Тема "Тыа кэрэ эйгэтигэр"
план-конспект занятия по развитию речи (старшая группа) на тему

Готовцева Саргылана Алексеевна

Айылҕа, үүнээйи, тыа кыылларын туһунан билиилэрин кэҥэтии. Айар, тутар, ойуулуур-дьүһүннүүр, бодоруһар дьоҕурдарын сайыннарыы. Айылҕаны харыстыыр сатабылларын үөрэтии, иитии. 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл zan1.docx15.38 КБ

Предварительный просмотр:

Тема  "Тыа кэрэ эйгэтигэр"

(Оскуола иннинээҕи улахан саастаах (5-7 саастаах) оҕолорго дьарык конспега)

Сыала: Айылҕа, үүнээйи, тыа кыылларын туһунан билиилэрин кэҥэтии. Айар, тутар, ойуулуур-дьүһүннүүр, бодоруһар дьоҕурдарын сайыннарыы. Айылҕаны харыстыыр сатабылларын үөрэтии, иитии.

Материал: Сорудахтардаах карта-схема.

Дьарык хаамыыта:

- Оҕолор, тыа кыыллара биһиэхэ сурук ыыппыттар: "Кырачаан "Кэнчээри" оҕо садын иитиллээччилэрэ, эһигини тыаҕа ыалдьыттыы ыҥырабыт. Тыа кыыллара. Бу, тыаҕа мумматыннар диэн, карта-схема ыытабыт"

-Чэ, айаҥҥа турунуох. (тыаҕа бараллар)

Картабытын көрүөххэ эрэ: бастакы сорудах таабырын эбит

- Иһирэх ойуурга төрөөбүтүм

Иннэлэрдээх эрээри иистэммэппин

Миигин симээн, киэргэтин

Миигин тула хороводтаан (харыйа)

                       - Сайын күөх сэбирдэхпинэн

                          Сөрүүкэтэ оонньуубун

                          Күһүн саһаран киэркэйиэм

                          Кыһын хаар соммун кэтиэм (хатыҥ)

 

- Сайын аайы көҕөрөн

Мутукча сытынан дыргыйыам

Күһүөрү көтөҕөлүөм

Хагдарыйан хараарыам (тиит)

 

                      - Лабааларым хойуута

                        Сэбирдэҕим намчыта

                        Куобах аһылыга буолабын

                        Сиппир буолан туһалыыбын (талах мас)

 

- Саамай сөп, маладьыастар. Бастакы сорудаҕы толордубут. Билигин сынньана таарыйа тыыллаҥнаан ылыаххайын:

 Биир, икки - үөһээ ууннубут

Үс, түөрт - кэдэрийэн ылыахха

Биэс, алта - чохчоохойдоон ылыахха

Сэттэ, аҕыс - куобах курдук ойуохха.

- Сынньанныгыт?  Салгыы айанныыбыт! Көрүҥ эрэ картабытыгар мөһөөччүк ойууламмыт. Ханна баарын быһаарыахха, көрдүөххэ. (карта-схеманан сирдэтэн мөһөөччүгү булабыт) Мөһөөччүкпүтүгэр сорудах баар эбит: карточкаҕа ойууламмыт айылҕа харыстабылыгар ойуулары пантомималаан көрдөр.

- Картанан батыһыннаран айаннаан иһэн сурах кэлбитин истэбит; кыыллар ыалдьыбыттар, кинилэргэ эмтээх оттор наада буолбуттар. Сорудах: эмтээх оттору ааттаталаа.

-Дьэ, билигин кыылларга эмтээх оттору буларга көмөлөстүбүт, онон кинилэр куруук доруобай буоллуннар уонна хаһан да ыалдьыбатыннар.

              Хамсаныылаах оонньуу: «Ааттаммыт кыылы хамсанан көрдөр».

-Биһиги тыаҕа айаммыт түмүктэннэ, кыылларга "аныгы көрсүөххэ диэри" диибит!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Бисероплетение для самых маленьких "О5уруо кэрэ эйгэтэ"

Кружок «О5уруо кэрэ эйгэ» (для детей 3-4 лет)Цель и задачи кружка:Ознакомить с основными материалами и инструментами;Научить практическим примерам на низании на проволоку;Развивать внимани...

«Хоһоон хонуулардаах, ырыа ыллыктардаах кэрэ эйгэ”- тема5а улахан бөлөх иитиллээччилэригэр аһаҕас дьарык суолдьута:

Сценарий открытого занятия, посвященного 100 - летию якутского писателя П. Н. Тобурокова...

Олонхо эйгэтигэр хардыы

Олонхо эйгэтигэр хардыы...

"Маша уонна эьэ математика эйгэтигэр"

Это сценарий открытого занятия по математике для старшей группы....

Кэрэ анаардар куннэригэр аналлаах бырааьынньык сценарийа

Кэрэ анаардар куннэригэр аналлаах бырааьынньык сценарийа...

Аан дойдуга кэрэ анардар куннэригэр аналлаах аралдьытыы торума.

Аан дойдуга кэрэ анардар куннэригэр аналлаах аралдьытыы торума. Улахан белех...