Байанай ыйа. О5олору аралдьытыы.
план-конспект занятия (старшая группа)

Корнилова Анжелика Николаевна

Саха омук терут угэьин билсии, о5о5о кыра эрдэ5иттэн инэрии.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл bayanay_yya._ulahan_beleh_o5olorugar.docx18.79 КБ

Предварительный просмотр:

МБДОУ “Центр развития ребенка детский сад№3 “Ньургуьун” с.Тойбохой Муниципального района “Сунтарский улус (район)”

Республика Саха (Якутия)

Улахан белех “Байанай”

о5олору аралдьытыы сценарийа

Воспитатель:

 Корнилова А.Н.

2022г.

Улахан белех “Байанай” о5олору аралдьытыы сценарийа

Буолар кунэ: Сэтинньи ый 29 кунэ

Сыала:Байанай ый туьунан билиилэрин ханатыы – чинэтии, обугэ утуо угэьигэр убаастабылы иитии, айыл5а5а харыстабыллаах сыьыанна иитии, булчукка убаастабылы инэрии.Байанай ыйыгар  анаан ыытыллыбыт үлэни түмүктээһин, саха киһитин төрүт дьарыга булт туһунан оҕолор билиилэрин чиҥэтии, өбүгэлэр үгэстэрин, булт сиэрин – туомун салгыы билиһиннэрии. Айылҕаҕа тапталы, харыстабыллаах сыһыаны иитии. Оҕо  айар дьоҕуру сайыннарыы ( уус – уран тылга, ырыаҕа)

Туттуллар тэрил: проектор, музыкальнай центр, саьыл бэргэьэтэ, булт тэриллэрэ:мончуук, туу, илим, куйуур, саа, чааркаан, туьах, манок, презентациялар “Дьиикэй кыыллар”, “Дьиикэй кыыллар тустарынан таабырыннар”, “Кыыллар саналара”, “ Бултааьын, балыктааьын”.

Барыыта:

Сахалыы танастаах о5олор киирэн киэргэммит заалга олбохторго олороллор.

ЫЫТ: Утуо кунунэн, бугун биьиги манна муьуннубут байанай ыйы тумуктуур тэрээьиннэ, э5эрдэлэьиэ5ин «Аламай манан кунунэн». Сэтинньи ый – Байанай ыйа диэн ааттанар.

-«Байанай» диэн кимий?

Байанай диэн  -  ойуур иччитэ, булт таҥарата.  Байанай киьилии майгылаах, уорунньэн, бэринньэн, о5о курдук оонньуулаах- омуннаах, ону тэнэ хомойумтуо, оьургэс. Кини ойуур кыылларын, көтөрдөрүн харыстыыр. Ойуурга куһаҕан санаалаах, кыыллары барытын харыстаабакка өлөрө сылдьар булчут кэллэҕинэ кыыллары, көтөрдөрү ыраах куоттаран, күрэтэн кэбиһэр эбит.  Ол иһин ойуур кыылларын-көтөрдөрүн  биһиги Байанай оҕолоро диэн ааттыыбыт.

  • Онтон «Булчут» диэн кимий?

Булчут диэн булугас талыгас, мындыр ойдоох, кыанар улэьит, аьыныгас, комускэс, сиэрдээх утуо майгылаах киьи. Булт уорэ5э, бултдьарыгауол о5о5о тугунан да солбуллубатуорэхбуолар. Бултарааьасылыбыьабултанар. Бу ыйга булчуттар ыраах бултуу- алтыы бараллар. Кундү түүлээҕи эккирэтэллэр, эһэкээннэригэр үөмэллэр, айах туталлар. Оту – маһы алдьатыам суоҕа, наадыйарбын эрэ ылыам диэн  андаҕар этэллэр. Саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр – аһатар, таҥыннарар.

Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх күн – Баай Барыылаах байанайбыт күнэ. Үтүөкэн үгэстээх, Сээркээн сэһэннээх, өттүк  харалаах Баай Байанай бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит.

ЫЫТ: Билигин биһиги, тыаҕа бултуон иннинэ ойуур олоҕун тоһо билэргитин билиэхпит.Байанай оҕолорун туһунан ким элбэх таабырыны таайар эбитий?

Экранна дьиикэй кыыллар ойуулара костор.

  • От мас аһылыктаах ойуоккалаан оҕонньор баар үһү.(куобах)
  • Истиҥ иккис таабырыммытын. Түөспэр күннээхпин,  сытыы харахтаахпын, мааны кутуруктаахпын диир аар үһү . (Саһыл)
  • Үһүс таабырыммыт маннык; сир иһигэр сибигинэйэ Мэхээлэ сытар үһү. (Эһэ)
  • Өссө таабырыннаахпыт, истиҥ. Кутуругунан оонньуур тиит тирэхтээх тиҥсирики сүүрүк баар үһү. Таайыыта тииҥ.
  • Туох ойуурга куруук аччык сылдьарый? (Бөрө)

ЫЫТ;Биһиги бүгүн эһиэхэ  Байанай оҕолоро хайдах санаралларын истиэхпит. (слайдаҕа дьиикэй кыыллар костоллор, саналара иьиллэр) 

Ырыа “Куобахчаан”- бары ыллыыллар.

Ырыа “Тугутчаан”.

ЫЫТ:Оҕолоор, биһиги тыаҕа ойуура сылдьарбытыгар быраабылалар бааллар, олору хатылыа5ын.

Алааска, тыаҕа хаһытыыр, улаханнык айдаарар бобуллар.

  • Көтөр уйатын көрдөхпүтүнэ тыыппаппыт-алдьаппаппыт.
  • Оту – маһы алдьаппакка оргууй сылдьыахтаахпыт. Оччого сир – дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун сөбүлүүр.
  • Ууга кири-бөҕү быраҕар көҥүллэммэт.

ЫЫТ: булчут  туттар тэриллэрин о5олорго билиьиннэрэр – кордорор. Экранна булчуттар тэриллэринэн хайдах тутталлара костор(мончуук, туу, илим, куйуур, саа, чааркаан, туьах)

ЫЫТ: Билигин биһиги бары булчуттар буолан ылыахпыт. Булчут кыраҕы харахтаах, эрчимнээх илиилээх буолар. Ким саамай сытыы харахтааҕын, сымса илиилээҕин быһаарыахпыт, билиэхпит.

Оонньуу: “ Ким куобаҕы табар?” - (сыал быраҕыы) икки оҕо тахсар.

Оонньуу: Булчуттарбыт өссө балыктыыллар эбит. Ким элбэх балык хаптарар диэн оонньууну салгыы оонньуохпут.

Оонньуу: Аркаан быра5ыы.

ЫЫТ: Бүгүн биһиги Байанай оҕолорун туһунан кэпсэттибит. Байанайбыт көрү – нары таптыыр, онон биһиги дуоһуйа оонньоотубут – көрүлээтибит.. биһиги аар тайҕабытын , тулалыыр айылҕабытын, кыыллары аһынар, харыстыыр буола улаатаарыҥ! Оччоҕо эрэ көтөр – сүүрэр үксуу туруо, Баай Байанайбыт араас булдунан күндүлүү туруо!.

Фотозона5а хаартыска5а туьуу.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

8 марта «О5олор хайдах Федора5а көмөлөспүттэрий» (на якутском языке)

сценарий утренника по мотивам сказки "Федорино горе" для детей ст., подг. групп...

А5а дойдуну комускээччилэргэ аналлаах аралдьытыы

А5а дойдуну комускээччилэргэ аналлаах аралдьытыы...

«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа

laquo;Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»улахан бөлөх оҕолоругар аналлаахСаҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа ...

Сана дьыллаа5ы аралдьытыы сценарийа "12 ый"

Сценарий новогоднего утренника на якутском языке...

НОД ФЦКМ "Сэрии о5олоро"

Аьа5ас дьарык «Сэрии са5анаа5ы о5олор»Сыала:- А5а дойду Улуу сэриитин кытта, сэрии са5анаа5ы о5олор олохторун туьунан билиьиннэрии .Соруга:- дойдуга бэриниилээх, аьыныгас буолууга, махтана...

Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.

Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы....

Ийэ кунугэр аналлаах аралдьыйыы сценарийа (улахан белех о5олоро)

Сценарий развлечения "День Матери" (старшая группа)...