Биьик ырыата – о5ону иитэр суолтата
статья на тему

Аянитова Раиса Афанасьевна

Биьик ырыата – о5ону иитэр суолтата.

 

Аянитова Раиса Афанасьевна

Ытык – Куеллээ5и «Кэнчээри» ОСК

музыкальнай салайааччыта.

 

 

     Биьик  ырыатын ис кистэлэнэ –ебугэ уйэлэргэ муспут уерэ5э. Ол уерэх аартыга аьыллан, арыллан ус Саха уескууругэр, туерт Саха телкете  тустэнэригэр куус- кеме буолар.

     Ийэ сылаас, сымна5ас илиитигэр кетехтерен сытан, таптыы- таптыы минньигэстик сыллаан, ис – иьиттэн оргууй ыллаан буебэйдиириттэн эьээхэй холкутуйар, утуйар.

     Биьик ырыа кеметунэн ийэ о5отун тулалыыр эйгэни  кытта билииьиннэрэр, сири- дойдуну уруйдаан, айыл5а кэрэтин арыйан хоьуйар.

     Биьик ырыата биир улахан иитэр суолталаа5ынан буолар. Ийэ киьи ырыа ненуе о5отугар ис санаатын , дьулуьар дьулуутун  этэн о5о   инники  оло5ун арчылыыр, ба5а санаа кууьунэн дьыл5атын торумнуур. Ийэ ыллыыр биьик ырыата киьи оло5ун быьаарар, олук уурар дьикти куустээх.

   «Теьенен элбэх киьи иэйэн, сургэтэ кете5уллэн ырыа- тойук ыллыыр-туойар да, оччонон олохпут кэрэтийэр» - диэбитэ А .Н.Варламова.

      Биьик ырыа  ыалы туругурдар аналлаах. «Биьик» - диэн тыл суолтата олус киэн. О5о ийэ5ин туьэ5эр уескуе5уттэн са5алаан, бастаан ол биьик буолар. Тереебутун кэннэ утуйар сирэ- биьик, онтон дьиэ –кэргэнэ, тулалыыр эйгэтэ, тереебут нэьилиэгэ, дойдута, планета кытта бу тыл ейдебулугэр тубэьиэн септеех. Биьик ырыата о5о5о эрэ ананар. Кини уйан кута  уоскуйарыгар, ийэ кута иитиллэригэр туьуланар. Ырыаны  о5о5о  ийэ, а5а буолар дьолун билбит чугас уруута, кырдьа5ас сааьырбыт дьон ыллыахтарын сеп. Ырыа  о5ону харыстыыр,  арчылыыр , араначчылыыр аналлаах.Онон о5о бала5аныгар ырыа киэьээтин эндэппэккэ билэр   эбит. Ол курдук Саха ыала эрдэ аьаан – сиэн, оьо5ун бырылаччы оттон, алаадьылаан, чэй ерен бэлэмнииллэрин керен о5о олус уерэр, тэннэ долгуйар, оннун булунар. Бу курдук керен ырыаны таптыы, убаастыы, ырыа олоххо олус наадалаа5ын билэ улаатар.

       Биьик ырыатын  сурун анала – о5о кэскилин, инники оло5ун утуенэн тустээьин.

       Хайаан да ырыаьыт эрэ киьи ыллыахтаах диэн буолбатах. Ким ба5арар ис сурэ5иттэн, дууьатыттан иэйэн туран ыллыан сеп.

       Биьик ырыата-бэрт былыргы силистээх-мутуктаах ырыа. Матыыба судургу гынан баран ис кистэлэнэ дирин. 

       Саха ырыатын тэтимэ матыыбын онорор, ырыа тылын наардыыр. Ырыа аныгы ырыаттан туспа тэтимнээх, ол тэтим хамсаныы, дьайыы тэтимигэр сеп тубэьиэхтээх. О5ону бигии олорон хамсаныыга сеп тубэьиннэрэн киниэхэ дьайар сырдык кууьу туьанан  ырыа матыыптанар, ол матыыбыгар тыла наарданан, тута хоьуллан тахсар.

        Ырыа- о5ону иитиигэ ессе кини теруен инниттэн са5алыыр.

        О5олонорун куутэн олорор дьахтар иьигэр сылдьар о5отун кытары ырыанан «кэпсэтэр». Кыьылыттан са5алаан о5о5о хас да сааьыгар тиийэ ийэлэр биьик ырыатын ыллыыллара. Ол утутуу эрэ буолбакка, оло5у уруйдааьын, ал5ааьын ырыатынан буолар.

        Дагестан народнай поэта Расул Гамзатов «Песни матери- главная песня в мире, начало всех человеческих песен. Если бы не было ее, колыбельной, не было бы радости, меньше счастья, меньше поэзии» - диир.

        А. Н. Варламова ырыалара о5ону иитиигэ ис хоьоонунан улахан сабыдыаллаа5ын керебут. Кини тыа5а тереебутэ, хоту сиргэ иитиллибитэ. Оту- маьы, сирэм – сибэккини кытта улааппыта. Кун киирэрин , кун тахсарын – сарыал са5а5ар угустук керере. Хаары – самыыры , кыьыны – сайыны , алааьы – хатыны , оту – куелу барытын хоьуйан айыл5алыын ыкса сибээстээ5ин ырыанан норуокка тиэрдэр.

        Кини ырыаларын истибит эрэ барыта кэрэ алыпка ылларар, бэйэтин гиэнин ситимнээн истэр.

        Кини «Сир –куех биьик» - диэн ырыа ылба5айын айбыта. Бу ырыатыгар сири, киьи – аймах, о5о – уруу, дьиэ – уот, суеьу – ас тэринэн олорорунан, сиртэн сайынын оттоон, сир астаан, аьыырын киьи – хара буоларын сир иитэр – аьатар диэн ийэлии «куех биьик»  диэн   ааттаабыта.

      Кини ырыаларын киинэни кере  олорор курдук ылынабыт, кыра о5отуттан са5алаан уоспутуттан туьэрбэккэ себулээн ыллыыбыт.

      Анастасия Николаевна ырыалара тереебут дойдутугар, алааьыгар, айыл5атыгар, салгыныгар итии тапталы инэрэр уонна иитэр.

       Ебугэлэрбит са5аттан ылланар дьин сахалыы тыыннаах  саймаархай дьиэрэтии ырыалар, омук быьыытынан сахалыы тэтимнээх дэгэрэн  ырыалар омук быьыытынан уратыбытын кердереллер, уерэтэллэр. Билинни кэмнэ аан дойду араас омуктара сахалыы ырыалары олус сэнээрэллэр, бэйэлэригэр  дьуерэлээн уерэтэ сатыыллар.

       Ырыа барахсан, ырыа! Эн иэгэйэр икки атахтаа5ы иннинэн сирэйдээ5и иэтэн –куотан, истинин – иьирэ5ин уьугуннаран угуйар уустук, дьикти абын – хомуьун туохханый ? Эн о5отуттан – о5онньоруттан тутулуга суох  сурэхтэри  сууйэр , ейдерун ерукутэн биллибэт- кестубэт биьирэмнээх кыа5ын ханнаный? Ырыа барахсан ырыа, эн хайдах еннееххун, амтаннааххын, сыттааххын? Бу киьи оло5ун устата таайыллыбат таабырын.     

        Ырыа омугуттан тутулуга суох ханнык ба5арар киьи сурэ5эр, дууьатыгар, ейугэр – санаатыгар тиийэр судуруннээх куустээх.

       Ырыа, хайдах эрэ киьи сургэтин кете5ен, мелте5у кууьурдэр, бытааны тургэтэтэр, кырдьа5аьы  эдэримситэр дьикти алыптаах.

        Ырыа – олох аргыьа.  Харахха кестубэт кистэлэн куустээх, санааны         кынаттыыр, суру кете5ер, тыыны уьатар, хара5ы сырдатар  алыптаах, мунура биллибэт дирин муора далайыныы бэйэтэ туспа нэлэмэн эйгэлээх.                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                               

Хас биирдии   ырыа  тус – туспа дьыл5алаах олоххо дьайыылаах.

 

По теме: методические разработки, презентации и конспекты

О5ону улэ уеруйэхтэригэр иитии

О5ону улэ уеруйэхтэригэр иитии...

О5ону иитэр угэстэр

                       О5ону иитэр угэстэр....

Саха оьуохайын этиитин уонна ункуутун нецуе чел туруктаах о5ону иитии.

Чѳмчуук саастаах оҕону   иитэргэ  норуот уйэлэргэ  айбыт,  үѳскэппит уран фольклорун – оьуохайы  бары ѳттүнэн үѳрэтэри коҕулээн чѳл туруктаах,  чиӊ доруобуйала...