Куорат эйгэтигэр олорор оголору тереебут тылларыгар уьуйуу. Ыстатыйа
статья по развитию речи
Доклад
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
kuorat_eygetiger_oloror_ogoloru_toroobut_tyllarygar_uhuyuu.docx | 14.25 КБ |
Предварительный просмотр:
Куорат эйгэтигэр олорор оҕолору төрөөбүт тылларыгар уһуйуу.
Кэнники кэмҥэ биһиги дойдубутугар демократизация тыына биллэн, олох-дьаһах тутула уларыйан, бу дьалхааннаах үйэҕэ хайа да омук бэйэтэ тыыннаах ордор, тылын, культуратын араҥаччылыыр, сайыннарар баҕата улаатан иһэр.
Сайдыылаах 21-с үйэҕэ Саха Сирэ тас дойдуну кытта ситимэ, атын омуктары кытта алтыһыыта кэҥээн-улаатан иһэрин быһыытынан оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын билэрэ, баһылыыра наада.
Саха оҕото төрөөбүт ийэ тылынан көҥул саҥаран, бэйэтин саастыылаахтарын уонна дьон-сэргэ иннигэр толлубакка-симиттибэккэ санаатын сааһылаан этэ үөрэниэхтээх.
Төрөөбүт тыл – оҕоҕо тулалыыр эйгэтин кыраҕытык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, өбугэтин үөрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.
Оҕо күннээҕи алтыһар, сайдар эйгэтин ис хоһооно баай, талым, сиэдэрэй буоллаҕына кырачаан инники олоҕор эрэллээх, мындыр күүстээх санаалаах буола улаатара билиҥҥи кэм ирдэбилэ буолар.
Оҕо диэн, губка кэриэтэ, хаһан тугу истибитин-көрбүтүн, бэйэтэ да билбэккэ илдьэ сылдьар, үгүс өттө подсознаниетыгар баар, өйүттэн тутулуга суох дьайыы, быһыы-майгы буолар. Онто хаһан туох усулуобуйа түбэһэриттэн күөрэйэн кэлэр. Психология этэринэн, онно саамай кылаабынайа оҕо тугу бастаан, тугу элбэхтик көрбутэ-истибитэ – ол баһыйар, ол быһаарар. Дьэ бу бириэмэҕэ оҕоҕо ийэ тылын иҥэриэххэ наада.
Хмойуох иһин, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах төрөөбүт тылларын сайыннарыыга тахсыбыт хомуурунньуктар, пособиелар, методическай ыйынньыктар олус аҕыйахтар. Ити итэҕэстэри туоратар сыалтан, билиҥҥи олох ирдэбиллэригэр сөп тубэһиннэрэн наадалаах программалары оҥорорго билиҥҥи кэм ирдиир.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Тема "Тыа кэрэ эйгэтигэр"
Айылҕа, үүнээйи, тыа кыылларын туһунан билиилэрин кэҥэтии. Айар, тутар, ойуулуур-дьүһүннүүр, бодоруһар дьоҕурдарын сайыннарыы. Айылҕаны харыстыыр сатабылларын үөрэтии, иитии....
Олонхо эйгэтигэр хардыы
Олонхо эйгэтигэр хардыы...
"Интернет ситимин устун айан". Оголору оскуолага атаарыы сценарийа
Сценарий выпускного праздника...
"Маша уонна эьэ математика эйгэтигэр"
Это сценарий открытого занятия по математике для старшей группы....
Олонхо5о уьуйуу программата
Осуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5олору олонхо5о уьуйуу 2021-2022 сыл...
Аралдьытыы сценарийа «Ким, ханна олороруй?»
Аралдьытыы сценарийа«Ким, ханна олороруй?»...