Тыл сайдыыта орто болох "Тыа кыыллара"
план-конспект занятия по развитию речи (средняя группа) на тему

Нестерова Инна Софроновна

Конспект НОД по развитию речи "Тыа кыыллара" в средней группе.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл aa5as_daryk.docx25.5 КБ

Предварительный просмотр:

ТЫЛ САЙДЫЫТЫГАР АҺАҔАС ДЬАРЫК СЦЕНАРИЙА

Темата: «Тыа  кыыллара»

(орто болох)

Иитээччи: Нестерова Инна Софроновна

2015-2016 үөрэх сыла

Сыала-соруга:

- Тыа кыылларын туһунан билиини чиҥэтии, кэнэтии;

- Оҕо болҕомтотун, тылын, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы;

 - Тыл саппааhын байытыы;

Туттуллар матырыйаал: проектор, экранна  хартыыналар ( эһэ,  тииҥ,  тыа,урэх, мас, мо5отой, кырынаас, бэдэр, тайах арҕах), «Ким тугу сөбүлүүр» диэн оонньууга  эриэхэ, тэллэй, моркуоп, хаппыыста, отон, балык, лабыкта ойуулара. Истиэнэ5э кыыллар ойуулара ыйанан турар, кыыллар кулуктэрэ;

Тыл саппааhын байытыы: бэдэр, тайах, кырынаас, ар5ах, мо5отой, лабыкта;

Дьарык барыыта:

1 слайдка хатыылаах ыскаап ойуута костор.

- О5олоор, мин бугун эhиэхэ тугу эрэ кордоруохпун ба5арбытым да, бу ыскаапка хатаммыт эбит. Корун эрэ ол ыскаап ааныгар кулуус ыйанан турар. Кулууhу тарбахчааннар комолорунэн хайдах арыйары билэ5и дуо? (Билэбит)

Тарбах былчыннарын сайыннарыы: "Кулуус"

Ааны аьыахпытын

Кулууьунэн хатаммыт

Хата хайдах аьары биьиги

Бэркэ диэн билэбит:

Тардабыт, тардабыт, тардабыт,

Эргитэбит,эргитэбит, эргитэбит,

Мускуйабыт, мускуйабыт, мускуйабыт,

Онтон ыламмыт кулууспутун тонсуйабыт:

Тук, тук, тук, тук тук тук

Аьылынна кулууспут!

- Маладьыастар, бары бииргэ кулууспутун арыйдыбыт. Уонна ыскаапыт иьигэр туох баарын коробут. 2с слайдка бинокль хартыыната костор.

- Эьиги бу тэрили хаьан эмитэ корбуккут дуо? (оголор эппиэттэр). Бу - бинокль дэнэр. Ыраа5ы чугаьатан корорго комолоьор. Уонна бугун эьиэхэ тугу эрэ кордоруон багарар.

Ол иьин билигин бинокль онорорго ынырабан.

Тарбах былчынын сайыннарыы: "Бинокль":

Улэлиэхпит иннинэ

Тарбахпытын бэлэмниибит,

Биир - биир биьиги

Тарбахчааннары имэрийэбит,

1,2,3,4,5- 1,2,3,4,5

Салгыы тарбахпытын уна-ханас  оттугэр тэбиибит,

Ол кэннэ холбооммут,

Бинокль оноробут!

3 Слайдка урэх ойуута костор, суурук тыаьа иьиллэр. Биьихэ бинокльбут урэ5и кордорор эбит. Суурук тыаьын истин эрэ. Урэх хайдах эбитий? (Оголор эппиэттэрэ).

4 слайдка ыллык суол костор. Салгыы биьиэхэ костор ыллык суол. Бу устун бардахха тыа5а тиийэн кэлэбит.

5 слайд: Ойуур.  О5олоор, тиийэн кэллибит тыабытыгар. Истин эрэ айыл5а музыкатын (о5олор истэллэр). Ханнык дьыл кэмэ кэлбитий? (оголор эппиэттэрэ).  Саамай соп.  Билигин бинокльгытын ылан корун эрэ, туох эмит костор дуо? (оголор эппиэттэрэ).

5 слайдка тиин уйата  костор. Таабырын:

Тииттэн тииккэ ыстанабын,

Тэллэй хатаран хаһаанабын,

Муох таһан оргууй уйабын

Мутук төрдүгэр туттабын. (Тиин) , Мастан тиин тахсан кэлэр:

- Саамай соп, тиин ханна олороруй? Кини хайда5ый? (Тииккэ, маска, эриэхэни собулуур, сахсайбыт кутуруктаах уо.д.а.)

 - Соп, маладьыастар. Билигин салгыы коруо5ун, оссо тугу коро5утуй?

6 слайдка 

- Салгыы бинокльбутунан коруо5ун эрэ, туох эрэ костор ол маска. (О5олор 4 слайдка маска бэдэр сытарын короллор, санатын истэллэр).

"Хахай кыылтан хааннаахпын,

Баабыр кыыл балтынабын,

Куоска убайа буолабын,

Куhа5ан булчуттан куотабын" - диир эбит.

 Ити ханнык кыыл буолуой? Ханнык дьиэ кыылыгар майгынныырый? (Куоска).Бу кыыл бэдэр дэнэр.  Бэдэр куоскаттан улахан, ыт са5а. Уонна кулгаа5ыгар киистэ курдук туулээх.  О5олор,  бэдэр мас урдугэр утуйарын собулуур эбит. Куоба5ынан, кутуйа5ынан, мас котордорунэн аhылыктанар. Кутуруга куобах курдук кылгас эбит.

7 слайдка мо5отой аьыы олороро костор, саната иhиллэр. Мо5отой туhунан хоhоон:

- О5олор ити тыа кыылын билэ5ит дуо? (О5олор эппиэттэр). Мо5отой ханнык кыылга майгынныырый? (Тииннэ). Ол эрээри кохсугэр хара сурааhыннаах. Отонунан, эриэхэнэн аhыыр эбит. Кыhынын утуйар, ол эрэн уhуктан аhыыр уонна салгыы утуйар.

8 слайд: -  Истин эрэ ханнык эрэ кыыл санарар. Чуумпурдубут... (Тайах саната иhиллэр). Истибиккит дуо хаьан эмит? (Суох). Чэ, оччогуна коруо5ун эрэ бинокльбутунан, костор дуо? (тайах ойуута костор). О5олор бу тайах санарар:

Ууга сылдьар улахан

Ураа ланкыр мурстаах.

Кини баьаам куустээх,

Кини аата тайах

Бачыынката туйах.

- Бу хайдах кыыл эбитий? Ханнык кыылга майгынныырый?(О5олор эппиэттэрэ).

9 слайдка кырынаас ойуута костор.

- Оголор, кордубут эрэ онтон бу кыыл :

"Олбот - суппэт бэлиэлээх"-

Кутуругар харалаах,

Сана хаардыы ып-ыраас,

Хаарга суолун хаалларбыт.

- Хаhан эмит корбуккут дуо бу кыылы? (О5олор эппиэттэрэ) . бу кыыл аата кырынаас. Бары хатылыаххайын эрэ. Кы-ры-наас. Кырынаас  инники атахтара кылгас ол иьин ойуолуур. Сиэмх кыыл, сытыы тиистээх. Атын кыыл хаалларбыт хороонун булар эбит. Уксун мас, талах анныгар утуйар.

10 слайд: Ар5ах костор:

 Ойуурга олоробун,

Саамай күүстээхпин,

Арҕахха кыстыыбын,

Кыһынын утуйабын – диир баар үһү. (Эһэ) О5олор таайбыттарын кэннэ эhэ  саната уонна хартыыната костор.

- Саамай сопко эттигит. Эhиги хантан биллигит? (О5олор эппиэттэрэ)

Физминутка «Эһэчээннэр».  Хара тыаҕа куруҥҥа

Эһэчээннэр олороллор,

Мастан маска хатаастан,

Хачыаллана оонньууллар.

Төкүнүйэ сырсаллар,

Ойуоккалаан ылаллар,

Эйэргэһэн ардыгар,

Күнү быһа тусталлар.

- Онтон эьиги оссо ханнык тыа кыылларын билэ5итий? (Саьыл, боро, таба уо.д.а).

- Маладьыастар!  Билигин биьиги  "Тугу собулуур?" диэн оонньууну оонньуохпут. Мин корзинабар араас астар бааллар. Бу астары ханнык кыылга биэрэрбин билбэт эбиппин. Миэхэ, баьаалыста,  комолоьуоххут дуо? (Комолоьон).

Салгыы о5олор корзинага баар астары кыылларынан наардыыллар. Ханнык кыыл тугу собулуурун быhаараллар.

"Ханнык кыыл кулугэй?" оонньуу: Кыыллары кулуктэринэн булуу, кыылар тусарынан быьаарыы.

- Бинокль тугу кордордо? Ханнык сана кыыллары биллибитий?  (о5олор эппиэттэрэ). Бу кыыллары биьиги барыларын холбоон туох диэн ааттыыбытый? (Тыа кыыллара, дьиикэй кыыллар).  То5о кинилэри тыа кыыллар диибитий?  Онтон дьиэбитигэр баар кыыллар? (Дьиэ кыыллара).

 .

 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Перспективный план развитие речи(тыл сайдыыта). средняя группа (орто болох)

СентябрьБуолар кунэТематаСыала, соруга30.09«О5уруот аьа уонна фрукталар».О5уруот аьын уонна фруктаны  сопко ааттыырын, санарарын чинэтии.Октябрь07.10"Мин дьиэ кэргэним"Дьиэ кэргэн диэн ойдобулу ч...

План конспект "Арктика кыыллара"

Оголорго арктика кыылларын билиьиннэрии...

Кыыллар тустарынан таабырыннар

Электронное пособие...

үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)

үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)...

*Тыа кыыллара*

Таабырыннар...