэр оруола улахан буолуохтаах. Ол диктаннары утумнаахтык ыытыынан ситиһиллэр. Биир үлэттэн кыра ођо түргэнник салђар, сүрэђэлдьиир. Онон үөрэтэр-эрчийэр диктант ханнык да көрүңүн уруогу быһа ыытар сатаммат. Учуутал төрөөбүт тылга ананар күндү мүнүүтэлэри көдьүүстээхтик туһанар соруктаах. Диктант араас көрүңнэрин уларыта сылдьан уруок этабын курдук (15-20 мүн.) утумнаахтык ыытар наада. Оттон хонтуруолунай диктаны уруок устата ыытыахха сөп.

Диктант туга ордук табыгастаах буоларый?

Биир быраабыланан суруллар матырыйаалы бииргэ түмэн биэрэр буолан, ођо сатабылын түргэнник сайыннарар. Ол эрээри орфограмманы олус элбэтэр эбэтэр олус ађыйатар эмиэ сатаммат.

Ођо барыта биир текси суруйар, онон биирдии үөрэнээччи билиитин таһымын билэр кыађы биэрэр.

Диктант ођо болђомтотун, үлэлиир, толкуйдуур дьођурун сайыннарарга эмиэ көмөлөөх.

 

ДИКТАНТ   КӨРҮҢЭ.

Диктант икки көрүңңэ арахсар:

Үөрэтэр - эрчийэр диктант.

Хонтуруолунай диктант (билиини бэрэбиэркэлиир диктант).

Үөрэтэр - эрчийэр диктант маннык араастаах:

Сэрэтиилээх диктант. Теманы саңа үөрэтэр кэмңэ тылы бастаан ырытан, хайдах сурулларын быһааран баран, этэн суруйтарыллар. Теманы бүтэрэр сађана диктаны суруйан бүтэн баран, ордук ыарахан тылы тута дуоскађа суруйтаран бэрэбиэркэлэнэр. Манна ођо тыл хайдах сурулларын харађынан өйдөөн көрөргө эрчиллэрин сэргэ грамматическай билиитин туһанарга үөрэнэр.

Быһаарыылаах диктант. Бу диктаңңа суруллуута уустук тылы суруйуох иннинэ сэрэтиллэр. Чуолкайа суох дорђоонноох уһун, ыарахан тылы учуутал быһаара - быһаара суруйтарар эбэтэр биир эмэ ођо тылы сүһүөхтээн, хайдах сурулларын чуолкайдаан биэрэр. Маннык үлэ ођо бэрэбиэркэлэнэр дьођурун сайыннарар.  

Бэлэмнэниилээх диктант. Бу бэрэбиэркэлиир диктаңңа бэлэмниир үлэ. Текси кылааска аађан ырыталлар, онтон ођо дьиэтигэр устар. Сарсыныгар учуутал тылыттан истэн суруйаллар. Холобур, дьиэђэ суруйа үөрэнэргэ кылгас хоһоону, текси биэриэххэ сөп. Маннык сорудах мөлтөх үөрэнээччигэ ордук туһалаах.

Тылынан диктант. Бу диктаңңа биир быраабыланан эбэтэр биир теманан суруллар тыллары талан бэриллэр. Холобур, киирии дорђоонноох тыллары  (летчик, съезд, депутат, арбуз) эбэтэр кылгас уонна уһун аһађас дорђоонноох тыллары (мас - маас, сас - саас, хастар- хаастар). Холобур, аат тыл диэн теманы барар кэмңэ анал ааттарга (Мохсођол, Баһырђас, Суолдьут, уо.д.а.) эбэтэр паараласпыт аат тылларга (сир-дойду, киһи-сүөһү, күлүү-салыы, уо.д.а.).

Талар диктант. Бу диктаңңа текси ханнык бађарар сэрэтиилээх диктант курдук ырытыллар. Онтон ођолор үөрэтиллэр орфограммалаах тылы эбэтэр тыл ситимин эрэ талан суруйаллар. Учуутал бириэмэни сүүйэр: кылгас кэмңэ биир орфограммалаах элбэх тылы суруйтарыан сөп. Холобур, текстэн аат тыллары эбэтэр дађааһын ааттары истэн суруйуу. Талар диктант ођо ордук болђомтолоох, кичэйэн ырытар буоларыгар көмөлөөх.

Көңүл диктант. Учуутал аахпыт тексин ођолор төһө өйдөөбүттэринэн суруйаллар. Диктант тексэ кыра ођођо кэрэхсэбиллээх, хомођой тыллаах уус-уран кэпсээн буолуохтаах.

Көңүл диктант бу курдук ыытыллар: а) учуутал текст ис хоһоонун кылгастык билиһиннэрэр; б) текси хоһоонноохтук бүтүннүү аађар; в) диктант тексин хастыы да этиинэн туспа өйдөбүллээх быһа тардыыга арааран аађар. Быһа тардыыны биирдэ эрэ аађыллар. Ођолор тугу өйдөөн хаалбыттарын суруйаллар. Көңүл диктаңңа ођо тугу истибитин бэйэтин тылынан холбоон - илбээн суруйар буолан, санааны сатаан этэргэ үөрэтэр маңнайгы хардыы курдук көрүллүөн сөп. Маннык диктант ођо өйгө тутар дьођурун сайыннарар, аахпыты бэйэ тылынан суруйа үөрэнэллэригэр бэлэмниир.

Айар диктант. Бу өйтөн булар сорудахтаах диктант. Кини таба суруйарга үөрэтэрин таһынан үөрэнээччи бэйэтиттэн айан суруйар дьођурун сайыннарар. Айар диктант сүнньүнэн икки араастаах.

- Бэриллибит тылларынан эбэтэр тыллар ситимнэринэн сөптөөх формађа туттан, этиилэри эбэтэр кыра кэпсээни оңоруу.

Бэриллэр тыллары эбэтэр тыллар ситимнэрин учуутал эрдэттэн дуоскађа суруйан баран, сабан кэбиһэр уонна суруйтарар. Ођо суруйан бүтэн баран, дуоскаттан бэрэбиэркэлэнэр.

- Учуутал этэн биэрбит этиитин уларытан суруйуу.

Маннык диктант араас сорудахтаах буолуон сөп. Холобур, биир предмет туһунан этиллэр этиини элбэх предмет туһунан этиллэр гына; үһүс сирэйи бэйэ туһунан кэпсиир гына; билигин буолары хойут буолуохтаах гына этии тутулун уларытан суруйуу; учуутал сађалаабыт этиитин өйтөн ситэрэн суруйуу; бэриллибит тылларынан этиилэри эбэтэр кыра кэпсээни суруйуу.

Ыйытыыларга хоруйдаан этиилэри суруйуу.

Айар диктант өйтөн айан суруйууга - сочинениеђа көһөргө төһүү буолуохтаах.

Бэйэ диктаннаныыта. Диктант тексэ учебниктан ылыллар. Уруок сыалыттан уонна текситтэн көрөн, бэйэ диктаннаныыта араастык ыытыллар. Ођо этиини аађан, хас биирдии тыл хайдах сурулларын өйүгэр хатаан баран, кинигэни сабар уонна нойосуус суруйар. Суруйан бүттэђинэ, бэрэбиэркэлэнэн, алђаһын көннөрүнэр.

 Кыра хоһоону эбэтэр быһа тардыыны дьиэђэ нойосуус үөрэтэн баран, кылааска өйүттэн суруйар.

Саңата суох диктант. Учуутал этэн биэрэрин оннугар предмети эбэтэр кини ойуутун көрдөрөр. Учуутал сорудађынан ођо ол предмет аатын (холобур, хатың) эбэтэр тыл ситимин (маңан хатың) суруйар. Эбэтэр, учуутал биир үөрэнээччи саннын саңата суох таарыйар. Ођолор бу үөрэнээччи аатын, араспаанньатын суруйаллар.

Саңата суох диктаңңа учуутал хамсыырын көрөн, этии оңорон суруйуу эмиэ киирэр. Холобур, учуутал миэлинэн суруйар, ону көрөн олорон, ођолор маннык этиини суруйуохтарын сөп: Анна Ивановна миэлинэн суруйар. Анна Ивановна дуоскађа суруйар. Учуутал суруйар уо.д.а.

Маннык диктант ођо толкуйдууругар, ситимнээх саңата сайдарыгар көмөлөһөр.

Бэйэ билиитин бэрэбиэркэлэнэр диктант. Маннык диктаңңа ођо, суруйа олорон, суруйбутун бэрэбиэркэлэнэр. Ођолор учуутал этэрин истэн суруйаллар. Мунаарар эбэтэр билбэт буукубаларын, тылларын аннынан тардан бэлиэтииллэр. Текси суруйан бүтэн баран, ођо ол тыл хайдах сурулларын ыйытар. Учуутал быһааран, көрдөрөн биэрэр.

Хонтуруолунай диктант.

Бу диктант үөрэнээччи суруйар дьођура хайдах сайдан иһэрин, билиитин сурукка төһө сатаан туттарын бэрэбиэркэлиир. Теманы бүтэрэн баран, үөрэнээччи дьођура олохсуйбутун кэнниттэн ыытыллар. Маннык диктаңңа үөрэнээччи бэйэтин билиитин, кыађын көрүнэр, онон ханнык да көмөлөһөр, сэрэтэр үлэ ирдэммэт.

Хонтуруолунай диктант маннык схеманан барыан сөп:

Учуутал диктант тексин бүтүннүүтүн ис хоһоонноохтук аа5ар, ођолор суруйбакка истэллэр.

Диктант тексигэр ођо өйдөөбөт этиитин учуутал быһаарар, билбэт тыллара баар буоллађына, ону дуоскађа суруйан биэрэр.

Текст иитэр суолтатын туһунан кэпсэтэллэр: туох туһунан суруллубутуй, туох саңаны биллибит, туохха үөрэтэрий?

Учуутал текси биирдии этиинэн орто сођус суруйар ођо тэтиминэн көрөн этэр. Суруйар кэмңэ уһун этиини ис хоһооно өйдөнөр курдук кэрчиктээн аађар. Ођо суруйан бүппүт кэрчигин иккиһин хатылаабакка, үлэлиир тэтимин көрөн салгыы этэн иһэр. Ођо улаатан истэђин аайы өйгө тутар дьођура сайдарыгар кэрчик тылын ахсаана элбээн иһэр (4- 5 тыл). Ођо суруйар кэмигэр хос - хос этэн, атыны саңаран аралдьытар сатаммат. Этиини ођо барыта суруйан бүттэђинэ, учуутал өссө биирдэ толору хатылыыр.

Текси бүтүннүү суруйбут кэннэ, ођолор биирдэ аађан бэйэлэрэ бэрэбиэркэлэнэллэр.

Ол кэнниттэн учуутал текси хатылаан аађар. Ол кэмңэ ођолор көтүппүт тылларын, сыыһа суруйбуттарын көннөрөллөр. Онтон үлэ хомуйуллар.

Онон текст барыта түөртэ – биэстэ эрэ аађыллар.

Диктант тексин кээмэйэ:

Кылаас

Үөрэтэр диктант

Бэрэбиэркэлиир диктант

1

15 – 20

10 – 15

2

30 – 40

30 – 35

3

50 – 60

50 – 55

4

70 - 80

 70 - 75

                                Диктант  текстэрин  туһунан.

     

      Бу  пособиеђа  сүнньүнэн  оскуолабыт  үлэлиир  хайысхатынан  салайтаран,  төрөөбүт  тыл  уруоктарыгар  туһаныллар  матырыйаал  биир  чопчу  тема  иһинэн  буолара  иитэр  сыалга  ордук  табыгастаах  буолуођа   диэн,  Сахабыт  сирин  кыылларын,  көтөрдөрүн  арааһын,  айылђађа,  киһи  олођор  суолталарын,  уратыларын,  дьиктилэрин  кытта  билиһиннэрэр  ис  хоһоонноох  текстэр  киирдилэр.

     Текстэр  диктант  көрүңнэринэн  араарыллыбатылар.  Онон  учуутал,  ођолор  суруйар  дьођурдара  сайдан  иһиититтэн  көрөн,  үөрэтэр  сыалыгар  сөп  түбэһэр  текстэри  көңүллүк  тала  сылдьан  туһанар  кыахтаах.  

Алђастары  көннөрүү,  учуоттааһын,  ырытыы.

    Хас  биирдии  ыытыллыбыт  диктант  кэнниттэн  алђастары  утары  бэрэбиэркэлээн,  ырытан,  көннөрөн  иһэр  наада.  Учуутал  ођолору  бэйэлэрин  алђастарын  таба  көрөргө,  көннөрүллүбүт  алђастары  өйдөөн  хааларга  үөрэтиэхтээх.  Онуоха  үлэлэри  хардарыта  бэрэбиэркэлээһин  уонна  ођо  сыыһа  суруйбут  тылын  дуоскађа  суруйан  алђастары  булларыы  үчүгэй  түмүгү  биэрэр.  

    Ођо  суруйуутун  утары  көннөрө - көннөрө  ааһан  иһэр  табыллыбат.  Ођо  алђаһын  учуоттаан,  хайа  ођо  туох  алђаһы  таһаарарын  кэтээн  көрүөххэ  наада.  Оччођо  эрэ  учуутал  кими  кытта  хайдах  үлэлиэхтээђин  үчүгэйдик  билэр,  биирдиилээн  ођону  кытта  үлэни  туһалаахтык  тэрийэр  кыахтанар.          

   Кылаас  үрдүнэн  хас  биирдии  ођо  ордук  туохха  элбэх  алђаһы  оңорорун,  ханнык  быраабыланы  ситэ  өйдүү  илигин  бэлиэтээн  иһэр  туспа  тэтэрээт  баар  буолар.

   Алђаһы  маннык  наардыахха  сөп:

Уһун  аһађас  дорђоону  таба  суруйуу.

Дифтону  таба  суруйуу.

Хоһуласпыт  бүтэй  дорђоону  таба  суруйуу.

Сэргэстэспит  бүтэй  дорђоону  таба  суруйуу.

Нууччаттан  киирбит  тылы  суруйуу.

Хоһуласпатах  бүтэй  дорђоону  атын  бүтэй  дорђоонунан  солбуйуу.

Кылгас  аһађас  дорђоону  атынынан  солбуйуу.

Кылгас  аһађас  дорђоону  көтүтүү.

Буукуба  миэстэтин  атастаһыннарыы.

Сүһүөђү  көтүтүү.

Ордук  буукубаны  суруйуу.

Улахан  буукубаны  сыыһа  суруйуу.

   Диктаңңа  мантан  да  атын  сыыһа  баар  буолуон  сөп.  Ону  учуутал  бэйэтэ  көрөн,  ырытар  схематын  чуолкайдыыра  наада.  

   Диктант  грамматическай  сорудахтаах  буолар. Ону  эмиэ  учуоттаан,  ханнык  ођо  хайа  теманы,  быраабыланы  билбэтин  өйдөтөн,  хатылаан,  биллэрэн  иһэр  наадалаах.  Ол  иһин  таба  суруйууга  уонна  грамматическай  сорудахха  тус-  туһунан  сыана  турар.

   

Сурук  үлэтин  сыаналааһын.

Үөрэнээччи  истэн  суруйар  үлэтин  сыаналыырга  маннык  нуорманан  салайтарыллар:

«5»  сыана - орфографическай  алђаһа  суох  ыраас  үлэђэ.

«4»  сыана- 1 - 3  орфографическай  алђастаах  үлэђэ.

«3»  сыана- 4 - 5  орфографическай  алђастаах  үлэђэ.

«2»  сыана- 6 - 10  орфографическай  алђастаах  үлэђэ.

«1»  сыана - олус  элбэх  орфографическай  алђастаах  үлэђэ.

 Хос  быһаарыы.  Куруубайа  суох  эрээри  маарыннаһар  алђас  баар  буоллађына,  6  орфографическай  алђаска  «3»  сыана  туруон  сөп.  Олус  марайдаах,  элбэх  көннөрүүлээх  үлэ  сыаната  биир  балынан  түһэр.

 Куруубай  алђаһынан  аа5ыллар:  уһун  аһађас  дорђоону,  дифтону,  хоһулаһар  бүтэй  дорђоону  биир  буукубанан  бэлиэтээһин;  буукубаны  эбэтэр  сүһүөђү  көтүтүү;  буукуба  миэстэтин  атастаһыннарыы;  буукубаны  атын  буукубанан  солбуйуу;  улахан  буукубаны  сыыһа  суруйуу;  тылы  холбуу  суруйуу;  сыыһа  көһөрүү,  о.д.а.

 Куруубайа  суох  алђаһынан  аађыллар:  ситэри  чиңэтиллэ  илик  араастык  этиллэр  сахалыы  тылы  уонна  нууччалыы  суруллар  тылы  сыыһа  суруйуу;  тылы  сөпкө  суруйан  иһэн  ситэ  суруйбакка  хаалларыы;  нөңүө  строкађа  көһүөхтээх  сүһүөђү  суруйбакка  хаалларыы;  биир  тылы  хос - хос  суруйуу.

Биир  алђаһынан  аађыллар:  икки  көннөрүү;  сурук  бэлиэтигэр  икки  алђас;  биир  тылга  алђас  хатыланара.  Холобур,  аттаах  диэн  тыл  текскэ  үстэ  «атаах»  диэн  суруллубут  буоллађына,  биир  алђас  буолар.

 Алђас  буолбат:  үөрэтиллэ  илик  быраабылађа  тахсыбыт  алђас;  этии  кэннигэр  точканы  умнан,  саңа  этиини  улахан  буукубаттан  суруйуу;  этии  ис  хоһооно  уларыйбат  гына  биир  тылы  атын  тылынан  солбуйуу.

 

МАҢНАЙГЫ КЫЛААС.

Саас.

Сааскы кэммит эргийдэ. Туллук бөђө кэллэ. Күммүт уота сылытар. Хаар үрдэ кылбайар.

Сибэкки.

Сайын сибэкки үүнэр. Үрүмэччи көтөн кэлэр. Кини сибэккигэ олорор.

Саас.

Саас буолла. Чалбах тађыста. Күн күүскэ сылытар. Туллук кэлбит. Сотору тураах кэлиэ. Саас кэрэ дађаны. (15)

Бастакы этиини сүһүөххэ араарың.

Туллук.

Туллук саас кэлэр. Кини кэрэ чыычаах. Туллук – ођо аймах дођоро. Туллук – саас илдьитэ. (13)

Уһун аһађас дорђооннору аннынан тарт.

Ардах.

Биирдэ дьэдьэннии барбыппыт. Арай эмискэ халлаан хараңарда. Хара былыт тађыста. Күнү саба бүрүйдэ. Тыал түстэ. Бөдөң самыыр тобугураата. (18)

Тыал, арай, хара  диэн тыллары сүһүөхтээң.

Мин дойдум.

Дойдум үрдүк хайалардаах. Элбэх өрүстээх, күөллээх. Онно балык арааһа үөскүүр. Тыатыгар мас кэрэтэ үүнэр. Мин төрөөбүт дойдубун таптыыбын. (18)

Иккис этиигэ уһун аһађас дорђоону бэлиэтээң.

Сайын.

Самаан сайын тиийэн кэллэ. Сирэм күөх ситтэ. Күн уота күүскэ тыгар. Күөх халлаан ыраас. Биир да былыт көстүбэт. Ођо аймах көңүл көрүлээтэ. (22)

Хоһулаһыыны бэлиэтээң.

Күөрэгэй.

Көй салгыңңа уйдаран күөрэгэй ыллыыр. Ырыатын ким барыта кэрэхсиир. Кини сайыны уруйдуур. Дьоллоох олођу туойар. (15)

Уһун аһађас дорђооннору бэлиэтээң.

Саһыл.

Саһыл сүүрэн испит. Арай иннигэр сүүрүктээх үрэх көстүбүт. Онно кэлэн хаайтаран хаалбыт. Харбыађын дьулайбыт. Күнү быһа уу кытыытын кэрийбит. (19)

Хоһулаһыыны бэлиэтээң.

Чыычаах.

Чычып-чаап – кыра чыычаах. Кини тымныыны тулуйар. Буурђаттан куттаммат. Куруук көтөр-сүүрэр. Кини хорсун чыычаах. (15)

Иккис этии тылларын сүһүөххэ араарың.

Хатың.

Саас хатың саңа тыллар. Күөх сэбирдэхтэрэ намчылар. Хатың мааны мас. Хатыңы олус харыстыыллар. (13)

Сүһүөхтээң: олус, саас, тыллар.

ИККИС КЫЛААС.

Күһүн.

Көмүс күһүн тиийэн кэллэ. От – мас хагдарыйбыт. Тыа ыраахтан саһаран көстөр. Алааска кэбиһиилэх оттор көстөллөр. Сотору көтөрдөр сођуруу барыахтара. (19)

Уһун аһађас дорђооннору бэлиэтээң.

Мэкчиргэ.

Сайыңңы күн киэһэрбит. От-мас күлүгэ уһаабыт. Суол ортотугар хаххан олорор. Өлбүт кукаакыны туппут. Мэкчиргэ хаххаңңа түспүт. Кукаакыны былдьаабыт. (19) (Е.Макаров)

Хоһуласпыт бүтэй дорђооннору бэлиэтээң.

Күһүңңү ардах.

Күһүн ардах уһуннук түһэр. Арђааттан тымныы тыал үрэр. Мас көтөђөтүн тэбиир. Ардахтан мас ытыыр курдук. Сайыны аһыйан эрдэђэ. (18) (Н.Якутскайтан)

Кэнники этиини сүһүөхтэргэ арааран устуң.

Кубалар.

Кубалар – айылђа мааны көтөрдөрө. Айылђа киртийбэт киэргэллэрэ. Муус маңан дьүһүннээхтэр. Сайынын хоту көтөллөр. Онно төрүүллэр-ууһууллар. Кинилэр хаастары кытары бииргэ сылдьаллар. (21) (Е.Макаров)

Кубалар, айылђа - диэн тыллары сүһүөххэ араарың.

Чыычаах түбүгэ.

Сайын чыычаах түбүгэ үгүс. Уйа туттар. Уйатыгар биэс-алта сымыыты баттыыр. Ађа чыычаах ас булар. Ођолоругар сымнађас ас наада. Онтон иккиэн аһаталлар. (22) (Е.Макаров)

Сүһүөхтээң: Уйа туттар.

Туруйа ођото.

Биирдэ маннык буолла. Биһиги туруйа ођотун туттубут. Киниэхэ бађаны биэрдибит. Ону ыйыстан кэбистэ. Өссө биэрдибит. Ыйыстан истэ. Биһиги сөђөн кэбистибит. Туруйа ођотун дьиэбитигэр ииттибит. (24) (М.Пришвин)

Сэргэстэспит бүтэй дорђоон букватын бэлиэтээң.

Маңнайгы хаар.

Халлаан халың былытынан бүрүллүбүт. Уу-чуумпу. Онтон хаар түһэн кыыдамнаата. Сып-сымнађас түү курдук. Сотору сири үп-үрүң түү суорђанынан бүрүйдэ. Маңнайгы хаар ып-ыраас, сып-сырдык. (27) (Н.Якутскайтан)

Уһатыыны бэлиэтээң.

Таба.

Таба лабыктанан аһыыр. Табаны туркуга көлүйэллэр. Табанан айанныыр олус үчүгэй. Мин убайым табађа үөрүйэх. Табаһыттар табалыын, ыттыын көһө сылдьаллар. Туундарађа табаһыт олођо, үлэтэ-хамнаһа элбэх ыараханнардаах, сыралардаах. (27)

Таба диэн тыл сыһыарыыларын булуң.

Күн.

Сарсыарда эрдэ күн тахсарын көрдүм. Күнтэн ордук кэрэ туох баарый? Туох барыта күңңэ наадыйар. Күнтэн күүс ылар. Күн уотунан угуттанан ситэр, силигилиир. Күн баар буолан олох баар.(27)

Күн диэн тыл хайдах уларыйбытын булан ырытың.

Сибэккилэр.

Оскуола таһыгар сибэкки олордубуппут. Сайыны быһа сибэккилэргэ уу куппуппут. Сыыс оту ыраастаабыппыт. Ардахтаах күн уу куппаппыт. Күһүн буолуута ара5ас, маңан, кыһыл сибэккилэр тыллыбыттара.  Сибэккилэрбитин учууталларбытыгар бэлэхтээбиппит. (26)

Тыл олођун уонна сыһыарыыларын булан бэлиэтээң.

Дөлүһүөн.

Аана эмээхсин дөлүһүөн отонун хатарар идэлээх. Дөлүһүөн барыта тэңңэ буспат, сиппэт. Сымнаабытын талан ылан хатарааччы. Оннук мунньан, күһүн биир бааңка дөлүһүөннээх буолар. Ити үүнээйи туһата элбэх. Ођолор үстүү дөлүһүөнү күңңэ ыстыы сылдьар буоллахтарына чэгиэн-чэбдик сылдьаллар. (38) (А.Сыромятникова)

Тиит.

Биһиэхэ үүнэр мастартан саамай тэнийбит тиит мас буолар. Бу дьикти мас. Кыһын күүстээх тымныыны тулуйар. Сайын өңүрүк куйааска кыһаммат. Мастартан саамай тулуурдаахтара.  Тиит мас ууга да сыттађына туох да буолбат. Хата дьэ, өссө чиңээн, кытаатан иһэр. (36)

Предмет аатын көрдөрөр биэс тылы булан уһулуң.

Чыычаах.

Арай биирдэ чыычаах бэрдьигэс от хоонньугар уйа туттубут. Ол уйатыгар биэс быдьыгына ойуулаах сымыытчааннарын өөр - өр баттаан олорбут.

Сып-сылаас сарсыарда буолбут. Бу кэмңэ ођолоро сымыыттарын тэспиттэр. Тэспиттэр да, тахсан кэлбиттэр. (34) (В.Миронов)

Предмет аатын көрдөрөр үс тылла булуң, ыйытыыта туруоруң.

Килиэп.

Сири тиэрэн, сиэмэ ыһан, бурдук ситэн, килиэп сиибит. Мээккэ бурдук мээнэ кэлбэт, буспут килиэп бэйэтэ үүммэт. Элбэх үлэ күүһэ түмсэн, көмүс туорах куолас анньар. Топпут ођо ону билбэт. (28)

Үс предмет аатын уһулуң.

Кыһын.

Хаар халыңаабыт. Күн сардаңаларыттан көмүс кыырпахтарынан кылбачыйар. Тымныы кыһын бэлиэр кэллэ. Күн олус кылгаата. Халлааңңа бэрт кылгастык көстөн ылар уонна сүтэн хаалар. Түүн уһун уонна олус тымныы. (24) (А.Сыромятникова)

Туох? диэн ыйытыыга хоруйдуур үс тылы суруйуң.

Күһүн.

Сайын ааспыта. Ол күһүн мин тођуспун туолбутум. Халлаан тымныйан, күөх хонуу саһаран, күһүн күөйэн кэлбитэ. Быһыттађас былыттардаах, тыаны суугуната хамсатар омуннаах күннэр буолбуттара.

Тыал ойуур көтөђөтүн тэбиир. Сотору – сотору ардыыр. Көтөђөтө түспүт сыгынньах лабаалартан харах уутун курдук ыраас таммахтар тохтоллор. (38) (Н.Якутскай)

Бэлиэтэммит тылларга ыйытыыларда туруоруң.

Күһүңңү тыа.

Халлаан ыраас, ичигэс. Маннык күһүңңү күн тыаны көрүө этигит! Манна төһөлөөх элбэх өң баарый! Сођотох хатың да сэбирдэђин ылан көр. Ортотунан дьураа тымырдара сап-саһархай өңнөөхтөр. Ортото күп-күөх. Эрбии тииһин курдук сарбынньахтара ап-арађас лаађынан сотуллубут. (39) (Н.Якутскайтан)

Дьүһүнү көрдөрөр тыллары булан суруйуң.

Этиңнээх ардах.

Ханан да былыта суох ыраас күн. Арай эмискэ логлоруспут халың былыттар тађыстылар. Улам тэнийэн күнү хаххалаатылар. Ыраах ньирилиир тыас иһилиннэ. Эмискэ дирбиэн тыас дэлби барда. Сытыы уот күлүм гынна. Бөдөң таммахтар түстүлэр. Онтон дохсун ардах кутта. (36)

Предмет бэлиэтин көрдөрөр тыллары булан бэлиэтээң

Тыллаах тураах.

Түннүкпэр тураах ођото кэлэн түһэр үгэстэннэ. Арааһа, тулаайах быһыылаађа. Миэхэ биир куул куруппа баара. Мин куруппа кутан биэрэбин. Итигэстээн сиэн баран көтөн хаалар. Тураах ођотун саңардыахпын бађарабын. Оттон кини саһархай тумсун эрэ аппаңнатар. Кыһыл тылын эрэ көрдөрөн кэбиһэр. (38)

Предмет бэлиэтин көрдөрөр тыллары бэлиэтээң.

Саас кэлиитэ.

Халың хаар ууллан, сандал саас кэлбитэ. Улахан бөһүөлэк дьиэлэрэ дьэндэйэн көстөллөрө. Киэң олбуор иһигэр чалбах тахсыбыт. Икки кыра ођо оонньуу сылдьаллара. Күлүк сиргэ хаар өссө да уулла илигэ. Үөһэттэн муус чопчу тостон түстэ. Ођолор дьиктиргээн көрөн турдулар. (38)

Предмет бэлиэтин көрдөрөр тыллары устуң.

Күһүн.

Көмүс күһүн тиийэн кэллэ. От – мас сэбирдэђэ саһаран тыа сырдаан көстөр. Хатың, тэтиң, үөт сэбирдэхтэрэ тэлээрэн түһэллэр. Күөллэр уулара дириңээн харааран көстөллөр.

Үөһэнэн айан хаастара хаһыытаһан ааһаллар. Улахан алаас сиргэ үгүс оттор кэбиһиллибиттэр. Онон-манан куоһахтарга күөх кэнчээри ачалара унаарыһан көстөллөр. (41)                            

Икки кэнники этиилэртэн предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллары бэлиэтээң.

Кэбиһиллибиттэр диэн тылы сүһүөхтээн суруйуң.

Лаанча чыычаађа.

Куйаас күн буолла. Лаанча диэн кыракый кыыс күн уотун утары кыайан көрбөт. Харађын симмэхтиир. Сыгынньах атађын итийбит муостађа кумуччу үктээн, таһырдьа тађыста. Төңкөйөн, күөх оту арыйан көрбүтэ, чыычаах ођото сытар. Ньыђаччы сыппыта, иһэ икки өртүнэн былђайан тахсыбыт. Оттон түүтэ үүммэтэх. (41) (А.Сыромятникова)

Икки бастакы этиигэ предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллары бэлиэтээң.

Чыычаах күннээђи олођо.

Чыычаах сарсыарда эрдэ уһуктар. Кини уһуктаат, ыллыыр.

Онтон чыычаах аһыыр. Аһаан баран суунар, түүтүн оңостунар, киэргэнэр. Бу кэнниттэн кини сынньанар, аһаабытын иңэринэр.

Онтон иккис аһылыгын сађалыыр. Иккис аһылыгын булан аһаат, чуо ыллыыр сиригэр барар. (34)

Чыычаах түбүгэ.

Чыычаахтар туох да кыһалђата суох курдуктар. Ити алђас санаа. Кинилэр үгүс түбүккэ сылдьаллар. Күһүн уонна саас сындалђаннаах айаңңа көтөллөр.

Саха сиригэр олохтоох чыычаахтар бааллар. Чооруос, чычып-чаап, кэкэ-бука, дьиэ барабыайдара, онтон да атыттар. (34) (Е.Макаровтан.)

Уһатыыны булан бэлиэтээң.

Аччык көтөрдөр.

Дьиэбитин тула ойуур тыа. Биирдэ дьиэм таһыгар кукаакылары көрбүтүм. Кукаакылар наһаа аччыктаабыт этилэр. Ол иһин дьиэбиттэн килиэп таһаарбытым. Кукаакылар түргэн бађайытык сиэн кэбиспиттэрэ. Кинилэр биэс этилэр. Биирдэстэрэ киһи илиититтэн аһыыра. Кукаакылар сотору буолаат эмиэ көтөн кэлбиттэрэ. (36)

Тугу гынары көрдөрөр икки тылла булан суруйуң.

Кыһын.

Тымныы кыһын этэ. Киһи тыына сыыгыныыр. Ойуур иһигэр мутук тосторго дылы. Сулустар өссө ордук чађылыйбыттар. Ити тымныыга буолар. Кыһыңңы түүн уһун. Сарсыарданан ордук тымныйар. Тыынар тыыннаах барыта тымныыттан иһийбит курдук. (37) (И.Сосинтан)

Сыыгыныыр диэн тыл аһађас дорђоонун атынынан уларытың.

Маңнайгы кыраһа.

Түүн хаар түспүт этэ. Күнүс халлаан халлар. Күн уота чађылыйан, хаар үрдэ кылбачыйар. Итийэр. Мас лабаатыттан хаар ууллан таммалыыр. Сотору хаар чөмөхтөнө сылдьар буолар. Бөһүйбүт хаар киһи хаамтађына бурђаңнаабат. Күһүн маңнайгы кыраһа хаар ууллан хаалар.(36) (Н.Якутскай)

Сэргэстэспит бүтэй дорђооннору булан бэлиэтээң.

Хаар.

Сарсыарда эрдэ турдубут. Ађам бултуу барда. Оттон миигин эбэм дьиэбиттэн таһаарбата. Күнү быһа ньуолах түү курдук хаар түстэ. Маңан хаар биһиги дьиэбитин, мас лабааларын, бүтэй сиэрдийэтин барытын бүрүйдэ. Ичигэс бађайы күн буолла. Күнэ көстүбэт. Лүңкүр былыт халлааны бүрүйэн турда. (39) (Н.Якутскай)

Предмет бэлиэтин көрдөрөр икки тылла булан уһулуң. Ыйытыыта туруоруң.

Ымыы.

Кыһын. Ыллыктары кыраһа хаар саба түспүт. Харыйалар хаар маңан саңыйађы кэтэн тураллар. Чыычаахтар баран хаалбыттар. Паркађа арай кыһыл түөстээх ымыылар эрэ хаалбыттар. Кыһын кэлбитигэр үөрэн чуопчаараллар. Бу көрдөөх-нардаах эриэккэс чыычаахтар. (30)

Предмет тугу гынарын көрдөрөр икки тылла суруйуң, ыйытыыта туруоруң.

Сирдьит хаас.

Кубалар – айылђа мааны көтөрдөрө. Муус маңан дьүһүннээхтэр. Сайынын хоту хаастары кытары бииргэ сылдьаллар. Онно төрүүллэр-ууһууллар.

Күһүн сођуруу айанныыллар. Кубалар халың үөрүнэн көтөллөр. Үөр кубалары сођотох хоңор хаас батыһыннаран көтөр. (34) (Е.Макаров)

Предмет бэлиэтин көрдөрөр тыллары ситимнэспит тылларын кытта устуң. Ыйытыыларда туруоруң.

Саха сирэ.

Мин Якутскай куоракка олоробун. Иккис нүөмэрдээх оскуолађа үөрэнэбин. Араас омук ођолоро бииргэ үөрэнэбит. Дьиэм ыраах. Онон оскуолабар автобуһунан кэлэбин. Уулуссаны сэрэнэн туоруубун.

Якутскай – Саха сирин киин куората. Биһиги дойдубут олус баай. Көмүстээх, алмаастаах, газтаах, таас чохтоох. Тыата күндү түүлээхтэрдээх. (39)

Көмүстээх, алмаастаах  диэн тыллары көһөрөргө анаан араарың.

Үлэһит.

Тэлгэһэђэ сылгы чыычаађа сүүрэкэлиир. Билигин кини наһаа элбэх үлэлээх. Онон үлэтин эрдэттэн сађалаатађына сатанар. Уйа оңостор. Түүнү, сыыһы, хаппыт оту таһар. Тохтуу түһэн сынньанар. Онтон түүтүн-өңүн ыраастанар. Ити курдук олоро түһээт, эмиэ сүүрбүтүнэн барар. Ылларан, таттаран үлэлиир. (39) (А.Сыромятникова)

Бүтэһик этии тылларын сүһүөххэ араарың.

Ылааңыга.

Ылааңы күннэр буоллулар. Хонуу сирдэргэ хаар ууллан эрэр. Мастар маңан сађынньахтарын устан тураллар. Оттон ойуурга хаар лөглөччү сытар. Тыа хаара уулларын кыыллар кэтэһэллэр. Бастакы таммах түстэђинэ эһэ тахсар. Ылааңы күн куобах сыламныыр. Тииң үөрэн ойуоххалыыр. (38) (М.Пришвинтэн)

Маңнайгы этии тутаах тылларын бэлиэтээң.

Сайын.

Сайын мин ыраас уулаах Аммађа сөтүөлүөм. Сардааналаах биэрэгинэн хаамыам. Дьикти дьэрэкээн ойуулаах хонууга дьаарбайыам. Сибэкки мүөт сытынан тыыныам.

Эбэлээх эһэбэр көмөлөһүөм. Кинилэр кырдьађастар. Ол да буоллар үлэлииллэр. Эһэм оттуур. Эбэм ынах ыыр. Үксүн эбэбэр көмөлөһөбүн. Ньирэйи аһатабын, ына5ы үүрэбин. (39)

Бастакы этии тутаах тылларын булан ыйытыыта туруоруң.

Иккис этии тылларын сүһүөххэ араарың.

Саас.

    Саас кэллэ. Чађылхай күннэр үүннүлэр. Чалбах уута халааннаата. Үрүйэлэр чарылыы сүүрдүлэр. Гоша уонна Тамара болуот ыыта оонньууллар. Кыргыттар ньургуһуннуу бардылар.(20)

Кэнники этиигэ предмет тугу гынарын көрдөрөр тылы булан бэлиэтээң.

                         

Биһиги көмөбүт.

       Мин лабыкта хомуйуутугар үлэлээбитим. Бу үлэђэ элбэх ођо кыттыбыта. Бастаан Тойон уйатыгар, онтон Эбэ уңуор сырыттыбыт. Биирдии бэйэбит күн аайы биэстии куул лабыктаны хомуйабыт. Биригээдэ үлэһиттэрэ махтаннылар.(27)

Анал ааттары бэлиэтээң.

Хараңаччы.

       Хараңаччы көтөн барда. Уйата иччитэх хаалла. Биир барабыай көтөн кэллэ. Хараңаччы уйатыгар киирэн хаалла. Сотору хараңаччы төннөн кэллэ. Барабыай ыалдьыты көрдө. Тугу гыныан булбакка, салгыңңа айдаара.(26)

Бэлиэтэммит тыллары сүһүөхтэрэ араарың. Сүһүөхтэр араастарын бэлиэтээң.

Күн уота.

       Күн тађыста. От быыһыгар утуйа сытар күөрэгэй уһугунна. Күөрэгэй өрө көтөн тађыста. Үгүс үтүө ырыатын ыллаата. Колхоз дьоно хонон турдулар. Үгүс буолан үлэлии бардылар. Күн уота ођолору туруоран оскуолађа ыытта.(30)

Кубалар.

Дима күөгүлүү барда. Күөл ортотугар икки куба устан мөлбөһө сылдьаллар. Тохтоон түүлэрин оңостоллор. Кылбађар түүлэриттэн күөл ньуура сырдыырга дылы. Уһун моонньуларын токуччу сођус тутталлар. Кэрэ да көтөрдөр! Дима олус кэрэхсээтэ.(30)                                  

Бэлиэтэммит тыллары сүһүөхтэргэ араарың. Сүһүөхтэр араастарын бэлиэтээң.

Сайыңңы сарсыарда.

Күн сандаарычча тыкпыт. Хатың чараң иһэ чыычаах ырыатынан туолбут. От-мас лабаата нарыннык суугунуур. Күөрэгэй өрө дьурулаан тахсан, ыллаан дьырылатар. Ыраах бостуук саңата иһиллэр. Сайыңңы сарсыарда олус да үчүгэй!(29)  

Бары.

Кыһын этэ. Учууталга ыйдаран үс сабыылаах остолобуойу оңорбуппут. Чыычаахтарбыт аны манна хонор буолбуттар. Биһиги түү хомуйбуппут. Остолобуойга илдьэн тэлгэппиппит. Онтон ыла дьиэлэрэ, остолобуойдара үрдүттэн буолбут. (25)

                                     

Күһүн.

        Чыычаах ырыата уурайбыт. Мутукка тииң тэллэй хатарбыт. Тиит көтөђөтө тохтор. Хатың сэбирдэђэ түһэр. Куобах маңан буолбут. Ойуур иһэ иччитэхсийбит.(19)

Маңнайгы этии тылларын сүһүөхтэргэ араарың. Сүһүөхтэр араастарын үрдүнэн бэлиэтээң.

ҮҺҮС КЫЛААС.

Өлгөм отон.

Биирдэ биһиги отоннуу бардыбыт. Мин туос ыађас ыллым. Оттон быраатым Петя бидон ылла. Сирин билэр буолан, отонноох сиргэ быһа тиийдибит.

Быйыл отон өлгөмнүк үүммүт. Биһиги хомуйан бардыбыт. Биирдэ үргээтэххэ ытыһың туолар. Олус минньигэстэр. Иһиппитин толорон дьиэбитигэр бардыбыт. (37)

Хоһуласпыт бүтэй дорђооннору булан бэлиэтээң.

Күһүн.

Көмүс күһүн тиийэн кэлбит. Сарсыарда туман көтөр. Күнүс сайыңңылыы ичигэс. От-мас сэбирдэђэ саһарбыт. Тураахтар сођуруу бараары бэлэмнэнэллэр. Ођолорун көтүтэ үөрэтэллэр. Мустан үөрүнэн көтөллөр.

Күһүн – кэрэ кэм. Айылђа барахсан араас өңүнэн оонньуур. (32)

Уһун аһађас дорђоонноох тыллары аннынан тардан бэлиэтээң.

Ођолор быыһаатылар.

Коля уонна Ваня куйаас күн сөтүөлээтилэр. Арай эмискэ тураах айманна. Көрбүттэрэ элиэ тураах ођотун кытаахтаабыт. Уолаттар элиэни тааһынан тамнаатылар. Элиэ ыксаата. Тураах ођотун ыһыктан кэбистэ. Онтуката ууга түстэ. Уолаттар тураах ођотун ууттан таһаардылар. Күн уотугар кууртулар. (36) (Е.Макаровтан)

Бүтэһик этии тылларын ырытың. Дифтоннары уонна аһађас дорђооннору булан бэлиэтээң.

Модьугу.

Модьугу диэн тыңырахтаах көтөр түүн бултуур. Күнүс саһар идэлээх. Кини күнүс көрбөт.

Биирдэ мин тыа сађатынан баран истим. Ытым улахан арбах иһигэр туох эрэ баарын биллэ. Үрэ-үрэ арбах анныгар киирэн барда. Арай күтүр улахан модьугу ойон тађыста. Олус уолуйбут модьугу чугас турар харыйа диэки көппүтэ. (46)

Икки хоһулаһыылаах тылы булан уһулуң уонна оннук биир тылла бэйэђититтэн суруйуң.

Эһэ.

Сайын этэ. Арай биир киэһэ тэлгэһэђэ сүөһүлэри батыһан эһэ киирэн кэлбитэ. Тыа кырдьађаһа дьон олорор сиригэр киирэрэ дьулаан этэ. Биһиги таһырдьа сырсан тахсыбыппыт. Көрбүппүт, уңуох-тирии буола дьүдьэйбит. Харађын уота өһөн хаалбыт. Нэктэл буолбут түүлээх. Кырдьађас эһэ хотон аттыгар кэлэн, төбөтө саллайан олороро. Эһэни сайыны быһа аһатан илдьэ сылдьыбыппыт. (50) (Е.Макаров)

Рдь - сэргэстэспит тылларын булуң.

Куођас.

Атырдьах ыйын саңатыгар Коля уонна Миша икки ођолоох куођаһы көрбүттэрэ. Ођолорун умсарга үөрэтэ сылдьара. Сарсыныгар тиийбиттэрэ бу күөлгэ пионерскай лаађыр ођолоро кэлбиттэр. Оонньуу-көр бөђөнү түһэрбиттэр. Куођас ол ођолортон мэһэйдэппит. Биир ођотун көхсүгэр сүгэн үөһэ көтө сылдьара. Биир ођотун хайыы - үйэђэ күрэппит. Ханна тиэрдибитэ биллибэт. (45) (Е.Макаров)

Рдь уонна лдь, лг сэргэстэһиитин булан бэлиэтээң, биир тылы сүһүөхтээң.

Бурдук.

Сайылыктан чугас сођус саһарчы буспут бурдуктаах бааһына тыалга бигэтэн долгуннурар. Күммүт үөһэ ойон, буолакка дьон-сэргэ уонна техника тођуоруйар. Комбайннар үлэлээн тиңийэллэр. Самосвал массыынађа комбайн бункерыттан көмүс туорах курулуу кутуллар. Самосвал туолла да элеватор диэки куугуната турар.

Сахабыт сиригэр Амма уонна Өлүөхүмэ өң хочолоругар, бааһыналарыгар сэлиэһинэй үүнэр. (50)

Дуоскађа суруйуу: Комбайннар, бункерыттан, элеватор.

Бурдуктаах, күммүт диэн тыллар олохторун, сыһыарыыларын бэлиэтээң.

Хатың.

Үрдүк томторго сођотох хатың үүммүтэ. Күһүңңү тыал хатың сэбирдэхтэрин турута сынньара.

Оскуола ођолоро ол хатың аттыгар мастары олордорго быһаарбыттара. Кинилэр үөтү, тэтиңи, харыйаны, бэһи олордубуттара.

Саас мастар бары көђөрбүттэрэ. Аны хатың сођотох буолбатах, аттыгар дођоттордоох.

Хойут мастар улаатыахтара. Дьоннор сынньаныахтара. Суугунас лабааларыгар олорон чыычаахтар ыллыахтара. (50)

Үөтү, тэтиңи, харыйаны, бэһи диэн тыллар олохторун, сыһыарыыларын бэлиэтээң.

Эһэ туһунан.

Саха сиригэр киэңник тарђанан хара уонна хагдаң эһэлэр үөскүүллэр.

Хагдаң эһэлэр кугас, кытархай саһархайдыңы эбэтэр хап-хара өңнөөх буолаллар. Кинилэр сайын үксүн үрэхтэр сүнньүлэрин кэрийэллэр. Сискэ, хара тыађа отон бустађына тахсаллар. Күһүнүгэр кыстыыр сирдэрин тастарыгар өрүстэр, үрэхтэр, үрүйэлэр үрдүлэригэр уонна эргэ куруңңа киирэллэр.

Үчүгэйдик уойбут эһэлэр кыһын алта аңар ый утуйаллар. (51) (А.Пахомовтан)

Бэлиэтэммит тыллары быһаара-быһаара суруйуң.

Бастакы булт.

Мин үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан солоңдону бултаан турабын. Ол маннык буолбута.

Күһүн, хаар түспүтүн кэннэ, ыппын кытта ойуурга сырыттыбыт. Арай ытым сыгынах аннын үр да үр буолла. Мин сүүрэн тиийэн сыгынах аннын маһынан анньыалаатым. Онуоха кыра сырдык кыһыл өңнөөх кыыл ойон тахсан тиит диэки сүүрдэ. Биһиги эккирэттибит. (49) (Бэлэм буолтан)

Биэс аат тылла талан суруйуң, ыйытыыларын суруйуң.

Тураах ођото.

Cуол кытыытыгар туох эрэ хара ыстаңалыы сылдьара. Көрбүппүт, кып-кыракый тураах ођото олорор. Кыната тостубут. Туора соһо сылдьар.

Тутан ылан дьиэбитигэр илдьэ бардыбыт. Тураахпыт ођотун Федя диэн ааттаабыппыт. Араас үөннэринэн аһаппыппыт. Кэнникинэн тураахпыт дьиэтийбитэ. Кыната да оспута.

Федя ордук Мурзилка диэн куоскабыт ођотун кытта дођордоспута. Кинилэр биир иһиттэн аһыыллара. (50) (Бэлэм буолтан)

Чопчу предметтэри көрдөрөр үс аат тылла булан устуң. Ыйытыыта туруоруң.

Кистэлэң.

Билигин Алдан куорат турар сиригэр түң тайђа этэ. Орто-салаа өрүскэ түһэр кыракый үрэххэ ханнык сир баайа баарын эвенк булчуттара эрэ билэллэрэ.

Аптаах илиинэн ыһыллыбыт курдук, үрүйэ устун көмүс тарђанан сытара. Эвенкилэр ити көмүстээх үрүйэни баайдартан, тойоттортон өр сылларга кистээн сылдьыбыттара. Кинилэр, үрүйэ кистэлэңэ арылыннађына, булчуттарга алдьархай үөскүө дии саныыллара. (50)

Бэлиэтэммит тыллары быһаара-быһаара суруйуң.

Өлүөнэђэ.

Сарсыарда. Күн саңардыы сырайан эрэр. Бөлүүн этиңнээх ардах тођо суккуйан ааспыт. От – мас ибили сытыйбыта сүрдээх. Хаамтахха күөх оттон уу тохтор.

Угуттаан дэбилийбит Өлүөнэ доллоһуйа устар. Кини кэтиит-кэтит иэнигэр күөх халлаан күлүгүн көрүнэр. Үрдүк модьођо сыыртан хараңаччылар өрүс диэки көтөн сылбырыйаллар. Элбэхтэрэ бэрт буолан биир кэм ытылла олороллор. Көстүбэт куруһубаны салгыңңа ойуулуурга дылылар. (54) (В.Сыромятников)

Айылђа көстүүлэрин көрдөрөр аат тыллары булан бэлиэтээң.

Кырса.

Кырса муус маңан түүлээх. Уһун хойуу түүтэ тымныыттан харыстыыр. Кырса туундарађа үөскүүр.

Түргэн атахтаах. Сэргэх, чэрэңнэс кулгаахтаах. Саспыты булан көрөр кырађы харахтаах. Олус сытымсах муруннаах.

Сайын тоң буору тобулу хаһар. Үрдүк томторго хороон оңостор. Окко ођолорун улаатыннарар. Үүтүнэн уонна балыгынан аһатар. Кырса кутуйађы тутан сиир. Күһүн түүтэ ситтэђинэ бултууллар. (49) (Н.Пестряков)

Күөлгэ.

Түөлбэ диэн кыра күөлтэн хайа да көтөр арахсыбат. Атын улахан да5аны күөллэргэ аанньа түспэттэр. Бу күөл аһылыктаах, этэђэлээх. Онон кустар күөл уута туох аһылыктаађын билэллэр эбит. Ити хайдах билэллэрий?

Айылђа кыыллара, көтөрдөрө айылђаны аһары билэллэр. Сылгы чыычаађа сыл аайы биир сиргэ сымыыттыыр. Тураахтар уйаларын хаһан да сүтэрбэттэр.

Айылђа барахсан олус да дьикти! (52) (Е.Макаров)

Биир уонна элбэх ахсааңңа турар үстүү аат тылла булан уһулуң. Анал ааты булан бэлиэтээң.

Албын саһыл.

Өрдөөђүтэ саһыл уонна бөрө дођордоспуттар. Саһыл дьиэ көрөр, бөрө бултаан ађалар. Саһыл бөрөнү кытта бииргэ хороон хастарга быһаарыммыттар.

Бөрө үөрэ санаабыт.  Кини урут аһыыр аһа, иттэр дьиэтэ суох олорбута. Ол иһин быста хоргуйара, ырдьаччы тоңоро. Онон бэрт улгумнук, ону ааһан саһыл өйүн хайђаан, сөбүлэспитэ.

Бөрө түүн аайы бултуур. Күнүс да сынньаммат. Саһыл сорудађынан ампаар оңорор. (55) (И.Сосинтан)

Аат тылларга үс холобурда булуң.

Дьикти түүн.

Айаал ийэтин кытта ађата оттуур сиригэр барыста. Хомунан барыыларыгар боруңуй буолла. Хойуу тыа устун ыллык суолунан хаамсан истилэр. Аны көбүс-көнө былыргы солооһун кэллэ. Тулатыгар анаан олордубут курдук намчы хахыйахтар үүммүттэр. Аны ый чађылыйан тађыста. Ый сырдыгыттан күөх түүн эбии дьикти кистэлэңэ арылынна. Мастар уу-чумпуга бигэннилэр. Эчи кэрэтин, күһүңңү түүн! (51)

Дађааһын ааттары булан бэлиэтээң.

Халтархай табаарыс.

Кымырдађас хатыңңа ыттыбыт. Буортулаах үөнү туппут. Эмискэ күүстээх тыал түспүт. Кинини салгыңңа ытыйан таһаарбыт. Үрэх уңуор бырахпыт. Кымырдађас тула көрүммүт, букатын билбэт сирэ эбит. Хойуу от быыһыгар мунан хаалбыт. Үрэххэ киирбит. Көрбүтэ уңуор дьиэтэ турар эбит. Таһааран биэр диэн чохуттан көрдөспүт. Чохута үөс диэки уста турбут. Чоху көхсө килэркэй, халтархай. (52)

Да5ааһын ааттары ситимнэһэр аат тылларын кытта холбуу бэлиэтээң.

Таммахтар.

Саргылаах саас сандааран кэллэ. Күммүт уота сылыйан, араас дьэрэкээн өңнөөх сардаңаларынан күлүмнүү оонньоото. Күн уота ириэрэн, от-мас, кырыыса хаара таммах буолан түстэ.

Сандал саас аан бастаан бу таммахтар түһүүлэриттэн сађаланар. Күн уота күүскэ сылыйдађына өрүһүспүттүү түргэнник тобугуруу түһэллэр. Онтон күн уота саппађырда да, аргыый ађай, наһаа бытааннык, сүрэђэлдьээбиттии таммалыыр. (50)

Бастакы этиини сүһүөхтээн суруйуң.

Бастакы этиигэ дађааһын ааты ситимнэһэр тылын кытта бэлиэтээң.

Күөх зона.

Куула тыа аннынан үрэх ааһар. Кытыытын тулалыы ып-ыраас сиргэ талахтар үүммүттэр. Кинилэр намчы лабаалара биир тэң куудара буолан мөлбөһөн тураллар.

Талахтар кэтэх өттүлэригэр күлүк сир баар. Онно көпсөркөй хара буорга моонньођон, дөлүһүөн, хаптађас уктара олордуллубуттара. Сэбирдэхтэр быыстарыгар хаптађас хойуу отонноро кытаран-нађаран көстөллөр.

Бу барыта ођолор олордубут уктара. (49) (Е.Макаровтан)

Дађааһын ааттары быһаарар аат тылларын кытта булан ыйытыыларда туруоруң.

Лабаађа олорбут чыычаах.

Ойуур иһигэр киирэбин. Күөх солко мутукчанан лаглайа симэммит титириктэр тураллар. Бу кэмңэ ойуур барахсан киһини бэйэтигэр тардар курдук.

Ол истэхпинэ, иннибэр сип-синньигэс лабаађа чыычаах түстэ. Күрүң өңнөөх. Кылгас моойдоох. Харахтара хара ођуруо курдуктар.

Чыычаах барахсан… Түүтэ-өңө ырааһын! Хамсыыр буолбатах, тырымныыр. Таммах курдук ып-ыраас харахтара үөрүү уотунан чађылыһаллар. (50) (А.Сыромятникова)

Аат тыллары булан ыйытыыта туруоруң.

Күһүн кэлиитэ.

Түүн аайы хаһыңныыр. Хаар хаһың нарын-намчы хатың мастары хаарыйда. Онтон сайылык сађатынаађы тииттэр көп лабааларын солотуу кыраасканан сотон ааста.

Күн күнүһүн бэрт сылаастык сырайбахтыыр. Чуумпуга көрдөххө сыһыы үрдүнэн оођуй ођус күөх илимин утађа салгыңңа көтөр. Тула ып-ыраас, дьэп-дьэңкир, чэбдик. (42) (И.Сыромятниковтан)

Маарыннаһар суолталаах хас да дађааһынна суруйуң.

Тайђа.

Тайђаны илэ харађынан көрөр үчүгэй дађаны! Онођос курдук көнө тиит мастар халлааңңа харбаһаллар. Хараңа күөх харыйалар тыаһа-ууһа суох иһийэн тураллар. Үрүң көмүс өңнөөх тирэх мастар, айгыр-силик хатыңнар киэмсийэ киэркэйэллэр. Тэтиң мас сэбирдэхтэрэ тэлибирии оонньууллар. Өрүстэр биэрэктэрин намыын-намчы үөттэр киэргэтэллэр. Тайђађа отон арааһа үүнэр. (46)

Элбэх ахсааңңа турар туохтуурдары булан сыһыарыыларын бэлиэтээң.

Күн көлүйэ.

Көлүччэ мэндээркэй иэнигэр эрэһэ долгуннар дьэрэлиһэ сүүрэллэр. Кытыытыгар кылыкынас от бөђө үүммүт. Тыатын сађатыгар сиэдэрэй үөттэр лаглаһан үүммүттэр. Бу кыракый көлүччэ бэрт минньигэс балыктаах эбит.

Былыр сут дьыл дьоннор хоргуйан өлө сыспыттар. Күн аайы көлүйэлэригэр киирэн куйуурдуур эбиттэр. Көлүйэ барахсан сааһы быһа балыгынан аһаппыт. Бар дьону өлүүттэн быыһаабыт. Ол иһин кинини Күн  көлүйэ диэбиттэр. (54) (И.Сосинтан)

Сүүрэллэр, үүммүттэр диэн туохтуурдарга ыйытыыта туруоруң.

Кыһын.

Биһиги айаннаан иһэбит. Табалар сындыыстанан иһэллэр. Тымныыга тыыналлара ыраахтан бургучуйан көстөр. Кыһын тымныыта да сүрдээх. Айанныыр суолбут уһун, ыраах, олус сылаалаах. Күүстээх тыал уун-утары сирэйбитигэр үрэр. Үөһэ көрдөххө түгэђэ биллибэт боруңуй халлаан. Арай ыраах сулустар чађылыһаллар.

Быйыл кыһын биһиги элбэх тииңи, саһылы бултаатыбыт. (44)

Бастакы этиини сүһүөххэ араарың.

Чопчу предмети көрдөрөр үс тылла булан суруйуң.

Уу.

Уу айылђађа улахан туһалаах. Уу баар сиригэр үүнээйи арааһа үүнэр. Хамсыыр харамай элбэхтик үөскүүр. Уу суох сиригэр буортан туох да үүммэт. Биир да кыыл үөскээбэт.

Айылђа уута күөллэргэ, өрүстэргэ, муораларга мунньустар. Уулаах сирдэргэ дьон олохсуйар. Муора уута доруобуйађа туһалаах.

Ууну киһи иһэригэр уонна суунарыгар, сири нүөлсүтэригэр туһанар. Ууну харыстаан туһаныахха. (50)

Биир да кыыл үөскээбэт диэн этии тылларын сүһүөххэ араарың.

Айылђа көстүүлэрин көрдөрөр аат тылларда суруйуң.

Күөрэгэй-хорсун чыычаах.

Талах быыһыгар кыракый чыычаах хамсаабакка олорор. Тоңмут быһыылаах. Эмискэ чыычаах тыалы утары өрө көтөн тађыста. Намчы кынатынан салгыңңа уйдаран турда. Үөһэттэн дьикти ырыа дьурулаата. Тыал ол ырыаттан тохтуурга дылы буолла. Сотору хас да күөрэгэй өрө көтөн тађыстылар. Хаарынан бүрүллүбүт сыһыы көмүс дорђооннорунан туолла. Күн сылаас сардаңаларыттан хаар ууллан барда. Сардаңалаах сааһы уруйдуур тойук кутулла турда. (55)

Бастакы этиини ырытың. Туһааны, кэпсиирэни, ойођос чилиэннэри булан бэлиэтээң.

Туундара күһүнэ.

          Туундарађа күһүн эрдэ кэлэр. Халлаан сотору тымныйар. Табалар аны күлүмэнтэн, тигээйиттэн куттамматтар. Эбэңкилэр табаларын кытта тыалаах сиргэ көһөллөр. Түүн ахсын хаһың түһэр. Муус халыңаан иһэр. Күһүнү кыһын солбуйар. (28)

Ыраас таммахтар.

     Тыал ойуур көтөђөтүн тэбиир. Халлаан улам тымныйан, былытыран барар. Сотору-сотору ардыыр. Лабаалартан, харах уутун курдук, ыраас таммахтар тохтоллор. Ону мин мастар тымныыттан тоңон ытаһаллар дии саныыбын. Испэр мастары олус аһынабын.(31)  

Ыраас таммахтар тохтоллор диэңңэ ханнык тыл предмет аатын, ханнык тыл предмет бэлиэтин, ханнык тыл предмет тугу гынарын көрдөрөллөрүй?

Маңнайгы хаар.

Маңнайгы хаар түстэ. Салгын сөрүүдүйбүт. Сир үрдэ мап-маңан буолбут, сымнађас хаарынан сабыллыбыт. Дьиэлэр сарайдара, мастар маңхайбыттар, хаарынан бүрүллүбүттэр. Эмискэ күн чађылыйа тыкта. Салгын эмиэ ырааһырда.(26)  

Кыһын.

         Айаннаан иһэбит. Табалар биир кэмник сиэлэн иһэллэр. Тыыннара бургучуйар. Барар суолбут уһун. Тымныыта сүрдээх. Күүстээх тыал уун-утары үрэр. Үөһэ көрдөххө, түгэђэ биллибэт боруңуй халлаан. Арай сулустар чађылыңнаһаллар.(28)

Кэнники этии тылларын сүһүөхтээң. Сүһүөхтэр араастарын бэлиэтээң.

         

Чыычаах ођото.

Мотя сибэккилии сырытта. От быыһыттан чыычаах көтөн тађыста. Көрбүтэ чыычаах ођолоро сыталлар. Айахтарын аталлар. Ас көрдүүллэр быһыылаах. Мотя аһына санаата. Сарсыныгар иэдьэгэй бытархайын илдьэн, уйа кытыытыгар уурда. Чыычаах ођолорун иэдьэгэйинэн аһатар буолла.(32)

Саңа күөл.

Бу ыраах Саха сирин кураайы алааһа. Урут манна хамыйах да уу суођа үһү. Билигин хайдах курдук байђал баар буолбутуй! Бу күөлү биһиги колхозпут үрэђи быһан оңорбута. Онтон бэттэх манна бөдөң бөһүөлэк олохсуйбут. Былыр манан биирдэ эмэ сылдьыбыт атын оройуон дьоно билигин кэлэн соһуйаллар.(43) (С.Омоллоонтон.)

Чубуку.

Хайа тэллэђэр чубуку ођотун бэдэр туппут. Кырдьађас чубуку таас хайа төбөтүгэр туран үөрүн маныыр. Кини бэдэр түөкүн ньылбыйан кэлбитин өйдөөн көрбөккө хаалбыт. Онтон алдьархай тахсыбытын кэннэ, дьэ билэр. Кини үрдүк сиртэн бэдэр диэки ыстанан кэбиһэр. Сытыы муоһунан сиэлийэ охсон түһэрэр. Сиэхсит бэдэр буутун соспутунан талахха сыылар.(46)

Балыксыт кэпсээнэ.

Остоолбо хайа Лена өрүс сүнньүгэр баар. Сайын аайы ити хайађа үс араас кыыл баар буолар. Үөһэ очуос таас тумсугар мохсођол төрүүр. Хайа быарыгар кыракый сүүрээн аттыгар хаас сымыыттыыр. Оттон аллара хайа дьапталђа таастарын быыһыгар куобах үөскүүр. Бу кыыллар бары манна эйэлээхтик олороллор.(42) (Н. Якутскайтан.)

Сардаңа.

Күн сардаңата куула тыа үрдүн көмүс дуйунан бүрүйдэ. Чочумча буолаат, үөһэ халыйан тађыста. Онтон сардаңа тыалга үрдэрэр чараас былыттарга охсулунна. Күһүңңү курус халлааны сэргэхситэ сырдатан турбахтаата. Онтон оргууй киирэн, ньимис гынан хаалла.(32)  

Сэдэх түбэлтэ.

Тракторист фермађа кэбиһиилээх оту состорон ађалбыт. Сүөһү аһатааччы от үрдүн хаардыы сылдьыбыт. Кырыалаах көңдөй сир баарын дьиибэргээн, маһынан анньыалаабыт. Арай, көңдөй түгэђэр ырдьыгыныыр саңа иһиллибит. Эһэтин билэн киһи саалаах дьону ыңыран ађалбыт. Эрэйэ суохтук эһэни бултаабыттар.

Эһэ, кэбиһиилээх окко кыстыырга соруммут эбит. Трактор тыаһыгар да, айан нэксиэтигэр да уһуктубатах. Дьэ,кытаанахтык утуйар ођонньор эбит.(54)

Бэлиэтэммит тыллары сүһүөхтэргэ араарың. Сүһүөхтэр араастарын бэлиэтээң.

Кыһын.

Кыһын обургу сытыы тыалынан кыскыйданан кэллэ. Мастар кэрэ симэхтэриттэн матан санньыһан тураллар. Ол да буоллар кыһын айылђа көстүүтэ олус кэрэ. Саймаарыйар сүүрүктээх кэрэ Лена мууһунан бүрүллэн ньимийэн сытар. Күн көмүс кыырпахтара ыраас мууска ыһыллыбыттар. Ол араастаан тырымнаан, күлүмнээн көстөр.(39)

Икки бастакы этии тутаах чилиэннэрин бэлиэтээң.

Оскуола учаастага.

Мухтуйа оскуолата Лена өрүс үрдүгэр турар. Оскуолађа учаастак тэриллибитэ.Үөрэнээччилэр учууталларын кытта буор таспыттара, дьаамалары хаспыттара. Тыаттан араас мастары түөрэн ађалан олордубуттара. Кинилэргэ төрөппүттэр эмиэ көмөлөспүттэрэ. Сайын учаастактарын ођолор бэйэлэрэ көрөллөр. Манна араас сиэмэлэри тылыннаран үүннэрэллэр. Сођурууңу үүнээйилэр эмиэ бааллар.(40)

Элбэх ахсаан сыһыарыыларын булан бэлиэтээң.

Тайах.

Тайах сэргэх кыыл. Кини сорођор сарсыарда күңңэ туора туран сыламныыр. Арай ол кэмңэ тыалы утары балаччы чугаһатыан сөп. Уонна күнүскү ыам сађана ынах курдук сытан эрэн утуйар. Ол бириэмэђэ киниэхэ олох куттала суох киириэххэ сөп. Оттон биллэђинэ, кинини туох тутуох бэйэлээх буолуой? (42) (М.Черосов суруйуутунан.)

Эһэ итирэрэ.

Эһэ саас арђађыттан тахсаат, кымырдађас оргулун булар. Үрэйэн баран, тылын таһааран кымырдађас оргулугар анньар. Онно сүүрэн тахсар кымырдађастары бэрт минньигэстик ньэлбэнэн иһэр. Күнү күннүктээн оннук аһаан муңнанар. Ол кэнниттэн иэђэңнии-иэђэңнии, киңинэйэ олорор буолар. Ону булчуттар эһэ кымырдађаска итирэр дииллэр.(40) (М.Черосов суруйуутунан.)

Айылђа барахсан.

Айылђаны ким таптаабата баарай? Мин эмиэ айылђаны таптыыбын. Кини өссө ордук тупсан, чэлгийэн иһиэн бађарабын. Сайылыгым чугаһыгар кыра ођоруот сирэ баар. Быйыл саас онно дьэдьэн ыспытым. Онтум син тахсан эрэр. Киниттэн мин үүнүүнү эһиил ылыам. Советскай дьон айылђаны байытарга, киниттэн өссө ордук туһаны ыларга кыһаналлар. Оскуолам миигин эмиэ итинник тыыңңа иитэр.(51) («Бэлэм буолтан»).

Тыал туохтан үөскүүрэ.

Күн уота салгыны сылытар. Сылыйбыт салгын, син сылаас буруо үөһэ тахсарын курдук, чэпчээн үөһэ тахсар. Үөһэ тахсыбыт салгын оннугар ойођоһунаађы сөрүүн салгын кэлэн киирэр. Күн салгыны сылытара тохтообот. Онон сылыйбыт салгын үөһэ тахсара эмиэ тохтообот. Үөһэ тахсыбыт салгын оннугар ойођоһунаађы салгын кэлэн киирэр. Онон салгын уу курдук сүүрүгүрэн барар. Тыал ол курдук үөскүүр. (53)

Көмүс күһүн.

Көмүс күһүн кэллэ. Хатыңнар ыыс-арађас өңнөммүттэр. Арай харыйалар эрэ, күһүн кэлбитин билбэтэх курдук, күп-күөх тураллар. Көтөр-сүүрэр кыстыгын оңостон түбүгүрдэ. Күн аайы үөр көтөрдөр субуһаллар. (27)         

Бастакы уонна иккис этиилэри этии чилиэннэринэн уонна саңа чаастарынан ырытың.

ТӨРДҮС КЫЛААС.

Хатың – Үрүйэ.

Мин төрөөбүт сирим Хатың-Үрүйэ үлүскэн сүүрүктээх өрүс үрдүгэр турар. Төгүрүк ырааһыйалардаах. Илин өртүнэн ньирээйи титириктэрдээх, имигэс иирэ талахтардаах. Ађыйах хойуу хатыңнардаах, чоңоох-чоңоох көлүччэлэрдээх. Үрдүк сыырдаах үрүйэлээх. Сүрэђи сылаанньытар, сүргэни көтөђөр дьикти кэрэ сыттаах тыалаах. Тыатыгар дьэдьэн бөђө үүнэр уот сиэбит куруңнаах. Өрүһүн кытыытыгар сугун, монньођон үүнэр. (54)

Ырааһыйалардаах диэн тыл аһађас дорђооннорун ырытың.  Илин уонна кэлин аһађас дорђооннору бэлиэтээң.

Ойуур мэндиэмэннэрэ.

Ойуурга көтөрдөр уонна кыракый кыыллар бэйэлэрэ туспа мэндиэмэннэрдээхтэр. Саамай аллара кутуйахтар олороллор. Кинилэр мас төрдүгэр уйаланаллар. Чыычаахтар уйаларын сир үрдүгэр оңороллор. Чаччыгыныардар орто харыйалар лабааларыгар уйаланаллар. Тоңсођойдор, киргиллэр үөһэ кумалааңңа хорђойоллор. Чычып-чааптар, мэкчиргэлэр өссө үөһэ оңостоллор. Саамай үөһэ тыңырахтаах көтөрдөр – кырбыйдар, кыыртар, боруллуолар, хотойдор – уйаланаллар. Хас биирдии көтөр хайаан да бэйэтин эрэ мэндиэмэнигэр олорор. (55) (М.Пришвин)

Сэргэстэспит бүтэй дорђооннору булан бэлиэтээң.

Балыксыттар.

Хобордоох курдук кыракый, чоңкучах алаас хоту өртүгэр алаадьы курдук төгүрүк күөллээх. Биһиги онно муңхалаан тахсан, уу кытыытыгар чэйдии олордубут. Чуумпу күөл уута мэндээрэр.

Арай күөл диэки көрбүппүт, собо ытырыылаах икки андаатар уу анныттан күөрэс гына түстүлэр. Тахсаат ууну киэңник силэйэн, кытыы диэки былдьастылар. Устан дьурулаан уйаларыгар тађыстылар. Кэннилэриттэн о5олоро тахсан кэллилэр. (51) (Е.Макаровтан)

Бүтэһик этии тылларын дорђооннорун ырытың.

Сэргэстэспит бүтэй дорђооннору бэлиэтээң.

Улар уонна кырынаас.

Саас дьыбардаах тымныы сарсыарда Ваня уонна Саша үрэх устун баран испиттэрэ. Үтэн киирбит тыа тумсугар эмискэ хаар анныттан моонньугар маңаннаах улар көтөн бурђачыйан тађыста. Ођолор дьиибэргээн одуулаһа турдулар. Улар көтөн иһэн сотору сиргэ кэлэн түстэ. Сүүрэн тиийэн көрбүттэрэ, улар моонньугар кырынаас эриллэ сылдьан, быһа кэрбээн түһэрбит.

Улар кыһын хаарга саһар. Кырынаас хаары аннынан үөмэн бултаабыт. (55) (Е.Макаровтан)

Элбэх ахсаан сыһыарыытын булан бэлиэтээң.

Лена өрүс.

Лена Сибирь өрүстэриттэн биирдэстэрэ. Бириистэннэригэр тыйыс арктическай муораларынан сылдьар бөдөң таһађас таһар суднолар тохтууллар. Ленанан сайын устата араас таһађастары тиэммит баржалаах катердар айанныыллар. Пассажирскай теплоходтарынан Сибирь улуу өрүһүн Лена кэрэ миэстэлэригэр сылдьыахха сөп.

Бу сүңкэн өрүс балыгынан баай. Киниэхэ уомул, тууччах, сыалыһар, бил, күөнэх үөскүүр. Лена өрүс биһигини аһынан-таңаһынан хааччыйар. (53)

Нууччалыы суруллубут тыллар олохторун, сыһыарыыларын бэлиэтээң.

Алдан көмүһэ.

Октябрьскай революция Россия баттаммыт норуотугар көңүлү ађалбыта. Норуот бу көңүлүн революция өстөөхтөрүттэн туруулаһан көмүскээбитэ. Гражданскай сэрииттэн алдьаммыт-кээһэммит хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэриигэ кыраныысса таһыттан бурдугу, станоктары, массыыналары атыылаһыыга үп-харчы наада буолбута. Эдэр Советскай былаас бэйэтин эрэллээх саллааттарын Сибирь түң тайђатыгар көмүһү көрдөөһүңңэ уонна хостооһуңңа ыыталаабыта. Кинилэр Алдан өрүс салааларыгар көмүһү булбуттара.

Билигин Алдан Саха сирин промышленнай оройуонун киинэ буолла. (60)

Бүлүү баайа.

Бүлүү биир кэрэхсэбиллээх баайа цеолит буолар. Дьон ити минералы «аптаах таас» диэн ааттыыллар. Кырдьык, дьэ ити дьикти таас. Цеолит тааһы мээккэлээн сүөһүгэ сиэттэххэ ынах элбэх үүтү биэрэр. Ньирэйдэри итинник аһаттахха төрөлкөй буолаллар, түргэнник улааталлар. Оттон ођуруокка уођурдуу курдук куттахха үрдүк үүнүүнү ылыађың. Цеолит ити кистэлэңэ саңардыы билиннэ. Цеолит көмөтүнэн өрүстэр, үрэхтэр кирдээх ууларын уонна буруонан киртийбит салгыны ыраастыахха сөп. (59)

Сылгы чыычаађа.

Тэлгэһэђэ сылгы чыычаађа сүүрэкэлиир. Барахсан, хара сарсыардаттан киэһээңңэ диэри үлэлээн үрүлүйэн-харылыйан биэрэр да, муң саатар, биирдэ сылайбыт-сыңдалыйбыт быһыытын көрдөрбөт.

Уйатыгар түүнү-сыыһы, хаппыт оту таһан баран, сиргэ түһэн олорор. Хамсаабат. Сынньанар. Онтон түүтүн-өңүн ыраастанар. Ити курдук олоро түһээт, эмиэ көтө-көтө түспүтүнэн, сүүрбүтүнэн, көрдөөбүтүнэн, таспытынан барар.

Сылгы чыычаађа, быыкаайык бэйэтэ, дьэ дьоһун үлэһит. (60) (В.Сыромятниковтан)

Үһүс этиигэ аат тыллары булан бэлиэтээң, ыйытыыларда туруоруң.

Боря суола.

Боря ийэлээх ађата фермађа үлэлииллэр. Онон кини оскуолатыгар ферматтан сылдьан үөрэнэр. Суолун, онно үүнэр отун-маһын бэркэ билэр. Суола дьыл хайа да кэминээђэр күһүн тупсар. Оол, уот кыһыл талах көстөр. Оттон бу килбэспит иннэлэрдээх долохуна уга. Кытара буспут аһа хараарбыт, таарыйдахха сиргэ түһэр.

Боря сэндээркэй оттоох-мастаах кырдал устун дэгэйэн истэ. Хахыйахтар сэбирдэхтэрин тыал хастаабыт. Ыллык суол бүтүннүүтэ көтөђөнөн тэлгэммит. (62) (В.Сыромятниковтан)

Тугунан? Туохтаађар? диэн ыйытыыларга эппиэттиир аат тыллары булан устуң.

Тыа, ыллык, устун, барар, тыргыллан – бу тыллары сааһылаан этиитэ суруйуң.

Ленскай куорат.

Бу куорат революция иннинэ Мухтуйа диэн ааттаах кыракый бөһүөлэк этэ. Манна Якутскайтан Иркутскайга диэри почта таһар дьаамсыктар тохтоон, сынньанан ааһаллара.

Онтон биирдэ геологтар Саха сиригэр Мухтуйаттан чугас сиргэ алмаас баар сирин булбуттара. Ол кэмтэн ыла бөһүөлэк уларыйан барбыта. Түңкэтэх тайђанан массыына суола тыргыллыбыта. Саңа тутууларга араас таһађастар таһыллыбыттара. Манна саңа өрүс порда, автобаза, тутуу матырыйаалларын оңорор комбинат тутуллубуттара. Бөһүөлэк  куорат буолбута уонна Ленскэй диэн ааттаммыта. (65)

Анал ааттары булан бэлиэтээң.

Кыһыл кинигэ.

От-мас, көтөр-сүүрэр, биһигини тулалыыр тыынар тыыннаах барылара – айылђа ођолоро. Манна туһата суох, туһалаах диэн туох да араарыллыбат. Быыкаайык бырдахтан баарађай тайахха, саңа быган эрэр ачаттан лиңкир тииккэ тиийэ бары туһалаахтар. Балартан хайаларын эмэ суох оңордоххо атыттара эмиэ өлөн-сүтэн барыахтара.

Кыһыл кинигэђэ айылђаттан сүтэн эрэр үүнээйилэр, көтөрдөр, харамайдар, кыыллар киирэллэр.

Эһиги көтөрү-сүүрэри сиһилии билиң уонна харыстааң! (59)

Туохха? Туохтан? диэн ыйытыыларга эппиэттиир аат тыллары булан хоһуласпыт бүтэй дорђооннору бэлиэтээң.

Туруйа.

Мин кыра эрдэхпинэ, дьонум туруйаны ииппиттэрэ. Ол маннык этэ. Таайым Уйбаан үлэлии сылдьан туруйа ођотун булбут. Туруйа кырата бэрт буолан таайбыттан куоппатах. Кинини тутан ылан суумкатыгар уктан дьиэтигэр ађалбыт.

Туруйа ођотун дьиэ иһигэр ыыппыттара. Кини маңнай утаа киһиттэн куотара. Онтон, улам үөрэнэн, аһатар киһиттэн куоппат буолбута. Туох аһы биэрэргин сирбэккэ-талбакка аһыыра. Биир күһүн уонна кыһын биһиэхэ олорбута.  (60)

Сирэй солбуйар ааттары булан бэлиэтээң. Ыйытыыларын туруоруң.

Хоту дойду сааһа.

Хоту дойдуга саас үгэнэ. Сир тымырдарын устун хаар уута халдьыгырыы сүүрэр. Дохсун сүүрүк көңүскэ түһэн, үөр хопто балыкка үмүөрүспүтүнүү, үрүң күүгэнинэн аллар. Лена өрүс көмүөллээн күөрэлиир.

Оттон ойуурга тађыстахха саңа тыллан эрэр күөх мутукча, сэбирдэх сыта дыргыйар. Айылђа уһуктар кэрэ-бэлиэ кэмэ. (46) (Н.Винокуровтан)

Бэлиэтэммит дађааһын ааттары быһаарың. Ситимнэһэр аат тылларын бэлиэтээң.

Хахыйах.

Балађан ыйыгар бөһүөлэги көђөрдүүгэ үлэлээбиппит. Мин онно сылдьан биир хахыйађы түөрэн ађалан дьиэм таһыгар олордубутум.

Сыллар-күннэр ааһыахтара. Хахыйах ситэн-хотон аар хатың буолан хойуу лабаатынан суугунуу тыаһыађа. Ырыаһыт чыычаахтар мунньустан хас лабаатын аайы үөрүү музыкатын тардан күндү сайыны уруйдуохтара. Ођом кэнэ5эс улаатан кэлэн, хатыңңа өйөнөн туран ођо сааһын саныа5а. (50) (Н.Винокуровтан)

Туохтуурдары аннынан бэлиэтээң.

Маңнайгы хаар.

Көмүс күһүн ааһан, сир тоңно. Кырыа бытык кыһын Хоту Муустаах муоратыгар уһуктан айаныгар турунаары оңостор. Биир сарсыарда маңан хаар кыырпахтара салгыңңа тэлээрэн түстүлэр. Хатың лабааларын ичигэс туус маңан суорђанынан саптылар. Тыа бүтүннүү саңа көп хаарынан бүрүллэн нуктаан турар.

Маңнайгы хаар түһэрэ кэрэ дађаны. (50)

Аат тыл дађааһын аат суолтатыгар туттуллубутун булан бэлиэтээң. Ыйытыытын туруоруң.

Күн.

Киһиэхэ саамай күндү – күн. Киһи бастаан төрөөт күнү көрөр. Күн барыбытыгар үтүөнү оңорор. Күн көрүө, от үүнүө, сибэкки тэтэриэ. Кырдьык, күнэ суох тыынар-тыыннаах олорбот. Оттон күн үчүгэй үлэһит. Саас аайы улуу муустары уулларар. Халың хаары уулларан күөх оту үүннэрэр. Күн тахсарын көрөр олус кэрэ!

Күн тахсаат мастар күөх солко киистэлэрин көмүс дуйдуур. Ырыаһыт чыычаахтары уһугуннарар. (56)

Дађааһын ааттары аат тыллары кытта бэлиэтээң, ыйытыыларын туруоруң.

Тииң өйө.

Бүгүн хаарга кыракый кыыллар уонна көтөрдөр суолларын көрдүм. Олортон биир манныгы аађан биллим. Тииң хаары тэһэ түһэн муохха киирбит. Онтон күһүн кистээбит икки эриэхэтин булан таһаарбыт. Олорун сонно сиэбит, мин хахтарын көрдүм. Онтон, уонна метр кэриңин бараат, эмиэ умсубут. Хаарга эмиэ эриэхэ хађын хаалларбыт. Хас да метри баран, үсүһүн киирбит.

Дьикти! Хаар халың араңатын курдат эриэхэни сытынан булан ылбыт. Мин тииң өйүн, сатабылын сөхтүм. (65) (М.Пришвинтэн)

Буолар уонна буолбат формађа турар туохтуурдары булан бэлиэтээң.

Көмүс туорах.

Көмүс туорах сиргэ түһээт сириэдийэн, буорга түһээт муңутаан барбыт. Сотору лоһуор көмүс туорахтанан, өңөр куоластанан, ас кутан, үүнэн күндээрийэн тахсыбыт.

Үүммүт куолаһы сынньан баран, туорахтарын иккиһин буорга түһэрбиттэр. Эмиэ хаһыңтан харыстаабыттар. Кураантан хорђоппуттар.

Көмүс туорахтар сиргэ түһээт үүнэн муңутаан барбыттар. Сотору төрдүттэн төбөтүгэр диэри толуу туорахтанан, ас кутан, бурдук ас диэн ааттанан үүммүт.

Көмүстээђэр күндү, арыытаађар амтаннаах, эттээђэр минньигэс, туохтаађар да тотоойу ас буолбут. (64) (И.Даниловтан)

Бастакы этии тылларын састаабынан ырытың.

Икки аат тылла булан суруйуң.

Өргөннөөх эбэ.

Өргөннөөх эбэ куула өртүгэр сэттэ улахан, бэйэ-бэйэлэриттэн чугас-чугас сытар дүөдэлэрдээх.

Бу эбэђэ үөскээбит киһи киэң, холку санаалаах буолар үһү. Көтөрү-сүүрэри, оту-маһы таптыыр, айылђа барахсан айбыт бары кэрэтинэн дуоһуйар, онуоха ис сүрэђиттэн сүгүрүйэр киһи атын киһиэхэ сутуругун көтөђүө дуо? Суох. Көтөђүө суођа.

Айылђађа баар кэрэ биһиги иэйиибитин уһугуннарар. Туох баар үчүгэйгэ, кэрэђэ, үтүөђэ ыңырар, айымньылаах үлэђэ кынаттыыр. (60) (И.Сосинтан)

Иккис этиини саңа чаастарынан ырытың.

Күһүңңү күн.

Дьиэбититтэн тахсан, күһүңңү тыа устун бардыбыт. Халлаан былыта суох, ыраас, ичигэс. Маннык күһүңңү күн тыаны көрүө этигит!

Манна төһөлөөх элбэх өң, төһөлөөх эгэлгэ кырааска баарый? Хатың сэбирдэђин ылан көр. Дьураа тымырдара сап-саһархай өңнөөхтөр. Ортото күп-күөх, эрбии тииһин курдук сарбынньахтара ап-арађас лаађынан сотуллубут. Оттон дөлүһүөн уга уонна долохоно сэбирдэхтэрэ билигин саһаран тураллар. Кэлин кып-кыһыл өңнөнүөхтэрэ. (58) (Н.Якутскайтан)

Бастакы этиини чилиэннэринэн ырытың. Аат тылларга ыйытыыта туруоруң.

Айыл5а көмүскэлигэр.

Айылђађа харысхала суох сыһыан планета кэскилигэр суоһуур. Билигин куораттан тыа сиригэр тиийэ техника элбээтэ. Массыынанан тыаны быһыта сүүрдэн, оту-маһы мэнээк алдьаталлар. Көђөрөр урсунунан күөрэйэр көтөр аалларбыт салгын бөђөнү сииллэр. Күөлү, өрүһү, муораны киртитии эмиэ баһаам. Ол да иһин биһиги правительствобыт айылђаны харыстыыр сокуоннары таһаартыыр. Ол сокуоннары олоххо киллэрии, кытаанахтык хонтуруоллааһын-хас биирдии советскай киһи иэһэ. Ото-маһа, уута-салгына суох буоллахпытына хайдах дьон буолуохпутуй? (65) (М.Ефимовтан)

Бастакы этиигэ аат тыллары булуң, ыйытыыта туруоруң.

Мурзик.

Ођонньор тыаттан бэдэр ођотун ађалла. Кини сођотох. Ынахтаах, уонча кууруссалаах уонна биир кырдьађас ыттаах. Ытын аата Кунак. Бэдэр сытын билэн, Кунак арђаһын түүтүн туруорда, ырдьыгынаата.

Ођонньор дьиэђэ киирэн, орон анныттан корзинаны ылан бэдэрин ођотун сытыарда. Сотору Мурзик атађар кытаанахтык турар буолла уонна күнү быһа оонньоон тахсар.

Арай биирдэ Кунак нухарыйа сыттађына, Мурзик үөмэн кэлэн кини хоонньугар сытынан кэбистэ. Сотору кинилэр дођордоспуттара. (63) (В.Бианки)

Бастакы этиини этии чилиэннэринэн ырытың.

Сүлүүдэ.

Биһиги Сахабыт сирэ элбэх баайдаах. Оннук биир туһалаах баайынан сүлүүдэ буолар. Сүлүүдэни булбут булчут Виктор Иванович Захаров этэ. Кини сүлүүдэлээх сиргэ геологтары сирдээн илдьибитэ. Онтон ыла сүлүүдэни хостуур буолбуттара.

Сүлүүдэ олус наадалаах. Араас массыыналары, прибордары оңорууга киэңник туттуллар. Сүлүүдэтэ суох аныгы самолеттары уонна космическай хараабыллары оңорботтор. Сүлүүдэни хостооһуңңа Советскай Союзка биир бастың миэстэни ылабыт. (58) (И.Даниловтан)

Хотугу таба.

Урут биһиги Сахабыт сиригэр үгүс кыыл таба баара. Кыыл табаны көрбүт эрэ барыта кэрэхсиир. Кини быһыыта-таһаата, адаарыйа үүммүт баарађай муостара олус кэрэлэр.

Билигин кыыл таба ахсаана ађыйаата. Ити туохтан тахсарый? Кыыл табалар наһаа элбэх өстөөхтөөхтөр: адьырђа аһыылаах бөрөлөр, сиэмэх сиэгэннэр, онноођор таба кырачаан ођолорун бултаһар саһыл.

Кыыл таба үөрэ кыһын ойуурдаах сиргэ олохсуйар. Сайынын муора кытыытыгар киирэр. (58)

Этии биир уустаах чилиэннэрин булуң.

Сайын барахсан.

Бэс ыйа. Ађыйах хонук иһигэр сир-дойду симэннэ-киэргэннэ, ситтэ, силигилээтэ. Айылђа барахсан аан ийэ дойдуну чэл күөђүнэн таңыннарда. Күөх сыһыылар, күөх халдьаайылар, бэл күөх күөллэр, өссө сырдык күөх халлаан. Көрө туруохха тођо бађас үчүгэйэй, эриэккэһэй!

Ханна барытыгар салгын от-мас чэбдик, дыргыл сытынан туолбут. Тула барыта тыаһыыр-ууһуур, долгуйар, ыллыыр-туойар, үөрэр-көтөр! (54)

Аат тылла, туохтуурда, дађааһын аатта биирдиитэ булан суруйуң. Ыйытыыта туруоруң.

Күһүн.

Күһүн сири-дойдуну кыһыл көмүстүү солотуулуур. Хатың, талах, үөт сэбирдэхтэрэ тэлимнэһэ түһэллэр. Күөллэр улара ордук көђөрбүт курдук буолаллар. Кинилэр эрэһэ долгуннарыгар айан кустара түһэн ааһаллар. Киэң халлааңңа үөһэ тахсан, хотой кыыл, аан ийэ дойдутун эргиччи көрөрдүү, көтөн даллайар. Арай үөр хаастар, Лена өрүс уһун ньуурун суол оңостон, хотуттан со5уруу диэки үс муннуктуу көтөн суксуруһаллар. (54)  

Аһађас сүһүөхтээх тыллары булуң. Ол тыллары сүһүөхтээң.

Куба.

Бу үрэх ойуурун иһигэр бэрт сырдык уулаах көлүйэчээн баара. Онно сођотох куба олорбута. Ол куба өңө - түүтэ ырааһа, үчүгэйэ бэрдэ. Кини кими да кытары дођордоспот этэ. Онноођор бађарбат буола-буола дорооболоһоро. Туртађар уһун моонньун күөкэтэн баран, тула өттүн одуулаан көрүнэр. Ыалын диэки кынчас гынар. Дорообођо хардаран ханныктык эмэтик баһын хоңкус гыннарар.(51)  (В.Бианки.)

Кутуйах умсар эбит.

Күһүн кус көңүллэммит кэмэ этэ. Мин кыра кустарга хапкаан ииппитим.Ону көрө сырыттахпына ууга туох эрэ «чолуп» гыммыта. Арай андаатартан кыра ханнык эрэ харамай устан эрэр эбит. Кытыыга чугаһаат, кини эмиэ умсан хаалла. Уу бүтэй көрөбүн, кини кытыы диэки устан эрэр. Күөрэйэн тахсыбыта, кутуйах буолла. Кутуйах умсарын саңа көрдүм.(49)  

Иккис этии чилиэннэригэр ыйытыыларда туруоруң.

Балыксыт эһэ.

Мин аатырар Соболоох Түөйэ диэн күөлгэ балыктыы тахсыбытым. Күөлгэ чугаһаан кэлбитим. Биир хара эһэ ууну ыһан күдээриңнэтэ сылдьар эбит. Миигин көрөөт, кини тыађа сүүрэн мөөһөлүйдэ. Кэнниттэн икки ођото сүүрэн бойборустулар. Кинилэр сылдьыбыт сирдэригэр тиийдим. Эһэлэр тугу гыммыттарын билээри тула көрдүм. Ийэ эһэ, ньалыар уунан кэрийэ сылдьан, соболору тутан ылан хонууга тамныыр эбит. Ону ођолоро ичигэстээн сиэн иһэллэр эбит.(58)    

Кыыллар дьиктилэрэ.

Тыа кыыллара булчуту эмиэ албыннааччылар. Тииң булчут киниттэн арахпакка сонордоһорун билэр. Оччођо тииң, тиит суон мутугар тахсан, көстүбэт гына мутук устун сытынан кэбиһэр.Ону үөрүйэђэ суох булчут үксүгэр булан көрбөт. Солоңдо, андаатар, саһыл тыыннаах хаалар туһугар туохтарын да быһа кэрбэнэллэрин кэрэйбэттэр. Хапкааңңа иңиннэхтэринэ, атахтарын быһа кэрбэнэн баран хаалааччылар. Хапкаантан, туһахтан, сохсоттон куоппут кыыллар булчут ити тэриллэригэр хаһан дађаны иккиһин түбэспэттэр.(60)

Бастакы уонна бүтэһик этиилэр тутаах чилиэннэрин булуң.

Алмаас куората.

Мирнэй куораты алмаас куората диэн ааттыыллар. Бу куорат сис тыађа Иирэлээх үрэх үрдүгэр тутуллубута. Манна чугаһынан күөл дађаны, улахан үрэх дађаны суох. Иирэлээх саас аайы хаатын таһынан угуттуур. Оттон сайын быста уолан хаалар. Саңа тутуллубут куоракка, алмааһы хостуур, сууйар фабрикаларга үгүс уу туттуллар. Ол иһин бу үрүйэни таас уонна буор быһытынан быстылар. Онон сааскы халаан уутун хаайан, улахан күөлү оңордулар.(60)  (Н.Якутскай.)

Биэс уон мас.

Лена өрүс биэрэгэр кыра дэриэбинэ баар. Дэриэбинэ ортотугар баар обургу дьиэђэ сарсыарда аайы ођо аймах мустар. Бу-оскуола. Манна биэс уон үс ођо үөрэнэр. Оскуолађа пионердар, октябрёноктар иллээхтик үлэлииллэр, үөрэнэллэр. Кинилэр үөрэхтэригэр бары ситиһэллэр.

Күһүн, саас аайы ођолор мас олордоллорун таптыыллар. Оскуолаларын таһыгар биэс уон мас силигилии үүнэн турар. Оттон сайын оскуола тулатыгар араас сибэккилэр үүнэллэр. (56)

Атыыр уонна бөрө.

Үтүө атыыр бөрөђө бэриммэт, үөрүн да тартарбат. Бөрө баарын биллэђинэ, атыыр үөрэ бүтүннүү биир сиргэ куучалаһа түһэр. Сылгылар барахсаттар бэйэ-бэйэлэригэр ыгыта түһэн тураахтыыллар. Оттон атыыр буоллађына, үөрүн тула холоруктуур. Бөрөнү кытта тииһинэн, атађынан киирсэр. Биир кэм кыылга иннинэн буола сылдьар. Бары түөкүттэр адьынаттара биир. Бөрө эмиэ хаһан да сылгыга утары түспэт. Оттон кэннигинэн буол, куот эрэ. Оччођо тугу хоргутуоңуй? (60)  

(М.Черосов суруйуутунан.)

Көтөрдөр.

Уу көтөрө барыта сиргэ уйаланар. Кураанах кус дулђа быыһыгар, тыађа мас анныгар сымыыттыыр. Сайын ођолорун ууга батыһыннаран субурутан киллэрэр. Кус ођотун киллэрбит уутун киһи биллэђинэ, атын күөлгэ көһөрөн кэбиһэр. Ордук көђөн сэрэх көтөр. Алааска киирэн истэххинэ, биирдэ-иккитэ маатырђаан баран сүтэн хаалар. Үөл кус үксүн хомус быыһыгар, күөл арыытыгар уйа туттар. Куођас онноођор уйа тутта да соруммакка, муох, кута үрдүгэр сымыыттыыр.(61) (М.Черосов суруйуутунан.)

Айыл5аны билгэлээһин.

Мођотой чуруктаатађына ардах кэлэр. Чиэрбэ ардахха көбөр. Ньургуһун сэбирдэђэ ньалђархай буолуо. Оччођо үчүгэй саас буолар.

Кыһын тымныы бириэмэђэ мас мутуга таһыргыыр. Оччођо ичигэс буолар. Оттон ичигэс бириэмэђэ таһырђаатађына тымныйар. Илинтэн уонна сођурууттан түһэр тыал ардађы, хаары ађалар. Арђааттан уонна хотуттан үрэр тыал тымныыны ађалар. Этиңнээх, чађылђаннаах сайын киһитигэр-сүөһүтүгэр үчүгэй сайын буолар. (52)

Саас кэллэ.

Кыыдааннаах кыһыммыт ааста. Күн уһаан, халлаан сылыйдар сылыйан, саас барахсан күлэн-үөрэн тиийэн кэллэ. Саас маңнайгы илдьиттэрэ туус маңан туллуктар туртаңныы көттүлэр. Туох барыта сэргэхсийбит, күлбүт-үөрбүт курдук. Ођо аймах таһырдьаттан киирбэт буолбута ыраатта.

Сотору өрүстэр, күөллэр муустара ууллуо. Кэђэ көтөр кэрии тыабыт кэтэђиттэн этэн чоргутуо. Мастар нуолур солко мутукчанан симэниэхтэрэ. Сир-дойду дыргыл мүөт сытынан аңылыйыа. Кэрэ-дьикти ойуулаах лыахтар тэлибирии көтүөхтэрэ.(63)

Кэнники үс этиини этии чилиэннэринэн уонна саңа чаастарынан ырытың.

Эһэ.

Сайын көңүлгэ сылдьар эһэ киһиэхэ саба түспэт. Эн кинини тыытыма эбээт. Оттон тыытыстаххына, тугу хоргутуоңуй? Эһэ олус киңнээх. Ытан бааһыртың да, бэйэђэр утары ыстанар. Дьаадьыйан эрэр эһэђэ сутуруккун көрдөр да, ырдьыгыныы түһэр, сойуоласпытынан барар.  

Ордук ынырык ођолоох эһэ. Ођотун күрэппит киһини муммакка эккирэтэн булар. Киһи курдук, чуңнаан, түүн балааккатыгар саба түһэр.(51)  (М.Черосов суруйуутунан.)

Эһэ эриэхэлиирэ.

Эриэхэлээх сиргэ оңоло диэн көтөр баар буолар. Кини сарсыардаттан киэһээңңэ диэри эриэхэлээн тахсар. Оңоло ыраастаабыт эриэхэтин хатырык быыһыгар, сылбах анныгар хаһаанар.

Били оңоло муспут эриэхэтин, кэнниттэн эккирэтэ сылдьан, мођотой хомуйсан илибирэтэр. Ођолоох-уруулаах мођотой уон икки киилэђэ тиийэ эриэхэни хаһаанар. Оттон сулумах мођотой киэнэ алта-ађыс киилэ буолар.

Күһүн эһэ арђахха киирэр кэмэ кэлэр. Кини мођотойу уоран батыһар эбэтэр кэтэһэн олорор. Буллар эрэ били муңнаах хасааһын бүтүннүү сиэн кэбиһэр. Оннук биир икки хасааһы сиэтэ да, арђађын булан сытынан кэбиһэр.(79) (М.Черосов суруйуутунан.)

Баабыр кыыл.

Мин Владивосток куоракка үөрэнэ сылдьыбытым. Сахам сиригэр бултуу үөрүйэх буолан, дьону кытта бултаһа барсарым. Биирдэ бэһиэ буолан дьиикэй кабаннары бултуу оройуоңңа тахсыбыппыт.

Олохтоохтор бу эргин баабыр кыыл баар диэн кэпсээбиттэрэ. Дьоммун кытта хайа үрдүгэр тахсан көрсүһүөх буолбутум. Хайаны ортолуу тахсан баран, биир дууп анныгар тохтообутум. Аппа иһигэр туох эрэ элэс гыммыта, мин саабын хабан ылбытым. Көрбүтүм сүүнэ улахан баабыр мин ыппыт туртаһым турбут сирин сытыргыы турар. Ону көрөөт, куттанан уңуохтарым босхо бардылар, ыппакка хааллым.(74) (Н.Якутскайтан.)

Кэмпэндээйигэ.

Якутскайтан борокуотунан Лена уонна Бүлүү өрүстэринэн бардыбыт. Төрдүс күммүтүгэр Сунтаарга кэллибит. Мантан массыынанан Кэмпэндээйигэ айаннаатыбыт. Бөһүөлэк өрүс уңуор баар. Суол-иис үчүгэй. Кэмпэндээйи бөдөң бөһүөлэк буолбут. Туус завода баар. Туустаах ууну заводка оргуталлар. Оччођо бастың тууһу ылаллар. Тууһу борокуотунан Саха сирин араас хайысхаларыгар атаараллар. Манна курорт баар. Сыл ахсын курорка элбэх киһи эмтэнэн барар. Оскуола, кулууп эмиэ бааллар. Туустаах Кэмпэндээйи сыл ахсын улаатан, тупсан иһэр.(64)         (Турист дневнигиттэн.)

Туруйа аһыыта.

Ким барыта, күн сириттэн күндү дођорун сүтэрдэђинэ, ыар аһыыга ылларар. Онноођор көтөр кынаттаах эмиэ аһыйар эбит. Ол курдук биир туруйа өлбүт дођорун аһыйыыта миигин олус уйадыппыта.

Бүөтүр диэн булчут киһи баара. Кини чугастаађы маартан ийэ туруйаны өлөрбүтэ. Ол киэһэ биир туруйа, маары тула көтө сылдьан, хаһыытаан-ыһыытаан баран ах барбыта.  

Саас эмиэ сођотох туруйа маары тула көтө сылдьан айманан ааспыта. Ити курдук хас күһүн, саас аайы түөрт сыл устата бу туруйа муңнаммыта.(72)  (А.Даниловтан.)

Ойуур сађатыгар

Сайыңңы ырыаһыт чыычаахтар  ичигэс дойдуларыгар көппүттэрэ ырааппыт. Омос иһиттэххэ, күһүн баччађа тыа иһэ чуумпуран, иһийбит курдук. Ол эрээри ити бастаан эрэ. Дьиңэр, субу кэмңэ ойуурга үлэ – хамнас үгэнэ. Манна кыстыы хаалааччылар кыһыңңы олохторун оңостон, «ампаардарыгар» аһылыктарын хаһааналлар.

Кырдьыга дађаны, күһүңңү кэм былдьаһыктаах. Кыыллар, кыракый харамайдар, көтөрдөр – бары кыһыңңы олохторун оңостоллор. ( И.Сосин) (50 тыл)

Наар илин аһађас дорђоонноох тылы бэлиэтээң.

–тар сыһыарыылаах тылы булуң.

Төрүт дорђоон хоһуласпыт тылын бэлиэтээң.

Балыксыттар

Хобордоох курдук кыракый чоңкучах алаас хоту өртүгэр алаадьы курдук төгүрүк күөллээх. Биһиги онно муңхалаан тахсан, уу кытыытыгар чэйдии олордубут. Чуумпу күөл уута мэндээрэр. Арай күөл диэки көрбүппүт – собо  ытырыылаах икки андаатар уу анныттан күөрэс гына түстүлэр. Тахсаат, ууну киэңник силэйэн, кытыы диэки былдьастылар.  Кэннилэриттэн ођолоро тахсан кэллилэр.     (Е.Макаров) (57 тыл)

Бэлиэтэммит тыл дорђоонун ырытың.

рд сэргэстэһиитин бэлиэтээң.

Кэннилэриттэн диэн тылы сүһүөххэ араарың.

Лена өрүс

Лена – Сибиир улуу өрүстэриттэн биирдэстэрэ. Бириистэннэригэр тыйыс арктическай муораларынан устар бөдөң суднолар тохтууллар. Сайын устата Ленанан араас таһађаһы тиэммит баржалаах катердар айанныыллар. Пасcажирдары таһар теплоходтарынан Сибиир  бу улуу өрүһүн кэрэ миэстэлэригэр тиийиэххэ сөп.

Лена балыгынан баай. Холобур, хатыыс, тууччах, бил, чыыр, муксуун үөскүүр.  (»Чуораанчыктан«)  (43 тыл)

Нууччалыы суруллубут тыл олођун, сыһыарыытын бэлиэтээң.

Биир уустаах чилиэннээх этиини булан тардың.

Элбэх ахсаан сыһыарыытын булан бэлиэтээң.

Дорообо, хатыңым сэбирдэђэ!

Мин эйигин өр дађаны күүттүм, хатыңым сэбирдэђэ! Ол уңуоргу мыраан тыата көђөрө унааран көстөр буолбута ыраатта.

Бу сайыңңы күннэргэ айылђа түргэнник уларыйар. Туох барыта хампа солко таңаһын таңнан, ахтылђаннаах сайынын көрсүһэр. Оттон эн, хатыңым барахсан, киэргэллээх ытарђађын намылыччы кэппитиң балачча буолла.

Ол эрээри, хатыңым барахсан, кэрэ бэйэкэннээх сэбирдэђиң туһунан мэлдьи саныыбын, хаһан тылларын олус кэтэһэбин.   (И.Сосин)  (55 тыл)

Ахтылђаннаах диэн тылы састаабынан ырытың.

Бу тылы сүһүөххэ араарың.

Кубалар.

Саас кус – хаас дэлэйэн эрдэђинэ, тулата хомурахтаах күөлгэ икки куба устан кылбаара сылдьаллар. Уһун моонньуларын күөкэтэн, ууга түспүт күлүктэрин көрүнэр курдуктар. Биирдэстэрэ дођорун көхсүгэр түү өрө турбутун тумсунан көннөрөн биэрдэ. Кубалар бэйэ – бэйэлэрин ити курдук бүөбэйдэһэр эбиттэр. Онтон кубалар саңарсан аймалаһаат, унаар күөх халлааңңа өрө көтөн тађыстылар. Кинилэр киирэн эрэр күн диэки көтөн кылбаңнастылар. (53 тыл)

Аат тылы булан тардың.

Паараласпыт аат тылы булан, «+» бэлиэни туруоруң.

Кылбаңнастылар диэн тылы сүһүөхтээң.

Өлүөнэђэ

Сарсыарда. Күн саңардыы сырайан эрэр. Бөлүүн этиңнээх ардах тођо суккуйан ааспыт. От – мас ибили сытыйбыта сүрдээх. Хаамтахха, күөх оттон уу тохтор.

Угуттаан дэбилийбит Өлүөнэ доллоһуйа устар. Кини кэтиит-кэтит иэнигэр күөх халлаан күлүгүн көрүнэр. Үрдүк модьођо сыыртан хараңаччылар өрүс диэки көтөн сарыкынаһаллар. Элбэхтэрэ бэрт буолан, биир кэм ытыллан олороллор. Көстүбэт куруһубаны салгыңңа ойуулуурга дылылар. ( В.Сыромятникова) (54 тыл)

Айылђа көстүүтүн көрдөрөр аат тылы булан тардың.

Элбэх ахсааңңа турар аат тылы «+» бэлиэнэн көрдөрүң.

Аат тыл дађааһын ааты кытта ситимин бэлиэтээң.

Сарыкынаһаллар диэн тыл суолтатын быһаарың. Суруллуутун сүһүөхтээн бэрэбиэркэлээң.

Туртас

Быйыл ахсынньы бүтүүтүгэр эмискэ сылыйда. Күнү быһа хаардаата. Сарсыарданан халлаан халынна, сулустар чађылыңнастылар. Тумана суох сарсыарда буолан, күн ойуур кэтэђиттэн чађылыччы тыган тађыста.

Маннык сарсыарда тыађа сылдьар үчүгэй. Тыа олус чуумпурбут. Өтөр буола – буола мастартан хаар кыырпахтара эргичиһэн сиргэ түһэллэр.

Бу иһэн үс туртас аһыы турарыгар түбэстим. Миигин көрбөттөр. Барахсаттар көрөн-истэн, чэмэлиһэн кэрэлэрэ сүрдээх. Нарын-намчы бэйэлэрэ сиртэн-буортан тэйиэх, сибилигин а5ай көтө-дайа туруох айылаахтар. ( И.Сосин) (66 тыл)

Паараласпыт аат тылы булан тардың. Падеһын быһаарың.

Бэлиэтэммит тыл падеһын суруйуң.

Элбэх ахсааңңа турар аат тылы булуң. Олођун, сыһыарыытын бэлиэтээң.

Чађылыңнастылар диэн тылы сүһүөхтээң.

Туруйа

Мин кыра эрдэхпинэ, дьонум биир туруйаны ииппиттэрэ. Ол маннык этэ. Таайым Уйбаан үлэлии сылдьан туруйа ођотун булбут. Туруйа кырата бэрт буолан, таайбыттан куоппатах. Кинини тутан ылан суумкатыгар уктан, дьиэтигэр ађалбыт.

Туруйа ођотун дьиэ иһигэр ыыппыттара. Кини маңнай утаа киһиттэн куотара. Онтон улам үөрэнэн, аһатар киһититтэн куоппат буолбута. Туох аһы биэрэргин сирбэккэ – талбакка сиирэ. Бу туруйа ођото биһиэхэ кыстаабыта. ( Д.Иванов) (58 тыл)

Сирэй солбуйар ааты булан тардың.

Бүтэһик этиигэ баар солбуйар аат падеһын, ахсаанын ыйың.

Текстэн үһүс сирэйгэ, туохтуу падежка, биир ахсааңңа турар сирэй солбуйар ааты булан, «+» бэлиэни туруоруң.

Маңнайгы хаар

Көмүс күһүн ааһан, сир тоңно.

Биир сарсыарда маңан хаар кыырпахтара салгыңңа тэлээрэн түстүлэр. Хатың лабааларын ичигэс муус маңан суорђанынан сабынна. Тыа бүтүннүү саңа көп суорђанынан бүрүлүннэ. Тула барыта иһийэн-сырдаан көһүннэ. Айылђа барахсан кыһыңңы таңаһын таңнан, бары силигэ ситэн, нуођайа нуктаан турда.

Маңнайгы хаар түһэрэ кэрэ дађаны. (47 тыл)

Аат тыл дађааһын аат суолтатыгар туттуллубутун булан бэлиэтээң.

Ыйытыытын туруоруң.

Дађааһын ааты туттан, маңнайгы хаар туһунан этиитэ оңорон суруйуң.

Барабыайдар

Киһи иннигэр-кэннигэр көтөр чыычаахтары биһиги таптыы көрөбүт. Бу барабыайдар. Быйыл кинилэр төрүөхтэрэ кэлбит дьыла. Буолумуна дађаны, сайын устата иккитэ сымыыттаабыттара.

Билигин кинилэр кыстыыр саһаан уонна сарай анныттан, эрбэһин быыһыттан бүтүн үөрүнэн көтөн тарыкынаһаллар. Оттон дэриэбинэ сађатынаађы ойуурга тађыстаххына, кинилэр саңалара биир кэм чып-чыбыгырас.

Барабыайдар, маһы-оту, үүнээйини буортулуур үөнү-көйүүрү сиир буоланнар, киһиэхэ олус туһалаахтар. (56 тыл)

Кэпсиирэ буолбут туохтууру икки сурааһынынан тардың.

Бүтэһик этии тутаах чилиэннэрин тардың.

Текстэн ааспыт бириэмэђэ, үһүс сирэйгэ, элбэх ахсааңңа турар туохтууру булан, «+» бэлиэни туруоруң.

Ньургуһун сибэкки

Ньургуһун – кэрэ сибэкки. Кини умнаһа ньаассын түүнэн бүрүллүбүт. Биэс эминньэхтээх бөдөң сибэккитэ сорођор арађас, сорођор халлаан күөх буолар. Эминньэђин төбөтүн диэки өңө улам сырдаан иһэр. Ол иһин сибэккитэ олус нарын көрүңнэнэр. Ньургуһун  кэрэтин туһунан дьон-норуот элбэх ырыаны айар, хоһоону суруйар.  

Ньургуһун Саха сиригэр саас кэлбитин кэрэһилиир. Ситэ ирэ илик тоң буору тобулу үүнэн тахсар бастакы хорсун сибэкки буолар.  (59 тыл)

Туохтуур сирэй солбуйар ааты кытта ситмнэспит этиитин булуң. Бу этиини  этии чилиэнинэн, саңа чааһынан ырытың.

Бэлиэтэммит туохтууру ырытың.

Ньургуһун – эмтээх от. Умнаһа сүмэһиннээх буолар. Онтон эмп оңорон, бааска, сүһүөх ыарыытыгар тутталлар. Ньургуһун угун айаххар уктаххына, айађың бааһырыан сөп. Сүмэһинэ оннук күүстээх.

Ньургуһун биир сиргэ хас да сыл үүнэр. Ол иһин элбэх сыллаах үүнээйи дэнэр. Ол эрээри силистэри туура тардан ыллахха, ол сиргэ аны үүммэт. Дьон мээнэ үргүүр буолан, ньургуһун улам ађыйаан иһэр. Билигин ньургуһуну Кыһыл кинигэђэ киллэрдилэр. (59 тыл)

Буолбат хайааһыны көрдөрөр туохтууру булан, аннынан тардың.

Ааспыт бириэмэђэ турар туохтууру ыйың.

Көмө туохтуур ситимин булан бэлиэтээң.

Айылђа уһуктуута.

Сир-дойду сибэккинэн симэнэр, ойуур – тыа күөх солко киэргэлин таңнар, тупсар-киэркэйэр. Лаглађар лабаалаах хатың барахсан үнүгэстэрэ тэрэйэ тыллан, күнтэн-күн ахсын эбии көђөрөр. Саңа тыллан тэрэйбит сэбирдэхтэринэн ааһар тыалга далбаатанар.

Айылђа тиллэн, ырыаһыт чыычаахтар араас куолаһынан көрдөөх ырыаны тардаллар.

Күөрэгэй өрө күөрэйэн дьирибинээн тахсан, көй салгыңңа көтө-дайа сылдьан, ыллаан дьырылатар. Үрдүктэн үөрүү-дьол ырыатын түһэрэр. ( В.Тарабукин) (57 тыл)

Хайааһыны дьүһүннүүр туохтууру булан, аннынан тардың.

Маңнайгы этии тутаах чилиэннэрин булуң.

Куобах

Саас хаар хараарыыта ойуурга үчүгэй. Туох барыта  тиллибит курдук буолар. Ойуур иһэ чыычаах ырыатынан туолар. Күөх тыа кэтэђэр ханна эрэ улар охсоро иһиллэр. Хаар уута үрүйэлэргэ түһэр. Үрүйэ уута үрэхтэри булар. Бу сађана куобах өңүн уларытар. Кини улам-улам хараара сатыыр. Ол аата сайыны көрсөр, өстөөхтөрүттэн дьүһүнүн уларытар-тэлэритэр.

Куобах – сэргэх кыыл. Тулатын кырађытык көрөр-истэр. Ол сыттађына, тыас тыаһаата. Куобах куотта. Ол тугуй? Баара-суођа ууллан эрэр хаар биир таммађа эбит. (72 тыл)

Паараласпыт туохтууру булан, аннынан тардың.

Бу туохтуур бириэмэтин ыйың.

 Бэлиэтэммит тыллары састаабынан ырытың.

Алаас

Саха дьоно урут алааһынан тус-туспа тарђанан олорор этэ. Алаас диэн киэң көнө сир аата. Онно сайын күөх от, араас сибэкки үүнэр. Сылгы-ынах мэччийэр. Оттон ходуһатын оттууллар.

Алаас бэйэтэ күөллээх, үрэхтээх. Онно сөтүөлүүллэр, балыктыыллар. Чугас ойуурдаах буолар. Ођолор онно отоннууллар, улахан дьон бултууллар.

Алааска сайын ађыйах ыал олорор, бу биһиги дэриэбинэбит курдук буолбатах. Онон ођо эмиэ ађыйах. Ол оннугар бары дођордоһон бииргэ сылдьаллар, бииргэ оонньууллар. (65 тыл)

Икки аат тылы булан, көнө сурааһынынан тардың.

Икки дађааһын ааты долгунунан бэлиэтээң.

Икки туохтууру икки көнө сурааһынынан тардың.

Дађааһын аат кэпсиирэ буолбут этиитин аннынан тардың.

Тииң өйө

Бүгүн хаарга кыракый кыыллар уонна көтөрдөр суолларын көрдүм. Олортон биир манныгы аађан биллим. Тииң хаары тэһэ түһэн муохха киирбит. Онтон күһүн кистээбит икки эриэхэтин булан таһаарбыт. Олорун сонно сиэбит, мин хахтарын көрдүм. Онтон, уонча метр кэриңин бараат, эмиэ умсубут. Хаарга эмиэ эриэхэ хађын хаалларбыт. Хас да метри баран баран, үсүһүн киирбит. Дьикти! Хаар халың араңатын курдат эриэхэни сытынан булан ылбыт. Мин тииң өйүн, сатабылын сөхтүм. ( М.Пришвин) (65 тыл)

Бэлиэтэммит аат тыл падеһын суруйуң.

Маңнайгы этиини саңа чааһынан ырытың.

Бэлиэтэммит туохтууру саңа чааһын быһыытынан ырытың.

Иһинээђитэ:

Киирии тыл……………………………………………………….

Маңнайгы кылаас………………………………………………...

Иккис кылаас……………………………………………………..

Үһүс кылаас………………………………………………………

Төрдүс кылаас……………………………………………………

5

13

15

25

38


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Итоговые диктанты по русскому языку в начальной школе (4 класс)

Время лесных малышей Пришло теплое лето. На лесной опушке распускаются колокольчики, незабудки, шиповник. Белые ромашки протягивают к солнцу свои нежные лепестки. Вылетают из уютных гнёзд птенцы. У ...

Сборник диктантов по русскому языку. 3 класс.

В сборнике предложены разнообразные диктанты, разные по сложности и содержанию....

Сборник диктантов здоровье сберегающих текстов и заданий для уроков русского языка в начальной школе

Здоровье сберегающие тексты диктантов дают возможность проверять грамотность воспитанников и научить ребёнка быть здоровым....

Сборник памяток по русскому языку для начальной школы

Памятки содержат справочный материал по русскому языку , который поможет  ребёнку на уроках в школе и при выполнении домашних заданий освоить наиболее трудные темы программы. Большинство памяток ...

Сборник диктантов по русскому языку "В помощь учителю на каждый день". 1-4 класс

В сборнике представлены тексты словарных и текстовых диктантов, в том числе загадки, стихи, пословицы, которые можно использовать в любой момент урока. Материал рассчитан на учащихся 1-4 классов....

Сборник диктантов по русскому языку 4 класс

Сборник диктантов по русскому языку 4 класс (И. Г. Гринберг)...

Сборник диктантов на якутском языке

Сборник диктантов на якутском языке...