О5ону улэ уеруйэхтэригэр иитии
материал (средняя группа) на тему

Иванова Наталья Дмитриевна

О5ону улэ уеруйэхтэригэр иитии

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл tezis.docx34.02 КБ

Предварительный просмотр:

Саха θрөспүүбүлүкэтин үөрэђириитин министерствота

«Сунтаар улууhунаађы үөрэђирии управлениета» МКТ

Тойбохойдоођу 3№-дээх «Ньургуhун» ођо сайдар киинэ

Ођону үлэ үөрүйэхтэригэр иитии

Тезис

                                Ааптар: Иванова Наталья Дмитриевна,

«Ньургуhун» ођо сайдар киинин иитээччитэ

Тойбохой, 2015

Υлэм тођоостоођо. Киhини үлэ киhи гыммыта. Элбэх көлүөнэ дьон кыраларыттан үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэнэн, улаатан да баран үлэђэ сыстађас, сатабыллаах буолан таhаарыылаахтык, ситиhиилээхтик үлэлээн-хамсаан ааспыттара. Ол гынан баран кэлиңңи кэмңэ ођо үлэђэ сыhыана улам уларыйан оскуоланы бүтэрбит ыччаппыт үөрэххэ киирбэтэђинэ дьиэђэ бүгэрэ, үлэ көрдүүргэ тиэтэйбэт буолара элбээтэ.

Тыа сирин ођото идэтэ суох буоллађына үлэ булара күчүмэђэй. Эбиитин В.В. Путин соторутаађыта «3»-тээх ођону үрдүк үөрэххэ ылыа суохха наада диэн эппитин санаатахха, үрдүк үөрэххэ да үөрэнэр ођо ахсаана биллэ ађыйыыhы.

Онон ођону кыра эрдэђиттэн үлэ наадалаађын, үлэhит киhи холобурга сылдьарын, киhи үлэнэн дьоллонорун өйдөтөр, бэйэтин сааhыгар сөптөөх үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэтээhини сайыннарыы бириэмэ ирдэбилэ буолла.

Υлэ предметэ: ођону үлэђэ иитии.

Υлэ объега: оскуола иннинээђи саастаах ођону үлэђэ иитии.

Сыала: Υлэђэ сыстађас, бэйэтин сааhыгар сөп сатабыллардаах, үлэлии үөрүйэх, үлэлиир бађалаах ођону иитии - бириэмэ ирдэбилэ буоларын бигэргэтии.

Соруктар:

- тустаах литератураны аађыы;

- оскуолађа киириэн иннинээђи саастаах ођону үлэђэ иитии холобурдарын ырытыы;

- ођону сайыннарар киин бу хайысхађа үлэтин ырытыы;

-үлэ опытын тарђатыы.

Туттуллубут ньымалар: аађыы, кэтээн көрүү, ырытыы, дакаастааhын, түмүк оңоруу.

Гипотеза: өскөтүн оскуолађа киириэн иннинээђи саастаах ођону кыратыттан көрдөрөн үөрэтэн, боруобалатан, бэйэ холобурун үтүгүннэрэн араас үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэттэххэ, бу ођо кыратыттан үлэ наадалаађын, киhини киэргэтэрин өйдүүр, үлэ киhитин ытыктыыр, бађаран туран үлэђэ көмөлөhөр буола улаатан тахсыа.

Оскуолађа киириэн иннинээђи саастаах ођолору кытта үлэ педагогикатыгар үс сүрүн хайысха баара биллэр:

-үлэлиир дьону кэтээн көрүү;

-улахан дьон үлэтигэр көмөлөhүү;

-улахан дьону кытта бииргэ үлэлээhин.

Ођону кыра сааhыттан үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэтэргэ сахалар көрдөрөн үөрэтиини, уhуйааны  киэңник тутталлара. Ол түмүгэр ођо кыра сааhыттан үлэни интэриэhиргии, үлэлиир дьону ытыктыы үөрэнэрэ. Υлэлиир кэмңэ бэйэ бэйэђэ сыhыан: өйдөhүү, көмөлөсүhүү, эппиэтинэстээх буолуу, үлэни тиhэђэр тиэрдии, тулуурдаах, дьулуурдаах буолуу хаачыстыбаларын иңэринэрэ. Υлэлээх буолуу, үлэ үөрүйэхтэрин иңэринии олоххо бигэ туруктаах буолуу мэктиэтэ буоларын өйдүү улаатара.

Ођо улаатан истэђин ахсын кини дьиэтигэр толорор эбээhинэстэрэ эмиэ кэңээн иhэллэрэ. Кыыс ођону ийэтэ батыhыннара сылдьан дьиэ үлэтигэр үөрэтэрэ, ас астыырга, таңас сууйарга, таңастан, түүлээхтэн иистэнэргэ эмиэ бастакы уруоктары ийэтиттэн ылара.

Уол ођо ыал ађата, дурда-хахха, булааччы-талааччы буолуохтаађын уол ођођо ађата батыhыннара сылдьан үөрэтэрэ. Кыра эрдэђинэ бэлэм маhы киллэрэн, уу тасыhан ађатыгар илии-атах буолара. Улам улааттађын ахсын бултуурга, балыктыырга, айылђађа сылдьыы сиэригэр-туомугар, дьиэ таhынаађы үлэђэ сыстан араас олоххо наадалаах сатабыллары, үөрүйэхтэри ађатыттан ылара

Ођону кыратык киhиргэтэн, кыра да ситиhиитин хайђаан, аймахтарыгар кэпсээн тэптэрэн биэрэллэрэ. Υлэђэ үөрэтиигэ, иитиигэ норуот айбыт бэргэн этиилэрэ, өс хоhоонноро эмиэ улахан суолталаахтара. Онон сахалар былыр былыргыттан уhуйаан, бэйэ холобура, тэптэрии, хайђааhын көмөтүнэн ођолору кыра саастарыттан үлэ үөрүйэхтэригэр, сатабылларыгар үөрэтэн, иитэн үлэhит дьон гынан таhаараллара.

        Ођо саадыгар ођону үлэђэ үөрэтии соруктарын иитэр-үөрэтэр программа быhыытынан хас да бөлөххө араараллар.

Бастакы бөлөх үлэђэ интэриэhи олохтооhун, улахан дьон үлэлиирин кэтээн көрүү, кинилэргэ көмөлөhүү соруктарын түмэр.

 Иккис бөлөх -үлэ үөрүйэхтэрин иңэрии, ону сайыннаран иhии, үлэ көрүңүн кэңэтэн иhии,  сатабыллаахтык, түргэнник үлэлииргэ үөрэтии соруктара.

Υhүс бөлөх - ођолорго эппиэтинэстээх, харыстанньаң, кыhаллыгас, үлэлииргэ бэлэм буолуу хаачыстыбаларын иңэрии соруктара.

Төрдүс бөлөх - үлэни сөпкө тэрийии, сађалыах иннинэ наадалаах матырыйааллары, инструменнары эрдэ бэлэмнээhин, үлэ кэнниттэн үлэлээбит миэстэни хомуйуу үөрүйэхтэрин иңэрии соруктара.

Бэhис бөлөх – ођолору кытта биир тыл булан сатаан бииргэ үлэлээhиңңэ иитии соруктара.

Υлэђэ үөрэтии сүрүн сыала- үлэђэ сөптөөх сыhыаңңа үөрэтии. Ођо саадыгар биир кэлим программанан, тиhигин быспакка дьарыктанар эрэ буоллахха ођону үлэђэ иитии, үөрүйэхтэри, сатабыллары иңэрии үлэтэ үтүө түмүктээх буолар.

Ођолорго үлэни сорудађынан оңоттороллор. Υлэ сорудахтара  саамай боростуой үлэђэ иитии көрүңүнэн буолар. Сорудах боростуой, ыарахан, биир киhи эбэтэр бөлөђүнэн толоруллар, кылгас, уhун болдьохтоох буолуон сөп.

Сорудахтары көрүңнэринэн көрөн хас да бөлөххө араарыахха сөп:

  1. Биир тылынан этиллэр кылгас кэмнээх, наада эрэ буоллађына ирдэнэр, толоруллар сорудахтар (ађал, уур, илт).
  2. Хас да түhүмэхтэн турар сорудахтар (кыыллары аhат, сибэккигэ уута кут).Түмүгэ тутатына көстүбэт сорудахтар (сиэмэни ыс, үүнээйини олорт, дьиэђиттэн аккырыыкката ађал).

θссө биир үлэђэ иитии, үөрэтии көрүңүнэн ођо саадыгар дьуhуурунай эбээhинэhин толоруу буолар. Ођо бу үлэни толороругар эбэhээт анал таңастаах буолуохтаах. Маңан фартук аhылык бэлэмнэhиигэ, өңнөөх фартук оонньуур хоhу хомуйууга уонна клеенка фартук оонньуурдары, куукула таңаhын сууйууга кэтиллиэхтээхтэр. Таңас, таастар уонна да атын тэриллэр анал ыскаапка, ођо тиийэр гына ууруллуохтаахтар.

Бу сорудахтары тиhигин быспакка, ситимнээхтик туттар буоллахха ођону үлэ үөрүйэхтэригэр, сатабылларыгар ситиhиилээхтик үөрэтиэххэ сөп.

Кыра группа иитиллээччитэ үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэнэригэр бастаан үксүн кэтээн көрөөччү, үтүктээччи оруолугар сылдьар. Иитээччи тугу, хайдах гыммытын батыhа сылдьан көрөн, өйдөтөрүн истэн баран, кинини үтүгүннэрэн оңорор.

        Ођо уонна иитээччи бииргэ үлэлээhиннэригэр сүрүн оруолу сөпкө, өйдөнүмтүө гына быhаарааhын, бэйэ холобурунан көрдөрөн үөрэтии ылар. Орто саастаах ођолор группаларыгар иитээччи ођону кытта бииргэ үлэлииллэр. . Иитээччи ођолорго: «Эhиги миэхэ көмөлөhөөччү буолађыт, онон көмөлөөн үлэбитин түргэнник оңоруоххайың» диэн көрдөhөр быhыынан этэр.

Улахан уонна оскуолађа киириэн иннинээђи саастаах ођолор үлэ үөрүйэхтэрин ылбыт буоланнар иитээччи кинилэргэ сорудах биэртэлиир. Ођолор дьуhуурунайдаан ас бэлэмнииргэ, иhит хомуйарга, сибэккигэ уу кутарга, оонньууру хомуйарга көмөлөhөллөр. Бу кэмңэ иитээччи оруола уларыйан, аны билигин кини ођолорго көмөлөhөөччү буолар. «Мин эhиэхэ көмөлөhүөм, эhиги бэйэђит оңоро сатааң. Сатаабатаххына мин этэн, көрдөрөн биэриэм» диир. Ити курдук кыраттан сађалаан ођолор улам-улам элбэххэ үөрэнэллэр, сорудађы кэмигэр, сатабыллаахтык толорор буолаллар.

Мин Тойбохой сэлиэнньэтин «Ньургуhун» ођо сайдар киинигэр орто группађа иитээччинэн үлэлиибин. Кииммит 4 группалаах, 88 иитиллээччилээх, 25 үлэhиттээх.

Бу дакылаакка мин экологическай хайысхалаах ођону үлэђэ иитии, үөрэтии туђунан үлэм опытыттан кэпсиэхпин бађарабын.

Υлэђэ үөрүйэхтэри мин Социалистическай үлэ геройа Г.Е.Бессонов салайар Тойбохойдоођу юннатскай станцияђа оскуолађа үөрэнэ сылдьан үлэлээн хаңатыммытым, үүнээйини олордууга элбэх уопуту ылбытым. Төрдүс кылаастан сэттискэ дылы «Овощеводство» куруhуогар дьарыктаммытым. Салайааччыбыт учуонай-агроном Бессонова Валентина Даниловна этэ. Саас эрдэттэн рассада олордон ођурсуу, помидор, буолађа хаппыыста, хортуоска, моркуоп,  кыра культура бөђө үүннэрэр этибит. Ођуруот үүнээйитин таhынан саадтан моонньођон, хаптађас отоннорун хомуйан туттарарбыт.

Υүнээйилэри сайыны супту көрөн-харайан: уу кутан, сыыс отун үргээн күhүн үүнүү бөђө хомуйарбыт. 1978 сыллаахха үчүгэй үлэбит иhин 10 буолан Москва куоракка ВДНХ-ђа баран кэлбиппит. Куруhуоктан бүтэрбитигэр «Овощевод-инструктор» диэн ааты ылбыппыт.

Бу юннатскай станцияђа өссө мин ађам Иванов Дмитрий Ильич оскуолађа үөрэнэр кэмнэригэр производственнай биригээдэђэ үлэлээбит эбит.  Кини тыраахтарынан уонна илиинэн окко үлэлээн 1025 гектартан 700 тонна үрдүк хаачыстыбалаах оту оттоhон саамай элбэх -179 үлэ күнүн аахсыбыт эбит.

Онон юннатскай станция элбэх көлүөнэ ођолорго үлэ үөрүйэхтэрин иңэрбит тыа сирин ођолоругар олус наадалаах тэрилтэ буолар. Биhиги ол кэмңэ иңэриммит билиибитин, сатабылбытын, үөрүйэхтэрбитин олохпут тухары тутта сылдьабыт.

Мин бэйэм үүнээйилэри көрөрбүн-харайарбын сөбүлүүбүн, араас сибэккини, ођуруот аhын сыл аайы олордобун. Онон иитиллээччилэрбин эмиэ тулалыыр эйгэни сирийэн көрөргө, кэрэни сэргииргэ, айылђаны харыстыырга үөрэтэбин.

Ођо сайдар киинигэр ођону араас дьарыкка үөрэтэбит, сайыннарабыт. Кини холугар сөптөөх кыра үлэ көрүңнэрин ситигин быспакка үөрэтэ, үлэлэтэ сатыыбыт. Мин тыа сирин ођото сиргэ чугас буолуохтаах, онно сыhыаннаах билиини, сатабыллары, үөрүйэхтэри кыра сааhыттан иђэриниэхтээх диэн санааттан группабар экологическай хабааннаах үлэђэ иитиини, үөрэтиини туттабын.

Сибэкки – дьиэ киэргэлэ уонна салгыны ыраастааччы буолар. Биhиэхэ эмиэ элбэх сибэккилээхпит. Бу үүнээйилэри көрүү-харайыы бэйэтэ эмиэ дириң ис хоhоонноох үлэђэ иитии буолар. Бастаан мин ханнык сибэккилэр баалларын, хайдах усулуобуйађа үүнүөхтээхтэрин, төhө ууну, хаhан кутуллуохтаађын бэйэм кэпсии-кэпсии көрдөрөбүн, бэйэм атын иhиккэ ылан көhөрөбүн, уу кутабын. θссө ханнык сибэккилэри олордуохпутун, олору ханнык түннүккэ ууруохпутун, кимнээђи киниэхэ сыhыарыахпын бађарарбын кэпсиибин. Онон ођолор сибэккини олордууга кыттыhа да иликтэриттэн мин кэпсээним нөңүө кинини олордууга, көрүүгэ-харайыыга кыттыгастаах курдук сананаллар, өйдөрүнэн-санааларынан бэлэмнэнэллэр. Салгыы дьарыктарга ођолору улам сыhыаран, көрдөрбүппүн үтүгүннэрэн, сорудахтарын ыаратан иhэбин. Ођолор сатабыллара, үөрүйэхтэрэ эмиэ улам кэңээн барар.

Холобур, күөх муннугу көрүүгэ-харайыыга ођолор  маннык дьайыылары бэйэлэрэ оңороллор:

  1. Сарсыарда аайы дьуhуурунай ођо сибэкки ууга наадыйар дуу, суох дуу диэн бэрэбиэркэлиир.
  2. Бөлөхтөн 3-4 ођо сибэккигэ уу кутар
  3. Хаппыт сэбирдэхтэри хомуйан иhэллэр.

Бу сорудађы 3-4 ођо хас да күн субуруччу толороллоро ођолор сибэккини көрүүгэ-харайыыга туттуллар үөрүйэхтэри бигэтик өйдүүллэригэр көмөлөhөр.

Маны таhынан саас араас сибэкки рассаадатын олордон сађалыыбыт. Бу үлэбитин кэтээн көрүү дневнигэр хас күн аайы тугу гыммыппытын суруйан бэлиэтэнэн иhэбит. Билии-көрүү дьарыгар үүнээйи чаастарын үөрэтэбит, онтубутугар үүнээйибитин бэйэтин нагляднай пособие курдук туттабыт.

Саас иhиккэ луук, чеснок олордобут. Ођолору бөлөхтөргө арааран ким эрэ луук, ким эрэ чеснок көрүүтүгэр-харайыытыгар үлэлэhэр. үүнээйибитин уhаатађына кухняђа быhан биэрэн аска тутталлар.

Сайын сынньалаң кэмигэр ођолорго  дьиэ таhыгар, дьиэђэ үүнэр сибэккилэри көрүүгэ-харайыыга, кэтээн көрүүгэ дьиэђэ сорудах биэрэн ыытабын.  Υлэлэрин түмүгүнэн дакылаат суруйтаран «Маңнайгы хардыылар» саад иhинээђи, кустовой, улуустаађы научнай познавательнай конференцияларга кытыннарабыт. Ођолор манна эмиэ саңарар-иңэрэр дьођурдара, тылларын баайа, элбэх дьон ортотугар толлубакка саңараллара – барыта иитэр-үөрэтэр суолталаах, ођо бэйэтин сыаналана үөрэнэригэр туhалаах.

Ити курдук биhиги «Ньургуhун» ођону сайыннарар  кииммитигэр ођону үлэђэ иитиигэ, үөрэтиигэ ситимнээх, комплекснай үлэ тиhигин быспакка сыл аайы ситиhиилээхтик барар.

Оскуола иннинээђи саастаах ођолору үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэтии, ођону үлэнэн иитии, үлэ киhитигэр убаастабыллаах сыhыаны иңэрии, үлэлээх буолуу – олоххо бигэ туруктаах буолуу диэн өйдөбүллэри иңэрии – ођо улаатан үлэhит да буолан баран олођор ситиhиилээх буоларыгар олук ууруу буолар.  

                        


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

О5ону иитэр угэстэр

                       О5ону иитэр угэстэр....

Биьик ырыата – о5ону иитэр суолтата

Биьик ырыата – о5ону иитэр суолтата. Аянитова Раиса АфанасьевнаЫтык – Куеллээ5и «Кэнчээри» ОСКмузыкальнай салайааччыта.       Биьик  ыры...

Норуот педагогикатын туһанан оҕону дьиэ-кэргэҥҥэ иитии

Про воспитание детей с использованием народной педагогики...

Саха оьуохайын этиитин уонна ункуутун нецуе чел туруктаах о5ону иитии.

Чѳмчуук саастаах оҕону   иитэргэ  норуот уйэлэргэ  айбыт,  үѳскэппит уран фольклорун – оьуохайы  бары ѳттүнэн үѳрэтэри коҕулээн чѳл туруктаах,  чиӊ доруобуйала...