Конспект непосредственно образовательной деятельности по развитию речи в средней группе на якутском языке
план-конспект занятия по развитию речи (средняя группа) на тему
Занятие с целью развития связной речи посредством пальчиковых игр, артикуляционной гимнастики и упражнений для дыхания
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
nod_razvitie_rechi.docx | 27.82 КБ |
Предварительный просмотр:
Сыала:
Оҕо саҥарар аппаратын, тарбахтарын былчыҥнарын, ситимнээхтик саҥарарын сөптөөх эрчиллии нөҥуө сайыннарыы
Соруктара:
- Оҕону хартыынанан көрөн кыра кэпсээн оҥорорго үөрэтии, саҥа тыллары кытта билиһиннэрии (арҕах, торҕон)
- Оҕо билэр-көрөр дьоҕурун сайыннарыы, кыыллар туһунан билиини хаҥатыы
- Төрөөбүт дойдутун айылҕата кэрэтин кэрэхсиир, кыылын-сүөлүн харыстыыр буоларга иитии.
Оҕолоор, билигин ханнык дьыл кэмэй? Саамай сөп, кыһын. Биһиги билигин кыһыҥҥы тыаҕа күүлэйдии барыахпыт. Барыахпыт иннинэ тылбытын эрчийэ, имитэ түһүөххэ. Тыаҕа, тымныыга тоҥон хаалбатын, биһиэхэ көмөлөстүн диэн.
Тылбыт таһырдьа таҕыста
Үөһэ көрдө, аллараа көрдө,
Уҥа көрдө, хаҥас көрдө (“Часики”)
Соһуйан трубочканан үрдэ(“Трубочка”)
Киһи бөҕө мустубуут!
Дьиэтин суунна (“Варенье”)
Тараанна (“Расческа”)
Үөрдэ-көттө(“Слоник”, “Забор”)
Ат курдук ойуоккалаата.(“Лошадка”)
Чэйиҥ эрэ оҕолоор, тыабытыгар бардыбыт. Паровоһунан айанныахпыт.
(Оҕолор бэйэ бэйэлэриттэн тутуһаллар, ту-тууу дии диилэр төгуруччу хаамаллар)
Тыабытыгар кэллибит. Көруҥ эрэ оҕолоор, тыаҕа туох баарый? Мастар барыта хаар буолан тураллар. Төрөөбүт дойдубут хайдах ааттаах этэй? (Саха сирэ). Сахабыт сирин айылҕата олус да кэрэ. Оҕолоор, бу тугуй? Элбэх, кэрэ да хаардар. Истиҥ эрэ тыал үрэр, күүстээх тыал (Снежинкалары урэн көтүтэллэр). Муннубутунан салгын эҕирийдибит, күүскэ үрэбит.
Хайа оҕолоор, мунан хааллыбыт ди. Дьон муннахтарына туох диэн хаһытыыллар? “Ауу” диибит. Бастаан кыратык, онтон улаатыннаран иһэбит.
Көруҥ эрэ оҕолоор, бу туохтарый? (Кыыллар, дииллэр оҕолор)
-Ханна олороллор кыыллар? (тыаҕа)
-Бу тугуй? (эһэ)
-Кыһын эһэ тугу гынар? (утуйар)
-Ханна утуйарый эһэ? (арҕахха)-саҥа тыл
-Оттон бу тугуй? (тииҥ)
-Тииҥ кыһын утуйар да? (суох)
-тииҥ туох аһылыктаах? (эриэхэ)
-Бу тугуй? (бөрө)
-Бөрө туһунан тугу билэҕитий? (кыһын утуйбат, куобаҕы эккирэтэр, улуйар)
-Бөрө хайдах улуйар? Муннубутунан салгын эҕирийэбит, тыыммыт тахсарыгар “у-у-у” диибит
-Онтон бу тугуй? (саһыл)
-Саьыл хайдаҕый? Тугунан аһыырый? (албын, куобаҕы эккирэтэр)
-Саһыл хайдах хаамарын көрдөрун эрэ
-Бу тугуй? (куобах)
-Куобах туох аһылыктаах? (мас хатырыгын кэбийэр)
-Куобах туһунан таабырыны ким өйдүүр? (От-мас аһылыктаах ойуоккалаан оҕонньор баар үһү)
-Куобах кыһын тириитэ хайдах өҥнөөх буолар? Тоҕо?
-Ким куобах туһунан хоһоон кэпсиэй? (1-2 оҕо этэр)
Туран куобахчаан туһунан кэпсиэххэ эрэ, ( физминутка)
Куобахчааммыт олорор
Кулгаахтарын хамсатар:
Бу маннык, бу маннык.
Куобахчааммыт дьэ томмут
Иттиэххэ да сөп буолбут
Бу маннык, бу маннык.
Тоҥмот, тоҥмот куобахчаан
Ойуоккалыыр куобахчаан.
Маладьыастар, оҕолор. Билигин олордубут эрэ оонньуохпут билигин.
“Ханнык кыылый, таай” диэн.
Биир оҕо тахсан, атыттарга көрдөрбөккө эрэ кэпсиир кыылы, оҕолор таайыахтаахтар. (Кини куруук аччык, улуйар, тииһэ сытыы) 2-3 оҕо
Оҕолоор, кыһыҥҥы тыаҕа наһаа үчүгэйдик күүлэйдээтибит ди. Саамай тугу сөбүлээтигит?
Мичээргит, көхтөөхтүк оонньообуккут иһин махтал!
-Оҕолоор, биһиэхэ бүгүн төрөппүттэрбит ыалдьыттыы кэлбиттэрэ. Кинилэргэ тарбахтарбыт туһунан кэпсиэхэйин эрэ:
- Дорообо тойон эрбэх... (хас биирдии тарбахтарын ааттыыллар)
- Кырыылаах харандааһынан тарбах, ытыс массаһа
- “Ким хаара ыраах көтөр эбит” оонньуу (харандааска сап иилэбит, сапка баата баайабыт); Муннубутунан салгын эҕирийэбит, айахпытынан аргыый аҕай уоспутун үмүрүччү туан үрэбит.
Төрөппуттэрбитигэр, ыалдьыттарбытыгар махтал, кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар, көхтөөхтук кыттыбыккытыгар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
конспект непосредственно образовательной деятельности по развитию речи в средней группе
Тема: «В мире животных»Цель: уточнить и расширить знания детей о подготовке диких животных к зиме;Уточнить знание основных признаков осени;Развивать воображение детей, мышление, доказатель...
Конспект непосредственно образовательной деятельности по развитию речи в средней группе «Звуковая культура речи» Звук «ш»
Конспект непосредственно образовательной деятельности по развитию речи в средней группе «Звуковая культура речи» Звук «ш»...
План-конспект непосредственно образовательной деятельности по развитию речи в средней группе. Тема «Формирование грамматически правильной речи. Чтение сказки «Усатый-полосатый» С. Маршака»
В этом конспекте размещена логика НОД по развитию речи...
Конспект непосредственной образовательной деятельности по развитию речи в средней группе. Тема: «Звуковая культура речи: звук з-зь »
Звуковая культура речи: звук з-зь. Познакомить со звком з-зь, научить его произносить, находить слова, где есть звук з-зь, формировать у детей интерес к устному народному творчеству, читоговоркам и за...
Конспект непосредственной образовательной деятельности по развитию речи в средней группе. Тема: «Звуковая культура речи: звук Ш »
Конспект НОД по развитию речи на тему "Звуковая культура речи звук Ш"....
Конспект непосредственно образовательной деятельности по развитию речи в средней группе «Звуковая культура речи» Звук «ж»
Развитие речи звука "ж". Учимся произносить звук и различаем его в словах....
Конспект непосредственно образовательной деятельности по развитию речи в средней группе «Звуковая культура речи» Звук «ш»
Цель: Показать детям артикуляцию звука ш, учить четко произносить звук (изолированно, в слогах, в словах); различать слова со звуком ш. Материал: кукла Звукознайка, предметы в ...