План конспект "Арктика кыыллара"
план-конспект занятия по окружающему миру (средняя группа) на тему
Оголорго арктика кыылларын билиьиннэрии
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
konspekt_arktika_kyyllara.doc | 35.5 КБ |
Предварительный просмотр:
Дьайымал конспега
Темата «Антрактида кыыллара»
Υөрэтэр уобаластар: билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыы, санарар сананы сайыннарыы, ойуулуур дьүhүннүүр дьоҕурун сайыннарыы
Туттуллар тэрил: глобус, хартыыналар, дидактическай оонньуулар
Υөрэтэр ньыма: кэпсэтии, Тарбах оонньуута
Сыала: антрактиданы кытта билиhиннэрии, олохтоох кыыллар олохторун үөрэтии, били
Соруктар:
Υөрэтэр:
- Тымныы дойду кыылларын туhунан билиилэрин хаҥатыы
- Саҥарар саҥа саппааhын байытыы
Сайыннарар:
- Тэҥниир-холуур дьоҕурдарын сайыннарыы
- Билэр-көрөр дьоҕурдарын сайыннарыы, тыынар тыыннаахх интэриэhи үөскэтии
- Моторикаларын сайыннарыы
Иитэр:
- Тымныы дойду кыылларыгар тапталы иитии
Дьайымал барыыта:
1. Киириитэ Тарбах оонньуута Биhиги сирбит икки өттүттэн
Хаар корона кэппит
Икки бырааттыылар, икки полюс
Антарктика уонна Арктика
Бу манна баар оҕолор хотугулуу полюс, самолетунан эбэтэр муус алдьтар хараабылынан барыахха сөп эбит. Хотугулуу полюска тымныытын иhин дьоннор олорботтор, үөрэтэ, кыыллары көрө эрэ бараллар эбит.
Хоту дойдуга эhэ миисэ олорор
Ойуур эhэтин курдук мүөт сиэбэт
Кини – Умка, балык хабан сиир
Минньигэстик аhаары, тымныыга тоҥумаары
(кыра эрбэхтэн саҕалаан тарбахтарын хамсаталлар)
2. Оҕолоор, этиҥ эрэ, билигин ханнык дьыл кэмэй?
Кыhын хайдах буоларый? Онтон сайын буолбат сирэ баар, онно мэлдьи кыhын, мэлдьи тымныы, элбэх Хаар баар. Ол-хоту сир диэн ааттанар. Хоту дойду хана бара буолуой, билэҕит да? Хоту дойдуга хайдах барыахха сөп буолуой? Чэйиҥ эрэ глобус көрдүбүт эрэ
Бу-глобус. Сир кыччатыллыбыта буолар. Биhиги олорор сирбит бу курдук төгүрүк, гынан баран, кини улахаан да улахан шар. Сири эргийэргэ хас эмэ сыллар наадалар.
3. Анарктика уонна Арктика туhунан бэсиэдэ
Хартыына көрүүтэ
Тыл саппааhыгар хотугулуу полюс кыыллара диэни бигэтитии, кыыллар чаастарын арааран ааттаан үөрэтии (иhэ, көҕүhэ, лаапчаана, аhыыта)
4. Тыынарга эрчиллиилэр «Хаары үр»
5. Таабырын таайсыыта
Кини быта, аhыылаах
Илиитэ ласта
Муустаах ууга тоҥмот (Морж)
Антрактидаҕа кэлин
Миигин көрүҥ, сөбүлээҥ
Маҥан хара таҥастаахпын диир баар үhү (Пингвин)
Муустаах муораттан
Балыктыам аhаары
Муус маҥан түүлээхпин
Хоту дойдуга олоробун (Υрүҥ эhэ)
Тымныы хоту дойдуга
Атаҕа суохтар тоҥмоттор.
Тымныы чысхаан буурҕаттан
Сыата быыhыыр абырыыр (тюлень)
Дид\ оонньуулар «Хоту дойду кыыллара», «Тымныы дойду кыыллара»
«Кимиэхэ тугу?»
Υрүҥ эhэҕэ эhэчээн, тииҥҥэ …..
Түлүөҥҥэ түлүөнчээн, саhылга ……
Тураахха тураахчаан, бөрөҕө ….
Табаҕа табачаан, куобахха …..
7. Түмүк
Арктика хана баар эбитий (Хотугулуу полюска)
Арктикаҕа хайдах эбитий (тымныы, ирбэт тоҥ баар, Хаар, муус, тыал, дьүкээбил)
Арктикаҕа ханнык кыыллар олороллор эбитий?
Кыыллар хайдах Арктикаҕа олороллоруй? (балык сииллэр, балыгынан аhыыллар, харбыыллар, усталлар, халыҥ маҥан түүлээхтэр түүлээхтэр)
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Перспективный план опытнической и экспериментаторской деятельности детей второй младшей группы. Перспективный план по познавательному развитию во второй младшей группе. План работы с семьёй
Перспективный план опытнической и экспериментаторской деятельности детей второй младшей группы.ТемаСодержаниеЦельФорма организацииВодаД/Упражнения:«Помоем ручки», «Умоем куклу»,«Плавают кораблики», «П...
Тыл сайдыыта орто болох "Тыа кыыллара"
Конспект НОД по развитию речи "Тыа кыыллара" в средней группе....
Кыыллар тустарынан таабырыннар
Электронное пособие...
үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)
үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)...
*Тыа кыыллара*
Таабырыннар...