сценарий выпускного утренника в подготовительной группе
материал (подготовительная группа) на тему
сценарий выпускного в подготовительной к школе группе в якутской группе детского сада. В сценарии содержатся стихи, игры, танцы.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stsenariy_-2_2016.doc | 84.51 КБ |
Предварительный просмотр:
«Чуораанчык» белех Оскуола5а атаарар бырааhынньык сценарийа
Атрибуттар:
Уолаттар – шляпа, трость
Кыргыттар – ара5ас шарик
Воздушнай шариктар
Фанфары тыаhынан иитээччилэр киирэллэр.
1 иитээччи:
-Кунду тереппуттэр, ынырыылаах ыалдьыттар! Бугун эhиэхэ олус долгутуулаах уонна уеруулээх дьоро кун ууннэ! Биhиги о5олорбут «Мамонтенок» уhуйаан сахалыы «Чуораанчык» белеххе иитиллэн куорсун анньынан олох биир кэрдииhигэр – уерэх – били аартыгар уктэнэн эрэллэр.
2 иитээччи:
О5олорбут хайыы – уйэ улаатан, дьоhун киhи буолан, анны куhун оскуола боруогун атыллыахтара, бастакы кылааска уерэнэ киириэхтэрэ. Бу уеруулээх кун биhиги о5олорбутугар, уонна тереппуттэрбитигэр уйэ – саас тухары учугэй ейдебунньук буолан хааларыгар ба5арабыт.
Иккиэн:
Уеруулээх бырааhынньыкпытын аhарбытын кенуллээн!
1 иитээччи: Дохсун ытыс тыаhынан керсун «Чуораанчык» белех оскуола5а барар о5олорун! (о5олор пааранан киирэллэр)
1.
2.
3….
О5олор киирэн тегуруччу тураллар.
2 иитээччи:
Сандаарар сааскы куннэ
Муhуннугут эhиги киэн заалга
Оскуола чугдаарар чуораанын
Тыаhын аан бастаан истээри
1 иитээччи:
Эhиги номнуо улааттыгыт,
Оскуола5а барыаххыт
Сана сумка сугэннит
Сарсыарда аайы сууруеххут
Эрхан Б.:
Олох кыра сылдьаммыт
Уhуйаанна кэлбиппит
Билигин улааттыбыт
Оскуола5а бараарыбыт
Бэлэмнэнэ сылдьабыт.
Кэрэ Куо:
Мин манна билбитим
Маннайгы ырыабын.
Моруос о5онньор
Кэьиитин туппутум.
Лиза:
О5о сылдьан оонньуурбун
Олус ахтыа5ым мин
Иккис дьиэбэр детсадка
Интириэьиргээн оонньуурбун
Полина:
Адьас сотору кэминэн
Бартыбыалы сугэммит
Мантан тахсан барыахпыт
Далбаатаhа хаалыаххыт –
До5отторбут оонньуурдарбыт
Кундутук саныыр уhуйааммыт.
Алеша:
Оскуола5а тиийэммит
Учугэйдик уерэниэхпит,
Учууталбыт кэпсиирин
Бол5ойоммут истиэхпит.
Ньургун:
Суурэн – кетен тиэтэйэн
Оскуолабар мин тиийиэм,
До5отторбун керсуе5ум,
Кылааспар киириэ5им.
Лера:
Чугдаарыа5а чуораанчык
Аhыллыа5а киэн аан!
Оскуолабыт доробо!
Учууталбыт дорообо!
Ырыа «Уерэнэ барабын»
(о5олор олоппоско баран олороллор) ФИТНЕС кыргыттара танна бараллар
2 иитээччи:
О5олорбут оскуола5а бараары уерэн – кетен тураллар. Кинилэри э5эрдэлии, уеруулэрин уллэстэ кэллилэр кырачаан балтылара, бырааттара
Алисия:
Оскуола боруогун атыллаан
Киириэххит маннайгы кылааска
Сайнаара:
Билии киэн аартыгар
Сылтан сыл дабайан
Элбэххэ кэрэ5э иитиллэн
Эhиги дьон бэрдэ буолуоххут.
Бэргэн:
Ол эрэн умнуман о5олоор
О5о саас керудьуес куннэрин
Дарина:
Биhигини санаарын,
Кэлэн керсен бараарын!
Эрчим: Кунду бырааттарбыт, балтыларбыт!
Умнуллубат о5о сааска
Улааттыбыт бу саадка
Учугэйдик уерэниэхпит
Уерэ-кете саныахпыт.
Э5эрдэ5ит иhин эhиэхэ махтал!
(кыра о5олор тахсан бараллар)
Фитнес-аэробика.
1 иитээччи:
Оонньуу «Бартыбыалгын хомуй»
Лиана:
Хорсун хоодуот уолаттарбыт
Биир тыынна, биир санааларын
Этэн баран тэйэр санаалаахтар
Эрчимнээхтэр уонна куустээх санаалаахтар!
Керсун дохсун ытыс тыаhынан уолаттар толорууларыгар
«Шляпалаах ункуу»
Кеша:
Уэрэнэ киирээри
Уерэбин – кетебун
Буукуба билээри
Букубаар керебун.
Виталина:
Хас хонон киириэхпин
Тарбахпар аа5абын
Элбэ5и билиэхпин
Эрдэттэн таайабын.
Артур:
Учуутал этэрин
Бол5ойон истиэ5им
уерэхпэр кыhаллан
Билиини ылыа5ым.
Эрхаан Е.:
А нас сегодня праздник
Радостный, веселый
До свиданья детский сад,
Здравствуй, школа!
Тимур:
Сегодня провожает нас
В страну чудес и знаний
И мы уходим в первый класс
Спасибо, до свиданья!
Ырыа «Мы теперь школьники»
Соло – Куннэй Алексеева толоруутугар «Хомусчут кыысчаан»
Алина Скрябина:
Биhигини куhун
Сана уерэх куутэр
Оскуолабыт куhун
Биhигини куутэр
Эвелина:
Аны куьун биьиги
Оскуола5а барыахпыт
Группа буолан бутэммит
Кылаас дэнэр буолуохпут.
Лука:
Иитээччибит оннугар
Учууталлаах буолуохпут
Дьарыктарбыт оннугар
Уруоктары истиэхпит
Карина:
Кылаас бары ыраас,
Кылаас бары сылаас!
Дневникпыт сана,
Тэтэрээппит сана!
Ырыа «Учугэй»
(о5олор олороллор)
Толя:
Биhиги кэрэчээн кыргыттарбыт
Икки гына ерунэн
Баантык маанан киэркэйэн
Оскуола5а барыаххыт!
Кыргыттарбыт толорууларыгар «Шариктаах ункуу»
1 иитээччи: Кыргыттарбыт улаатан тупсан кун бытархайдара курдуктар. Сахабыт сиригэр саамай куутуулээх саман сайыммын чугаhаата. Билигин о5олорбут уерэ – кете кун туhунан ырыа бэлэхтиэхтэрэ.
Ырыа «Кун»
Гриша:
О5о саас дьиктилээх эйгэтэ
Угус сыл ааспытын да кэннэ
Олус да кундутук, истинник
Саныахпым эйиигин, детсааппыт!
Айысхан:
Кехтеех оонньуу тугэнин
Иитээччини ахтыахпыт
Уерэнээччи дэнэммит
Иьийиэхпит уруокка.
Амелия:
Уьуйаамыт инэрбит
Сатабылын сайыннарар
Уерэх дьаныар эйгэтэ
Аанын аьан керсуе5э
Алина Соловьева:
Бугун мин долгуйан турабын,
Бу киэн, бу сырдык саала5а
оло5ум маннайгы баалыгар
бастакы вальспын ункуулуем.
«Вальс» ункуу
2 иитээччи:
Быйыл биьиги белехпут иhинэн «Сандаар» диэн кыргыттар ансамбльлара тэриллэн араас конкурстарга ситиhиилээхтик кытынна. Ол курдук Наталия Петровна о5олорбутун маннык курэхтэргэ кытыннарда. «Зима начинается с Якутии» лауреаты степени, «Бриллиантовые нотки» лауреаты 1 степени, Макарова лауреаты 1 степени.
Керсун, «Сандаар» вокальнай ансамбль толоруутугар «Чэчир» ырыа
, П. Дмитриев тыла, А. Павлова мелодията. Ырыа «Чэчир»
(бары тегуруччу тураллар)
Вика:
Бугун бары мустаммыт
Оскуола5а бараары
Детсааппытыгар анааммыт
Махтал тылын этэбит.
Арина:
Биhиэхэ барыбытыгар кыhаллар
Булар – талар салайар
Убаастыыр киhибитигэр – Галина Андреевна5а
Барыбыт аатыттан
Улахан улахан баhыыба!
Айхал:
Методист Роза Кузьминична
Компьютерга олорон
Иитэр – уерэтэр улэ былаанын
Кыhаллан туран онорор.
Куннэй:
Кэрэ5э уhуйбут
Ырыа5а, ункуугэ уерэппит
Музыка алыптаах дойдутун арыйбыт
Тубуктээх улэлээх Наталия Петровна5а,
Хореограф Рея Павловна5а
Бар5а махтал буолуохтун!
Эрсан:
Сымса – эрчим буоларга
Эт хаан еттунэн сайдарга
Сыралаах улэтин иhин махталы
Лукерия Николаевна5а тиэрдэбит!
Айыына:
Куну быhа сууйаллар, сотоллор
Сылаас аhынан аhаталлар
Белехпут ыраас буоларыгар кыhаллаллар
Наталия Романовна, Екатерина Иннокентьевна!
Анжела:
Кунус сыта туьэргэ
Ыраас танас наад ээ
Ыраас гына сууйталаан
Прачка бэркэ хааччыйда.
Айсена:
Кэмиттэн кэмигэр
Битэмиин тунэтэр,
Бэрэбээскилиир, маастыыр,
Сусанна Гарниковна5а - баhыыба!
Сеня:
Сепке, таба дор5оону санарарга
Ииппит, уерэппит логопед
Мария Петровна эйиэхэ,
Улахан махтал тиэрдэбит.
София:
Минньигэс, инэмтэлээх астаах
Сымна5ас илиилээх повардар
Анна Николаевна, Елена Владимировна
Сункэн улахан баhыыба!
Нарыйа:
Утуе5э – кэрэ5э уhуйбут
Угуhу элбэ5и биллэрбит
Уерэппит такайбыт дьоммутугар
Кунду иитээччилэрбитигэр
Сахаяна Петровна5а,
Матрена Семеновна5а
Долгуйан тураммыт
Махтал тылын аныыбыт!
Ырыа «Маленькая страна»
1 иитээччи:
О5олорбут оскуола5а атаарар бырааhынньыкпытыгар олуhун уерэн – кетен, долгуйан туран ыллаатылар, ункулээтилэр.
2 иитээччи:
Уерэх – билии
Сырдык аана
Оскуола5а киирии –
Дьоллоох хардыы
1 иитээччи: Билигин о5олорбутугар анаан алгыс тылларын этиэ5э уhуйааммыт сэбиэдиссэйэ Галина Андреевна Захарова.(о5олорго бэлэх туттарыы)
2 иитээччи: (родкомитетка тыл бэриллэр)
Иитээччилэр иккиэн: О5олорбутугар урдуктэн урдук ситиhиилэри, уерэх аартыгар дьоллоох айаны!!!
(Музыка тыаhыыр, хаартыска5а туhээьин.)
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий выпускного утренника в подготовительной группе детского сада «На поиски страны Школия»
Празднично - игровая программа- путешествие на ракете в поисках страны Школия,в процессе которой выпускники встретятся с Программистом, Ленью, Двойками, инопланетянином Букой, другими скаimg118.jpgзоч...
СЦЕНАРИЙ ВЫПУСКНОГО УТРЕННИКА ДЛЯ ПОДГОТОВИТЕЛЬНОЙ ГРУППЫ С ЗПР «БУРАТИНО ИДЁТ В ШКОЛУ» АВТОРЫ: УЧИТЕЛЬ-ЛОГОПЕД ГУСНКОВА Н.И., УЧИТЕЛЬ-ЛОГОПЕД ЖУКОВА М.А., УЧИТЕЛЬ-ДЕФЕКТОЛОГ ДЬЯЧЕНКО Т.Т.
Сценарий выпускного УТРЕННИКАдля подготовительной группЫ С ЗПР«Буратино идёт в школу»Авторы: учитель-логопед Гуснкова Н.И., учитель-логопед Жукова М.А., учитель-дефектолог Дьяченко Т.Т....
Сценарий выпускного утренника для подготовительной группы с ЗПР «Буратино идёт в школу» Авторы: учитель-логопед Гусенкова Н.И., учитель-логопед Жукова М.А., учитель-дефектолог Дьяченко Т.Т.
Сценарий выпускного утренникадля подготовительной группы с ЗПР«Буратино идёт в школу»Авторы: учитель-логопед Гусенкова Н.И., учитель-логопед Жукова М.А., учитель-дефектолог Дьяченко Т.Т....
Сценарий выпускного утренника для подготовительной группы с ЗПР «Буратино идёт в школу» Авторы: учитель-логопед Гусенкова Н.И., учитель-логопед Жукова М.А., учитель-дефектолог Дьяченко Т.Т.
Сценарий выпускного УТРЕННИКАдля подготовительной группЫ С ЗПР«Буратино идёт в школу»Авторы: учитель-логопед Гуснкова Н.И., учитель-логопед Жукова М.А., учитель-дефектолог Дьяченко Т.Т....
Сценарий выпускного утренника для подготовительной группы с ЗПР «Буратино идёт в школу» Авторы: учитель-логопед Гусенкова Н.И., учитель-логопед Жукова М.А., учитель-дефектолог Дьяченко Т.Т.
Сценарий выпускного УТРЕННИКАдля подготовительной группЫ С ЗПР«Буратино идёт в школу»Авторы: учитель-логопед Гуснкова Н.И., учитель-логопед Жукова М.А., учитель-дефектолог Дьяченко Т.Т....
Сценарий выпускного утренника для подготовительной группы с ЗПР «Буратино идёт в школу» Авторы: учитель-логопед Гусенкова Н.И., учитель-логопед Жукова М.А., учитель-дефектолог Дьяченко Т.Т.
Сценарий выпускного утренника для подготовительной группы с ЗПР «Буратино идёт в школу» Авторы: учитель-логопед Гусенкова Н.И., учитель-логопед Жукова М.А., учитель-дефектолог Дьячен...
Сценарий выпускного утренника для подготовительной группы с ЗПР «Буратино идёт в школу» Авторы: учитель-логопед Гусенкова Н.И., учитель-логопед Жукова М.А., учитель-дефектолог Дьяченко Т.Т.
Сценарий выпускного утренника для подготовительной группы с ЗПР «Буратино идёт в школу» Авторы: учитель-логопед Гусенкова Н.И., учитель-логопед Жукова М.А., учитель-дефектолог Дьячен...