Сынньалан чаас сценарийа
материал (старшая группа)
Аан дойду дьахталларын кунугэр аналлаах сынньалан чаас сценарийа
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Аан дойду дьахталларын кунугэр анаммыт сынньалан чаас сценарийа | 18 КБ |
Предварительный просмотр:
Аан дойду дьахталларын күнүн сценарийа
Сыала: кыыс оҕону кэрэни кэрэхсииргэ, алаһа дьиэ араҥаччыта буоларыгар, үтүө майгыга иитии; ситимнээн саҥарар, ыллыыр, үҥкүүлүүр дьоҕуру сайыннарыы.
Бэлэмнэнии үлэ:
- үҥкүү хамсаныыларын, ырыа, хоһоон тылларын үөрэтии;
- бэсиэдэ;
- хартыыналары, открыткалары көрүү.
Сандал сааспыт барахсан сандаарыйан кэллэҕэ, күлэн-үөрэн мичилийэн бырааһынньыгы аҕаллаҕа!
Үтүө күнүнэн күн күбэй ийэлэр, кыталык мааны кыргыттар! Эһигини барыгытын бу бастакы сааскы бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Баҕарыа этибит эһиэхэ алаһа дьиэ сылааһын, бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри, дьолу-соргуну, кырачаан кыргыттарбытыгар дьоллоох оҕо сааһы! Итинник истиҥ тыллары этэн туран эһиэхэ анаабыт аралдьыйыыбытын саҕалыыбыт.
Ийэ диэн күндү киһи
Киниэхэ тэҥнээх ким баарый?
Ийэ диэн күн киһи
Кинини өрүү харыстыыр буолуҥ!
(Ырыа “Мамочка”)
(Хоһоон)
Ыал ийэтин сандалыта минньигэс, араас элбэх астаах буолар. Киниэхэ куруук кыыс оҕото илии-атах, көмө буолан иннигэр-кэннигэр түсүһэр. Билигин ийэлэр кыргыттарын кытта түргэн-тарҕан хамсаныынан тупсаҕай көстүүлээх канапэ оҥорон таһаарыахтара. (Канапэ)
1. Таһырдьа хайа буолар, дьиэҕэ уу буолар баар үһү (Хаар).
2. Муора ортотугар көмүс кытах уста сылдьар уьу. (кун)
3. Бала5ан урдугэр барча тохто сытар уьу (сулустар)
4. Туерт ааттаах биир кыыл баар уьу (дьыл кэмнэрэ)
5. Тыына сиик, суорҕана туман, тэллэҕэ сиэркилэ баар уьу. (Уу)
6. Устар –устар даҕаны устан бүппэт, сүүрэр-сүүрэр да сүүрэн тохтообот баар үһү (Өрүс).
7. Саас үөрдэр, күһүн сөрүүкэтэр, күһүн аһатар, кыһын ириэрэр баар үһү (Тыа).
Билигин кыргыттар Большакова Арина Алтыбаевна джинсы материалтан фантазиялаан тикпит авангард муодатын көрдөрүөхтэрэ.
(Муода)
Оонньуу (помада)
Сүрэх быһыылаах кумааҕыга кыргыттар уостара ойууламмыт, ийэлэр оҕолор уостарын быһыытынан бэйэлэрин оҕолорун уостарын булуохтаахтар.
Кустук араас өҥүнэн оонньууллар
Кэрэчээн бэйэлээх сибэккилэр,
Сүрэҕим үөрүүтүн үллэстэллэр,
Күннээҕи олохпун киэргэтэллэр.
Сибэккилэр, сибэккилэр,
Сибэккилэр мин тэлгэһэбэр
Сиэдэрэй ойуу-бичик буоланнар
Үҥкүүлүүллэр мин тулабар.
(«Сибэккилэр» - үҥкүү)
Сир аайыттан дьиэрэйдин
Сахалыы ырыа-тойук,
Дуоһуйа истиэҕин
Кыргыттарбыт ырыаларын!
(«Чороон» - ырыа)
Оонньуу (“Кыыскын бул”)
Ийэлэр харахтарын симэн круг оҥорон төгүрүччү тураллар, круг иһигэр кыргыттар. Музыка тыаһыыр ийэлэр круг устун төгүрүччү эргийэллэр. Музыка тохтуур, ийэлэр илии иминэн оҕолорун илиилэрин булуохтаахтар.
(Хоһоон “Мамочка”)
Күндү ийэлэр өссө төгүл сааскы сырдык бырааһынньыгынан барыгытын эҕэрдэлиибит уонна кыргыттар ийэлэргэ ис сурэхтэн онорбут бэлэхтэрин туттарыахтара. Манан Аан дойду дьахталларын күнүгэр анаммыт аралдьыйыыбыт түмүктэнэр. Биһиэхэ кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар махталбытын тиэрдэбит.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
"Үрүҥ уолан" күрэх сценарийа
Сценарий развлечения посвященный ко Дню защитников отечества...
«Шагаа-2014» тураскааткан байырлалынын сценарийи
«Аленушка» аттыг уруглар садынын«Шагаа-2014» тураскааткан байырлалынын сценарийи. Сорулгалары: Уругларга чаа чылдын шагаазынын дугайында билиндирер. Тыва улуст...
Өлкән төркөм өсөн көҙгө байрам иртәлегенең сценарийы "Йырлап уҙғарған йәй"
Нисек итеп сиңерткәнең йәй буйы йырлап,аҙаҡ ҡырмыҫҡаларға ярҙам һорап килеүе тураһында...
« Ҡарға бутҡаhы » фольклор байрамы. (байрам сценарийы ) - «Воронья каша» народный праздник (Сценарий праздника)
« Ҡарға бутҡаhы » фольклор байрамы. (байрам сценарийы ) - «Воронья каша» народный праздник (Сценарий праздника)Маҡсат: Халыҡтыӊ боронғо йолаларын ҡыҙыҡhыныу уятыу, тирə-яҡ мөхиткə hөйөʏ həм hаҡсыл мөн...
Байанай бырааhынньыгын сценарийа
Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин . Саха киьитин торут дьарыга булт туьунан о5олор билиилэрин чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт с...