Сценарий "Байанай"
методическая разработка (старшая группа)
Предварительный просмотр:
Байанай бырааьынньыгын сценарийа
Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин . Саха киьитин торут дьарыга булт туьунан о5олор билиилэрин чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы бииьиннэрии. Айыл5а5а тапталы, харыстабыллаах сыьыаны иитии. О5о айар дьо5уру сайыннарыы (ункуугэ,уус-уран тылга,ырыа5а).
1 чааьа «Кыьын»
Ыытааччы: Алтынньы, Сэтинньи ыйдар ыйдар- Байанай ыйдара диэн ааттаналлар. Бу ыйга булчуттар ыраах бултуу-алтыы баралар. Кунду туулээ5и эккирэтэллэр, эьэкээннэригэр уомэлэр, айах туталлар. Отуу-маьы алдьатыам суо5а, наадыйарбы эрэ ылыам диэн анда5ар этэллэр. Саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр-аьатар, таныннарар.
Бугун биьиэхэ уоруулээх кун Баай Барыылаах Байанайбыт кунэ. Утуокэн угэстээх, Сээркээн сэьэннээх, оттук харалаах Баай Байанай бырааьынньыгынан э5эрдэлиибит.
О5олор хоьоон аа5ан иьитиннэриэхтэрэ, ырыа ыллыахтара.
Хоьоон «Кыьын» Х. Алексан. А. Вова.С. Эдик
1 о5о: Кэнчээрилээх алаастарбыт 2 о5о: Тонуу хаарга уйуктаах
Кэнкир хара тыаларбыт Туут анал хайыьардаах
Кылбан куобах сонунан Таайым Дьогуор сис тыа5а
Кылбаарыччы таныннылар Тииннии, бултуу сырытта5а
Кыраьалаах сарсыарда Аатырар чулуу сонордьут
Сонор бэрдэ арыллан Байанайдаах удьуор булчут
Тииннэр, киистэр суоллара Кини короот билэр ыраа5ы
Ыйа, кэпсии сыталлар. Булка- алка сур кыра5ы.
3 о5о: Тыа5а эдэркээн сааьыт
Тахсан дьаарбайа сырыт Эн сонургуу одуулуо5ун
Улуу тай5а кэпсиэ5э
Уьун номо5у эйиэхэ
Котор- суурэр суолун
Кыраьа быыччык ойуутун
Кыра5ыттан сонордуо5ун
Ырыа «Маннайгы хаар» Бары ыллыылар
Билигин биьиги , тыа5а бултуон иннинэ ойуур оло5ун тоьо билэргитин билиэхпит.
Таабырыннар.
- Ууга олохтоох,от аьылыктаах кыыл баар уьу (Андаатар)
- От-мас аьылыктаах ойуоккалаан о5онньор баар уьу (Куобах)
- Тор-тор торулуур маьы тонсуйар баар уьу (Тонсо5ой)
- Ууга киирдэ5инэ балык, кытыыга та5ыста5ына кыыл баар уьу (Урун эьэ)
- Отонноо5ор оччугуй,о5устаа5ар куустээх баар уьу (Бууддьа)
- БаЬаам элбэх аанынан ким да тахсыбат уьу (Илим)
- Бииргэ миинниллэр икки ат баар уьу (Хайыьар)
Тыый, таабырыннарбыт таайыылара бэйэлэринэн тиийэн кэлбиттэр дии.
О5олор толорууларыгар хоьооннор.
- «Тиин» хоьоону аа5ар.
- «Эьэ»
- «Боро»
- «Кырынаас»
- «Саьыл»
- «Таба»
«Хаар» Ырыа
Булчут киирэр. Утуо кунунэн о5олор! Мин эьиэхэ ыалдьыттыы кэллим , булчуттарбын бултуу илдьэ бараары. Ол барыахпыт иннигэр булчуттарга оонньуу оонньотон короору гынабын.
Булчут: Булчут кыра5ы харахтаах , эрчимнээх илиилээх буолар онон Ким саамай сытыы харахтаа5ын, сымса илиилээьин билиэхпит.
«Ким куоба5ы, тиини табар» (Сыал быра5ыы мээчигинэн) 2о5о тахсар.
«Куьу состоруу» Ким тургэнник куьу ууттан таьаарар.(2 о5о куоталаьар)
Ханнык ба5арар булчут бэйэлэрэ миннэр кололоох уонна кыьынны тонуу хаарга атахтарыгар кэтиллэр хайыьардаах буолаллар. Ол хайыьардарынан тургэнник суурэр, сырылыыр буолуохттаахтар. Онон билигин ким сымса, тургэн атахтаа5ын билиэхпит.
«Хайыьарынан хаамтарыы» (2 о5о тахсар хайыьардаах)
Аны о5олор, билигин булчут туттар тэрилин тоьо билэргитин коруохпут.
Бу мин рюкзээкпэр араас булчуттар, балыксыттар туттар тэриллэрэ бааллар ону аттыы-ааттыы булчут рюкзээгэр уган иьиэхтээххит. Ким сопко ааттаан, булан укпут киьи ол кыайар.
Оонньуулар:
«Соптоох тэрили бул» 2 о5о оонньуур.
«Кыылы кутуругунан эбэтэр суолунан бул» (Ойууннан эбэтэр проектарынан кордоруу).
Оонньуу «Куобахтар уонна боро»
2 чааьа «Булчуттар»
- Булчут кутаата
- Булчуттар бултуу бараллара
- Иистэнньэннэр танас тигэллэр
- Мода кордоруутэ
- Булт аьын амсайыы
Ыытааччы: Комус кыымын ыьыахтаан
Кутаа уота умайда
Сырдаан, костон кэллилэр
Харыйалар, бэс мастар,
Муьуннулар кордоох дьоннор сааьыттар.
Кору-нары тэнитэн
Сэьэн –номох эргитэн
Булчут дьонум айдаарар.
Булчут уолаттар оллооннорун тула олороллор, сэьэргэьэллэр.
Кырдьа5ас булчут: Куоспут буста, аьыаххайын.
Бастаан аал уоппутун аьатыаххайын.
Бары тобуктаан тураллар.
Булчут ас кээьэр. Алгыс тыла-оьо.
Аал уотум иччитэ,
Алтан сэбэрэй эьэм.
Баай хара тыам иччитэ
Баай Байанай!
Алтан чуораан айаххар
Ал5аан аьатабын
Аьаа-сиэ, кулум гын,
Мичик гын!
Булчуттар аьыылар. Бултуу бараары хомуналлар.
Булчуттар хаьан ба5арар бултуу баралларыгар айанныыр кололоох бараллар.
Хаар, хаар хаачыргыыр
Халлааным халынна.
Тап-тап табыйан,
Табаккам, айаннаа!
Ункуу «Табалар» (кыргыттар ункуулууллэр)
Ункуу «Булчуттар» (Уолаттар ункуулууллэр)
Булчуттар бултаабыт туулээхтэрин кыргыттарга биэрэллэр.
Булчуттар бары тахсан бараллар.
Ункуу «Иис ункуутэ» (Кыргыттар ункуулэрэ)
Хоьоон эбэтэр ырыа.
Ыытааччы: Уран тарбахтаах иистэнньэннэрбит уустаан-урааннаан тикпит танастарын корорго ынырабыт.
Мода кордоруутэ.Туулээ5инэн тигиллибит танаьы кэппит о5олор киирэлэр.
Ыытааччы: Байанай кору-нары таптыыр. Ол иьин кинини уорэн-котон, учугэйдик туттан корсоллор. Биьиги эмиэ уоруо5ун!
Куллэристээн биэриэ5ин (кулэллэр).
Тумук. Биьиги аар тай5абытын, тулалыыр айыл5абытын мэлдьи харыстыа5ын! Оччо5о эрэ котор-суурэр уксуу туруо, Баай Байанайбыт араас булдунан кундулуу туруо!
Баай Байанай кундулээбит аьыттан амсайыаххайын.
Туттар тэриллэр
- Булчуттар тириилэрэ, танастара.
- Иистэнньэн кыргыттар танастара.
- Табалар танастара
- Туулээх танастар
- Оллоон , котелок
- Оонньуурдар (куобах, тиин, 2 кус манчуук, 2 мээчик)
- Мас хайыьардар ( 2 хайыьар)
- Булчут туттар тэриллэрэ ( 2 рюкзак, чумэчи, испиискэ, иьит-хомуос, быьах, саа, хапкаан, туьах, ботуруон,) Илим, куйуур, туу –хартыынаннан кордоруу.
- Кыыллар танастара ( Эьэ, саьыл, таба, тиин, кырынаас, куобах)
- Кыыллар суоллара, кыыллар кутуруктарын ойуута.
«Баай Байанайга ыалдьыттааьын»
Ыытыллар кунэ: 17.11.2023с.
Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин. Саха киьитин терут дьарыга булт туьунан о5олор билиилэрин чинэтии, ебугэлэр угэстэрин, булт сиэрин-туомун, бултка туттуллар тэриллэри салгыы билиьиннэрии. Айыл5а5а тапталы, харыстабыллаах сыьыаны иитии. О5о санарар, айар дьо5урун, ебугэ оонньуутун ненуе эти-сиини сайыннарыы.
Ыытааччы: Утуе кунунэн кунду ыалдьыттар!
-О5олоор, этин эрэ, сэтинньи ый туох ыйай? (О5олор эппиэттииллэр-Байанай).
-Саамай сеп, сэтинньи ый-Байанай ыйа диэн ааттанар. Бу ыйга булчуттар ыраах бултуу-алтыы бараллар. Кунду туулээ5и эккирэтэллэр, эьэкээннэригэр уемэллэр, айах туталлар. Саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр-аьатар, таныннарар.
-Онон о5олоор, бугун биьиги Баай Байанайга ыалдьыттыы барыахпыт.
-Билигин таьырдьа ханнык дьыл кэмэй? (О5олор эппиэттэрэ-кыьын).
-Саамай сеп, кыьын. Кыьынны айыл5а барыта тугунан буруллэрий? ( О5олор эппиэттэрэ-хаарынан).Билигин ойуур оло5ун теье билэргитин билиэхпит.
-Таабырыннар:
-Ууга олохтоох, от аьылыктаах баар уьу (андаатар),
-Тор-тор торулуур маьы тонсуйар баар уьу (тонсо5ой),
-Кынаттаах да кеппет, айахтаах да санарбат баар уьу ( балык),
-Баьаам элбэх аанынан ким да тахсыбат уьу (илим),
-Ууга киирдэ5инэ балык, кытыыга та5ыста5ына кыыл баар уьу (урун эьэ).
-Суола-ииьэ биллибэт сыыдам сырыылаах баар уьу (тыы),
-Со5отох харахтаах тугу да тулуппат баар уьу (саа).
Ыытааччы: Маладьыастар, бултуу барарга бэлэм эбиккит.Чэйин эрэ, билигин эьиэхэ анаан «Осикат» болох уолаттара бэйэлэрин э5эрдэ ырыаларын бэлэхтиэхтэрэ
Ырыа: «Соногос атым».
Булчут киирэр:
Утуо кунунэн о5олор! Мин эьиэхэ ыалдьыттыы кэллим , булчуттарбын бултуу илдьэ бараары.
Ыытааччы: Комус кыымын ыьыахтаан
Кутаа уота умайда
Сырдаан, костон кэллилэр
Харыйалар, бэс мастар,
Муьуннулар кордоох дьоннор сааьыттар.
Кору-нары тэнитэн
Сэьэн –номох эргитэн
Булчут дьонум айдаарар.
Булчут хайаан да5аны бултуур тыатыгар тиийэн уотун оттон уот иччитин алгыстаах алаадьынан, кымыьынан, сылгы сиэлинэн айах тутар. (экранна кутаа уот кестор, микрафонна алгыс тыла иьиллэр)
Булчут ас кээьэр.
Алгыс тыла-оьо.
Аал уотум иччитэ,
Алтан Сэбэрэй эьэм.
Баай хара тыам иччитэ
Баай Байанай!
Алтан чуораан айаххар
Ал5аан аьатабын
Аьаа-чал5арый, кулум гын,
Мичик гын!
Ыытааччы: -Ити курдук булчуттар Аал уоттарын аьаталлар Баай Байанайтан кенул, кердеьуу ылаллар. Билигин дохсун ытыс тыаьынан керсуегун «Туллукчаан « болох толорууларыгар: «Булчут ункуутэ».
Булчут: Булчут кыра5ы харахтаах, эрчимнээх илиилээх буолар. Онон ким саамай сытыы харахтаа5ын, эрчимнээх илиилээ5ин билиэхпит. Билигин биьиги «Бэргэн ытааччы» диэн оонньууну оонньуохпут. (кус мончууктарын мээчигинэн быра5ыы)
Оонньуу «Бэргэн ытааччы»
Булчут: - Маладьыастар бары да Бэргэн ытааччы эбиккит.
Ыытааччы: Чэйин эрэ, билигин сынньана таарыйа «Осикат» кыргыттаын толорууларыгар «Балык ункуутэ».
Оонньуу «Балыктааьын».
Булчут: Дьэ мин барытын иьиттим-кердум, маладьыастар олус талааннаах, сымса туттуулаах оголор эбиккит. Онон мин эьиэхэ булчут туттар малларын туьунан кэпсиэм.
(слайд)
Ыытааччы: О5олоор, Булчукка махтаныа5ын, Биьиги Аар тай5абытын, тулалыыр айыл5абытын мэлдьи харыстыа5ын! Оччо5о эрэ кетер-суурэр уксуу туруо, Баай Байанайбыт араас булдунан кундулуу туруо!
Туттар тэриллэр
- Булчуттар тириилэрэ, танастара.
- Иистэнньэн кыргыттар танастара.
- Табалар танастара
- Туулээх танастар
- Оллоон , котелок
- Оонньуурдар (куобах, тиин, 2 кус манчуук, 2 мээчик)
- Мас хайыьардар ( 2 хайыьар)
- Булчут туттар тэриллэрэ ( 2 рюкзак, чумэчи, испиискэ, иьит-хомуос, быьах, саа, хапкаан, туьах, ботуруон,) Илим, куйуур, туу –хартыынаннан кордоруу.
- Кыыллар танастара ( Эьэ, саьыл, таба, тиин, кырынаас, куобах)
- Кыыллар суоллара, кыыллар кутуруктарын ойуута.
Байанай бырааһынньыгын сценарийа.
Буолар күнэ: Сэтинньи ый 26 күнэ 2020 сыл.
Бөлөх: Улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх
Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт үлэни тумуктээһин. Саха киһитин торут дьарыга булт туһунан оҕолор билиилэрин чинэтии, өбүгэлэр үгэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы билиһиннэрии. Айылҕаҕа тапталы, харыстабыллаах сыһыаны иитии. Оҕо айар дьоҕурун сайыннарыы.
1 чааһа Байанай туһунан билиһиннэрии
Ыытааччы: Алтынньы, Сэтинньи ыйдар ыйдар- Байанай ыйдара диэн ааттаналлар. Бу ыйга булчуттар ыраах бултуу-алтыы баралар. Күндү түүлээҕи эккирэтэллэр, эһэкээннэригэр үөмэлэр, айах туталлар. Отуу-маһы алдьатыам суоҕа, наадыйарбы эрэ ылыам диэн андаҕар этэллэр. Саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар, таҥыннарар.
Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх күн Баай Барыылаах Байанайбыт күнэ. Үтүөкэн үгэстээх, Сээркээн сэһэннээх, өттүк харалаах Баай Байанай бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит.
Оҕолоор билигин байанай алгыһын туһунан видеосюжет көрүөхпүт. Чуумпуран олорон көрөбүт. Хайдах биһиги булччуттарбыт ойуурга бултуу баралларыгар байанайтан алгыс ыланнар бултуу баралларын туһунан.
Билигин ытыс тыаһынан көрсүөҕүҥ үҥкүү “Северные олени”
Толороллор – Ананьев Уйгун, Егорова Алеся, Васильев Эрсан, Аммосова Амелия
2 чааҺа
Оҕолор дьиэлэригэр бэлэмнээн кэлбит «Мин аҕам (эһэм, убайым) булчут» хаартыскаларан кэпсээн иһитиннэриэхтэрэ.
Билигин биһиги, тыаҕа бултуоҥ иннинэ ойуур олоҕун төһө билэргитин билиэхпит.
Таабырыннар.
- Ууга олохтоох, от аһылыктаах кыыл баар үһү (Андаатар)
- От-мас аһылыктаах ойуоккалаан оҕонньор баар үһү (Куобах)
- Тор-тор торулуур маһы тонсуйар баар үһү (Тоҥсоҕой)
- Тымныы муустаах сиргэ олохуйар, уу аннынан устарын сөбүлүүр, тириитэ хара эрээри маҥан түүлээх, Кыһыл кинигэҕэ киирбит, адьарҕа кыыла баар үһү (Үрүҥ эһэ)
- Ытырыык ыкка майгынныыр адьырҕа кыыла баар үһү (Бөрө)
- Кумалааҥҥа уйа оҥостон, мастан маска ыстанабын, хойуу уһун кутуруктаах күндү түүлээх буолабын (тииҥ)
- Отоннооҕор оччугуй, оҕустааҕар күүстээх баар үһү (Бууддьа)
- Баһаам элбэх аанынан ким да тахсыбат үһү (Илим)
- Бииргэ миинниллэр икки ат баар үһү (Хайыһар)
Тыый, таабырыннарбыт таайыылара бэйэлэринэн тиийэн кэлбиттэр дии.
Оҕолор хоһооннорбутун этиэхпит
(Ананьева Нарыйа)
Моҕотой.
Туораах бурдугу уорааччы,
Туой дьонтон куотааччы,
Туора – маары ойуолааччы,
Топпокко сылдьааччы,
Мултурус - илтирис ойор
Моҕотой бу олорор.
(Егорова Алеся)
Киис.
Кэпсэлгэ –сэһэҥҥэ киирбит
Кэрэ кыылбын – кииспин,
Киэҥ тайҕабыт, кэтит сирбит
Кэрэмэс киэргэлэбин..
Кыра –кыра да буолларбын,
Кыыллартан аатырабын.
(Ананьев Уйгун)
Тайах.
Ууна сылдьар улахан
Ураа – лаҥкыр муостаах,
Килбик – сэмэй улахан,
Кини баьаам куустээх.
Кини аата тайах,
Бачыыҥката туйах.
(Спирова Олеся)
Саһыл
Күндү түүлээх саһылбын,
Халыҥ хаарга хаамабын.
Кутуругум суолбун сотор,
Булчуттары муннарар.
(Васильев Эрсан)
Тииҥ
Мастан маска ойобун,
Хаһаастарбын көрөбүн.
Түргэн, тарҕан туттуулаах,
Тииҥчээн уолчаан буолабын.
(Платонова Надя)
Үрүҥ эһэ
Мин үрүҥ эһэбин,
Хаарга саһабын.
Ууга харбыыбын,
Балыгы бултуубун.
(Федоров Алгыс)
Бөрө
Томороон тымныыга
Тоҥ хаары оймооҥҥун
Торҕон бөрөбүт
Тилийэ сүүрэҕин.
Хара тыа быыһынан
Хараҥа түүннэргэ
Бултуйар баҕаттан
Бараҕын ыраахха.
(Васильев Ян)
ТАЙҔАМ ТАЙАҔА.
Тоһуттар тымныыга
Тайҕам мааны кыыла
Тайаҕым барахсан
Тамайа сүүрэҕин.
Адаарыйбыт муостардаах
Аарыма сүдү кыыл
Аартыктары арыйан
Айаннаан сиэлэҕин.
(Арьянова Иванна)
Рысь
Лесная рысь – большая кошка
Но очень очень дикая
Она не смотрит на окошка
И нежно не мурлыкает
Никто в лесу не гладит рысь
Но и никто не скажет брысь!
(Иванова Милена)
Лиса
В рыжем платьице из ситца
Раскрасавица лисица
Хвостик с белым кончиком
Краска, что ли, кончилась?
Хоһооннорун этэн бүппүттэрин кэннэ оҕолорго кыыллар саҥаларын иһитиннэрэн көрүү, хайдах саҥаралларын үтүктэн көрүү. (Ол курдук тыатааҕы, бөрө, саһыл, куобах, туртас саҥаларын истии)
Ол курдук оҕолорго кыыллар тириилэрин көрдөруу, илиилэринэн тутан-хабан көрөллөр.
3 чааһа Оонньуулар
«Ким куобаҕы, тиини табар» (Сыал быраҕыы мээчигинэн) 2 оҕо тахсар.
«Куһу состоруу» Ким тургэнник куһу ууттан таһаарар. (2 оҕо куоталаһар)
Ханнык баҕарар булчут бэйэлэрэ миннэр кололоох уонна кыһынны тоҥуу хаарга атахтарыгар кэтиллэр хайыһардаах буолаллар. Ол хайыһардарынан түргэнник сүүрэр, сырылыыр буолуохттаахтар. Онон билигин ким сымса, түргэн атахтааҕын билиэхпит.
«Хайыһарынан хаамтарыы» (2 оҕо тахсар хайыһардаах)
Ыытааччы: Байанай көрү-нары таптыыр. Ол иһин кинини үөрэн-көтөн, үчүгэйдик туттан көрсөллөр. Биһиги эмиэ үөрүөҕүҥ!
Тумук. Биһиги аар тайҕабытын, тулалыыр айылҕабытын мэлдьи харыстыаҕын! Оччоҕо эрэ көтөр-сүүрэр үксүү туруо, Баай Байанайбыт араас булдунан күндүлүү туруо!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Байанай бырааhынньыгын сценарийа
Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин . Саха киьитин торут дьарыга булт туьунан о5олор билиилэрин чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт с...
Проект «Байанай – дух охоты»
Тип и вид проекта: творческий, групповой, краткосрочный.Участники проекта: воспитатель, дети, родители, пдо по якутскому языку.Возраст детей: 5-6 лет.Продолжительность: ноябрь (1 неделя...
Сценарий утренника посвященный дню «Байанай» Тема: «Лесное происшествие.
Данный сценарий посвящен к празднованию дня "Байанай". "Байанай" - (якут. Байанай, Бай Байанай) — дух-хозяин природы, покровитель охотников в...
Байанай, сценарий
Байанай, сценарий...
Сценарий развлечения "Сэтинньи - Байанай ыйа"
Сценарий развлечения "Сэтинньи- Байанай ыйа"...
Сценарий непосредственной образовательной деятельности к месяцу "Байанай ыйа" для детей средней группы
Тулалыыр эйгэни кытта билиһиннэрииТиэмэтэ:Оҕолор саастара: орто бөлөх.Сыала-соруга:1. Булт көрүҥүн туһунан билиилэрин чиҥэтии.2. Оҕо тылын, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы.3. Тулалыыр эйгэни хары...
Сценарий проведения мероприятия «Байанай ыйа»
Сценарий проведения мероприятия «Байанай ыйа»Место проведения: г. Якутск, ул. Мерзлотная, д. 35, д/с № 42 МБДОУ «Ма...