НОД ФЦКМ "Сэрии о5олоро"
план-конспект занятия (подготовительная группа)

Аьа5ас дьарык «Сэрии са5анаа5ы о5олор»

Сыала:

- А5а дойду Улуу сэриитин кытта, сэрии са5анаа5ы о5олор олохторун туьунан билиьиннэрии .

Соруга:

- дойдуга бэриниилээх, аьыныгас буолууга, махтанарга иитии.

- о5о санарар, кэпсиир дьо5урун сайыннарыы;

- кумаа5ыны кытта улэни чинэтии;

- а5а саастаах дьону, тереебут дойдуну убаастааьыны иитии;

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл serii_sylyn_o5oloro.docx33.91 КБ

Предварительный просмотр:

МБДОУ «Черюмчинский детский сад»

МО «Верхоянский район»

Аhа5ас дьарык  «Сэрии са5анаа5ы о5олор»

Выполнила: Сыромятникова

Ольга Павловна

2020г.

Аьа5ас дьарык «Сэрии са5анаа5ы о5олор»

Сыала:

- А5а дойду Улуу сэриитин кытта, сэрии са5анаа5ы о5олор олохторун туьунан билиьиннэрии .

Соруга:

- дойдуга бэриниилээх, аьыныгас буолууга, махтанарга иитии.

- о5о санарар, кэпсиир дьо5урун сайыннарыы;

- кумаа5ыны кытта улэни чинэтии;

- а5а саастаах дьону, тереебут дойдуну убаастааьыны иитии;

Туттар тэрил: кыайыы кунугэр аналлаах э5эрдэ открыткалар, ус муннук суруктар, сэрии туьунан хартыыналар.

 Репертуар:

«Солнечный круг» песня Аркадия Островского сл., Л. Ошанина

Ход занятия

Воспитатель:

Ырыа тыаьыыр «Солнечный круг». Ырыаны ырытыы:

-туох туьунан ырыаны иьиттигит о5олоор? То5о о5о маннык тыллары суруйбутуй: «баар буоллун еруу кун, баар буоллун еруу халлаан, баар буоллун еруу ийэ, баар буолуум еруу мин»?

Воспитатель: то5о диэтэр урут о5олорго ыарахан кэмнэр буола сылдьыбыттар, кинилэр ийэлэрин сутэрэллэр, эйэллээх халлаан диэни кербеттер  эбит. Ол туох кэмнэрэй? Туохтан оннук буолбута буолуой? (о5олор эппиэттэрэ)

Сэрии туьунан хартыыналараы керуу, ырытыы

-биьиги дойдубут историятыгар эмиэ маннык кэмнэр буола сылдьыбыттар. Биьиги ону бу хартыыналарга керебут. Ким тугу биллэ?

- биьиги дойдубутугар биир олус бэлиэ, улахан суолталаах, ейдебунньук бырааьынньык баар ол ханнык бырааьынньыгый? (Кыайыы кунэ).

- Сепке эттигит! Ол А5а дойду улуу сэриитин кыайбыт куммут, сэрии 4 сылы быьа сал5аммыта уонна биьиги норуоппут кыайыытынан тумуктэммитэ. Ол сэриигэ биьиги кимнээ5и кыайбыппытый? (фашистары). Быйыл Улуу кыайыы хас сылын бэлиэтиибитий? (о5олор эппиэттэрэ).

- о5олоор, ол сэрии то5о «А5а дойду Улуу сэриитэ» диэн буолбутуй?

Улуу диэн тыл улахан, суунэ диэн суолталаах. А5а дойду сэриитэ биьиги дойдубут улахан анаарын ылбыт, ынырык элбэх киьи кыттыбыт, 4 сылы быьа буолбут, сэриини кыайалларыгар элбэх куус, сэниэ бараммыт. А5а дойду диэн то5о диэтэр биьиги дьоммут тереебут дойдуну кемускэьэн сэриилэспиттэр. Остоо5у кытта охсуьа бутун Аан дойдубут бары туруммут.

- сэрии туох кутталаа5ый? (о5олор эппиэттэрэ)

Сэрии элбэх харах уутун, хомолтону а5албыт. Чуолаан о5олорго (хартыыналары керуу).

- О5олор хайдах, тугунан кемелеспуттэрэ буолуо дии саныыгыт? (о5олор эппиэттэрэ.

Тереебут дойдуларын кемускэьээри аан дойду бары туруммут. А5алара, кэргэттэрэ, убайдара фронна барбыттарыгар ыарахан улэни барытын дьахталлар ыллыммыттар. О5олор да туора турбатахтар. Кыргыттар уолаттар бары оонньуур диэн тугун умнубуттар. Ийэлэрин кытта бурдук олордуутугар уонна да атын ыарахан улэни тэннэ улэлэььэллэр эбит. Ол астарын барытын фронна ыытллар, солдаттар куус-сэниэ эбинэн естее5у кыайдыннар диэн.

Улахан о5олор заводтарга улэлииллэр эбит. Фронна сэрии сэптэрэ, техниката наада ону онорорго кемелеьеллер эбит. О5олор улахан дьону кытта тэбис тэннэ улэлииллэр, наьаа сылайаллар аччыктыыллар эбит.

(хартыына керуутэ)

Оссо о5олор байыаннай балыьаларга улэлииллэр эбит, онно тугу гыналлара буолуой?

(о5олор эппиэттэрэ)

Медсестралары кытта ыарыьахтары кереллер эбит: ыараханнык эмсэ5элээбиттэри аьаталлар, дьонугар сурук суруйаллар эбит. Элбэхтик кэнсиэр онорон кердереллер эбит: хоьоон этэн, ырыа ыллаан, ункуулээн.

- О5олоор дьиннээх саллаат хайдах буолуохтаа5ый?

(о5олор эппиэттэр)

Сэрии са5анаа5ы о5олор хорсуннар эбит. Биир оннук хорсун о5ону билигин керуехпут (Фрагмент к/ф «Сын полка»).

Элбэх о5о бомбаттан, аччыктаан елбут. Уксулэрэ тулаайах хаалбыттар..

Ол сэрии о5олоро «биьиги эмиэ сэриини кыайбыппыт» диэн киэн тутта этиэхтэрин соп.

Мин мантан сэриигэ барбытым-

Кыракый бала5ан дьиэбиттэн.

Ыраахха диэритин кэтэьэн

Турбута кырдьа5ас мин а5ам

Мин мантан сэриигэ барбытым-

Оскуола чуораанын хаалларан,

Саас буолан чыычаахтаах чараным

Симэммит хатыным аттынан

- сорох дойдубутун кемускэспит дьоммут билигин да тыыннаахтар. Ол эрээри кырдьа5астар, сорохтор инбэлиит буолбуттар, сорохтор хаамалларын да ыарыр5аталлар. Кинилэри Ветереннар диэн ааттыыбыт. Улуу кыайыы кунугэр кинилэр мэдээллэрин, орденнарын барытын кэтэн бары бииргэ мусталлар, ол ыарахан кэмнэрин саныыллар.

Хас да сыллаа5ыта учугэй угэс олоххо киирбитэ. Дьоннор кыайыы кунугэр георгиевскай лентаны танастарыгар иилинэр буолбуттара.

О5олоор лента хайдах еннее5уй? Туох суолталаах еннеруй?

(Ответы детей)

- Соп! Хара ен – буруо, оранжевай ен - уот. Бугун мин эьиэхэ оннук ленталары биэриэм, оруу ол сэрии кэмин дьонун хорсун быьыыларын саныы, киэн тутта сылдьын!

Билигин кыратык сынньана туьуехпут:

«Баар буоллун еруу эйэ!»

Баар буоллун еруу кун! Илиибитин ере уунабыт.

Баар буоллун еруу халлаан! Илиибитин туора ыытабыт.

Баар буоллун еруу муора! Илиибитин иннибитгэр.

Баар буолуум еруу мин! Атахпыт тебетугэр турабыт, илиибит туеспутугэр.

Баар буоллун еруу эйэ! Илиибитин таьынабыт.

А5а дойду Улуу сэриитэ элбэх киьи оло5ун уларыппыта. Кинилэр туох ыарахаттары, хомолтону, уерууну ааспыттарын бэйэ бэйэлэригэр суругунан кэпсииллэр эбит. Кэнбиэр тиийбэт эбит ол иьин фронтан маннык ус муннук суруктар кэлэллэр эбит. Хас биирдии маннык сурук биьиэхэ улахан  ейдебунньук буолар.

Суруктар манны кис хоьоонноох  буолаллар эбит, а5а уолугар суруйбут суругун аа5ан иьитиннэриэм:

Дорообо тапталлаах уолум Максим!

Бу мин фронтан суруйабын сарсын сарсыардаттан эмиэ сэриилэьэ барабыт!

Фашистары барыларын ууруехпут, эн ийэ5ин харыстаа!

Хомойума, мин кыайан кэлиэм!

Эьигини кууьуом, корсуеххэ диэри.

Уонна маннык сурук баар, бу суругу эдэр саллаат суруйбут, оскуоланы сана бутэрэн баран сэриигэ барбыт эбит:

Кунду дьонум!

Мин куруук сылаас, кыра дьиэбин ахтабын.

Саныыбын хонуубун, урэхпин,

Сотору сотору эьигин саныыбын.

Бырааттарбын, балтыларбын,

Сарсын эмиэ дойдум туьугар сэриилэьэ барыам

Туох баар эр санаабын, кууспун мунньан туран,

Эьиэхэ туох да куттал суох боллун диэн.

Эьигини уерэннинэр диэн. Дьоллоох буоллуннар диэн.

Бу саллааттарга биьиги улахан махталбытын тиэрдэбит, дойдубутун кемускээбиттэрин иьин. Кинилэр биьиги олох олорорбутун, уьуйаанна сылдьарбытын, оскуола5а уерэнэрбитин, улэлиирбитин бэйэлэрин олохторун толук уурбуттара. Сэриигэ ынырык элбэх киьи елбутэ, кинилэри биьиги куруук ейдуу саныы, хорсун быьыыларын сурэхпитигэр инэринэ сылдьабыт. Биьиги ол хорсун дьоммутунан киэн туттабыт.

Кинилэр билигин кырдьа5астар сылтан сыл аайы а5ыйаан иьэллэр.

О5олор, билигин остуолбутугар олоробут.

- элбэх ыалга маннык суруктар баллар эбит, уура сытан хат хат элбэхтик аа5аллар эбит. Бу кинилэр билигин аттыларыгар суох эьээлэрин, а5аларын, убайдарын суруктара эбит. Саамай сыаналаах ейдебунньуктэр.

- ейдебунньук диэн уруккуну, чугас дьоннун санатар куруук харыстаан уура сылдьар малларын буолаллар.

- эьиги маннык суруктары оноруоххутун ба5ара5ыт дуо?

- Кумаа5ыны ылабыт, бастаан уна муннугу бук тутабыт, онтон ханастан уна бук тутабыт. Хаалбытын иьирдьэ угабыт.

Эһэкээм суруга

Эһэкээм суруга сытаахттыыр остуолга,
Элэйэн, сааһаран,санатар сэриини
Уот, булдьа быыһыгар дойдутун ахтара
Хас биирдии тылларга иһиллэр курдуга.

Эһэкээм, өстөөҕү кыайаҥҥын,
Эргиллиэм диэбиккин дьонноргор,
Эйэлээх олохпут туһугар,
Эппиккин эрэлгин, санааҕын.

Эдэркээн бэйэлээх мөссүөнүҥ,
Элбэх да дьыллар аасталлар,
Кэпсиэҕэ куруутун мэлдьитин,
Кыракый хаартыска сэбэрэҥ.

Турабын билигин сөҕөбүн,
Төбөбүн төҥкөтөн, хоҥкутан,
Хайдахтаах сыллары ааспыккын,
Хапсыһан, киирсиһэн, кыайбыккын!

Ус муннук суругу кун аайы эрэнэ кэтэьэллэр эбит.

- ким кыайыы туьунан хоьоон билэрий?

Дьарык тумугэ:

Кунду о5олор, биьиги эйэлээх кэмнэ тереебуппут уонна улааппыппыт. Сэрии диэни биьиги кэпсээннэртэн, киинэлэртэн эрэ билэбит. Ол ыарахан кэмнэри, саллааттары еруу сурэхпитигэр илдьэ, куруук ойдуу-саныы сылдьыахпыт.

-бугун туох туьунан кэпсэттибит? Тугу оноро уерэннибит?


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

8 марта «О5олор хайдах Федора5а көмөлөспүттэрий» (на якутском языке)

сценарий утренника по мотивам сказки "Федорино горе" для детей ст., подг. групп...

Ийэ кунугэр аналлаах аралдьыйыы сценарийа (улахан белех о5олоро)

Сценарий развлечения "День Матери" (старшая группа)...

Байанай ыйа. О5олору аралдьытыы.

Саха омук терут угэьин билсии, о5о5о кыра эрдэ5иттэн инэрии....